Киир

Киир

Бу маннык уустук, дойду тыына-быара ыгыллан турар кэмигэр, күннээҕи кыһалҕаларбыт умнулла быһыытыйдылар. "Ити тиийбэт, ол суох" диэн кэмсинэргэ-кэмиринэргэ, бэйэ-бэйэни кытта аахсарга, этиһэргэ, иирсэргэ – табыгаһа суох кэм. Хайыахпыт баарай, ханнык да бэйэлээх балаһыанньаҕа олохпут салгыы устан барыа турдаҕа. Күннээҕи кыһалҕаларбыт эмиэ ырааппаттар, тэҥҥэ "батыһа-хаамса" сылдьаллар.

Чэ, мин, куорат олохтооҕо, тус санаабын этиим. Баҕар, сөбүлэһиэххит, баҕар, сөбүлэһиэххит суоҕа. Ол – бэйэҕит көҥүлгүт. Бүтэһик сылларга – кыһын буоллун, сайын буоллун – куорат уопсастыбаннай тырааныспарынан айаннаан аҕай биэрдим. Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспар диэн биир эрэ баар, ол – оптуобус.

Кэлиҥҥи икки-үс сылга оптуобус сырыыта, дьиҥэ, харахха быраҕыллар курдук тупсан испитэ. Киэһээҥҥи өттүгэр хойутааһыннар бааллара эрээри, болдьоммут бириэмэлэригэр кэлэллэрэ-бараллара. Үлэ кэмин бүтүүтэ, кымырдаҕас курдук симилиннэрбит даҕаны, тохтобулга турар дьон син бары батан барарбыт. Урукку өттүгэр лаҕыыр буола киртийбит кириэһилэ сабыылара, хамсык туран, ырааһырбыттара, саҥанан солбуллубуттара.

Уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын тупсарарга куорат дьаһалтатын саҥа салалтата туһунан этиилээх, көрүүлээх уонна чопчу сыаллаах-соруктаах ылсыбыта. Дьокуускайга отучча ичигэс тохтобулу (ол иһигэр сүүрбэтэ – саҥа тутуу) аһан үлэлэтэр, собуоттан субу тахсыбыт саҥа оптуобустары аҕалтарар, уопсастыбаннай тырааныспар айанныыр хайысхатын уларытар, оптуобус төһө кэминэн кэлэрин көрдөрөр электроннай ыйынньыктары ыйыыр соруктааҕа. Олор хайастылар?

Ичигэс тохтобуллар тоҕо үлэлээбэтилэр?

Биһиги курдук тыйыс тымныы кыһыннаах дойдуга ичигэс тохтобул абыраллааҕын өссө икки хас сыллааҕыта билэн турабын. Бурҕаҥнас тымныыга сылаас сиргэ киирэн иттэр, кэтэһэр, чахчы да, үчүгэй.

Былырыын күһүн дьаһалта сүүрбэччэ саҥа ичигэс тохтобул аһылларын иһитиннэрбитэ. Балаҕан ыйыттан саҕалаан үөрүүлээх быһыыга-майгыга биир-биир аһан барбыттара. “Ичигэс тохтобулларга удамыр сыанаҕа олохтоох бородууксуйа атыыланар буолуоҕа” диэн эбии үөрдүбүттэрэ.

Ичигэс тохтобул 1

Чахчы, тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ ээ. Аныгылыы оҥоһуулаах, дьоҥҥо табыгастаах дьоҕус дьиэлэри тутан дьэндэппиттэрэ. Ол эрээри халлаан тымныйар кэмигэр үгүстэрэ тоҕо эрэ төттөрү хам хатаммыттара. Бэлиэтээн этэбин: бары буолбатах. Куорат киинигэр баар тохтобуллар кыһын устатын тухары тохтообокко үлэлээтилэр, үлэлии да тураллар.

