Бу иннинэ хаста да санатыллыбытын курдук, Саха омугун I, II Кэнгириэстэрин мунньахтара 1992 уонна 2007 с. буолан ааспыттара.
Кэнгириэс диэн тылы хайдах баҕарар быһаарыахха сөп. Холобур, саха дьоно өйдүүрбүтүнэн, бу Кэнгириэс диэн норуоппут чулуу дьонуттан таҥан сүүмэрдэммит уопсастыбаннай уорган буолан үлэлиэн, норуоппут күннээҕи тирээн турар кыһалҕаларын сүрүннэһиэн, салайсыан, араас уустук боппуруостарга санаатын биллэриэн сөп этэ. Ол эбэтэр, “официальнайа суох, норуот бэйэтин салайынар уоргана” буолуохтаах этэ. Холобур, “түмсэн-сүбэлэһэн, эспиэрдэр санааларын үөрэтэн баран, Саха Кэнгириэһэ саха омугун аатыттан Саха сирин килбэйэр киинигэр, Аллараа Бэстээх сиригэр-уотугар кутталлаах хиимийэ собуота тутулларын булгуччулаахтык утарар!” уо.д.а. диэн Ил Дархаҥҥа, Ил Түмэҥҥэ бэйэтин бигэ тылын иһитиннэрэр, “остуолу охсон кэбиһэр” уорган буолуохтааҕа. Хомойуох иһин, биһиги түбэлтэбитигэр, ол кыаллыбатаҕа.
Ол кэнниттэн, элбэх сыл ааста. “Туолбатах ыра санаа буолан” диэбиккэ дылы, бэлитиичэскэй сыһыан тыҥаан кэллэҕин аайы, дөрүн-дөрүн саха уопсастыбатыгар “Кэнгириэһи саҥалыы тэрийэр уолдьаста” диэн тыл-өс өрө күүрэн кэлэ-кэлэ сүтэр буолбута ыраатта.
Ааспыт нэдиэлэҕэ, алтынньы 27 күнүгэр, Дьокуускай куоракка Саха Кэнгириэһин (Ил Сүбэтин) тэрийэр бастакы киэҥ тэрээһин мунньах буолан ааста.
Бу иннинэ тэрийэр хамыыһыйа элбэхтик мустан, сүбэлэһэн, бу тэрээһин мунньах барылын, Кэнгириэс устаабын, үлэлиир кэнсиэпсийэтин барылларын оҥорбут. Онон бу тэрээһин мунньахха ыҥырыллан кэлбит дьон кэнсиэпсийэни дьүүллэстилэр, Кэнгириэс мунньаҕын тэрийэр хамыыһыйаны таллылар, улахан сугулаан ыытыллар күнүн-дьылын торумнаатылар.
Мунньах киирии тылыгар Кэнгириэс идиэйэтин сүрүн түстээччи Уйбаан Самаайап 2007 с. буолан ааспыт Саха Кэнгириэһэ билигин ханнык да юридическай статуһа суоҕун (усунуоһа төлөммөтөҕүн, отчуота оҥоһуллубатаҕын иһин Минюст тохтоппут), онон барыта саҥалыы тэриллэрин уонна бу тэрээһин мунньаҕы “аҕыйах киһилээх дьоҕус бөлөх” үлэлээн ыҥырбытын санатта. (Эбэн эттэххэ, ол “дьоҕус бөлөххө” барыта 20-чэ киһи үлэлэспит, сүбэ мунньахтар балаҕан ыйыттан саҕалаан биир да нэдиэлэ көппөккө ыытылла турбуттар. Ол мунньахтарга, ортотунан, сырыы аайы 5-6 киһи баар буолар эбит).
Мунньах бэрт сууххайдык уонна чуолкайдык барда. Тута юрист Василий Данилов туран мунньах бэрэссэдээтэлигэр, ааҕар хамыыһыйаҕа уо.д.а. хандьыдааттары туруортаата. Тута куоластааһын буолан, бэрэссэдээтэлинэн Уйбаан Самаайап талылынна. Мунньах үс пууннаах бэбиэскэтэ эмиэ туох да тардыаһа-мачайа суох тута бигэргэннэ. Даҕатан эттэххэ, мунньахха ыҥырыгынан кэлбит дьон (барыта холбоон 71 киһи) бары куоластаатылар. Кими да “эн мандаата суоххун, куоластыыр быраабыҥ суох” дэммэтэ.
