Киир

Киир

Дьон-сэргэ сөбүлүүр, ситиһиилэринэн киэн туттар бөҕөһө Леонид Спиридонов билигин Спорка үрдүкү маастарыстыба оскуолатын дириэктэрин солбуйааччынан үлэлиир.

Кини икки төгүл Олимпиадаҕа кыттыбыта. 2004 сыллаахха Афиныга ыытыллыбыт Олимпиадаҕа аан дойду, Европа чөмпүйэнээттэрин хас да төгүллээх кыайыылааҕа, Сидней Олимпиадатын (2000) үрүҥ көмүс призёра Серафим Барзаков (Болгария), Азия чөмпүйүөнэ, оччолорго аан дойду улахан түһүлгэлэрин көтүппэккэ тустар Казухико Икамацу (Япония) курдук улахан ааттаах–суоллаах бөҕөстөрү кыайталаан, төрдүс миэстэ буолбута. 2008 сыллаахха Пекиҥҥэ боруонса мэтээл иһин хапсыһыыга Индия бөҕөһө Сушил Кумарга олус кыһыылаахтык кыайтарбыта харахпытыгар бу баар.

Аан дойду кылаастаах успуорт маастара, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Леонид Спиридонов үс олимпийскай циклгэ толору тустубута. Ол тухары элбэх биллэр–көстөр ситиһиилээх. 2006 сыллаахха Азия кэнтиниэнин чөмпүйүөнэ буолбута, үс сыл буолан баран, аан дойду чөмпүйэнээтин боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Азия Олимпийскай сүбэтэ (ОСА) 4 сылга биирдэ ыытар Оонньууларыгар боруонса призёр буолуута – эмиэ улахан ситиһии.

 

Саха бөҕөһүн куоһурдара

 

– Леонид, бүгүҥҥү туругунан, саха тустуутун оскуолата хайдах балаһыанньалааҕый?

– Былааннаах үлэ бара турар. Спортсменнар күн аайы эрчиллэллэр. Сорох дьон биир-икки күрэхтэһии түмүгүнэн сыана быһалларын сыыһа дии саныыбын. Хас биирдиибит саха бөҕөстөрө кыайалларын-хотоллорун, дьону-сэргэни үөрдэллэрин, өрөспүүбүлүкэ аатын дорҕоонноохтук ааттаталларын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Быйылгы Арассыыйа чөмпүйэнээтиттэн Виктор Рассадин – үрүҥ көмүс, оттон Дмитрий Аксенов боруонса мэтээллээх эргиллибиттэрэ. Ити – куһаҕана суох көрдөрүү. Виктор Рассадин чөмпүйүөннүөн да сөбө, ону 7 сөкүүндэ “тулуйбатахпыт”.

– Саха бөҕөстөрүн сүрүн куоһурдара бу диэн, ханнык хаачыстыбалары ааттыаҥ этэй?

– Бэрт сымсатык туттуу-хаптыы уонна үчүгэйдик чочуллубут тустуу тиэхиньикэтэ. Европа, Кавказ, Иран, Эмиэрикэ бөҕөстөрүгэр “физика” өттүнэн баһыйтарар курдукпут. Ол да буоллар биһиги кинилэри түргэнник хамсанан-имсэнэн, тустуу ньымаларын тиһигин быспакка бииртэн биир туттан кыайыахтаахпыт, кыайабыт даҕаны. Саха бөҕөһүн өссө биир уратыта – утарылаһааччы мөлтөх өрүттэрин арыйыы, сыыһа хамсаныыны оҥорорго күһэйии, араас уустук быраҕыыны оҥоруу, өйдөөн-төйдөөн тустуу. Ону биһиги нууччалыы “чувство”, “чувствительность” диибит. Ити чаҕылхай холобура Виктор Лебедев буолар.

– Эн улахан успуортан кэмигэр туораатыҥ дуу?

– Кэмигэр бөҕө буоллаҕа дии. Бөҕөстөр Олимпиада түһүмэхтэригэр сөп түбэһиннэрэн дьарыктарын, күрэхтэһиилэргэ, үөрэтэр-эрчийэр тэрээһиннэргэ кыттыыларын былаанныыллар. Ол аата түөртүү сыллаах түһүмэхтэр бараллар. Пекин Олимпиадатын кэнниттэн өссө биир циклгэ тустуохха диэн сыал-сорук туруорунан үлэлээбиппит. Ол аата 2012 сылга диэри. Онон үс Олимпиада циклигэр толору тустубутум.

