Үүнэр көлүөнэ пуондата АЛРОСА көмөтүнэн 2011 сылтан бэттэх 30 улууска 40 баараҕай тутууну ыытта. Ол үтүө түмүгэ тустаах улуустарга көстөр. Онуоха алмаас хампаанньата өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр олох таһымын үрдэтэр социальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ көхтөөхтүк кыттар. Ол тэҥэ АЛРОСА бэһис сылын куорат эйгэтин хаачыстыбалаах оҥорууга эмиэ сүдү кылаатын киллэрсэр. Ол үлэ туһунан бу матырыйаалга билсиҥ.
Чахчыта да, кэнникинэн Саха сиригэр куорат эйгэтин тупсарыыга үгүс үлэ барда. Бу хайысхаҕа күннээҕи олоххо наадалаах барыта киирсэр: кэрэ уонна дьоҥҥо табыгастаах куорат туоналара, эбэ кытыллара, күөх пааркалар, искибиэрдэр, тиэргэннэр, оҕо оонньуур уонна успуорт былаһааккалара уо.д.а. Оттон ону олоххо киллэрии 2019 сылтан үлэлиир Куорат эйгэтин боппуруостарыгар кэмпитиэнсийэ киинин (мантан салгыы – Кэмпитиэнсийэ киинэ, Киин) көмөтүнэн ситиһиллэр. Тустаах киин Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын төрүтүгэр АЛРОСА баҕа өттүнэн көмөлөһөр үбүгэр үлэлэһэр. Бу Киин үлэтин туһунан салайааччылара Ирина Маркина: “Куоракка табыгастаах эйгэни оҥоруу” диэн, куорат бигэ сайдыытыгар үлэлэһэр анал бырагырааманы сүрүннүүбүт. Биһиги сорукпут бастакынан муниципалитеттарга уопсастыбаннай туоналары уонна тиэргэннэр истэрин тупсаран оҥороллоругар көмөлөһүү буолар. Бастаан утаа тустаах сирдэр брендиннэрин, дизайн-кодтарын оҥорууттан саҕалаан баран, улахан кэлим бырайыктары сайыннарар маастар-былааннары оҥорууга ылсыбыппыт”, – диир.
Бары да олорор, үлэлиир сирбит табыгастаах, киһи кута-сүрэ тохтуур буолуон баҕарабыт. Бу баҕа санаа куорат, улуус кииннэригэр эрэ буолбакка, тыабыт сиригэр, бөһүөлэктэргэ эмиэ быһаччы сыһыаннаах. Онно киэҥ нэлэмэн Саха сирин биир чопчу сирдэрэ эрэ киирсибэттэр. Хас биирдии нэһилиэк, түөлбэ устуоруйа, култуура, ускуустуба өттүттэн бэрт интэриэһинэй суолталаах, хас биирдиилэрэ салгыы сайдар кыахтаахтар. Онуоха маннык суолталаах түлэҕэ олохтоохтору бэйэлэрин кытыарар, интэриэстиир хайаан да наада.
Ол курдук, 2020 сыллаахха Кэмпитиэнсийэ киинэ эспэримиэн быһыытынан Арктика нэһилиэктэрин – Тиксиини уонна Чокуурдааҕы – кытта үлэлэһэргэ быһаарбыта. Арассыыйа архитектордарын ыҥыртаан, тустаах бөһүөлэктэр маастар-былааннарын оҥорторбута.
“Арассыыйа эспиэрдэрин кытта үлэлэһэн баран, биһиги маастар-былааннааһын тутулун өйдөөбүппүт, бэйэбит онно сөптөөх үөрэҕи ааспыппыт, Москубатааҕы архитектура оскуолатын кытта ыкса сибээһи олохтообуппут. Салгыы бэйэбит архитектордарбытын үөрэтэн, билигин бэйэлэр өрөспүүбүлүкэ дьоҕус нэһилиэнньэлээх пууннарын маастар-былаанын оҥорор кыахтаахтар. Ити барыта – тирэнэр тирэх, олук буолбута. Федеральнай куонкурустар куорат табыгастаах эйгэтин оҥорууга үлэлэһэллэрин быһыытынан, биһиги “Өрөспүүблүлүкэҕэ аныгы куорат эйгэтин оҥоруу” бырагырааматыгар көхтөөхтүк үлэлэһэбит. Оттон онно тирэҕирэн, атын нэһилиэнньэлээх пууннарга эмиэ үбүлээһин тыырыллар”, – диэн анаан бэлиэтиир Ирина Маркина.
