Биллэрин курдук, СӨ бастайааннай полпреда А.С. Федотов былырыыҥҥыттан байыаннай дьайыыларга анаан тэриллибит өрөспүүбүлүкэтээҕи Киин (Единый координационный центр (КСК) салайааччытынан анаммыта. Дойдутугар уоппускаҕа кэлэ сырыттаҕына көрсөн, байыастарга көмө туһунан кэпсииригэр көрдөстүм.
Ис сүрэхтэн тахсыбыт үтүө санаа
– Мин итиннэ, бастатан туран, Ил Дархан Айсен Николаев байыаннай дьайыыларга сыһыаннаах боппуруостары уһаппакка-кэҥэппэккэ быһаччы быһаарарга дьулуһарын бэлиэтиибин. Бэйэтигэр тахсан эбэтэр кини соцситимнэригэр суруйбут дьон кыһалҕалара барыта тута хонтуруолга ылыллар. Ити Айсен Сергеевич дьонугар-сэргэтигэр, Сахатын сиригэр, Арассыыйаҕа ис сүрэҕиттэн үтүөнү баҕарар сыһыанын көрдөрөр. Ону кытта сөбүлэһиэххит диэн саныыбын. Кини Донбаска көмөлөһөр санаата бүгүн эрэ үөскээбэтэҕин 2022 с. муус устарыгар өрөспүүбүлүкэ бастакы гуманитарнай көмөтүн илдьэ Донбаска тиийэ сылдьан, илэ көрөн итэҕэйбитим. ДНР Амвросиевскай оройуонун баһылыга хантан кэлбиппитин билэн баран, куорат пааркатыгар илдьибитэ. ССРС сууллубутун кэннэ, Украина былааһа, олигархтара Донбасс баайын халыы олорбут буолан, туох да саҥа тутууну ыыппакка, паарка олох эргэрэн, киһи уйулҕата тохтообот буолбут этэ.
Баһылык манна “Мин Саха сирин таптыыбын” диэн суруктаах соҕотох аныгылыы оҥоһуулаах, киһи санаата тохтуур оҕо былаһааккатын көрдөрбүтэ. Ил Дархан өссө Дьокуускай мээринэн үлэлии сылдьан, Кырыым Арассыыйаҕа киирбитин өйөөбүт этэ. 2015 сыллаахтан Саха сирэ ДНР-га гуманитарнай көмөнү оҥорор эбит.
Бүгүн ол Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэригэр көмө салгыыта буолан, Украина фашистара алдьаппыт ДНР Кировскай куоратын чөлүгэр түһэриигэ элбэх үлэ ыытыллар.
Хас биирдии байыас дьылҕатын туһугар
– Бүгүһүн, быстах мобилизация кэнниттэн, байыаннай дьайыылар сирдэригэр биир дойдулаахтарбыт элбээбиттэригэр КСК тэриллибитэ. Ил Дархан миэхэ Украинаҕа Саха сириттэн барбыт хас биирдии байыаска тиийэ сибээһи олохтуур сүрүн соругу туруорбута. Ити “уопсайынан уонна үлэ барар” диэн саба быраҕан буолбакка, чахчы, хас биирдии байыас дьылҕатынан дьарыктанарга эппитэ. Мин элбэхтэ Донбаска сырыттым, инники кирбиигэ сылдьар уолаттары көрсөбүн. КСК үлэһиттэрэ байыастар кыһалҕаларын эппиттэрин, наадыйбыттарын барытын күүспүт тиийэринэн быһаарсабыт, көмөлөһөбүт. Онон сорох дьон Ил Дархан Донбаска, биһиги аармыйабытыгар көмөтүн киин былааска бэрт буолан (конъюнктура быһыытынан) оҥорор дииллэрин кытта мин, күн аайы байыаннай аҥаардаах балаһыанньаҕа сылдьар киһи, сөбүлэспэппин. Ити – улахан баһааҕырдыы. Бу, чахчы, Ил Дархан 2014 с. ыла өрөспүүбүлүкэбит Арассыыйа инникитигэр улахан суолталаах үлэтин салҕааһына буолар. Арассыыйа кэскилэ дойду бүттүүнүн дьонун илиитигэр баарын өйдүөхтээхпит.
Көмө тиэрдээри күҥҥэ 400 биэрэстэни
– Бүгүн КСК Ил Дархан соругун толорор гына өрөспүүбүлүкэҕэ, Москубаҕа, Санкт-Петербурга, Ростовка, байыаннай дьайыылар сирдэригэр, Уһук Илиҥҥэ барытыгар, Поволжьеҕа, Уралга тиийэ, биһиги дьоммут эбэтэр бааһырбыт байыастарбыт баар сирдэригэр – барытыгар тэриллэн үлэлиир. Ханна баҕарар биир дойдулаахтарбытын, уопсастыбанньыктары булабыт. Кинилэр бары күүстэрэ тиийэринэн көмөлөһөллөр.