Киһи соһуйара туох да суох 

– Эн бу иннинэ “Олимпийскай эрэллэр” училищеҕа дириэктэри солбуйааччынан үлэлээбитиҥ. Билигин үлэҥ хайысхата тосту уларыйдаҕа?

– Уларыйан. Училищеҕа оҕолору, ыччаты кытта үлэлээтэҕим дии. Спорт эйгэтигэр сүүрбэтигэр диэри саастаахтары ыччаттар, юниордар диэн ааттыыллар. Училищеҕа оҕолор спордунан дьарыктаналларын таһынан үөрэнэллэр, онон иитии-үөрэтии өттүгэр киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллар. Спорка үрдүкү маастарыстыба оскуолата (СҮМО) эмиэ туспа сыаллаах-соруктаах, киэҥ былааннаах.

Салайааччы буолан, сүрдээх элбэҕи биллим-көрдүм. Урут бэлэмҥэ сырыттаҕым дии. Сүүрүүнү-көтүүнү эрэйэр боппуруос бэрт элбэх. Холобур: спортсменнар кэлэр-барар үптэрин, түһэр-аһыыр сирдэрин быһаарыы; дьарыктанар, күрэхтэһэр усулуобуйаларын тэрийии; үлэ хайысхатын былааннааһын... Күрэхтэһии тэрээһинэ эмиэ сүрдээх улахан сыраны-сылбаны эрэйэр. Манна элбэх киһи бэрт эрдэттэн тэрээһин боппуруостарынан дьарыктанар. Ол үлэ биир сүрүннээх буолбатах, араас хайысханан барар. Холобур, Дмитрий Коркин кэриэһигэр ыытыллар күрэхтэһиини ылан көрүөҕүҥ. Манна дойдулар тустууга федерацияларын уонна бочуоттаах ыалдьыт буолан кэлиэхтээх дьону кытта үлэ бэрт эрдэттэн ыытыллар. Суруйсуу, төлөпүөнүнэн кэпсэтии, чопчулаһыы... Олох чуолкай былаан оҥоһуллуохтаах, бөҕөстөр түһэр-аһыыр, дьарыктанар миэстэлэрэ быһаарыллыахтаах. Кинилэр кэлэллэрин-баралларын хааччыйар оптуобустар сырыылара олох мүнүүтэтигэр диэри чуолкайданыахтаах. Бөҕөстөр үс көбүөрүнэн тустар үрдэтиилэрин таҥыы, уоту-күөһү бэлэмнээһин, көрөөччүлэри сэргэхситэр саҥа ньымалары тобулуу – эмиэ туспа хайысхалар. Уопсайынан, тэрийээччилэр биир хамаанда буолан, дьоммутугар-сэргэбитигэр дьиҥнээх тустуу бырааһынньыгын тэрийэргэ кыһанан үлэлиибит-хамсыыбыт.

– Саҥа үлэҕэр туохтан эмэ соһуйбут, “маннык балаһыанньаны туоратыахха баар эбит” дии санаабыт түгэннэрдээххин дуу?

– Оннук айылаах киһи соһуйара туох да суох, үлэ барыта былаан быһыытынан ыытыллар буоллаҕа дии. Туох эмэ өйдөммөт түгэннэр үөскээтэхтэринэ сүбэлэһэр, тута атыннык дьаһанар буоллахпыт дии. Спорт эйгэтигэр баай үөрүйэхтээх, улахан тэрээһиннэргэ уопуттаах дьон үлэлииллэр, онон үлэ хаамыытыгар киһи соһуйа көрөрө туох да суох.

Leonid1

Биир хамаанда буоллахпыт

  

– Леонид, эн салайааччы, тэрийээччи эрэ буолбакка, үрдүк кылаастаах спортсмен, икки Олимпиада кыттыылааҕа буоллаҕыҥ. Тустууктар эйигиттэн сүбэ-ама көрдүүллэрэ буолуо?