Сорох тохтобуллар тоҕо үлэлээбэтилэр? "Уот ситимигэр холбуурга уустуктар үөскээтилэр" диэн үрдүттэн быһаарбыттара. Күһүн үөрэ-көтө "арыйбыт" тохтобулларбыт ыыс-быдан тумаҥҥа күлүүһүнэн хам хатанан туралларын көрөр өссө кыһыылааҕа. Холобур, сүүрбэччэ саҥа тохтобултан ахсынньы ортотугар алтата эрэ үлэлии турбута. Мэлдьи сылдьар сирбэр – Каландаришвили уулуссаҕа баар ичигэс тохтобул – кыһын саҕаланыытыгар үлэлиир курдук этэ да, кэлин тоҕо эрэ сабыллыбыта. Ол курдук кыһын бүтүөр диэри күлүүһүнэн хам хатанан турда. Атыы-тутуу чааһын этэр буоллахха, эмиэ мэлигир. Баҕар, икки-үс тохтобулга олохтоох аһы-үөлү атыылаабыттара буолуо. Билбэтим. Маҥнайгы саҕалааһын мэлдьи ыарахан, харгыстаах буолар. Онон, барыта этэҥҥэ буоллаҕына, эһиилги кыһыммытыгар эрэлбит улахан.

Куорат дьаһалта үс сыл иһигэр ичигэс тохтобул ахсаанын сүүскэ тиэрдэр былааннаах. Санатан эттэххэ, бу тохтобуллары өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн туталлар. Муниципальнай хантараак уопсай суумата 32,6 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр.

Электроннай ыйынньыктар

Алҕаһаабат буоллахпына, оптуобус сырыытын көрдөрөр электроннай ыйынньыктар былырыыҥҥыттан хото үлэлээн саҕалаабыттара. Ол иннинэ баар да буоллаҕына, ахсаана аҕыйаҕыттан буолуо, тоҕо эрэ улаханнык болҕомтоҕо ылбат этибит.

Куорат киинин диэки, холобур, Ленин бэрэспиэгэр, "Киин" киинэ тыйаатырыгар, "Устудьуоннар куораттарыгар", Кытай ырыынагар, син баһаам тохтобулга ыйынньыктар тохтообокко үлэлээбиттэрэ, үлэлии да тураллар. Сорох күн "сбойдаммыт" да буоллаҕына, киэһэ, үлэ күнүн бүтүүтэ, оҥорбут буолаллара. 

Арай куорат сорох кытыы сирдэригэр итинник ыйынньыктар суохтара хомолтолоох. Ол диэки уот-күөс аҕыйах буолан хараҥата да бэрт. "Кытыы сиргэ олорооччулар эрэйдэнэбит. Оптуобустар сылдьар хайысхалара уларыйан кэлэр дуу, кэлбэт дуу оптуобуһу кэтэһэн сор буолар" диэн этинэллэр.

Саҥа оптуобустар ханна тиийдилэр?

Дьокуускайга сүүрбүтэ уонтан тахса сыл буолбут элбэх оптуобус баар. Сыл саҥатыгар сүүрбүттэрэ 11 сылтан тахсыбыт оптуобустары "чыыскалыыр" туһунан сурах иһиллибитэ. "Чыыскалааһын" төһө күүскэ барбытын билбит суох.

Ол оннугар "100 автобусов – к столетию ЯАССР" бырагырааманан Саха сиригэр уопсайа 100 саҥа оптуобус кэлэрэ былааннанар. Олору Арассыыйа собуоттарыгар таҥаллар.

Сана оптуобустар

Олунньу 27 күнүгэр Томмотунан Дьокуускай куоракка сүүрүөхтээх 10 саҥа оптуобус айаннаан иһэрэ биллибитэ. Сүүс оптуобустан 65-һэ "Япак" МУП маршруттарыгар сүүрүөхтэрэ, ол иһигэр – улуустарга эмиэ. 35 оптуобуһу "Cоюзавто" кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ атыыласпыт. Онон, саҥа оптуобустарынан айанныахпыт диэн эрэллээхпит.

Оптуобус төлөбүрэ 33 солкуобай: элбэх дуу, сөп дуу?

Оптуобус төлөбүрэ – биир туһунан кэпсээн. Ааспыт сыл бүтүүтэ "Союзавто" кэмиэрчэскэйэ суох партнерство куорат дьаһалтатыгар оптуобус төлөбүрүн үрдэтэри туруорсубута. "Төлөбүр сыаната кыра буолан тиэхиньикэбитин саҥардар, суоппардарбытыгар үчүгэй хамнаһы төлүүр кыахпыт суох. Ол түмүгэр үлэлиэн баҕалаах дьон суох" диэн этиммитэ. Бу тэрилтэ туруорсуутунан, айан төлөбүрэ 70 солкуобайга тэҥнэһиэхтээҕэ! Бэйэ икки ардыгар "олорбуппут сыччах" дэһии буолбута.