Оттон өрөспүүбүлүкэ көмөтүн тарҕатар саҥа эрэгийиэннэргэ баар тирэх пууннарга көҥүл өттүнэн тиийбит дьоммут үлэлииллэр. Күн аайы инники кирбиигэ байыастарга көмөнү, тугу наадыйалларын тиэрдэ бараллар. Сууккаҕа массыынанан 400 км сүүрдэн кэлэллэр. Кутталлаах үлэ, ол эрээри билиҥҥитэ этэҥҥэ сылдьаллар.
83-с ДШБ
– Итинник киэҥ үлэни тэрийэн, биһиги уолаттарбыт баар чаастарын, бөлөхтөрүн хамандыырдарын, хамаандабанньаларын кытары дьыалабыай сыһыаны олохтообуппут. Ол иһин, ханна туох эмэ кыһалҕа үөскээтэ да, биһиэннэрэ балаһыанньаны көннөрө бараллар. Холобур, 83-с ДШБ-ны инники Энергодар аттыгар туруохтарыттан билэбит. Онтон Артемовскай (Бахмут) анныгар көһөрөр бирикээс киирбитэ. Биригээдэ бастакы күннэригэр, чахчы, уустук балаһыанньаҕа түбэспит этэ. Артылыарыйаны, авиацияны кытта ыкса сибээстээх үлэ хойутаан тэриллибит. Онтон биир эписиэр көҕүлээн, өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаммыт видеоны устан ыыппыт этэ. Тирэх пууммут дьоно тиийбиттэрэ балаһыанньаны ВДВ командующайа бэйэтинэн быһаара сылдьар эбит. Ханна уустук түгэн үөскээтэ да, хамандыырдар болҕомтолоругар хайаан да ылаллар, таах бырахпаттар. ВДВ салалтата балаһыанньаны уоскута кэлбиппитин билэн, биһигини кытта ыкса үлэлээбитэ. Хомойуох иһин, аҕыйах да буоллар, сүтүк тахсыбыт этэ. Уолаттар, хаһан да артылыарыйа ытыалааһыныгар түбэспэтэх буолан, улаханнык өрүкүйэ сылдьаллара. Хомойуох иһин, “бирикээһи толорбоппут” диэн кигээччи түөрт киһи тутуллубут этэ. Кэпсэтиини таһынан тирэх пуунтан дойдуларыттан баһыылкалары, наадыйалларын аҕалан биэрбиппит. Байыастар сынньанан, уоскуйан баран, билигин бойобуой сорудахтарын хорсуннук толоро сылдьаллар.
Өстөөх куорҕалыгар киирэн биэримэҥ
– Сэриигэ киһи уйулҕата алдьанар түгэнэ элбэх. Соторутааҕыта Чурапчыттан сылдьар байыас эмиэ “артылыарыйа суох” диэн, биир саха уола өлө сытарын көрдөрбүт видеоны устан ыыппыт этэ. Биһиэхэ видео хойутаан, чаас салалтата ити түгэни быһаарбытын кэннэ, кэлбит этэ. Бааһырбыттары гуоспуталга илдьибит, саллааттары сынньаппыт этилэр. Соцситимнэргэ ити уолу “бэйэҥ дьоҥҥун түһэн биэрэн, итинник видеоны ыытаҕын” диэн саҥарбыттар. Байыас кэлин балаһыанньа быһаарыллыбытын, видеоны дьонун уустук балаһыанньаттан таһаараары устубутун туһунан иккис видео устан ыыппытын көрбүккүт буолуо.
Ити курдук КСК күн аайы араас иһитиннэриини ылар, ону Ил Дархаҥҥа дакылааттыыбын, быһаарыы ылабыт. Түгэни туһанан этэбин: кыһалҕа, боппуруос үөскээтэ да, КСК-ҕа быһа тахсан биллэриҥ, Суһал ыстаап урукку “Якутзолото” дьиэтигэр баар.
Өстөөх фроҥҥа табыллыбатаҕына, биһигини ис өттүбүтүттэн куорҕаллаан барар. Кинилэр иһитиннэрэр дьайыыларыгар киирэн биэрбэт инниттэн биһиги манна “кааска, бронежилет” кэтиэхтээхпит. Провокацияҕа киирэн биэриэ, пааньыканы тардыа суохтаахпыт.
Сэрэхтээх буолуохха, бассаапкытын өстөөх көрөр, ырытар. “Үһү” диэн тарҕаммыты, сэриилэһиигэ сыһыаннааҕы барытын сиидэлээн ылар, бэйэтин туһатыгар эргитэр. Онон билигин эппиэтинэһэ суох араас “үһү” диэн сураҕы тарҕатыы биһиги сэриилэрбитин таҥнарыы буолар диэн, аһаҕастык этэбин. Оттон, чахчы, тустаах кыһалҕаҕа түбэспит дьон туттуналлар, дьоннорун харыстаан, айдааны тарда сатаабаттар.