– Үлэбиттэн быыс-арыт булан тустуу саалатыгар хайаан да киирэбин. Арыт уолаттары кытта бииргэ дьарыктанабын, арыт көннөрү дьарык хаамыытын көрөбүн. Хайа уонна тустуук уолаттары уонна тириэньэрдэри кытта мэлдьи алтыһа, кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьар буоллаҕым. Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэннэрэ кыттыылаах мунньахтар да буолааччылар. Миигиттэн сүбэ көрдөөтөхтөрүнэ, санаабын ыйыттахтарына, тугу билэрбин-көрөрбүн барытын кэпсии-ипсии сатыыбын. Оннук да буолуохтаах, бары биир хамаанда буоллахпыт дии.

Тоҕоостоох түгэн көһүннэҕинэ, уолаттары кытта бииргэ эрчиллэбин, ол гынан баран көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээттэригэр, хапсаҕай күрэхтэһиилэригэр тустарбын тохтотуом. Тустан бүтэр сааһым да кэллэҕэ дии. Намҥа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр уолаттарым көрдөһүүлэринэн кыттыбытым. Хапсаҕайга быйыл "Манчаары оонньууларыгар" кытынным. Онон бүттэҕэ дии.

– Күүрээннээх күрэхтэһии кэнниттэн сөпкө сынньаныы, сыыйа дьарыктаныы чааһыгар уолаттарга сүбэлиириҥ элбэх буолуохтаах.

– Ити биһиги тылбытыгар “чөлгө түһэринии түһүмэҕэ” (восстановительный процесс) диэн ааттанар. Ити түһүмэҕи спортсмен сөпкө туһаныахтаах. Улахан күрэхтэһиигэ кыттаары тустуук уонча киилэҕэ тиийэ түһэрэр. Ити эккэ-сииҥҥэ эрэ буолбакка, уйулҕаҕа да охсуулаах, онон сынньаныы түһүмэҕэ хайаан да баар буолуохтаах. Билигин урукку курдук буолбатах, СҮМО иһинэн успуорт мэдиссиинэтин киинэ үлэлиир. Итиннэ быраастары, сиэстэрэлэри таһынан идэтийбит психологтар бааллар. Онон “чөлгө түһэринии түһүмэҕэ” анал үөрэхтээх исписэлиистэр кэтээн көрүүлэринэн ыытыллар.

Уолаттар хайдах тустубуттарыттан көрөн ити түһүмэҕи ааһыахтарын наада. Күрэхтэһиигэ биир хапсыһыыны оҥорон, биир эрэ эргиир тустан баран, ыйы быһа сынньанартан туһа тахсыбата чуолкай. Салгыы дьарыктаныахтааххын. Сороҕор бастаабыт, миэстэлэспит да уолаттар үс хонугунан дьарыктаммытынан барааччылар. Күүстээх уйулҕалаах уолаттар улаханнык оҕустарбаттар. Уолаттарбыт бары итинниккэ дьулуһуохтаахтар.

Ыйааһыны “үүрүү” туһунан

– “Саҥа улаатан эрэр оҕолор ыйааһыннарын түһэрэллэрэ сыыһа” диэн кэпсэтии саҕаламмыта син ыраатта.

– Итинник хабааннаах кэпсэтиилэр аан дойду үрдүнэн бараллар. Эһиилгиттэн тустууктары ыйааһыннааһын процедурата сарсыарда ыытыллыахтаах. Ол кэнниттэн бөҕөстөр (икки чааһынан) көбүөргэ туста тахсыахтаахтар. Ити тэрээһин тустууктар элбэх ыйааһыны түһэрбэтиннэр диэн сыалтан толкуйдаммыт.

Тустууктар ортотунан 7–8 киилэни түһэрэн күрэхтэһиигэ кыттыылара – аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт көстүү. Оттон оҕолор, сүүрбэлэригэр диэри саастаах ыччаттар элбэх ыйааһыны “үүрэллэрэ”, биллэн турар, туох да үчүгэйэ суох. Итинник көстүү уруккуттан баар, күн бүгүн үөскээбит кыһалҕа буолбатах. Тириэньэрдэр үчүгэй көрдөрүүнү ситиһээри итинник дьаһаналлар. Онон тириэньэрдэр итинник “угаайыга” киирэн биэриэ, күннээҕи быстах санааҕа оҕустарыа суохтарын наада. Оҕо эрдэхтэринэ ситиһии бөҕөнү ситиспит уолаттар 20 эҥин саастарыгар тохтоон хаалаллара, спорду хааллараллара – баар суол.