“Мунньахха кимнээх уонна туох киритиэрийинэн көрөн ыҥырыллыбыттарай?” – диэн ыйытыы үөскүөн сөп... Мунньахха кимнэрин-туохтарын дьиҥнээх үлэлэринэн көрдөрбүт уопсастыбаннай түмсүүлэр салайааччылара, биирдиилээн актыыбынай позициялаах дьон, кэккэ салайааччылар ыҥырыллан кэлбиттэр. Ол эбэтэр, “бу киһи элбэх чыыннаах-хааннаах”, “бу киһи өр салайар үлэҕэ сылдьыбыта”, “кини – норуодунай, үтүөлээх, академик...”, “бу киһи үчүгэй куолуһут, кырасыабайдык саҥарар...” эҥин диэнэ суох, сүрүннээн, норуот тыҥаан турар кыһалҕаларыгар бэйэлэрин позицияларын биллэрбит уонна ол туһугар дьону түмпүт, быһата, норуот-өрөспүүбүлүкэ туһугар долгуйалларын-үлэлииллэрин көрдөрбүт дьон ыҥырыллыбыттар.
Биллэн турар, бары буолбатах, баһыйар үгүстэрэ.
Уйбаан Самаайап киирии тылыгар маннык диэтэ:
– Биллэрин курдук, уонча сылтан бэттэх былаас бэртикээлэ күүһүрэн, “гаайканы тардыы” бэлиитикэтэ бара турар. Оттон саха уопсастыбата билигин балай эмэ уһугунна. Олорон хаалыы суох. Дьон санаатын этэр, туруулаһар, сорох ардыгар – ситиһиилээхтик. Ону хиимийэ собуотун, Бүлүү өрүс киртийиитин боппуруостара, тыл уонна экология туһугар туруулаһыы да туоһулууллар. Тыа сиригэр эмиэ үлэ бара турар. Быһата, гражданскай уопсастыба лоскуйа баар буолла. Ол эбэтэр, Ил Сүбэ эбэтэр Кэнгириэс тэриллэр усулуобуйата үөскээтэ (“аата туох дэнэрин бэйэбит быһаарыаҕыҥ” диэн буолла).
Көҕүлүүр бөлөҕү кытта үлэлэһэн, Кэнгириэс үөскүүр баллырын торумнаатыбыт. Ону бүгүн манна мустубут дьон бигэргэтиэхтэрэ. Бастакы көрүк быһыытынан, Кэнгириэс үлэтин 9 кэмитиэтинэн арааран үлэлиэн сөп: сиэр-туом уонна култуура; иитии-үөрэтии; т/х-тын боппуруостара; тыа сиригэр үлэнэн хааччыллыы; тулалыыр эйгэ уонна киһи доруобуйата; миграция уонна демография; экэниэмикэ уонна бүддьүөт; бырамыысыланнас хампаанньаларын кытта үлэ; судаарыстыбаннай тутул; иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ.
Кэнгириэс үлэтэ ити кэмитиэттэринэн хайдыһан барыахтаах. Кэмитиэт салайааччылаах, солбуйааччылаах буолуохтаах. Оннук үлэ биһиэхэ улахан сонун буолбатах. Холобур, билигин өрөспүүбүлүкэ экологтара ким да ыйыытын-кэрдиитин күүппэккэ, бэйэлэрэ тэринэн үлэлии олороллор, харчы хомуйан тутулуга суох экология эспэртиисэлэрин ыыттараллар уо.д.а. Кэнгириэс – толоруулаах былааска араас форманан тылын тиэрдэр, дьайар уорган буолуохтаах. Кэнгириэс сокуон оҥоруутугар күүскэ үлэлэһиэхтээх. Сокуону дьокутааттар эрэ оҥорор буолбатахтар. Холобур, биһиэхэ тыын суолталаах “Ирбэт тоҥ туһунан”, “Сир баайын туһунан” сокуоннары актыыбынай позициялаах дьон, уопсастыбанньыктар оҥорон киллэрбиттэрэ.