Бастакы хардыы судургута суоҕа
Нэһилиэк ураты, хатыламмат көстүүтүн хааччыйарга сайдыы былаанын бэрээдэктээһин, хараҕы аалар көстүүнү (визуальный “шум”) суох оҥоруу, биир маарыннаһар өрүтү таба, сөпкө тайаныы (единтичность), логотибы толкуйдааһын, брендинг быһаарар суолталаах. Ити хайысхаҕа бастакы хардыыны оҥоруу олус судургута суоҕа, дьон сэрэхэдийэрэ, сорохтор тупсуо дии санаабат буолан, аһаҕастык утарааччы да баар курдуга. Бөһүөлэккэ архитектордар тиийэн ыытыллыахтаах үлэни кэпсии, быһаара сатыыллара өйдөммөт курдуга. Дьэ, ол гынан баран дьон сыыйа-баайа кинилэргэ наадалаах, туһалаах оҥоһулларын өйдөөн, өйүүр буолбуттар. Оттон билигин бөһүөлэктэр бэйэлэрэ архитектордарга тахсан, олорор эйгэлэрин тупсарар гына дизайн-код, маастар-былаан оҥороллорун туруорсар буолбуттар.
“Маастар-былаан диэн – нэһилиэги, оройуону сайыннарыыга былааннанар, кэскиллээх, инникилээх “дорожная карта”оҥоһулларыгар ирдэнэр туох баар наадалаах иһитиннэрии түмүллүбүт докумуона буолар диэн өйдүөххэ наада. Онно нэһилиэнньэлэх пуун уопсастыбаннай туоналарын тиһигэ, тас көстүүтэ барыта киирэр. Ол маастар-кылаас иһигэр муниципалитеттар кыттар кыахтаах өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай таһымнаах куонкурустара уонна бырагыраамалара эмиэ суруллар”, – диир Маркина.
Хардыыттан хардыы оҥоһуллан, түмүк ситиһиллэр
Саха сиригэр билигин хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагыраамата күүскэ үлэлиир. Ол чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ дьон олороругар табыгастаах саҥа дьиэ-уот эбиллэр. Ол курдук, сорох улууска хаачыстыбалаах таас тутуу үлэҕэ киирэр. Оттон Бэрдьигэстээххэ уонна Намҥа, санаан көрүҥ, бүтүн кыбартаалынан дьиэни тутуу саҕаланна. Маныаха туһааннаах боппуруостарга Кэмпитиэнсийэ киинэ муниципалитеттарга сүбэ-ама биэрэр.
Даҕатан эттэххэ, улуустарга социальнай инфраструктура сайдарыгар АЛРОСА кыттыыта сүҥкэн. Холобур, Майа бөһүөлэгэр – Д.Ф. Ходулов аатынан элбэх хайысхалаах култуура-сынньалаҥ киинэ, Бороҕоҥҥо –В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан култуура киинэ, Намҥа – М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунас сайдыытын киинэ тутуллан, дьон-сэргэ абыранна. Бу тутуулар алмаас хампаанньатын үбүгэр тутуллубуттара. Бу курдук култуура, уһуйаан, оскуола уонна успуорт эбийиэктэрэ өрөспүүбүлүкэ араас улууһугар дьэндэһэллэр.
“Итинник уларыйыы барыта маастар-былаан чэрчитинэн ыытыллыахтаахтар. Ол түмүгэр дьон олорор дьиэлэрэ, уопсастыбаннай туоналар бэйэ-бэйэлэриттэн ситимнэһэн, дьон олороругар, сынньанарыгар табыгастаах эйгэ үөскүүр. Покровскайга бэлиэр хас да бырайыак олоххо киирдэ: Эбэ кытыла (Набережная) уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы 5-с куонкуруһугар бастаабыт бырайыактаах бульвар. Оттон Майаҕа бэртээхэй Хомсомуол болуоссата оҥоһуллубута. Онно олохтоох урбаанньыт, саҥа павильон оҥороору, анаан-минээн кафе брендинин оҥорбут, онтун олус интэриэһинэй интерьердээбит. Оттон ол – биисинэһи сэҥээрдии. Биһиги тутуһар соруктарбытыттан биирдэстэрэ буолар”, – диэн холобурдуур Ирина Маркина.
Бу туһалаах үлэҕэ Горнай улууһа көхтөөхтүк ылсыбыт. Холобур, Бэрдьигэстээххэ бэйэтигэр хас да саҥа уопсастыбаннай туонаны оҥорбуттар. Дизайн-кодка олоҕуран, уулуссаларын бэрээдэктииллэр, сатыы хаамарга анаммыт суолу оҥорбуттар. Оттон Маҕарас бөһүөлэгэр бэйэлэрин дизайн-кодтарын туһанан, хайыы үйэ икки дьоҕус паарканы оҥостубуттар.
Бу туһунан тустаах нэһилиэк баһылыга Владимир Текеянов кэпсиир:
– “Дьулуур” түөлбэҕэ киирсэр Орто Күөл эбэ биэрэгэ бу иннинэ олус хобдох көстүүлээҕэ, сүөһү тоҕуоруһар, бөх мунньуллан уматыллар сирэ этэ. Оттон сир бэйэтэ ийэ айылҕа маанылаабыт туоната этэ, ол иһин биһиги Кэмпитиэнсийэ киинин өйөбүлүнэн “Дьулуур” диэн дьоҕус паарканы оҥорбуппут.
