Былырыын хамсык иннинэ аҕай олунньуга “Кыымҥа” Арассыыйа бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ А.С. Федотов Саха сиригэр сайдыы улахан хамсааһыннара хайдах саҕаламмыттарын тустарынан бэрт интэриэһинэй, киэҥ ис хоһоонноох интервьюну биэрбитэ. Бу күннэргэ кини былырыын Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В.Путин бигэргэппит Арассыыйа Арктикатын сайдыытын стратегиятын иһинэн ыытыллар “Ыраас Арктика” бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн Саха сиригэр кэлэ сылдьарын көрсөн кэпсэттим.
– Андрей Сандаминович, ааспыт сыллаҕы интервью кэнниттэн хоруона хамсыга турбута. Аан дойду олоҕо барыта иһийбитэ, үлэ-хамнас барыта харар, түһэр уустук кэмигэр олорон кэллибит. Былырыын интервьюгар “тыа сирин кулууптарыттан инфраструктура бырайыактарыгар тиийэ сайдыы саҕаланыа” диэн кэпсээбит үлэҥ хайдах баран иһэрин манна да, хоту да анаан көрдөҕүҥ дии, туох дии санаатыҥ?
– Өлүөнэни уҥуордуур күргэни тутууттан саҕалыахха. Былырыын хамсык саҕаланарыгар тутар туһунан быһаарыы саҥа ылылла сылдьара. Ыарыы турбутугар бу туох үлүгэрэ кэлбитин, хайдах содулланыан ким да билбэтэ. Ол эрээри Ил Дархан А.С. Николаев күүстээх, кимиилээх үлэ ыытан, РФ Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйата күргэни тутары быһаарда, үбүлэниитин сүрүн оҥкула охсулунна. Тутуутун бастакы түһүмэҕин бырайыагын, симиэтэтин туһунан докумуоннара (ПСД) Главгосэспэртиисэни ааһан, тутууга бэлэмнэнии үлэтэ номнуо саҕаламмытын, Саха сирин олохтоохторо Табаҕа аттыгар илэ хараххытынан көрө сылдьаҕыт. Иккис түһүмэх докумуоннара – күргэ бэйэтин бырайыага сыл бүтүүтэ эспэртиисэлэнэн тахсан, уолаттар тутууга түһүнэн кэбиһиэхтэрэ. Билигин Арассыыйа Үбүн министиэристибэтин (А.Г. Силуанов) кытта ким төһөнү үбүлүүрүн быһаарсыы бара сылдьар. Ил Дархан А.С. Николаев кинилэр федеральнай грант кээмэйин кыччата сатыылларын утаран, аҕыйах хонуктааҕыта ВЭФ-кэ дойду салалтатыгар күүскэ этиннэ. Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын “50% федеральнай гранынан, 30% чааһынай инбэстииссийэ, 20% өрөспүүбүлүкэ үбүнэн тутуллар” диэн быһаарыыта хаалыаҕа диэн эрэнэбин. Мин өрөспүүбүлүкэ 2025 сылы Өлүөнэ эбэни туоруур күргэлээх көрсүө диэн 100% эрэллээхпин. Күргэ киин Саха сирин олоҕун киһи билбэт гына уларытыаҕа. Иккис түгэн, Айсен Сергеевич Дьокуускайы 500 тыһ. киһитэ суох диэн, агломерациялар сайдыыларын бырайыагар киллэрбэккэ, кыра үбү биэрэ сылдьаллара сыыһатын суоттаан, дакаастаан, 2019 с. куоракка суол оҥоруутугар үбүлээһини икки төгүл элбэттэрэри ситиспитэ. Ол сыл куорат суолун оҥоруутугар хаһан да ылбатах элбэх үбүн ылбыта. Устуоруйаҕа оҥоһуллубатах 20-чэ км аспаал суол кутуллубута. Бэриллибит үбү толору туһана сатаан, аспаалы ардахха-хаарга кутуу баара, ону куорат олохтоохторо сөпкө кириитикэлээбиттэрэ. Ол эрээри, үлэ кээмэйэ туолан, кэлэр сыллар үбүлээһиннэрин кыччаппаты ситиспиппит. Элбэх үп көрүллэн, быйыл Дьокуускайга 50-ча км суол оҥоһуллар, өрөмүөннэнэр. Ити 