Билиҥҥитэ биһиги тус-туспа “дьааһыктарынан” хайдыһан, икки ардыбыт күрүөлэнэн олорор курдукпут. Өскөтүн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах эспиэрдиир, боччумнаах түмүгү оҥорон нэһилиэнньэҕэ тарҕатар бөлөх тэрилиннэҕинэ – дьайыыта-кыаҕа быдан улахан буолуо.
Барыллаан былаан быһыытынан, Кэнгириэс улахан сугулаана олунньу ыйга буолуон сөп. Ону бүгүн мунньахха талыллыахтаах тэрийэр кэмитиэт чилиэннэрэ чопчу быһаарыахтара...
Уйбаан Уххан, көҥүл суруналыыс:
– Туох да саарбаҕа суох, ханнык да Ил Сүбэ эҥин диэн буолбакка, “Саха омугун Кэнгириэһэ” диэн буолуохтаах. “Саха сирин омуктарын...”, “Саха сирин төрүт олохтоохторун...” эҥин дэммэккэ. Кэнгириэс саха омугун аатыттан аан дойдутааҕы тэрилтэлэргэ тахсар кыахтаах, бырааптаах буолуохтаах.
Билигин Сахабыт сирин быһар быһаҕаһа “аҕыйах ахсааннаах омуктар национальнай оройуоннара, нэһилиэктэрэ” буолан хаалла. Каартаҕа бэйэҕит да ону көрүөххүтүн сөп. Оччоҕуна биһиги, сахалар, ханна олоробутуй? Оттон илинтэн кытай бөҕө тоҕо ааҥнаан киирэн эрэр...
Урукку кэнгириэстэр салалталарын 80-90 %-на чунуобунньук буолан үлэлээбэтэхтэрэ. Саҥа Кэнгириэс салалтатыгар, төһө кыалларынан, аҕыйах чунуобунньук киириэхтээх. Улуустартан дьон наадалар.
Уопсайынан, аан дойдутааҕы киһи, норуот быраабын көмүскүүр уорганнарга тирэҕирэн үлэлиэхтээхпит.
Алгыстаах Өлөксөөн, алгысчыт:
– “Ил Сүбэ” дэнэрэ сыыһа, “Кэнгириэс” буолуохтаах. Уопсастыбаннай хамсааһыннары түмүөхтээх. Ил Түмэн, Духуобунас Академиятын мунньахтарыгар Саха Кэнгириэһин аатыттан дэлэгээттэр сылдьыахтаахтар. (“Духуобунас академията диэн билигин да баар, үлэлиир дуо?” – диэн ыйытыкка Өлөксөөн “үлэлиирин билбэппин эрээри, хамнас ылар дьон бааллар” диэн хоруйдаата). Саха итэҕэлин боппуруоһугар үлэлиир 9 киһиттэн састааптаах бөлөх баар. Кэнгириэс тэрийэр хамыыһыйатыгар Уйбаан Уххан, Дапсы тоҕо киирбэтилэр?
Анатолий Кырдьаҕааһап, Гордума бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
– Хас быыбар буоллаҕын аайы хайдыһыы бөҕө буолабыт. Онтубут аныгыскы быыбарга диэри уҕараабакка кэлэн баран, салгыы сайдан бара турар. Сайдыылаах омуктар быыбарга 1-2 киһини туруоран баран, ол киһилэригэр 80-90 %-ны биэрэллэр.
Кэнгириэс Ил Дархан, Ил Түмэн талыытын курдук улахан суолталаах боппуруостарга бэйэтин санаатын биллэриэхтээх, этиэхтээх. Кэнгириэс үчүгэйдик үлэлээтэҕинэ, каадыр боппуруоһугар улуустаһыы эҥин курдук мөкү көстүүлэр тохтуо этилэр. Билигин кыахтаах, үөрэхтээх эдэр дьон бөҕө үлэтэ суох сылдьар.
