Дьон-сэргэ сөбүлүүр, ситиһиилэринэн киэн туттар бөҕөһө, аан дойду кылаастаах успуорт маастара Леонид Спиридонов быйылгыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуорка миниистиринэн үлэлээн эрэр.
Кини икки төгүл Олимпиа-даҕа кыттыыта күн бэҕэһээҥҥи курдук. Иккиэннэригэр аан дойду ааттаахтарын кытта тэбис-тэҥҥэ эриһэн – бочуоттаах төрдүс миэстэлэргэ тахсыбыта. Ыйааһыныгар бастаабыт Эльбрус Тедеев дэлэҕэ: “Саамай ыарахан хапсыһыым Леонид Спиридоновы кытта этэ”, – диэ дуо. “Леонид Спиридонов үс Олимпиада сыыкылын толору тустубута. Ол тухары элбэх биллэр-көстөр ситиһиилэрдээх. 2006 сыллаахха Азия кэнтиниэнин чөмпүйүөнүнэн буолбута, үс сыл буолан баран аан дойду чөмпүйэнээтин боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Азия Олимпийскай сүбэтэ (ОСА) 4 сылга биирдэ ыытар Оонньууларыгар боруонса призер буолуута – эмиэ улахан ситиһии.
Кини бүгүн “Кыымҥа” СӨ успуорка миниистирин быһыытынан ыалдьыттыыр. Онон, үгүс элбэх киирии тыла суох Леонид Николаевич бүгүҥҥү үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсиирин истиэҕиҥ.
– Леонид Николаевич, дойдубут спортсменнара аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттыбат уустук кэмнэригэр – успуорт миниистиринэн үлэҕин саҕалаатыҥ.
– 2020 сылтан саҕалаан тахса турар уларыйыылары бары билэбит. Пандемия бары хайысхаҕа барытыгар охсуулаах буолбута. Итиннэ эбии былырыыҥҥы ойуур баһаардара улахан хоромньуну таһаарбыттара, үлэни-хамнаһы атахтаабыттара. Билигин араас санкциялар кэмнэригэр олоробут. Ити барыта, биллэн турар, олох-дьаһах бары хайысхаларыгар охсор.
Элбэх инбэнтээр, араас тренажердар, экипировка омук дойдуларыттан киирэрэ. Итиннэ эбии бастыҥ спортсменнарбыт аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кытталлара бобуллубута. Ол да буоллар олорунан кэбиһиэ суохтаахпыт, үлэ-хамнас салгыы ыытыллыахтаах.
Арассыыйа успуорка миниистирэ Олег Матицын: “Аан дойду улахан түһүлгэлэриттэн итэҕэһэ суох таһымнаах элбэх күрэхтэһиини ыытарга кыһаныахтаахпыт”, – диир.
– Кини соторутааҕыта: “Олимпиадаларга кыттар эрэлбитин сүтэрбэппит, тиһэҕэр диэри туруулаһыахпыт”, – диэн турар.
– Азия бэрэстэбиитэллэрэ: “Арассыыйа биһиги кэнтиниэммитигэр ыытыллар Олимпиадаҕа сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ кыттыан сөп”, – диэн этии киллэрбиттэрэ. “Арассыыйа кыттыбат буоллаҕына Олимпиада суолтата түһэр”, – диэн санаалар хото этиллэн эрэллэр. Холобур, Эмиэрикэ Олимпиадаҕа кэмитиэтэ соторутааҕыта итинник санааны эппитэ. Онон, кырдьык, эрэл кыыма баар.