Былырыыҥҥа диэри чэпчэтиини туһанан 23 cолкуобайга айанныахха сөбө. Бу – Уһук Илиҥҥэ саамай удамыр төлөбүр. Быйыл тохсунньуттан чэпчэтиитэ суох төлөбүр 33 солк. буолла. Социальнай чэпчэтиини уонна айан анал картатын туһанар буоллахха, төлөбүр итинтэн кыра. Бырайыас төлөбүрэ үрдээтин кытта маҥнай утаа аҕыйах киһи хом санаатын этинэ сылдьыбыта. Оттон уопсай араҥа дьон, билиҥҥи уустук балаһыанньаны учуоттаан, сыана итинтэн кыра буолара хайдах да табыллыбатын өйдөөбүтэ.

Хайдах гынан уопсастыбаннай тырааныспарынан – оптуобуһунан – чэпчэки сыанаҕа айанныахха сөбүй? Куорат олохтооҕо "Бырайыас билиэтэ" диэн тырааныспар картатын ылыан сөп.

Бу каарта сыаната төһөнүй? 60 хонукка 40-на айанныыр буоллаххына, 900 солк. төлөөн атыылаһаҕын (ол эбэтэр биир айан төлөбүрэ – 22,5 солк.). 60 хонукка 60-на айанныыргар – 1250 солк. (биир айан төлөбүрэ – 20,8 солк.), 30 хонукка 60-на айанныыргар – 1150 солк. (биир айан төлөбүрэ – 19,2 солк.) Ол эбэтэр, төһөнөн элбэхтик айанныыгын да, сыана оччонон чэпчээн биэрэр. Кэлин соһуччу уларытыы киирбэтэх буоллаҕына, сыл саҥатыгар "Бырайыас билиэтин" тарыыба итинник этэ.

Быйыл ханнык суоллар сабыллыахтарай?

"Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар" федеральнай бырагыраама киириэҕиттэн, суол-иис оҥоһуллуутун тэтимэ түргэтээтэ.

Ол курдук, былырыын Дьокуускайга уопсайа 61 км уһуннаах суол өрөмүөннэммитэ. Быйылгы, 2022 сыллааҕы, былаан 34 км тэҥнэһэр. Ордук Ленин бэрэспиэгин уонна Можайскай уулуссатын суоллара уустук оҥоһуулаах буолаллара биллэр. Можайскай уулусса суолун ("Үрүҥ Күөлгэ” диэри) түөрт балаһаҕа диэри кэҥэтэр былааннаахтар. Поярков, Пирогов, Ильменскэй курдук улахан уулуссаларга эмиэ өрөмүөн былааннанар.

Суол еремуенэ

Куорат дьаһалтата эрдэ оҥорбут былаанынан, быйыл Дьокуускайга уопсайа 19 уулусса суола өрөмүөннэнэрэ биллэр. Олортон үгүстэрэ – куорат кытыы уулуссалара.

Суол – олох төрдө. Оҥороллоро туох куһаҕаннаах буолуой? Ол эрээри уопсастыбаннай тырааныспар сырыытыгар (уопсастыбаннай тырааныспарынан эрэ буолуо, уопсайынан, олохтоохторго) ол кэккэ уустуктары үөскэттэ. Киин уулуссабыт сабыллан хаалан, оптуобус бөҕө сылдьар хайысхата уларыйда. Ол түмүгэр урукку өттүгэр бытаан сырыылаах оптуобустар өссө "бытаардылар". Үлэ чааһын бүтүүтэ симиллии киэнэ кытаанаҕа буолар. Аны туран, суолга хаайтарыы үөскээн, "час пик" кэмигэр такси сыаната үллэ-балла барда. Кыһыҥҥы туманнаах күннэргэ таһар сыаналарыгар төнүннүлэр. Холобур, кыһын "Вавилон" атыы-эргиэн киинин оройуонугар баар Лермонтов уулуссатыттан "Эргэ куоракка" 250 cолк. илдьэр эбит буоллахтарына, билигин сарсыарда уонна киэһэ итинтэн кыра сыанаҕа сөбүлэспэттэр.

Арай халлаан сылыйан, балаһыанньа уларыйар ини...

Баар балаһыанньаны туораттан көрөн кылгастык кэпсээтэххэ, итинник.