Уопсайынан, Кэнгириэс Ил Дархаҥҥа, Ил Түмэҥҥэ күүс-көмө, өйөбүл буолар, кинилэри алҕастан араҥаччылыыр уорган буолуохтаах.
Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева Кэнгириэс тэриллэрин өйүүрүн эттэ уонна, Уххан этиитигэр хардаран, Уһук Илин гектарын сокуонунан Саха сирэ барыта да үллэһиккэ барыахтааҕын, Саха сирин аҕыйах ахсааннаах омуктара сорох сирдэри “олохтоох омуктар үгэс буолбут туһанар сирдэрэ” диэн статустаабыт буоланнар тыытыллыбакка хаалалларын, ол сирдэргэ олохтоох омуктар, ол иһигэр сахалар эмиэ, туох да хааччаҕа суох үлэлиир-олорор, чэпчэтиинэн туһанар бырааптаахтарын санатта. Ону тэҥэ, Арассыыйа аҕыйах ахсааннаах омуктарыгар көрүллэр чэпчэтиилэр сылын аайы суйданан, бииртэн биир пууннара ылыллан бүтэн эрэллэрин, ол туһугар Хотугу омуктар ассоциациялара тиһигин быспат үлэни ыыталларын эттэ.
Анатолий Антонов, I уонна III ыҥырыктаах Ил Түмэн дьокутаата:
– Ньурба улууһугар “ураты харыстанар” диэн статустаах 2 сирдээх этибит. Накыын алмааһа үлэҕэ киирбитин кэннэ, борокуруор суукка биэрэн, ону көтүрэн кэбиспиттэрэ. Билиҥҥи Арассыыйаҕа оннук “ураты харыстанар” сирдэр сир баайын хостооччулар көҥүллүүллэрин эрэ тухары бааллар. Наада буолла да, ол сири бырамыысыланньыктар олохтоох былаас, “силовой” уорганнар көмөлөрүнэн, көҥүл былдьаан ылаллар. Онно федеральнай СМИни эмиэ туһаналлар. Холобур, өрөспүүбүлүкэбитигэр сэлии (мамонт) муоһун хомуйууну сокуонунан бэрээдэктээбиппит. Билигин ону федеральнай былаастар ханнык эрэ уоруйахтар туһаларыгар уларытан эрэллэр. Онно киин тэлэбиидэнньэни эмиэ туһаннылар. Ньурба улууһун баһылыгын көҥүл тутан-хабан, хаайан күн бүгүнүгэр диэри эрэйдии сылдьаллар...
Кэнгириэс иккис соругунан итэҕэл, устуоруйа боппуруостара буолуохтарын сөп этэ. Бу иннинээҕи кэнгириэстэр бэлиитикэнэн дьарыктанан ыһыллыбыттара, онон саҥа тэриллиэхтээх III Кэнгириэс бэлиитикэнэн дьарыктаныа суоҕун сөп этэ...
Алексей Егоров, экология уопсастыбанньыга:
– Бүлүү сүнньүн улуустарын экологияҕа уопсастыбаннай сэбиэтин тэрийэммит, 100-нэн тыһ. солк. харчы хомуйаммыт, Бүлүү өрүһүн уутун Москубаҕа баар тутулуга суох эспэртиисэ киинигэр ыытан чинчийтэрбиппит. “Былааһы кытта бииргэ” диэн буолбакка, “былааһы кытта сэргэстэһэ” үлэлиир наада. Билигин биһиги хамсааһыммыт Бүлүү эрэ кыһалҕатынан буолбакка, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан боппуруостарга эмиэ үлэлэһэр гына ситтэ-хотто...
ХИФУ профессора Гаврил Филиппов РФ билиҥҥи Төрүт сокуона ханнык да федерализмы аахсыбатын; саха тылын үөрэтии туруга ыарыы турарын уонна 21-с үйэ иккис аҥаарыттан дьылҕата букатын да уустугурарын; билигин ханнык эрэ оскуола, дьыссаат дириэктэрэ төрөөбүт тылбыт дьылҕатын “быһаарар” буолбутун; Арассыыйа билиҥҥи ойууру харыстыыр тэрилтэтэ, төттөрүтүн, “ойууру уоттуур тэрилтэҕэ” кубулуйбутун, сахалар ахсаан өттүнэн эбиллибэппитин; саха эр дьоно, дьахталлара ыал буолбакка сылдьыылара элбээбитин бэлиэтээтэ.