– Ыйааһын түһэриитин кытта сибээстээх саамай ыарахан түгэҥҥин ахтан-санаан ааспаккын ээ.

– Үс олимпийскай түһүмэххэ тустубутум былаһын тухары ыйааһыны элбэхтик түһэрдэҕим дии. Сырыы аайы кэриэтэ 8-10 киилэни “үүрэрим”. Ол түһэриилэр, этэргэ дылы, "саахар буолбатахтар" этэ. Саамай ыарахан түгэн диэ... Кэнники олимпийскай түһүмэҕим кэмигэр ыытыллыбыт “Иван Ярыгин” турниры ааттыырым дуу. Тэрийээччилэр “ыйааһын категориятыгар 2 киилэни аһара түһүү көҥүллэнэр” диэн баран, күрэхтэһии күн сарсын буолаары турдаҕына “1 эрэ киилэни аһара түһүү көҥүллэнэр” диэн кэбиспиттэрэ. Биричиинэтэ – турнир “Голден Гран-При” диэн ыстаатыһы ылыыта үһү. Оттон биһиги атыннык суоттана cырыттахпыт дии.

Эльбрус Тедеев, Махач Муртазалиев, Сушил Кумар...

– 2004 сыллаахха Афиныга ыытыллыбыт Олимпиада чөмпүйүөнэ Эльбрус Тедеев (Украина) “Чемпион клуб” диэн сурунаалга маннык эппит этэ: “Финалга Эмиэрикэ бөҕөһө Джамил Келлини кытта хапсыһыым олус чэпчэкитик ааспыта. Саамай ыарахан, тыҥааһыннаах хапсыһыым Леня Спиридоновы кытта этэ. Иккис түһүмэххэ туох баар күүспүн-уохпун ууран туран тустубутум, күүскэ үлэлээбитим. Үрдүк тэтимтэн, тыҥааһыннаах хапсыһыыттан “хайа барыах” курдук этим. Нэһиилэ тулуйбутум. Афиныга мин “тиһэх ырыам” этэ, ону туох баар кыахпынан “ыллаабытым”.

– Олимпиада – спорт саамай улахан форума, чыпчаала буоллаҕа дии. Хас биирдии спортсмен туох баар муҥутуур кыаҕынан, ону нөҥүөлээн да туран күрэхтэһэр. Ол иһин олимпийскай цикл кэмигэр туох да уһулуччу ситиһиини көрдөрбөтөх спортсменнар Олимпиадаҕа кэлэн “тоҕо түһэллэр”, дьиҥнээх дьоруойдуу быһыыны көрдөрөллөр. Спорт устуоруйатыгар итинник түгэн бэрт элбэх. Мин да Олимпиадаларга туох баар санаабын-онообун түмэн, туох баар кыахпын ууран туран кытыннаҕым дии.

– 2008 сыллаахха Пекиҥҥэ ыытыллыбыт Олимпиадаҕа, боруонса мэтээл иһин хапсыһыыга Индия бөҕөһө Сушил Кумарга олус кыһыылаахтык кыайтарбытыҥ. Оччолорго тэҥ хапсыһыы кэнниттэн кыайыылааҕы быһаараары “хам тутуһуннарыы” баара. Онно эн Кумары атаҕыттан өрө баһан көбүөргэ бырахпытыҥ, киһиҥ сууллан түһэн иһин атахтарынан “кыптыыйдаан” кэбиспитэ. Олимпиада мэтээлэ итинник кыһыылаахтык мүччү туттарбытын дөрүн-дөрүн санаан ааһар буолуохтааххын?

– Ити олус кыһыылаах түгэн этэ. Олимпиада мэтээлин суолтатын олох кырабыттан өйдүүр буоллаҕым. 2004 сыллааҕы Олимпиадаҕа мин ыйааһыным категориятыгар финалга тахсар иһин хапсыһыыга Махач Муртазалиев (Арассыыйа) Эмиэрикэ бөҕөһө Джамиль Келлигэ кыайтаран кэбиспитэ. Онон боруонса мэтээл иһин хапсыһыыга Махач Муртазалиевтыын тустар буолан хаалбытым. Муртазалиев Келлини кыайан финалга тахсыбыта эбитэ буоллар... Спорка “кыайыам этэ” диэһин үчүгэйдик иһиллибэт гынан баран, Джамиль Келлини кытта быдан тахсыылаахтык тустуохпун сөбө.