Бүгүҥҥү сыал-сорук – күрэхтэһиилэр ыытыллыбыттарын курдук ыытылла туруохтаахтар. Аны икки сылынан Парижка буолуохтаах Олимпиада уонна Паралимпиада бырагыраамаларынан – Арассыыйа Спартакиадата ыытылынна. Саха сирин спортсменнара ити улахан түһүлгэ чөмпүйүөннэринэн, призердарынан буолбуттара.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр араас хабааннаах үлэ ыытыллар. Холобур, быйыл саас Ил Дархан Айсен Николаев кыттыылаах улахан мунньах буолбута. Онно успуорт эйгэтин үлэһиттэрэ “2030 сылга диэри оҕо успуорда сайдыытын бырагырааматын” барылын дьүүллэспиппит. Ити Арассыыйаҕа ылыныллыбыт “Оҕо успуордун сайыннарыы” кэнсиэпсийэтин чэрчитинэн. Онон, өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕо успуордун сайдыытыгар төһүү буолар бырагыраама ылыныллан турар. Бу күннэргэ маассабай успуорду сайыннарыыга оҥорбут былааммыт эмиэ бигэргэннэ.
– Саха сирин норуоттарын Успуорка оонньуулара, биллэрин курдук, түөрт сылга биирдэ ыытыллаллар. Быйыл улахан түһүлгэ Бороҕоҥҥо ыытыллыбыта, оттон аныгыскы Оонньуулар – 2027 сылга Ньурбаҕа. Ол аата, биэс сыл буолан баран. Итиннэ туох төрүөт баарый?
– Былырыын “Успуорт улахан тэрээһиннэрэ ыытыллар бэрээдэктэрин туһунан” диэн Ил Дархан ыйааҕа тахсыбыта. Ити ыйаахха олоҕуран, Саха сирин норуоттарын IX Успуорка оонньуулара 2027 сылга Ньурбаҕа ыытыллаллара быһаарыллыбыта.
– Ити улахан түһүлгэ “Манчаары оонньууларын” кытта биир эрэ сыл быысаһара. Ону уларытаары тахсыбыт ыйаах буолуо?
– Оннук, сөпкө этэҕин, итинник толкуйтан тахсыбыт ыйаах. Ити улахан түһүлгэлэр субуруччу ыытыллаллара – тэрээһин үлэтигэр да, үп-харчы көрүллүүтүгэр да уустуктары үөскэтэллэрэ. Итини таһынан “Азия оҕолоро”, инбэлииттэр Спартакиадалара курдук улахан түһүлгэлэрдээхпит. Онон, ити сөптөөх быһаарыы.
– Успуорт оонньууларын тэрийэр кэмитиэт соторутааҕыта Ньурбаҕа тиийэн, үлэни-хамнаһы кытта билсибитэ.
– Успуорт оонньуулара Ньурбаҕа ыытыллаллара былырыын быһаарыллыбыта. Тэрийэр кэмитиэт үлэтин – СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников иилиир-саҕалыыр. Билигин ыытыллыахтаах үлэлэри торумнуу, былаанныы сылдьабыт. Ити былааннары Ил Дархан уонна өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата бигэргэтиэхтээхтэр.
2025 сыл сайыныгар Ытык Күөлгэ “Манчаары оонньуулара” ыытыллыахтаахтар. Тэрийэр кэмитиэти эмиэ Сергей Васильевич салайар. Ити улахан түһүлгэҕэ бэлэмнэнии үлэлэрэ эмиэ бигэргэниэхтээхтэр.
– “Азия оҕолоро” оонньуулар ыытыллар болдьохторо да чугаһаата.
– Оннук, лоп курдук балтараа эрэ сыл хаалла. Ити улахан тэрээһин 2024 сыл бэс ыйыгар былааннаммыта. Париж Олимпиадата ити сыл от ыйын 26 күнүттэн саҕаланыахтаах. Ол иһин Азия Олимпиадаҕа кэмитиэтэ (ОСА) оонньуу ыытыллар болдьоҕун уларытарбытыгар көрдөспүтэ. Урукку өттүгэр “Азия оҕолоро” оонньуулар от ыйыгар эбэтэр атырдьах ыйын саҥатыгар саҕаланаллара. ОСА ити көрдөһүүтүн тэрийэр кэмитиэт ылыммыта.
– Оонньуулар бырагыраамалара бигэргэннэҕэ. Быйыл Владивостокка ыытыллыбыт Оонньууларга сорох көрүҥнэр киирбэтэхтэр этэ. Холобур, мэлдьи баар саахымат.