Андрей Саввинов, философия дуоктара:
– Кыһалҕа элбэх, бүппэт. Роботизация киирэн истэҕин аайы, үлэтэ суох буолуу, иэдээн өссө дириҥээн иһиэҕэ. Кэнгириэс норуот өйүн-санаатын инники күөҥҥэ туттаҕына эрэ үлэлиэҕэ. Бүтэһик сахалар: Өксөкүлээх, Алампа, Ойуунускай уо.д.а. 100 сыл анараа өттүгэр олорон ааспыттара, оттон биһиги, билиҥҥи сахалар – атын омук албыныгар-түөкэйигэр олорор “дьокууттарбыт” эрэ. Сахаҕа сэһэннэр – сахалыы өйдөөх сир түннүктэрэ дьон – суох буоллулар. Билигин сахалыы наһаа бэркэ саҥарар эрээри, истэрэ тоҥ дьон баар буоллулар.
Онон, сүрүн сорук быһыытынан Кэнгириэс саха өйүн-санаатын өрө тутууга үлэлиэхтээх. Тыабыт сирин, төрөөбүт биһикпитин, тутан хааллахпытына эрэ омук быһыытынан тыыннаах буолуохпут.
Иван Ушницкай, суруналыыс:
– I, II Кэнгириэстэр мунньахтарыгар сылдьыбытым. Бастакы мунньахха Софрон Данилов олус үчүгэй дакылааты оҥорбута. Иккис Кэнгириэс сүрүн дакылаатын Василий Иванов оҥорбута, ол инникигэ ырааҕынан тиийбэт этэ. Бу Кэнгириэстэр иккиэн үбүлээһин суоҕуттан тохтообуттара. Үбүлээһин боппуруоһун толкуйдуохха наада. Мунньахтыыр дьиэ-уот, кумааҕы, докумуон, дьон кэлиитэ-барыыта барыта харчыта суох кыаллыбат. Кэнгириэс бэлиитикэнэн дьарыктаныахтаах. Наһаа куолуһут дьоммут, Кэнгириэс халы-мааргы тыллаһыыны да бэрээдэктиэ этэ.
Итини таһынан, “Кэнгириэскэ салалтаттан дьон киириитин аҕыйатыахха” диэни кытта сөбүлэспэппин, былааһы кытта бииргэ үлэлэһиэхтээхпит.
Михаил Гуляев, Ил Түмэн дьокутаата:
–Норуоту түмтэҕинэ, сөптөөхтүк үлэлээтэҕинэ Кэнгириэс эстиэ, тохтуо суоҕа. Ыччаппыт нууччалыыга күүскэ охтон эрэр, бэл, тыа сиригэр кытта оҕолор нууччалыы саҥаран улааталлар. Дойду бэрэсидьиэнэ В.Путин Арассыыйа кыра омуктарын тылларын харыстыыр туһунан ыйааҕа таҕыста. Ону таба туһанан, смета оҥорон, бары ирдэбили тутуһан, бэйэбит этиилэрбитин ыыта охсуохтаахпыт. Өрөспүүбүлүкэбит иһинэн тыллары харыстыыр, өйүүр ыйаах эмиэ тахсыан наада. Кэнгириэс – былаас өттүттэн өйөбүллээх, сүбэтин холбоон үлэлиэхтээх.
Дьулустаан Осипов, “Алтан” IT оскуола дириэктэрэ:
– Билигин тыа сиригэр информация тиийбэт. Баар информацияны хайдах тыа сиригэр, нэһилиэктэргэ тиэрдэбит? Саха уопсастыбата барыта информациянан сиэрдээхтик хааччыллыытын ситиһиэхтээхпит.