Билиэннэйдэр боппуруостара
– Билиэнтэн босхолооһун хайдах барарын этэр кыаҕым суох. Араас ньыма баар, атастаһык эрэ буолбатах. Ити үлэнэн анал сулууспалар, дьон дьарыктаналлар. Итинник үлэ олох кистэлэҥинэн, биллибэтинэн барыахтаах. Билиэнтэн босхолооһун туһунан аан дойдуга тарҕанар айдааны тардыы кэннэ атастаһык буолбат диэххэ сөп. Ол аата, өстөөх соруйан, пааньыканы тардар видеолары тарҕатар. Холобур, бэйэтин туһатыгар элбэҕи ылаары биитэр олох дьаарай фашистары босхолотоору. Онно киирэн биэримиэххэ наада. Судаарыстыба, өрөспүүбүлүкэ салалтата хас биирдии билиэннэйгэ көмөлөһөргө, быыһыырга үлэни ыытар.
“Алеша” тааҥка төрдүс дьоруойа
– Ити тааҥка хорсун кыргыһыытын аан дойду барыта көрдө, Арассыыйа барыта киэн туттар. Хорсун быһыы бэс ыйын саҥатыгар буолбут, биһиги от ыйын бүтүүтэ эрэ билэбит. Экипаж чилиэннэрэ “түөрт этибит” диэбиттэрэ. Биһиги төрдүс киһи саха буоларын билэн, Ил Дархаҥҥа биллэрбиппит. Айсен Сергеевич “суһаллык байыаннайдарга тахсан, ол кыргыһыы хайдах барбытын барытын чуолкайдаан билиҥ, чахчы буоллаҕына, уолбут хорсун быһыыта сиэрдээхтик сыаналаныахтаах” диэбитэ. Илиҥҥи бөлөх сэриилэр хамаандабанньалара биһиги көрдөһүүбүтүгэр улахан болҕомтотун уурбута. Кинилэр бирикээстэрэ суох ол кыргыһыы саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри хайдах барбытын билэрбит уустук буолуо этэ. Хамаанда быһыытынан, ити кыргыһыыны көрбүт, сыһыаннаах араас чаастар хамандыырдарыттан, кэтээн көрөөччүлэртэн, разведчиктартан, авиацияттан уо.д.а. элбэх информация хомулунна. Бу байыаннай дьайыылар кэмигэр биир саамай ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтиллибит кыргыһыы буолуо. Ол түмүгэр ити тааҥка мэхээнньик-ыытааччыта Сунтаар уола Филипп Евсеев ити өр барбыт кыргыһыы бастакы чааһыгар сылдьыбыта, онно бааһыран гуоспуталга ыытыллыбыта чуолкайдык биллибитэ. Бааһырбытын кэннэ, кинини салгыы атын киһи солбуйбут, тааҥка хамандыыра уларыйбыт. Евсеев үтүөрэн эрэр, хамаандабанньаҕа ыҥырыллан, бэйэтин кэпсээнин тиэрдибитэ. Барыта дакаастанан, өссө биир саха хорсун буойуна үрдүк наҕараадаҕа түһэриллибитэ.
– Киниэхэ Дьоруой аатын эмиэ иҥэрэллэр дуо?
– Бастакы үс киһини, чахчы, Арассыыйа Дьоруойугар түһэрбиттэрин тэлэбиидэнньэҕэ көрдөрбүттэрэ. Оттон Евсееви оборуона миниистирэ үрдүк наҕараадаҕа түһэрдэ диэн эппиттэрэ. Ыйаах таҕыстаҕына биллиэҕэ. Филипп ол күн дьоруойдуу быһыыны оҥорбуттарын эмиэ тэлэбиидэнньэттэн, гуоспуталга сытан билэн соһуйбут. Кини туһунан этиллибэтэҕиттэн бастаан хомойбут этэ. Билигин кини хорсун быһыыта толору дакаастанна. Айсен Сергеевич Дьоруойдары иккиэннэрин кытта төлөпүөнүнэн кэпсэппитэ.
Ити видео курдук кистэлэҥ байыаннайдарга элбэх. Барытын таһаарбаттара өйдөнөр. Мин кырдьыктаах быһыы олохтоммутугар Илиҥҥи бөлөх сэриилэр хамаандабанньаларыгар махтанабын. Эппитим курдук, биһиги байыастарбытыгар сыһыаннаах хайа да боппуруос болҕомтото суох хаалбат.
– Андрей Сандаминович, байыаннай дьайыыларга Ил Дархан Айсен Николаев уонна эн салайар КСК үлэҕитин “Кыым” ааҕааччыларыгар арыйан сырдаппыккар махтанабыт.
Владимир Степанов.