Киир

Киир

Икки хас сыллаахха диэри Тааттаҕа, Томпоҕо “Халыма” федеральнай суолунан айанныырга кыһалҕа суоҕа. Билигин суол сорох учаастагар, бартыһаан Дьөгүөрэптии эттэххэ, “бырыы да бадараан, кыыннаах быһах бэтэрээл (потерял)” эрэ буолуо дуо, 20–30 т тиэйэр уонунан улахан массыыналар омуннаатахха, харахтарыгар диэри батары түһэн олорор видеолара тарҕанар. Онон бу суол тыа сирин олохтоохторун улаханнык эрэйдиир буолла. Туохтан маннык үлүгэр үөскээтэ? Ону суоллаан көрүөҕүҥ.

Ыарахан уйуктаах массыына аһара элбээтэ

“Халыма” федеральнай суолугар үөскээбит ыарахан балаһыанньаны суолга эппиэттээх “Бүлүү” федеральнай суолун салалтата маннык быһаарар:
“Р-504 №-дээх “Халыма” федеральнай суола Таатта сиринэн ааһар сорох учаастага алдьаныытын биричиинэтэ:
 
1. Ыарахан уйуктаах автотранспорт сылдьара хас эмэ төгүл элбээтэ. Таһаҕаһы көҥүллэнэр нуорматтан элбэҕи тиэйэллэр.
 2. Улуустар мелиоративнай систиэмэлэрэ ууну туппакка уонна элбэх сөҥүү түһэн, суол буора күүскэ илийэр.
3. Ирбэт тоҥ ириитэ күүһүрэн, суол анныгар уу киирэр.
 

Бастаан бу буор суол хаһан уонна төһө уйуктаах гына бырайыактанан тутуллубутун көрүөҕүҥ. Суол улахан өттө 1960–1980 сс. тутуллубута. Урут Ытык Күөлтэн Алдан өрүскэ диэри (291-тэн 365 км) суол суоҕа, 2005 с. тутуллан үлэҕэ киирэн, сылы эргиччи сырыы олохтоммута.  Суолу бастаан бырайыактаан тутуу таһаҕастаах сэбиэскэй массыына  6 т ордугу тиэйбэтэ учуоттанан, оччотооҕу нуорманы уонна быраабыланы тутуһан ыытыллыбыта. Оттон бүгүн 30–50 т ыйааһыннаах улахан самасыбааллар сылдьаллар.  Суол ити ноҕуруусканы уйбакка, тулуйбакка, буора илийбит учаастактарынан алдьанар.

Буор суолга саамай улахан алдьатыыны бүгүн көмүс хостуур «Нежданинскай» ГОК бырамыысыланнай таһаҕаһын таһар, 40 т ордугу тиэнэр аҕыс көлүөһэлээх улахан FAW, Shacman, Howo, Sitrak самасыбааллар таһаараллар.  “Нежданинскайдар” РФ Бырабыыталыстыбатын 2020 с. ахсынньы 21 к. 2200 №-х итинник массыыналар бэйэлэрин ыйааһыннарын кытта 32 т эрэ буолар таһаҕаһы (16–17 т) ылыахтаахтар. Оттон кинилэр 30 т тахсаны тиэнэн, РФ Бырабыыталыстыбатын ыйааҕын куруубайдык кэһэ олороллор.  

2022–2024 сс. ыарахан уйуктаах массыыналар “Халыма” суолунан сырыылара 55% улаатта. Быйыл сайыны быһа бу кыра ыйааһыннаах массыыналарга анаммыт буор суол устун суукка аайы 185-тии сир баайдаах боруоданы тиэммит массыыналар, оттон уопсайа кыралыын-улаханныын сууккаҕа 1478 массыына ааһар эбит. Итини “Бүлүү”суолун салалтатын ханнык мааркалаах төһө элбэх массыына сылдьарын учуоттуур автоматическай пууннар (ПУИД)  көрдөрөллөр. Бу дааннайдар суолу сир баайын хостооһуҥҥа эмискэ элбээбит  тиэхиньикэ алдьаталларын туоһулуур.