Сулустаана Мыраан, Ил Түмэн дьокутаата:
– Туох барыта үһүстээх. 2007 с. буолбут, “Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 375 сылыгар анаммыт” II Кэнгириэһи суруналыыс Дмитрий Верхотуров интэриниэккэ “Конгресс унижения” диэн суруйбуттааҕа.
Бастакы икки Кэнгириэстэр эстибит төрүөттэрэ өйдөнөр: кинилэри былаас аллараттан буолбакка, үөһэттэн оҥоро сатаабыта. Дьиэ тутуутун акылаатыттан саҕалыыллар, сарайыттан буолбакка. Гражданскай уопсастыбаны үөһэттэн дьаһайан сайыннарбаккын. Аллараттан саҕаламмыт III Кэнгириэс үйэлээх буолуо. Холобур, биһиги бу кэнники сылларга уопсастыбанньыктары түмэн, миитиннэри-пикеттэри тэрийэн, Сахабыт сиригэр гражданскай уопсастыбаны тута сатыыбыт.
“Үп-харчы наада, онон Кэнгириэһи былааһы кытта бииргэ кыттыһан тэрийиэҕиҥ” диэни кытта сөбүлэспэппин. Дьулуур-баҕа баар буоллаҕына, биир-биэс кэппиэйкэтэ да суох киһи элбэҕи оҥоруон сөп. Дьон сайдыан-тупсуон, үтүө олоххо тиийиэн, туруктаах буолуон баҕарар. “Харчы суох” диэн баран олордоххуна туох туһа кэлиэй... Холобур, “дьокутаат буоларга элбэх харчы наада” диэччилэр. Мин быйылгы быыбарга баара-суоҕа 49 тыһ. солк. эрэ харчыны ороскуоттаан Ил Түмэҥҥэ дьокутаатынан быыбарданным. Норуоттарын туһугар долгуйар дьон улуустартан бэйэлэрин да харчыларыгар Кэнгириэс мунньаҕар кэлэргэ бэлэмнэр.
Нэһилиэнньэ эрэ өйөбүлэ наада, Кэнгириэһи былаас да көмөтө суох тэрийиэххэ сөп.
Матрена Ядрихинская, уопсастыбанньык:
– Кэнгириэс тэрээһин мунньаҕа олунньуга буолбакка, Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылын көрсө, быйыл ахсынньыга буолара ордук этэ. 30-ча киһилээх хамыыһыйа тэрийэн баран, дэлэгээттэри ыҥыран, уталыппакка оҥорон кэбиһиэҕиҥ.
Айхал Габышев:
– Кэнгириэс ситиһиилээхтик үлэлиирин туһугар, сыал-сорук, лиидэр, дьиэ-уот, үбүлээһин баар буолуохтаах, хас биирдии ыалга тиийэр механизм толкуйданыахтаах.
Ахсаан өттүнэн элбииргэ, демографияны тупсарарга үлэ ыытыллыахтаах.
Суруналыыс Владислав Коротов наар миитин, утарыта турсуу, киирсии суолун тутуһар кэскилэ суоҕун, өрөспүүбүлүкэ салалтата ыытар үлэтин судаарыстыбаннай СМИлэр, “Саха” НКИХ нэһилиэнньэҕэ кыайан тиэрдибэттэрин, мөлтөхтүк үлэлииллэрин эттэ уонна Кэнгириэс өрөспүүбүлүкэбит салалтатын кытта бииргэ үлэлэһэрэ наадатыгар тохтоото.
Юрист Владимир Ю бу кэпсэтии кэмигэр олус элбэх тыл этээччи саха тылын боппуруоһугар тохтообутун быһыытынан, төрөөбүт тылы туруулаһыыны Кэнгириэс бастакы нүөмэрдээх соругун быһыытынан ылынар наадатын, ханнык баҕарар норуот тыыннаах буоларыгар тыл саамай сүрүн суолталааҕын эттэ.
“Былаас кумааҕыга иммунитеттааҕын”, ол эбэтэр күнү быһа туоннанан кумааҕыны эргитэ-урбата үөрэммит чунуобунньуктар сурукка долгуйбаттарын, онон кинилэр хамсаналларын туһугар дьайыылаах соҕус миэрэлэр ирдэнэллэрин анаан бэлиэтээтэ.
