Алтынньы 9 күнүгэр Марха бөһүөлэгэр “Пульс” диэн култуурунай-чэбдигирдэр кииҥҥэ, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналаах научнай уопуттары оҥорор инклюзивнай кылаас үөрүлээх аһыллыыта буолан ааста.
Бу бырайыак куорат бүддьүөтүттэн 234 900 солк суумалаах субсидия үбүнэн олоххо киирдэ. Ону таһынан, спонсордар 120 000 солк, көҕүлээччилэр 40 000 солк кылааттарын киллэрдилэр. Инньэ гынан, бырайыак уопсай суумата 354 900 солк тэҥнэстэ.
Кылаас үөрүүлээх арыллыытыгар Марха дьаһалтатын салайааччы Николай Анатольевич Ксенофонтов, Дьокуускайдааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Юлия Сергеевна Лазарева, норуот айар үлэтин уокуруктааҕы киин научнай-методическай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Ньургуйаана Егоровна Ущницкая, бүтүн Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын Дьокуускайдааҕы түмсүү бэрэссэдээтэлэ Екатерина Дмитриевна Емелина уонна оҕолор, төрөппүттэр кыттыыны ыллылар.
“Сыл аннараа өттүгэр Мархаҕа научнай уопуттары оҥорор инклюзивнай кылааһы арыйар туһунан идиэйэ киирбитэ. “Пульс” киин дириэктэрин Анастасия Николаевна Кычкинаны кытта сүбэлэһэн бараммыт, “Норуот бүддьүөтэ” диэн көҕүлээһин куоҥкуруһугар сайаапка ыытарга быһаарыммыппыт. Уонна бары кэллэктиибинэн олорон бу бырайыагы “чочуйан” биэрбиппит. Үгүс дьон кулуупка, култуура кииннэригэр айар үлэнэн, үҥкүүнэн, ырыанан эрэ дьарыктаналлар дии саныыллар. Ол иһин, биһиги тэхиньиичэскэй өттүнэн эмиэ сайдыахпытын баҕарбыппыт. Ону таһынан, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору дьарыктыыр туһунан соругу туруорбуппут. Кинилэргэ анаан интэриэһинэй сынньалаҥы, научнай-практическай дьарыктары тэрийэргэ быһаарыммыппыт. Бырайыакпыт олоххо киирэн үлэлииргэ бэлэм буолла. Биһиэхэ күүс-көмө буолбут дьоҥҥо улахан махталбытын тиэрдэбит”, – диэн бырайыагы көҕүлээччи Лена Сорокина кэпсиир.
Бу күн бастакы дьарыгы ыҥырыылаах профессор Татьяна ыытта. Кини бу бырайыагы өйөөн бэйэтин дьоҕус кылаатын киллэрдэ. Оҕолор илэ харахтарынан интэриэһинэй уопуттары көрдүлэр, бэйэлэрэ эмиэ кытыннылар. Онон элбэх саҥаны биллилэр-көрдүлэр.
Евгения Стебельцева, 11 саастаах Юли ийэтэ. Юли оҕо эрдэҕиттэн инбэлиит, мэйиитигэр 10 операцияны ааспыт:
Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор үксүн дьиэлэригэр олороллор. Онон маннык интэриэһинэй кылааска дьарыктанар кыахтаммыппытыттан олус үөрэбит. Оҕом олус астынна, бүгүн киниэхэ бырааһынньык буолла. Туох баар уопуттары барытын көрдө. Бу биһиги оҕолорбутун аралдьытар олус туһалаах, үтүө дьыала дии саныыбын. Биһиги Мархаҕа олоробут, куоракка барар кыахпыт суох. Тоҕо диэтэххэ, оҕом уһуннук айаннаабат. Онон чугастыы манна сылдьарбыт биһиэхэ олус табыгастаах.
Бу бырайыак доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго бары өттүнэн туһалаах буолара саарбаҕа суох. Мантан инньэ бу кылаас оҕолор олохторугар сүрүн оруолу ылыа диэммит эрэнэбит. Физика, химия, астрономия, экология курдук наукалары манна араас уопуттары оҥорон үөрэтиэхтэрэ турдаҕа.
“Пульс” киин пресс-сулууспата