– Оонньуулары тэрийэр аан дойдутааҕы кэмитиэт быһаарыытынан, 17 көрүҥ “сүрүн састаапка” баар. Ол аата, бырагыраамаҕа булгуччу киирэр көрүҥнэр. Итини таһынан тэрийэр дойду, эрэгийиэн биэс көрүҥү киллэрэр бырааптаах.
Онон, Дьокуускайга ыытыллыахтаах Оонньууларга биэс көрүҥ эбии киирдэ. Ол – истиэндэ ытыыта (стендовая стрельба), кикбоксинг, үҥкүү успуорда, саахымат уонна Илиҥҥэ Азияҕа төрүттэммит “го” диэн остуол оонньуута. Саахымат “Азия оҕолоро” I оонньууларыттан ыла бырагыраамаҕа баара. Ол эрээри ити көрүҥ булгуччулаахтар истэригэр киирбэт.
– Ааһан эрэр сыл ситиһиилэрин кылгастык ахтан-санаан ааһыахха.
– 2022 сылга кырата суох ситиһиилэрдээхпит. Муус устар саҥатыгар Македония аатыттан тустар Владимир Егоров Европа чөмпүйүөнүнэн буолбута. Балаҕан ыйыгар Сербияҕа ыытыллыбыт самбоҕа Европа чөмпүйэнээтигэр Валерий Ергалов ситиһиилээхтик кыттан, кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Алтынньы саҥатыгар Читаҕа ыытыллыбыт буоксаҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр Василий Егоров ыйааһыныгар (51 кг) “бастакы нүөмэр” буоларын өссө төгүл дакаастаабыта. Дзюдоҕа уонна кикбоксиҥҥа Арассыыйа чөмпүйэнээттэригэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы Спартакиадаҕа ситиһии-лэрдээхпит. Бэс ыйыгар Дьокуускайга мас тардыһыытыгар аан дойду чөмпүйэнээтэ ыытыллыбыта. Онон, биһиэхэ аан дойду чөмпүйүөннэрэ эмиэ бааллар.
– Саҥа үүнүөхтээх 2023 сылга Саха сиригэр эт-сиин култууратын хамсааһына (физкультурное движение – Ф.Р.) саҕаламмыта 100 сылын туолуохтаах. Үбүлүөйдээх сыл чэрчитинэн туох тэрээһиннэр былааннаннылар?
– Оннук, үбүлүөйдээх сыл үүнээри турар. Эт-сиин култууратын хамсааһына саҕаламмыта 100 сылын Арассыыйа эмиэ бэлиэтиэхтээх. Ити сыл Москубаҕа Эт-сиин култууратын үрдүкү сэбиэтэ тэриллибитэ (ВСФК). Күһүөрү Дьокуускайга Эт-сиин култууратыгар Саха сирин сэбиэтэ тэриллибитэ (ЯСФК). Арассыыйа сорох эрэгийиэннэрэ итинник түргэнник дьаһамматахтар, онон, кинилэр ити хамсааһын тэриллибитэ 100 сылын 2024 сылга бэлиэтиэхтээхтэр.
Үбүлүөйдээх сыл чэрчитинэн ыытыллыахтаах тэрээһиннэр, биллэн турар, былааннаммыттара. Ол быһыытынан хас биирдии улууска, нэһилиэккэ успуорт бэтэрээннэрэ бэлиэтэниэхтээхтэр. Успуорт министиэристибэтэ бу хайысхаҕа туһааннаах үлэни-хамнаһы ыытыаҕа. Итиннэ эбии улуустар уонна нэһилиэктэр дьаһалталара эмиэ турунуохтара, туһааннаах үлэни ыытыахтара диэн эрэнэбит. Ити үбүлүөй тэрээһиннэрэ хас улуус, нэһилиэк аайы ыытыллыахтаахтар.
– Успуорт миниистирин быһыытынан – ааспыт үйэ 20-с сылларыттан саҕалаан, ханнык кэми ордук чорбото тутуоҥ этэй?