Оттон Пекиннээҕи Олимпиадаҕа утарылаһааччым атаҕын лаппыйа тутан, олох үчүгэй балаһыанньаҕа сылдьан баран, түмүккэ кыайтаран хаалабын. Ити – олус кыһыылаах, киһи олоҕун устата умнубат түгэнэ. Олимпиада мэтээлин туһа диэн төһөлөөх улахан үлэ оҥоһуллубута буолуой?! Сэттэ көлөһүнү тоҕон, ыйааһын бөҕөнү “үүрэн”, ытаан–соҥоон... Этэргэ дылы, уу, "уот, алтан турба" нөҥүө аастахпыт дии. Ити кэнниттэн Олимпиада мэтээлэ итинник кыһыылаахтык мүччү туттарара олус абалаах. Кэмиттэн кэмигэр ити түгэннэри санаан ааһабын.

Spiridonov 2

Андрей Стадник, Василий Федоришин...

– Былырыын: “Пекин Олимпиадатыгар допины туттубут бөҕөстөр дисквалификацияланнылар, онон Леонид Спиридоновка боруонса мэтээл бэриллиэх курдук”, – диэн иһитиннэриилэр бааллара.

– Кырдьык, былырыын итинник иһитиннэрии, кэпсэтии баара. Былырыын Пекин Олимпиадатын кэмигэр туттарыллыбыт допинг боруобалары бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Ол түмүгүнэн бөҕөстөр ааттарын ааттаабакка эрэ: “Казахстан, Узбекистан уонна Украина бөҕөстөрө допины туттууга түбэстилэр”, – диэн иһитиннэрии кэлбитэ. Ону сорох дьон сэрэйэн көрөн: “Олимпиада үрүҥ көмүс призёра, Украина бөҕөһө Андрей Стадник түбэспитэ буолуо”, – диэбиттэрэ. Кэлин допинг туттубут бөҕөс Стадник буолбакка, эмиэ Олимпиада үрүҥ көмүс призёра буолбут Василий Федоришин (Украина) буолара биллибитэ.

– Бөҕөстөр түүн түһээн эмиэ тустар буолуохтааххыт?

– Тустууну түһээн бөҕө буоллаҕа дии. Өйө-санаата барыта тустуу буолан сылдьар киһи түһээн эмиэ тустар. Билигин даҕаны көбүөргэ тахсарбын, тустарбын түһүүбүн ээ.

Итинтэн сиэттэрэн биир дьикти түгэни кэпсиим. Афины Олимпиадатын иннигэр Махач Муртазалиевы кытта тустарбын уонна кыайарбын түһээбитим. Муртазалиев Эмиэрикэ бөҕөһүгэр кыайтаран, миигин кытта тустар буолан хаалбыта. Онно түүлбүн саныы түстэҕим дии. Кырдьык, төлкөлөөх түүлү түһээбит эбиппин дии санаан, харса суох түһүөлээбитим. Онтум төттөрү буолан хаалбыта.

Айылҕаҕа чугаһаатым

– Туста сылдьар кэмҥэр араадьыйа быһа эфиригэр тахсан уустук ыйытыыларга сөпкө эппиэттээбиккин истэн турабын. Ыытааччылар: “Биллэр бөҕөс Леонид Спиридонов төлөпүөннээтэ”, – диэн өйдөөбөтөхтөрө даҕаны. Оттон мин куоласкыттан тута биллэҕим дии. Итинэн мин “интэриэһиҥ тустуунан эрэ муҥурдаммат эбит” диэри гынабын.

– Киһи интэриэһэ киэҥ буолуохтаах. Төһө кыалларынан элбэҕи билэ-көрө сатааһын киһиэхэ туһаны эрэ аҕалар. Араас уопсастыбаннай үлэттэн, дьон-сэргэ күннээҕи кыһалҕатыттан туора турунан кэбиһэр сатаммат.