Николай Кириллин, геология бэтэрээнэ, уопсастыбанньык:
– Элбэх сир баайдаахпыт да, ону ким наадыйбыт ыйыппакка эрэ ылар. Манна санаабытын биллэриэх тустаахпыт. Мин бэйэм кэммэр ыччат бөҕөнү бырамыысыланнаска ыыппытым. Билигин онтон, ардыгар, суобаһыргыыбын. Ол ыыппыт дьонум оҕолоро сахалыы тыын суох сиригэр улаатан нууччатыйан хаалаллар. Билигин сааһыран баран ол дьонум бары Дьокуускай куоракка төннө сатыыллар.
Азербайджаҥҥа ньиэби хостообуттара 50-ча сыл буолла. Бырамыысыланнас саҕаланарын кытта азербайджаннар ол эйгэҕэ хото киирэн, билигин бу эйгэҕэ олус күүстээх базалаахтар, ньиэп хостооһунун бары хайысхаларыгар аан дойдуга киэҥник биллэллэр. Оттон биһиги бырамыысыланнаһы ыраахтан, бэйэбит алааспытыттан олорон, дьаһайыахпытын баҕарабыт. Саха төрөппүтэ оҕотун горняк, геолог гыныан баҕарбат. Мин саныахпар, биһиги чопчу быһаарыныахтаахпыт: бэйэбит алааспытыгар олорон бырамыысыланнаска орооһо-дьаһайса сатыыбыт дуу, иһиттэн киирэн дуу? Хонтуруол, дьайыы ханнык баҕарар эйгэ иһиттэн оҥоһуллуохтаах, таһыттан олорон буолбакка. Оттон Саха сиригэр вахтанан үлэлии кэлбит киһи биһиги экологиябыт туһугар хаһан да долгуйуо суоҕа...
Кэпсэтии кэмигэр барыта 30-тан тахса киһи тыл эттэ. Этиллибитин курдук, тыл уонна экология боппуруостара элбэхтик хаарылыннылар. Кэнгириэс өрөспүүбүлүкэ былааһын кытта хайдах алтыһан үлэлиэхтээҕэр араас санаалар этилиннилэр. Кэнгириэс кэнсиэпсийэтин барылыгар эбиилэр-көҕүрэтиилэр киирдилэр.
Мунньах түмүгүнэн, 39 киһилээх Кэнгириэс улахан сугулаанын тэрийэр хамыыһыйа тэрилиннэ. Ону таһынан, Саха Кэнгириэһин регистрацияҕа бэлэмниир 9 учредитель быыбарданна. Онно Иван Шамаев, Мария Христофорова, Владимир Ю, Сулустаана Мыраан, Феликс Антонов, Дьулустаан Осипов, Сергей Сивцев, Уйбаан Уххан, Айхал Габышев киирдилэр.
(Даҕатан эттэххэ, Кэнгириэһи тэрийэр хамыыһыйа чилиэннэрэ түмсэн, мустан мунньахтыыр, базаланар сирдэринэн Мария Христофорова салайааччылаах “Ситим” медиа-бөлөх офиһын таллылар. Онон, Кэнгириэс тэрээһин үлэтэ хайдах бара турарын “Кыым” иһиттэн көрөн сырдата туруоҕа).
Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, дьыалата-куолута, тэрээһин боппуруостара үмүрүйдэхтэринэ, 2019 с. олунньутугар Дьокуускай куоракка Саха Кэнгириэһин тойон сугулаана буолуоҕа. Ити кэм иһигэр Сахабыт сирин улуустарыгар, куораттарыгар, нэһилиэктэригэр Кэнгириэскэ дэлэгээттэри талар мунньахтар буолуохтара. Онон, улуустар олохтоохторо, чулуу дьоҥҥутун көрүнэ олоруҥ!