“Халыма” суолун көрөр-харайар  “Бүлүү” федеральнай суол дьаһалтата суолу судаарыстыба ирдиир нуорматыгар эппиэттиир туруктаах оҥорууну өрөмүөҥҥэ уонна хапытаалынай өрөмүөҥҥэ көрүллүбүт бырагыраамаларга олоҕуран, былааннаан үлэлиир.  2024 с. бэс ыйыгар суол 197–216 км баар учаастагын хапытаалынай өрөмүөнүн 2026 с. бүтэрэр  судаарыстыбаннай хантараак түһэристэ.

Билигин Чурапчыттан Ытык Күөлгэ диэри суол 177–182 км уонна 216–264 км баар учаастактарын хапытаалынай өрөмүөнүн ыытыыга бэлэмнээн, бырайыактыыр-чинчийэр үлэлэри ыыта сылдьар. 182–216 км, 264–280 км, 293–299 км (Таатта үрэҕин туоруур муосталаах) суол учаастактарын хапытаалынай өрөмүөннэрин докумуона оҥоһулунна. Бу ыйыллыбыт суол учаастактарыгар хапытаалынай өрөмүөн 2025 сылтан саҕаланыахтаах.

“Халыма” суола улахан хапытаалынай өрөмүөн ыытылыннаҕына эрэ, ыарахан таһаҕаһы тиэммит  массыыналары  уйар кыахтанар, суол алдьаммат буолуоҕа. Билигин суолу көрүүгэ-харайыыга эрэ көрүллүбүт үп суолу сылы эргиччи үчүгэй туруктаах оҥорорго тиийбэт. Ол да буоллар суолу бэдэрээттэһэн көрөр “Тааттаавтодор” АУо тэрилтэ ыарахан массыыналар илдьи тэпсэн алдьаппыт суолларын оҥорууга күүһэ тиийэринэн үлэлии сылдьар. Үлэ халлаан туругун учуоттаан ыытыллар.

“Халыма” суолун тупсарарга, уустук, алдьаммыт учаастактары быстах өрөмүөннүүргэ Суол федеральнай ааҕыныстыбата суол туругун билсэн баран, эбии үбүлээһини көрдө.

Биһиги “Халыма” суолунан айаннааччылары сайыҥҥы кылгас кэмҥэ үөскээбит уустук балаһыанньаны өйдүүллэригэр, оттон суол устун таһаҕас таһар тэрилтэлэр РФ Бырабыыталыстыбата олохтообут нуорматын – таһаҕастаах биир массыына уопсай ыйааһына  32 т аһарбатын – тутуһалларыгар ыҥырабыт”.

Көмүһү хостооһун алдьатыыта

Судургутук эттэххэ, Таатта суолун сир баайын хостуур тэрилтэлэр улахан массыыналара илдьи тэпсибиттэр. “Бүлүү” суолун салалтата Госавтоинспекцияны (ГИБДД) уонна Ространснадзору кытта  2024 с. бэс ыйын 10–23 күннэригэр “Халыма” суолун 43,6-с биэрэстэтигэр улахан массыыналар төһө таһаҕаһы таһалларын билээри, көһө сылдьар ыйааһыннары туруоран бэрэбиэркэлээбитэ.