– Уонча сыллааҕыта: “Булка сылдьаҕын дуо?” - диэн ыйыппытым. Онно эн: “Айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн эрээри, хараҕым мөлтөх буолан, булка соччо тардыспаппын”, – диэн хоруйдаабытыҥ.

– Хараҕым билигин өссө мөлтөөтө. Улахан спортан туораан баран, син иллэҥ бириэмэлэнним. Ол иһин булка сылдьа сатыыбын. Сааһын куска, күһүнүн тыаҕа сылдьабын. Итинник сырыым син элбээн эрэр. Бултуурга анаан анал таҥас эҥин ылыммытым. Урут спортивнай таҥастаах, кроссовкалаах эҥин барар этим буоллаҕа. Инньэ гынан билигин айылҕаҕа чугаһаатым. Хараҕым мөлтөҕө, биллэн турар, мэһэйдиир. Массыына ыытарбар, бултуу тахсарбар ачыкы кэтэбин.

Spiridonov 177

Спорт туһаттан атыны аҕалбат

– Уолаттарыҥ тустуу сиэксийэтигэр сылдьаллар дуу?

– Уолаттарым иккиэн тустуу сиэксийэтигэр дьарыктаналлар. Кыратык сүрэҕэлдьииллэр быһыылаах, ол гынан баран сылдьыахтаахтар. Итинник оскуоланы ааһаллара кинилэр инники олохторугар туһалаах эрэ буолуо. Эр киһи олоҕор араас эриири-мускууру, тургутууну ааһар. Онно кинилэр өй-санаа, эт-хаан өттүнэн бэлэм буолуохтаахтар. Оҕо эрдэҕиттэн спордунан дьарыктаммыт киһи бэйэтигэр эрэллээх, араас түгэҥҥэ бэйэтин кыана туттар буола улаатар. Эр киһи быһыытынан бэйэҕин дьоһуннаахтык сананарыҥ үлэҕэ-хамнаска да, дьиэ кэргэҥҥэр да туһаттан атыны аҕалбат.

Ол иһин уолаттарбар мэлдьи этэбин: “Оскуоланы бүтэриэххитигэр диэри спордунан дьарыктанаҕыт, ол кэнниттэн салгыы дьарыктанаргытын эбэтэр дьарыктаммаккытын бэйэҕит быһаарыаххыт”, – диэн.

– Көлүөнэ-көлүөнэ сүрүн уратылаах. Билиҥҥи оскуола оҕолорун сүрүн уратылара – көмпүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ күнү-күннүктээн умса түһүү.

– Урут оҕолор уулуссаҕа мээнэ сылдьыбатыннар диэн, спорт сиэксийэлэрин үлэлэтэллэрэ, оттон билигин – көмпүүтэртэн, төлөпүөнтэн араараары. Билигин дэриэбинэҕэ да оҕо таһырдьа оонньообот. Ол иһин спорт, эт-хаан сайдыыта хайа да кэмҥэ уһулуччу суолталаах.

Сорох төрөппүт оҕотугар: “Чэ, баҕарбат буоллаххына, сиэксийэҕэ барыма”, – диир. Итинник буолуо суохтаах. Оҕо хаһан баҕарар чэпчэки суолу көрдүүр, көмпүүтэргэ эҥин оонньуу олоруон баҕарар. Мин даҕаны оҕо эрдэхпинэ, сороҕор дьарыкка барыахпын баҕарбат түгэннэрим бааллара. Ону күһэйэллэр буоллаҕа дии. Оҕону күһэйиэххэ наада. “Үөрэн, оскуолаҕа бар”, – диэн, холобур, күһэйэбит дии. Бастаан утаа күһэйиэххэ наада, кэлин күһэйиитэ суох дьарыктанар буолан барыа. Итиннэ төрөппүт кытаанах, булгуруйбат санаалаах буолуохтаах. Киһи бэйэлээх бэйэтин оҕотун аһынара, харыстыыра өйдөнөр, ол гынан баран ити боппуруоска уһуну-киэҥи саныыр наада.

– Леонид, кэпсээниҥ иһин улахан махтал! Ааҕааччыларбыт ааттарыттан саха тустууга оскуолата кыайыы-хотуу көтөллөөх ситимэ быстыбатыгар баҕарабын!

Кэпсэттэ Федор РАХЛЕЕВ.