2020 сыллааҕар 2 төгүл элбэх. Быйыл үлэ хаамыыта былаан быһыытынан баран иһэрэ үөрдэр. Куорат суоллара уруккутааҕар төһө эмэ тупсубуттарын көрөн үөрэбин. Үөрэҕи ыллахха, Аан дойдутааҕы Арктика оскуолата – чахчы, дойду үрдүнэн бастыҥ. Биһиги оскуолаларбыт тас көстүүлэринэн, материальнай-тэхиниичэскэй базаларынан, аныгы успуорт былаһааккаларынан хааччыллыыларынан, үөрэх бырагыраамаларынан таҥыллыыларынан өссө дойду үрдүнэн ордуктар диэм этэ, бэл хоту. Мин дойдубар – Үөһээ Дьааҥыга – хас да оскуолаҕа сылдьан көрбүппүн уонна Подмосковьеҕа оҕолорум үөрэммит оскуолаларын тэҥнээн этэбин. Арктикаҕа түргэн интэриниэт тиийдэҕинэ, хоту сир оскуолалара бэйэлэрин өссө көрдөрүөхтэрэ. Мин Баатаҕайга муусука оскуолаҕа үөрэммиппин санаан, ускуустуба оскуолатыгар киирэ сырыттым. Нэһиилэ тыыннааах хаала сатыы олороллоро буолуо диэбитим... сайдыы бөҕөтө эбит! Сөхтүм да, үөрдүм да. Бастакы этээһэ киһи билбэт гына аныгылыы өрөмүөннэммит. РФ Бэрэсидьиэнин гранынан элбэх саҥа үстүрүмүөнү ылыммыттар. Кылаабынайа, оҕо бөҕө сылдьар, дьарыктанар. Онон үөрэхтээһин национальнай бырайыагынан хоту сайдыы бөҕө бара турар эбит. Доруобуйа харыстабылын эттэххэ, Баатаҕайга аныгы балыыһа киирэн үлэлиир. Булуҥ улууһугар мэдиссиинэ тэрилтэлэрин хапытаалынай өрөмүөннэрэ ыытылла турар. Араас аныгы тэрилинэн хааччыллыыга, материальнай-тэхиниичэскэй базаҕа кыһалҕа суох дииллэр. Арай каадырынан хааччыллыы кыаллыбат эбит. Эмп үлэһиттэрэ сайдыыга баҕараллар. Быраастар хоту үлэлии барарга 2 мөл. солк. төлөнөрө кыра дииллэр. Бу күннэргэ ити кыһалҕаны быһаарыыга туһааннаах сонуну полпред Ю.П. Трутнев иһитиннэрдэ. “Уһук Илин 2% чэпчэтиилээх ипотеката быраастарга, учууталларга 35 сааһынан хааччахтаммат буолуоҕа” диэтэ. Бу судаарыстыба сөҕүмэр өйөбүлэ, быраастар, учууталлар Уһук Илин хайа баҕарар муннугар дьиэ туттар кыахтаналлар.
– 2%-наах ипотека киирбитин кэннэ кыбартыыра сыаната Дьокуускайга биллэрдик улаатта. Итиннэ үспүкүлээссийэ баара чахчы. Бу кыһалҕаны хайдах быһаарыахха сөп дии саныыгын?
– Кыбадыраат миэтэрэ сыаната үрдүүр кыһалҕата ырыынак экэниэмикэтигэр олорор хайа баҕарар дойдуга баар. Сыана үрдүүрүн элбэх дьиэни киллэрэн эрэ тохтотуохха сөп. Судаарыстыба Сыана үрдүүрүн бобор кыаҕа суох, онон дьиэҕэ наадыйыы кыһалҕатын аҕыйатар ньымалары булуохтаахпыт. Дьокуускайга ол инниттэн Дом.рф диэн судаарыстыба ипотекаҕа баанын кытта дуогабардаһан, Воинскай диэн саҥа түөлбэ тутуллуохтаах. Инфраструктуратын Дом.рф кытта судаарыстыба тутар. Кыбартыыра ылааччы кыбадыраат миэтэрэтин эрэ иһин төлүүр. Ити дьиэ атыылаһар сыананы биллэрдик чэпчэтиэхтээх. Бу саамай сөптөөх быһаарыы. Аны саҥа дьиэ, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү федеральнай бырагырааматынан, өссө элбиир. Үөһээ Дьааҥыга дьиэ тутуллар кыаҕа суоҕуттан урут киһи хомойоро. Бүгүн букатын атын көстүү, Баатаҕайга хас да дьиэ тутуллар. Верхоянскай куоратыгар көһөрүү бырагырааматынан 4 этээстээх таас дьиэ тутуллар.