Урукку Кэнгириэстэр уонна ааспыт мунньах
Саха Кэнгириэһин I сугулаана 1992 с. СӨ бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээһининэн буолбута. Ол кэмҥэ норуот уопсай өрө көтөҕүллүүтэ, күүрүүтэ аһара күүстээх этэ. Кэнгириэс мунньаҕар Сахабыт сирин улуустарыттан эрэ буолбакка, аан бастаан Үккэ, Дьэһиэйгэ, Таймыырга уо.д.а. олохтоох саха дьоно эмиэ кэлбиттэрэ. Онон бу түмсүү саха омугун ол кэмнээҕи күүһүн-кыаҕын, “дьүһүнүн-бодотун” демонстрациятын курдук быһыыга-майгыга ааспыта. Судургутук эттэххэ, саханы түмэр уонна Михаил Николаев бүттүүн саха омугун лиидэрэ буоларын бигэргэтэр, “легитимнэй” оҥорор ис хоһооннооҕо. Кэнгириэс мунньаҕа олус тэрээһиннээхтик, долгутуулаахтык уонна күүрээннээхтик ааспыта. Урукку өттүгэр улахан түрүбүүнэттэн хаһан да этиллибэтэх тыллар онно аан бастаан этиллибиттэрэ...
Кэнгириэс Сүрүннүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт Софрон Данилов ол кэнниттэн ситэ биир сыл буолбатаҕа... Кэнгириэс сыыйа умнуллубута. Кырдьыга да баара, ол кэмҥэ кини үлэлиир кыаҕа, “сэриилэһиэхтээх фрона, киирсиэхтээх өстөөҕө” да суоҕа... Суверенитет кэмнэрэ этэ. Баар кыһалҕа, боппуруос барыта оччотооҕу өрөспүүбүлүкэ салалтатын күүһүнэн-кыаҕынан толору быһаарыллара. Ону таһынан, ол саҕана уопсастыба бэйэтэ түмсэн ону-маны туруорсар, киирсэр, ситиһэр улахан уопута да суоҕа.
Иккис Кэнгириэс мунньаҕа 2007 с күһүнүгэр, тоҕо эрэ, “Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 375 сылын көрсө” диэн матыыптаан ыытыллыбыта. (бэрэсидьиэн В.Штыров саҕана). Инники суруллубутун да курдук, бу Кэнгириэс 2008 с. сааһыгар буолбут РФ бэрэсидьиэнин быыбарыгар “Саха Кэнгириэһэ Путины өйүүр” диэни биллэрбититтэн атын, киһи өйүгэр хаалар тугу да оҥорботоҕо, түмсэ сылдьыбатаҕа. Ол өйдөнөр. Кэнгириэс уот хара бастааҥҥыттан саха омугун интэриэһин туруулаһаары буолбакка, букатын атын сыаллаах тэриллибитэ. Кэнгириэс бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт Егор Жирков хайдах да кыһаллыбытын иһин, барыта тобус-толору чунуобунньук, дьокутаат, “бочуоттаах” дьону, ол эбэтэр оччотооҕу өрөспүүбүлүкэ былааһа туох дииринэн олорор Сүрүннүүр сүбэни, хамсатар кыаҕа да суоҕа.
Уопсайынан, “олох көрдөрөрүнэн, толоруулаах былаас бэйэтэ “номенклатурнай сыаллаах” тэрийбит Кэнгириэстэрэ өр үйэлэммэттэр эбит” диэххэ сөп курдук.
Ол урут ааспыт Кэнгириэстэргэ холоотоххо, бу буолан ааспыт түмсүү букатын атын курдук. Олунньуга диэри туох уларыйыы буолуо биллибэт... Ол эрээри бу буолан ааспыт мунньах тэрээһинигэр, сүрүннээн, эдэр дьон, ол иһигэр бэрт элбэх юрист, урбаанньыт, бэлиитикэ хапсыһыыларыгар буспут-хаппыт уопсастыбанньык, улахан миитиннэри-пикеттэри салайан-дьаһайан ыыталаабыт дьорҕоот уонна кимтэн да тутулуга суох дьон кыттыспыттара араас санааны саҕар.
Саха уопсастыбата уларыйбыт.
Иван Гаврильев.