Синергия көдьүүһэ
Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрэ ити курдук үтүө түмүк холобурун атын нэһилиэктэргэ, онтон салгыы бэйэ да бөһүөлэгин тупсарыллыбыт тиэргэннэригэр көрөн, сэргээн барбыттар. Инньэ гынан күн бүгүн тыа сиригэр лаппа атын таһымнаах, быдан хаачыстыбалаах, тас көстүүлүүн кэрэ, ураты, бэл, киин куоракка суох интэриэһинэй туоналар эбиллэн эрэллэрэ көстөр. Олохтоохтор бэйэлэрэ көҕүлүүр, көхтөөхтүк кыттар буолбуттар. Араас түмсүү тэриллэн, интэриэстэрин көмүскүүргэ ылсыбыттар. Бу буолбатах дуо дьон олороругар, сынньанарыгар табыгастаах оҥорууга наадыйыы бигэ көстүүтэ? Оттон ол төһө оруннааҕын билэргэ тустаах сирдэргэ тиийэн, илэ көрүөххэ сөп.
“Былырыын Булгунньахтаахха дьоҕус паарканы оҥорбуттара. Ол иннинэ бырааһынньык дэҥҥэ ыытыллар кураанах сир этэ. Ол гынан баран бөһүөлэкпит тэбэр сүрэҕэ, киин сирэ этэ, онон «ити миэстэни тупсарыаҕыҥ» диэн, тута биир санааҕа кэлбиппит. Манна билигин сатыы уонна бэлисипиэттээх дьон сылдьарыгар, күүлэйдииригэр анаммыт суол, скейт-паарка, воркаут-зона, оҕо былаһаакката оҥоһуллан, дьон сөбүлээн сылдьар сиригэр кубулуйда”, – диэн, биһиэхэ бөһүөлэк олохтооҕо кэпсээн турар.
Кэмпитиэнсийэ киинин начаалынньыга Ирина Маркина иһитиннэриитин маннык түмүктээтэ:
– Ааспыт биэс сылга улахан үлэни ыыттыбыт. Билигин да сүбэлиир-амалыыр үгэспитин салгыыбыт, муниципалитеттарга уонна архитектордарга кэлимник тупсаран оҥоруу бырайыактарынан көмөлөһөбүт. Биһиги “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” бырайыак чэрчитинэн үчүгэй түмүгү ситистибит. Ону олоххо киирэн, үлэлии, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыы турар тиэргэннэргэ, дьоҕус пааркаларга дьэҥкэтик көрүөххэ, билсиэххэ сөп.
Төһө эрэ кэминэн ирдэнэр түмүгү олоччу ситтибит диир кыахтаныахпыт. Билигин олохтоох дьаһалталар бэйэлэрэ бырайыактары, дизайн-кодтары, маастар-былааннары оҥорторор, тех-садаанньалары оҥостор уонна нэһилиэнньэни кытта көхтөөхтүк үлэлэһэр буоллулар. Архитектордар балачча уопуттаннылар, араас дизайнер, архитектура устуудьуйалара, бюролар тэрилиннилэр. Оттон уонна Кэмпитиэнсийэ киинэ бэйэтэ да сайдыы атын түһүмэҕэр таҕыста. Бэлиэр кэлэр сылтан саҕалаан, маастар-былааннары оҥорор бырайыактыыр офистарга көмөлөһөн барыахпыт.
Дьэ, ити курдук, өрөспүүбүлүкэ ыраах да, чугас да нэһилиэнньэлээх пууннарын тас көстүүтэ, хааччыллыыта уларыйан, тупсан эрэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Эргэ-урба, хаарбахтыйбыт тутуулар оннуларыгар тупсаҕай оҥоһуулаах, толору хааччыллыылаах, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр эбиллэн эрэллэр, кураанах турбут, санааны самнарар сирдэргэ сонун уонна сэргэх уопсастыбаннай туоналар оҥоһуллаллар. Оттон аттыларыгар атын саҥа, социальнай инфраструктура түстэнэр. Маннык нэһилиэктэргэ өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымнаах астык тэрээһиннэр ыытыллан бараллар. Быһата, туллар тутаах куораттар эрэ буолбакка, кырыы сытар, дьоҕус да бөһүөлэктэр, нэһилиэнньэлээх пууннар сайдар, тупсар саҕахтара аһыллар. Олорор да, үлэлиир да усулуобуйа, тулалыыр тас көстүү да быдан сэргэхсийэр. Оттон тутуу эбийиэктэрэ дойду иһигэр бастыҥнар ахсааннарыгар киириилэрэ сыллата элбиир. Тыа сирин кэлим сайдыытыгар, көннөрү үлэһит, талааннаах дьон олоҕун тупсарыыга АЛРОСА хампаанньа быһаччы кыттыыта ити курдук салҕанан барар.