Дьиэ элбээн истэҕин аайы, сыана хайдах да үрдүө суоҕа. Оттон судаарыстыба монополияны утары сулууспата, РФ Тутуутун министиэристибэтэ сыананы үспүкүлээннээһини уодьуганныырга үөрэннилэр. Уматык сыанатын үрдэтиини утары үлэлээн улаханнык уопутурдулар. Буруйдаахтарга миллиардынан ыстараап түһэрэллэр. Онон мээнэ ким да үспүкүлээннии сатаабат буолла. Биллэн турар, арай аан дойдуга тутуу матырыйаалларыгар сыана үрдээһинин туппаккын.
– Массыына сыаната эмиэ киһи итэҕэйбэт гына үрдээтэ.
– Хамсык кэмигэр дойдулар икки ардыларынааҕы экэниэмикэ сибээстэрэ быһыннылар. Омук дойдуларын массыына оҥорор собуоттара сабылла сылдьыбыттара, оҥорор кээмэйдэрэ аҕыйаабыта. Онон ороскуоттарын толороору сыаналарын эппиттэрэ чахчы. Итини үспүкүлээннэр туһаммакка хаалбаттар. Иккис биричиинэ – аан дойду үрдүнэн тимир сыаната күүскэ улаатта.
– Тыый, оччоҕо Арктиканы ыраастааһын түргэтииһик дии?
– Итиннэ ноолоох, “Ыраас Арктика” бырагырааманан тимир эрэ хомуллуо суохтаах, территория эмиэ ыраастаныахтаах, бэрээдэктэниэхтээх. Оттон Саха сирэ тимири хомуйар тэрилтэлэр сокуоннай да, сокуоннайа суох да суолунан аҥаардас тимирин эрэ, ол аата харчытын, хомуйан баран, атын бөҕү-саҕы, эргэ тутуулары көтүрэн сири ыраастаабакка баралларын утарар. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата “бүгүн тимири хомуйар буоллаххына, бастаан территориятын ыраастыахтааххын” диэн ирдэбил туруорда. Биллэн турар, тимир сыаната ыараханынан, кистээн, уоран илдьэ сатааччы суох буолбатах. Бу эйгэҕэ бэрээдэги олохтуохпут. Манна көмөҕө мин уопсастыбаннаһы ыҥырабын, Арктика ыраастаныытыгар уопсастыбаннай хонтуруолу күүһүрдүөҕүҥ. Кэлэр көлүөнэ ыччаппытыгар судаарыстыба ыраас сири хаалларар кыаҕы биэрбитин мүччү тутумуоҕуҥ.
– Сөп дии, сэлии муоһун курдук хомуйан илдьибэтиннэр, тимиртэн ылар барыстарын төһө эрэ бырыһыаныгар территорияны ыраастаатыннар.
– Оннук, бүгүн кэмиэрчэскэй тэрилтэлэр суоттарыгар ыраастыыр кыах баар буолла. Тиксиигэ биһигини кытта дойду икки эргэ тимири хомуйар тэрилтэтэ сылдьыста. Биһиги усулуобуйабытыгар сөбүлэстилэр. Онон биир тылы булар мэхэньиисимнэннибит. СӨ Айылҕа харыстабылыгар уонна Арктикаҕа министиэристибэлэрэ кинилэри кытта дуогабардаһыыга киирэр биһиги ирдэбилбит тэхиньиичэскэй сорудаҕын оҥоро сылдьаллар. Онно олоҕуран дуогабар түһэрсиллиэ.
– Чахчы, хоту сир киртийиитэ сэбиэскэй кэмтэн ынырык этэ.
– Арктика экэниэмикэтин, олоҕун тилиннэрии, чөлүгэр түһэрии – Арктиканы ыраастааһынтан саҕаланыахтаах. Ыраас бөһүөлэктэн, айылҕаттан дьон настарыанньата тупсарын бэйэм көрөн кэллим. Федеральнай бырагырааманан хоту улуустары ыраастыахха сөбүн Баатаҕайга кэпсээбиппэр, бөһүөлэк баһылыга Е.Е. Шестаков сирэйдиин сырдаан, бырагырааманан үлэлииргэ исписэлиистэри ыытарга көрдөстө.
