Быйыл өрөспүүбүлүкэбит 11 нэһилиэнньэлээх пуунугар элбэх хайысхалаах оҕо оонньуур былаһааккаларын тутуохтара.
Ол курдук, субу соторутааҕыта Бүлүү улууһун Тылгынытыгар оҕо успуордунан дьарыктанар, оонньуур былаһааккатын арыйыы бэлиэ түгэнэ буолан ааста. Нэһилиэк баһылыга Егор Иванов көҕүлээһининэн, былырыын тустаах муниципальнай тэриллии “СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондата” ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Мин былаһааккам” куонкурсугар кыттан, кыайыылаахтар кэккэлэрин хаҥаппыта. Бу куонкрус “Кэскил туһугар – 2016-2020 сылларга” бырагыраама “Сайдыы” хос-бырагырааматын “Сырдык кэскил” диэн бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар.
Санатан эттэххэ, бу бырагыраама “АЛРОСА” АХ (ПАО) Саха сирэ уонна улуустара социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн сайдалларыгар баҕа өттүнэн көмөлөһүү быһыытынан үбүлэнэр. Алмаас хампаанньатыттан өрөспүүбүлүкэҕэ сыл аайы барыта холбоон 60-80 млрд солкуобайдаах үп-харчы үс араас хайысханан киирэр: ол иһигэр нолуок уонна дивиденд, ону таһынан баҕа өттүнэн көмө. Чуолаан быһааран биэрдэххэ, “АЛРОСА” – өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир бары тэрилтэлэртэн муҥутуур элбэх нолуогу киллэрэр бөдөҥ тэрилтэ. Хампаанньа нолуогун 90 бырыһыанын Саха сиригэр төлүүр, ол өрөспүүбүлүкэ сыллааҕы бүддьүөтүн бүтүн 35 % саҕа кээмэйигэр тэҥнэһэр. Биллэрин курдук, “АЛРОСА” аахсыйаларын 33 бырыһыанын Саха сирэ бас билэр, онон өрөспүүбүлүкэ акционер буоларын быһыытынан, киниэхэ алмаастаах хампаанньа сыл аайы дивиденд төлүүр. Ону таһынан Саха сиригэр араас хабааннаах социальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ хампаанньа сыл аайы 10 млрд солк. тиийэ үбү ыытар, ол иһигэр сороҕун “Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын” нөҥүө.
Ол да курдук, бу бырайыагы үбүлээбиттэрин түмүгэр өрөспүүбүлүкэ 11 нэһилиэгин оҕолоро элбэх хайысхалаах оҕо былаһааккатыгар утумнаахтык дьарыктанан, сынньалаҥнарын туһалаахтык атаарыахтара, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн эҥкилэ суох сайдар кыахтаныахтара.
Тылгыны баһылыга: «Былаһаакка матырыйаалын бөһүөлэккэ аҕалыы туһунан Бүлүүгэ уонна Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбытын кытта өссө ааспыт кыһын кэпсэтэн турабыт. Кэлбитин кэннэ олохтоох эр дьон бэйэлэрэ үөрэ-көтө начаас таҥан туруордулар”, -- диэн сонунун үллэстэр.
Кини билигин олохтоох уустар былаһаакканы тулалыыр олбуору тута сылдьалларын үллэһиннэ. Түмүккэ: "”Мин былаһааккам” куонкуруска кыайыы биһиги курдук чиэски сытар тыа сирин нэһилиэктэригэр бу курдук астык, оҕо аймахха куттала суох былаһааккаланар кыаҕы биэрэриттэн биһиги олус үөрэбит. Билигин бу былаһааккабыт оҕо-аймах уонна кинилэр төрөппүттэрэ сөбүлээн мустар, сылдьар сирдэригэр кубулуйда. Бу маннык былаһааккаланыы төрөөбүт-үөскээбит бөһүөлэкпитин салгыы тупсарар баҕабытын көҕүлүүр”, -- диэтэ кини.
СӨ “Үүнэр көлүөнэ пуондатын” пресс-сулууспатын иһитиннэриититтэн