Ол түмүгэ бу табылыыс-саҕа көстөр: 
 
1.
Ыйааһынын бэрэбиэркэлэппит
61
1.1
Ордук ыйааһыннаахтара аактаммыт
4
1.2
Ыйааһын кэннэ төттөрү ыытылынна
5
2
Тохтообокко ааспыт массыыналар:
85
2.1
Аллараа Бэстээх диэки (43 км)
32
2.2
Чурапчы диэки (582 км)
53
 
Массыыналары тохтотон “ыйааһыҥҥа киириҥ” диэн Ространснадзор үлэһиттэрэ эрэ модьуйар бырааптаахтар. Оттон бу дьон түүннэри үлэлээбэтэхтэр, хонтуораҕа курдук 8 чааһынан үлэлээн бүтэллэр эбит. Элбэх массыына суоппара утуйар аатыран, ханна эрэ саһан, кэтэһэн туран баран, түүннэри тоҕо түһэн барбыттар. Итини “нуорматтан ыарахан  ыйааһыннаах таһаҕас тиэммит массыыналар киитэрэйдээн” куоппуттар диэн сабаҕалыахха сөп.
 

Дьон, хантан оннук элбэх улахан карьер самасыбааллара кэллилэр диэн, итэҕэйимиэн, саарбахтыан да сөп. Итиннэ геолог идэлээх, Томпо улууһун урукку баһылыга И.Шадрин соцситимнэргэ тарҕаммыт ыстатыйатыгар аҕалбыт чахчыларын көрүөҕүҥ. 2024 с. диэри ыарахан уйуктаах массыыналар Тополинайга уматыгы кыһын эрэ таһа сылдьыбыттар. 2023 с. “Полиметалл” АУо Үөһээ Дьааҥы Барылаһыттан Тополинайга диэри кыһыҥҥы суолу туппут. Ол суолунан 2023–2024 сс. кыһыныгар Тополинайга ыскылаат туппутугар Үөһээ Дьааҥы “Прогноз” диэн үрүҥ көмүс, сибиниэс, сыыҥка хостуур сириттэн 140 тыһ. т урууданы таспыт. Итини таһарга 150 улахан массыынаны аҕалбыттар. Быйыл сайын ол уруудаларын 60 т тиэйэр массыыналарынан “Нежданинскайга” баар байытар баабырыкаҕа таһан барбыттар. Итиниэхэ массыыналар “Дьааҥы” өрөспүүбүлүкэ суолунан – 188 км, “Халыма” федеральнай суолунан – 72 км, “Нежданинскай” муниципальнай суолунан 96 км айаннаан тиийэллэр эбит. Урууданы байытыы кэннэ салгыы соҕуруу ыытаары концентраты Аллараа Бэстээххэ илдьэллэр.

“Прогноһу” таһынан “ГеоПроМайнинг” ХЭТ Томпо “Үөһээ Мэҥкэчэтиттэн” концентраты тимир суолга илдьэр. Итиннэ эбии Томпо, Өймөкөөн бырамыысыланнай улуустар, Магадаан тэрилтэлэрин элбээбит таһаҕастарын тиэммит улахан уйуктаах массыыналар хотоҕостуу субуллаллар. Ол түмүгэр күүтүллүбэтэх ноҕуруускаттан суол улаханнык алдьаммыт.

Бырастыы гыныы, чэпчэтии буортута

“Халыма” суолун курдук былыр тутуллубут суол-иис дойду үрдүнэн улаханнык алдьаммытын, “деградациялаабытын” РФ тырааныспарга миниистирэ Роман Старовойт от ыйын 31 күнүгэр Госдумаҕа кэлэн отчуоттууругар аһаҕастык эттэ.  Кини “Минтранс мантан инньэ федеральнай суол-иис өрөмүөнэ инники турар сорук буолуо, оттон саҥа суолу тутуу иккис уочаракка көһүө, ол эрээри урут тутуллан испит суол-иис ситэриллиэҕэ” диэтэ. Оттон Чурапчыттан Ытык Күөлгэ диэри аспаал суолу тутуу былаанын 2026 с. буолбакка, 2028 с. көһөрбүттэр.