Былырыын кэпсээбит тосхоллорбунан Арктикаҕа хамсыктан иҥнибэккэ улахан хамсааһын барда. Тиксии олох уларыйан эрэр. Манна ЫБМ аварийнай-быыһыыр киинэ арыллыа, билигин ЫБМ дьонугар үөрэх ыыта сылдьар. Аэропорт көтөр-түһэр балаһата өрөмүөннэнэр. 2022 сылтан, баҕар, урукку курдук Москубаҕа быһа көтүөхтэрэ. Муора пуорда уларытыллан тутулла турар, байыаннайдар кэлбиттэрэ. Сотору бөһүөлэги киһи билбэтэ буолуо. Тиксиигэ билим хас да бырайыага үлэлээн эрэр. Холобур, чохтон гаас ылыы, хоту сир усулуобуйатыгар сөптөөх кырааскалары оҥоруу.
Дойдубар – Үөһээ Дьааҥыга «Арктика суоллара» тэрилтэ үтүөтүнэн үчүгэй суоллар баар буолбуттар, саҥа элбэх тиэхиньикэлэммиттэр. «Прогноз-серебро» хампаанньа 2023 с. Тополинайтан Барыласка диэри суолу тутан бүтэрдэҕинэ, Барылас Дьокуускайы кытта сылы эргиччи сибээстээх Дьааҥы бастакы нэһилиэгэ буола түһэр. Бу дьааҥылар үгүс үйэлэр усталарыгар ыраламмыт санаабыт туолуутун мэктиэлиир улахан ситиһии. Салгыы “Арктика суоллара” тэрилтэ хас да сылынан, сылы быһа да сырыыламматар, туһаныллар болдьоҕо уһатыллар суолу Баатаҕайга тиэрдэрин күүтэбит.
Үөһээ Дьааҥыга бырамыысыланнас тилиннэ, көмүс хостонор, быйыл “Янолово” бастакы 200 т хорҕолдьун концентратын хостоото. Бырамыысыланнас кэлээт, улуус олоҕун өрө тардыыга кыттыспыт. Били Баатаҕайга ускуустуба оскуолатын “Полиметалл” оҥоро сылдьар эбит. Оскуолаҕа успуорт былаһааккатын эмиэ кинилэр туппуттар. Баатаҕай култууратын дьиэтэ, 2007 с. сылдьарбар, киһи хомойор көстүүтэ этэ. Билигин эмиэ бырамыысыланнас көмөтүнэн хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан, букатын тупсан иһэр.
– Хоту улуустар хостуур хампаанньалары кытта хайдах биир тылы булаллар эбитий? “Хампаанньалар бастаан барыһы эрэ көрөллөр, кэннэ кээнчэ да буоллун диэн сылдьаллар” диэн өйдөбүл Саха сиригэр күүстээх.
– Бүгүн дойду үрдүнэн биисинэс уонна судаарыстыба сыһыана төрдүттэн уларыйда. Биисинэс социальнай эппиэтинэһи сүктэҕинэ эрэ судаарыстыбаны кытта үчүгэй сыһыаны олохтуурун өйдөөтө. Судаарыстыба күүһүрдэ, сокуону тутуһуннарыыны ирдээһинэ кытаатта. Итини “Норильскай никель” Норильскайга таһаарбыт алдьархайын иһин, судаарыстыба бырастыы гыммакка 143 млрд солк. ыстараабы төлөппүтүгэр “мыык” диэбэккэ төлөөбүттэригэр көрөбүт. Сууттаспата, тоҕо диэтэххэ, кинилэр аан дойдунан элбэх сиргэ үлэлииллэр, хоттордохторуна ааттара барар. Төлөөбүттэрэ ордук барыстааҕын көрөн сууттаспатах буоллахтара. Итиннэ дойдуга экологическай өй-санаа уларыйыыта төһүү буолла. Онон хостуур тэрилтэлэр билигин билэллэр – айылҕаны төһө кыалларынан кыратык киртитиэхтээхтэр, үлэлиир сирдэригэр олохтоох нэһилиэнньэ иннигэр социальнай эппиэтинэһи сүгүөхтээхтэр. Мин итини Үөһээ Дьааҥыга көрөн кэллим. Кинилэр социальнай дуогабардаахтар, судаарыстыбаҕа ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Олохтоохтор кинилэртэн урукку курдук көрдөһөн тоҥхоҥноспоттор, дьоһуннук, тэҥҥэ кэпсэтэллэр. Бу тастан харахха быраҕыллыбат эрээри, олохпут төрдүттэн тупсан иһэрин көстүүтэ буолар.
Владимир Степанов.
Салгыыта бэчээттэниэ. Онно А.С. Федотов олигархтары кыайыыга үлэлэспитин, дойдуга олигархтары В.Путин эспитин, Ходорковскай тоҕо хаайыллыбытын, дойду салалтата Саха сиригэр сыһыанын, о.д.а. урут хаһан да истибэтэххитин ааҕыаххыт.