– Николай Николаевич Тарскайы күн бүгүнүгэр диэри үтүө тылларынан ахталлар. Кини 50-с сылларга Саха АССР успуорка кэмитиэтин салайбыта. Ол кэмҥэ успуорт уонна эт-сиин култууратын күргүөмнээх хамсааһына саҕаламмыта. Билигин инники күөҥҥэ сылдьар көрүҥнэрбитигэр бастакы чөмпүйэнээттэр ыытыллыбыттара. Маассабай успуорт эйгэтигэр эмиэ өрө көтөҕүллүү, хамсааһын бөҕө тахсыбыта. “Саха сирин спортсменнара Олимпиадаҕа кытталларын ситиһиэхтээхпит”, – диэн сыалы-соругу кини оччолорго туруорбута. Онон, көҥүл тустуу, буокса уонна ыарахан атлетика сайдарыгар олук ууруллубута, киэҥ хабааннаах үлэ саҕаламмыта.
Ааспыт үйэ 70-с сыллара Саха сирин успуордун устуоруйатыгар, этэргэ дылы, кыһыл көмүс буукубаларынан суруллубуттара. Ол курдук: 1972 сыллаахха Мюнхен Олимпиадатыгар Роман Дмитриев чаҕылхай кыайыыта, 1976 сыллааҕы Олимпиадаҕа – Роман Дмитриев, Александр Иванов уонна Павел Пинигин финалга тахсыылара, мэтээллэри ситиһиилэрэ. Ити ситиһиилэр – Саха успуордун муҥутуур өрөгөйө, кылаан чыпчаала.
– Араас сылларга үлэлээбит Саха АССР успуорка кэмитиэтин салайааччыларыттан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуорка миниистирдэриттэн ордук кими бэлиэтиэҥ этэй? Ким үлэтэ-хамнаһа эйиэхэ үтүө холобурунан буоларый?
– Ханнык баҕарар кэрдиис кэм уратылардаах, уустуктардаах. Хас биирдии успуорт салайааччыта чопчу сыаллаах-соруктаах, былааннаах үлэлиир. Ол былааннара олоххо киирэллэрин туһугар туруулаһар. Онон, хас биирдии салайааччы Саха сирин успуордун сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрбитэ.
90-с сыллары да ылан көрүөххэ. Ити кэмҥэ успуорт миниистиринэн Виктор Петрович Ноговицын үлэлээбитэ. Улахан түһүлгэлэрбит ити кэмҥэ төрүттэммиттэрэ дии: Аан дойдутааҕы “Азия оҕолоро” оонньуулар, Бороҕоҥҥо ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын I Успуорка оонньуулара, “Боотурдар оонньуулара”...
Михаил Дмитриевич Гуляев успуорт чопчу көрүҥнэригэр идэтийэр успуорт оскуолалара элбииллэригэр сүрүн болҕомтотун уурбута. Кини салайар кэмигэр федеральнай үбүнэн-харчынан элбэх улахан эбийиэк тутуллубута.
– Хаһан эрэ, өрдөөҕүтэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр сайыннарыллар успуорт көрүҥнэрин уонна федерацияларын испииһэгин көрөн баран сүрдээҕин соһуйбуттааҕым. Ол испииһэккэ олус элбэх көрүҥ баара. Өрөспүүбүлүкэбит киэҥ-куоҥ сирдээх-уоттаах эрээри, нэһилиэнньэтэ олох аҕыйах буоллаҕа. Итиччэ элбэх көрүҥҥэ “күүс бытарыйыыта” барарын тириэньэрдэр да этээччилэр. Успуорт көһөҥө талааннара, ханнык баҕарар эйгэҕэ курдук олус элбэх буолбаттар буоллаҕа.
– Бүгүҥҥү туругунан Саха сиригэр 102 успуорт көрүҥэ сайыннарыллар. Нууччалаатахха “культивируется” диэн буолар буоллаҕа. Сокуон ирдэбилинэн аккредитацияны ааспыт 50-тан тахса успуорт араас көрүҥнэрин федерациялара бааллар. Онон, кырдьык, успуорпут көрүҥэ сүрдээх элбэх. Бүддьүөт харчыта, биллэрин курдук, барыларыгар тиийэр кыаҕа суох.