Сир баайын хостооһун өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн толорор. Онон кини төһө үбү биэрэринэн аһаан-таҥнан олорор буоллубут. Элбэҕи бырастыы гынабыт, араас чэпчэтии көрөбүт. Ол сөп буолуо, өскөтүн кинилэр биһиги уопсай кыһалҕабытын, холобур, алдьаппыт суолларын оҥороллоро эбитэ буоллар. Оттон сир баайын хостуур олигархтар тэрилтэлэрэ биһиги үтүө санаабытын “аборигеннар оҕуруо биэрдэххэ, биһигини таҥара курдук көрөллөр эбит” диэн сэнэбиллээх сыһыаннарын көрдөрөн бардылар. Бастаан суолбутун илдьи тэбистилэр, ити “сибэккитэ” эрэ, “отонноро” төһө алдьатыылааҕын кэлэр көлүөнэлэрбитигэр тугунан охсон тахсарын сэрэйиэххэ эрэ сөп.

Сир баайын хостооччулар иҥсэлэрин угаайытыгар киирэн, буор сирэйдэнэр кутталлаахпытын түргэнник өйдүөхпүтүн наада. Мин 2018 с. оччолорго Мииринэй улууһун баһылыга Ришат Юзмухаметовтан интервью ылбытым (сууттана илигинэ). Онно кини Мииринэйгэ ньиэби-гааһы хостуу кэлбит аныгы олигархтар Саха сиригэр сыһыаннарын туһунан: “Саҥа сир баайын хостооччулар, саҥа хампаанньалар... олох атын толкуйунан салайтараллар, аҕыйах ороскуотунан элбэх сир баайын сомсор чуолкай сыаллаахтар, ол иһин урут тутуллубуту туһаналлар, нолуок төлүүртэн ураты манна социальнай эбийиэктэри тутууга, инфраструктураны хааччыйыыга харчыларын укпаттар”, – диэн кэпсээбитэ. Юзмухаметов сир баайын хостооччулар иҥсэлэрин туһунан эппитэ бу Таатта суолун илдьи тэпсэн баран, суол оҥоруутугар кэппиэйкэни да угар санаалара суоҕар көстөр.

Спикер Еремеевкэ эбии кыһалҕа

“Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыагынан тутуллубут Чурапчы аспаала, төһө да аныгы нуорманы тутуһан оҥоһулуннар, ирбэт тоҥ ирэн, сис уута киирэн хамсаан, сир баайын таһар, хостуур тэрилтэлэр уматыктарын, атын да таһаҕастарын Магадааҥҥа, Үөһээ Дьааҥыга тиийэ таһар ыарахан массыыналар өссө элбээн, илдьи тэпсиллэн, аҕыйах сылынан алдьанан күөрэ-лаҥкы барыан сөп.

Өрөспүүбүлүкэ суолун-ииһин оннукка тиэрдибэт инниттэн сир баайын хостооччулар бардамныылларын, сахалыы эттэххэ, “оройдорун хаһан” судаарыстыба быраабылаларын халбаҥнаабакка тутуһуннарар наада.

Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев “наһаа элбэх саҥа эбийиэк тутуллубута бүддьүөппүтүгэр улахан ноҕурууска буолуо” диэн дьиксиммитэ. Ол кыһалҕаҕа илдьи тэпсиллэн алдьаммыт өрөспүүбүлүкэ, муниципальнай суол-иис бүппэт өрөмүөнэ эбиллэрин умнумуохха.

Сир баайын хостооччулар ыарахан тиэхиньикэлэрэ үлтү тэпсэн, үөһэ ааттаммыт суолларга өссө Таас Үрэх (Мииринэй) федеральнай, Ленскэй-Мииринэй, Кыһыл Сыыр (Бүлүү), Тополинай (Хаандыга) өрөспүүбүлүкэ суолларын эбии ааттаатахха, Ил Түмэн төбөтүн улаханнык ыарытыннарар  кыһалҕа номнуо элбээбит.

Сир баайын хостооччулар инфраструктурабытын тустаах таһымҥа тутарга өлгөм үбүнэн кыттыһалларын өрөспүүбүлүкэ салалтата, Ил Түмэн ирдиэхтэрин наада.

5221999879507796039

Владимир Степанов.