Николай Тарскай успуорт үс көрүҥүн, билиҥҥи тылынан эттэххэ “приоритетнай оҥорбута” диэн этэн аһарбытым. Билигин биһиги 13 тирэх (базовые виды спорта – Ф.Р.) көрүҥнээхпит. Онно: көҥүл тустуу, буокса, чэпчэки атлетика, дуобат, оҕунан ытыы, дзюдо, истиэндэ ытыыта, кикбоксинг, харбааһын курдук көрүҥнэрбит киирэллэр. Ити эн эппитиҥ курдук “көһөҥө талааннаах оҕо” көһүннэҕинэ, хайаан да өйүүбүт, көмөлөһөбүт. Итинник сыалы-соругу туруорунан үлэлиибит.
– Эн Успуорка бэлэмнэнии киинин (ЦСП) дириэктэринэн үлэлээбитиҥ. Үрдүк кылаастаах спортсменнары бэлэмнээһиҥҥэ туох кыһалҕалар баалларый?
– Оннук, тирэх көрүҥнэрбит спортсменнарын бэлэмниир киин дириэктэринэн үлэлээбитим. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандалара “Өрөгөй” успуорт комплексыгар үрдүттэн олорон эрэ дьарыктанар усулуобуйалара баар. Соҕуруу эрэгийиэннэргэ эмиэ үөрэтэр-эрчийэр тэрээһиннэр (УТС) ыытыллааччылар. Успуорт мэдиссиинэтин киинэ эмиэ сүрдээх күүскэ үлэлиир.
ЦСП успуорт билимигэр анал салаалаах (отдел). Ити салаа үлэтин анал тэриллэр суохтара уонна үбүлээһин ситэтэ суоҕа атахтыыр түгэннэрэ тахсааччылар. Онон, ити хайысхаҕа болҕомто ууруллуохтаах.
– Өрөспүүбүлүкэбитигэр икки успуорт института баар, билим истиэпэннээх үлэһиттэр да элбэхтэр. Кинилэр көмөлөспөттөр дуо?
– Институттар сүрүн сыаллара-соруктара – устудьуоннары үөрэтии, чиҥ билиини биэрии. Ити кыһаларга успуорт исписэлиистэрэ бэлэмнэнэллэр. Оттон ЦСП билимҥэ салаата чопчу боппуруостарга үлэлиир, үрдүк кылаастаах спортсменнар көрдөрүүлэрин, эттэрин-сииннэрин туругун үөрэтэн көрө-көрө.
Соторутааҕыта бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев 85 сааһын туолбута. Кинини успуорт министиэристибэтин уонна уопсастыбаннаһын аатыттан эҕэрдэлээбитим. Онно Михаил Ефимович: “Билими (науканы) успуорка күүскэ туһаныа этигит”, – диэбитэ.
Биһиэхэ билим үлэлэрэ, чинчийиилэрэ ыытыллыбат буолбатахтар. Ыытыллаллар. Ол гынан баран, итини дьиҥ олоххо, быраактыкаҕа киллэрии сүрдээх уустук буолар эбит. Кэккэ ыарахаттар, быһаарыыны эрэйэр уустук түгэннэр бааллар. Ол иһин, кырдьык, ити хайысхаҕа үлэ күүһүрүөн наада.
– Соҕурууттан күүстээх тириэньэрдэри ыҥыран үлэлэтии быраактыката баара. Ити өттүгэр үлэ салҕаныа дуу?
– Ити хайысхаҕа үлэ мэлдьи ыытыллар. Билигин эдэр спортсменнарбыт “Азия оҕолоро” оонньууларга бэлэмнэнэн саҕалаатылар. Онон, оҕолор хамаандаларыгар үрдүк квалификациялаах тириэньэрдэр наадалар диэн көрөбүн. Биһиги Арассыыйа кииниттэн ыраах, тыйыс айылҕалаах сиргэ олоробут. Ол иһин тириэньэрдэр Саха сиригэр кэлэн үлэлииллэрэ уустуктардаах. Кэлиэх да буоллахтарына, сүрдээх улахан сууманы көрдүүллэр.
– Бу күннэргэ араас министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах кэллиэгийэ буолуохтаах. Ити кэллиэгийэ сүрүн бэбиэскэтин, баһаалыста, билиһиннэр эрэ.
– Биһиги “Успуорка оонньуулар кэнсиэпсийэлэрин” оҥорон бүтэрдибит. Успуорт министиэристибэтин кэллиэгийэтигэр ити кэнсиэпсийэни дьүүллэһиэхпит. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар улахан түһүлгэлэр кэннилэриттэн мөккүөр бөҕө тахсааччы. Биир үксүн күрэхтэһии балаһыанньатын пууннарын уонна “легионердар” тула мөккүөр күөдьүйээччи. Ол иһин “Успуорка оонньуулар кэнсиэпсийэлэрин” бэлэмнииргэ быһаарыммыппыт. Кэнсиэпсийэни, биллэн турар, ыллыҥ да оҥорбоккун. Улуустар бэрэстэбиитэллэрин кытта туһааннаах үлэ ыытыллыбыта. Бары санаалары, этиилэри учуоттаан, түмэн – ити кэнсиэпсийэ оҥоһулунна.
Манна кэнсиэпсийэни уонна күрэхтэһии балаһыанньатын арааран өйдүөххэ наада. Күрэхтэһии балаһыанньата – ыытыллыахтаах тэрээһин сыалын-соругун, сайаапкалары ылыы болдьоҕун, тэрээһин ыытыллар күнүн-дьылын, миэстэтин, ыйааһын категорияларын, саастарынан бөлөхтөрү, турнир хайдах быһыылаахтык барыахтааҕын, түмүк тахсар бэрээдэгин, кыайыылаахтары наҕараадалааһыны эҥин быһаарар, чопчулуур. Балаһыанньаны күрэхтэһиини ыытар тэрилтэ оҥорор.
Оттон кэнсиэпсийэ оонньуулар сүрүн бириинсиптэрин, идиэйэтин чопчулуур, уопсай тутулун быһаарар. Уопсайынан, стратегия хабааннаах докумуон. Кэллиэгийэҕэ ити кэнсиэпсийэ бигэргэниэхтээх. Чопчу пууннар эмиэ бааллар. Холобур, спортсмен бырапыыскатыгар биһиги этиилэрдээхпит.
– Арассыыйа успуорка министиэристибэтэ эрэгийиэннэртэн – успуордунан уонна эт-сиин култууратынан дьарыктанар дьон ахсаана сыл аайы эбиллэ турарын ирдиир. Итиннэ бастыҥ көрдөрүүлээх эрэгийиэннэринэн Татарстан уонна Чувашия буолааччылар. Былырыын: “Саха сирин нэһилиэнньэтин 46 бырыһыана успуордунан уонна эт-сиин култууратынан дьарыктанар”, – диэн буолбута. Тус бэйэм итини сонньуйа истэбин ээ. Ама, хас уон киһиттэн түөрдэ успуордунан уонна эт-сиин култууратынан дьарыктанара буолуо дуо?
– Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2021 сыл от ыйыгар “О национальных целях развития России до 2030 года” диэн ыйаахха илии баттаабыта. Онно этиллэринэн: 2024 сылга Арассыыйа нэһилиэнньэтин 55 бырыһыана успуордунан уонна эт-сиин култууратынан дьарыктанара ситиһиллиэхтээх. 2030 сылга ити көрдөрүү – 70 бырыһыан буолуохтаах. Ол аата, хас уон киһиттэн сэттэтэ успуордунан уонна эт-сиин култууратынан дьарыктаныахтаах. Оттон эн “түөрт киһини” сонньуйа истэҕин.
Биһиги итини олус судургутук өйдүүбүт. “Эс, хайдах уон киһиттэн түөрдэ успуордунан дьарыктаныай?!” – диэн. Манна успуорт уонна эт-сиин култуурата диэннэри арааран өйдүүр наада. Эт-сиин култуурата диэн – чөл олох, хаалыктаах хаамыы, йога, сарсыардааҥҥы гимнастика, бассейҥҥа сылдьыы. Киһи, холобур, нэдиэлэҕэ үстэ анаан-минээн хаамтаҕына, ол аата, кини эти-сиини чэбдигирдиинэн, эт-сиин култууратынан систиэмэлээхтик дьарыктанар.
Аны успуорт да көрүҥэ араас. Эн, холобур, нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ кулуупка тиийэн үөлээннээхтэргин кытта дуобаттыыр, саахыматыыр буол. Ол аата, эн успуорт интеллектуальнай көрүҥүнэн дьарыктанаҕын. Аны саха эр дьоно саас уонна күһүн кустуулларын сөбүлүүллэр. Ити дьарык докумуоннарга “любительская и спортивная охота” диэн суруллар ээ.
Итини барытын биһиги нууччалыы “активный образ жизни” диибит. Сүүрэр-көтөр, кэлэр-барар, уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар, айылҕаҕа хамсанар-имсэнэр, чөл олох бириинсиптэрин тутуһар, актыыбынай олохтоох киһи – ити үөһэ этиллибит бырыһыаҥҥа хабыллар.
“Успуорт эйгэтин үлэһиттэрин сыаллара-соруктара – чөмпүйүөннэри иитии”, – диэн кэлтэй өйдөбүл. Успуорт уонна эт-сиин култууратын үлэһиттэрин сүрүн сыаллара-соруктара – нация, норуот чөл, чэгиэн доруобуйалаах буоларын ситиһии. Үөһэ этиллибит ыйаахха этиллэринэн: “Киһи чэгиэн доруобуйата – национальнай сыал-сорук”. Онон, ити ирдэбил: “Бары спортсмен буолаҕыт”, – диэн өйдөммөт.
Холобур, соторутааҕыта Бүлүү Баппаҕаайытын дьонун-сэргэтин 80 бырыһыана эт-сиин култууратынан уонна успуордунан дьарыктанара ситиһилиннэ. Үүнэр сылга Саха сиригэр эт-сиин култууратын хамсааһына саҕаламмыта 100 сылын туоларын туһунан ити кэпсэтэн аһардыбыт. Ити өрөгөйдөөх үбүлүөйү көрсө баппаҕаайылар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар ыҥырыы ылыннылар. Кинилэр аны 100 бырыһыаннаах улахан кирбиини ситиһэргэ туруннулар. Сылгыһыттары, булчуттары, балыксыттары ити ахсааҥҥа киллэрэн туран. Бэл аарыма саастаах кырдьаҕастар, саҥа төрөөбүт оҕолор эмиэ ити ахсааҥҥа киириэхтээхтэр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр эмиэ чөл олох чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэринэн хабыллаллар. Холобур, кинилэри мэдиссиинэ үлэһиттэрэ кэтээн көрөллөр, араас илбийиилэр, эрчиллэр хамсаныылар оҥоһуллаллар.
Онон, тус санаабар, успуорт уонна эт-сиин култууратын министиэристибэтэ саамай сүрүн, тирэх министиэристибэлэртэн биирдэстэринэн буолар. “Дьон олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр-хамнаһыгар туох да чопчу туһата, наадата суох министиэристибэ”, – диир дьон баар. Оннук буолбатах, киһи доруобуйата, эт-сиин өттүнэн сайдыыта – национальнай сыал-сорук. Нууччалаатахха: “Здоровье – всему голова”. Күннэтэ эҕэрдэлэһиигэ да бэйэ-бэйэбитигэр кытаанах доруобуйаны баҕарабыт дии. “Дорообо” (здравствуйте) диэн эҕэрдэбит сүрүн ис хоһоонугар киирдэххэ. Онон, ханнык баҕарар киһиэхэ доруобуйата бастакы миэстэҕэ турар.
– Леонид Николаевич, сэргэх кэпсээниҥ иһин “Кыым” ааҕааччыларын аатыттан улахан махтал! Кэлэн иһэр өрөгөйдөөх үбүлүөйдээх сылынан!
Федор РАХЛЕЕВ.