Киир

Киир

АЛРОСА хампаанньа, Саха сирин бырабыыталыстыбата уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохторун ассоциациятын (АКМНС) икки ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэҥ уонна тэрилтэ үлэтин-хамнаһын туһунан сиһилии иһитиннэриини биһиэхэ ассоциация вице-бэрэсидьиэнэ, Арктиканы чинчийэр киин билимҥэ үлэһитэ Вячеслав Шадрин кэпсээтэ.

Күн бүгүн Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохторун ассоциацията – биир бөдөҥ уонна бэлиэ үлэлээх тэрилтэ. Ассоциация Хотугу омуктар кэмиэрчэскэйэ суох 300-тэн тахса тэрилтэлэрин интэриэһинэн салайтарар. Онно оройуоннааҕы салаа тэрилтэлэр, нэһилиэктэргэ олохтоммут, ассоциацияҕа быһаччы сыһыаннаах 38 түмсүү, 6 этническэй ассоциация уо.д.а. кинилэр интэриэстэрин туруулаһар тэрилтэлэр киирсэллэр.

– Вячеслав Иванович, эһиил ассоциация тэриллибитэ 35 сылын туолар, күн бүгүн туох кыһалҕалары бы­һаара сылдьаҕыт?

– Хомойуох иһин, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕа­лара, төрөөбүт тылы, төрүт култуура, омук быһыытынан уратыны (этническая идентичность) илдьэ сылдьыы, үйэтитии уонна миэстэтигэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы боппу­руоһа билигин да сытыытык турар. Ол гынан баран саҥа саҕалыырбыт саҕана уустук эбит буоллаҕына, тэрилтэбит түстэниэҕиттэн санааны, туруорсууну быдан ылынар, истэр буоллулар. Үксүгэр инники күөҥҥэ сылдьар, биһиги тумус туттар Андрей Васильевич Кривошапкин, Елена Христофоровна Голомарева курдук дьоммут үтүөлэринэн сити­һиллэр. Ассоциациябыт улахан аптарытыаттаах, Хоту сир омуктарын бары бэрэстэбиитэллэрэ билинэр тэрилтэлэрэ. Биһиги ол аналбытын балачча үрдүк таһымҥа толоробут дии саныыбыт. Араас уопсастыбаннай сэбиэттэргэ, ол иһигэр аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохтор боппуруостарыгар Ил Дархан иһинэн үлэлиир Сүбэтигэр уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт тылларын сайыннарыы сэбиэтигэр, баарбыт. Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай палаататыгар бэрэстэбиитэллэрдээхпит.

Тылы үйэтитиигэ үксүгэр ааҕыыны, үөрэҕириини кытта сибээстииллэр. Ол иһин кыахпыт тиийэринэн тиһиктээх боппуруостары быһаарарга дьулуһабыт, ол иһигэр араас кинигэни таһаартарыы, бэйэбит СМИ-лэрбитин кытта ыкса үлэлэһии киирэр. Биллэн турар, бүд­дьүөккэ көрүллэр үп кырыымчык, барытыгар тиийбэт. Холобур, ол үпкэ сылга 4–5 кинигэ тахсар. «Илкэн» уонна «Геван» кэрэспэдьиэннэрэ биир кыбаарталга 1–2-тэ эрэ улуустарга хомондьуруопкаланыахтарын сөп. Ол, биллэн турар, олус аҕыйах.

– Ол аата, бырайыактаргытын олоххо киллэрэр туһугар успуонсар булаҕыт, грант аныыр куонкурустарга кыттар буоллаххыт?

– Оннук, граннары аныыр Арктика уонна Тас сибээс министиэристибэлэрин куонкурустарыгар кыттабыт. Ол да аҕыйах: сылга куонкуруһу ааһан, бэркэлээтэр, 10-ча тэрилтэ граҥҥа тиксиэн сөп. Ол иһин Ил Дархан, бэрэсидьиэн граннарыгар, Бэрэсидьиэн култуураҕа көҕүлээһин пуондатын күрэхтэригэр эмиэ кыттабыт. Ити гынан баран манна куонкуруска кыайыахха наада, ол сороҕор ситиһиллэр, сороҕор кыаллыбат. Ол иһин бырамыысыланнай хампаанньаларга үгүстүк тахсар буоллубут. Холобур, бастакы оннук уопуппут төрөөбүт тыллар биидьийэ-уруоктарын элбэх ахсаанынан таһаарар бырайыагы үбүлээбит “Анаабыр алмаастара” хампаанньаны кытта сибээстээх.

Ити бастакы хараҥаччыбыт этэ. Билигин уһун кэмнээх бииргэ үлэни олохтуохпутун баҕарабыт. Ол көрдөһүүбүтүгэр АЛРОСА хампаанньа хардарбыта. Хампаанньа салалтата уонна ассоциация актыыба хаста да көрсүһэ, кэпсэтэ сылдьыбыта. Ол түмүгэр бу сөбүлэҥҥэ илии баттанна. Уопсайынан, АЛРОСА бөлөҕүн кытта урут да бииргэ үлэлэһэр этибит. Хампаанньа бу да иннинэ кинигэ таһаарыытыгар, Табаһыт күнэ, Сыа балык күнэ курдук бырааһынньыктары ыытарга көмөлөһөр үгэстээх.

– Сөбүлэҥ чэрчитинэн туох үлэ былааннанарый?

– Араас бырайыагы хабар хас да хайысханан үлэ барыаҕа. Бары анал индикатордаах, хонтуруолланар сыыппаралардаах буолаллар, оттон бырайыактар кэмиттэн кэмигэр уларыйыахтара.

«Хотугу мозаика» – төрүт омуктар остуоруйаларыгар, үһүйээннэригэр олоҕуран, төрөөбүт тылынан уонна нууччалыы саҥарар анимациялааах хас да киинэ сиэрийэтин бэлэмниир бырайыак. Ону таһынан аангылыйа, саха тылларыгар эмиэ тылбаастатар былааннаахпыт. Ол бэчээттэтэр кинигэлэрбитин үөрэх хаамыытыгар туһанарга эбэтэр сүрэхтэнии тэрээһиннэрин ыытарга наада.

«Дьүкээбил суһумун анныгар» бырайыак – литератордарбытын, суруйааччыларбытын, ол иһигэр эдэр ааптардары, өйүүр. Биһиги норуоттарбыт култуураларыгар ананар үчүгэй кинигэ, альбом суох. Устуоруйа, култуура – киэҥ нэлэмэн кырыс сир, ону маҕаһыыҥҥа да, бибилэтиэкэҕэ да булбаккын. Биһиги бу хайысханы биир кэскиллээх хайысханан ааҕабыт.

«Арктика медиата» – бу сыып­параҕа көһүүнү уонна биһиги СМИ-лэрбитигэр сыһыаннаах бырайыак. Бастакытынан, архыыппытыгар сыыппараҕа көһөрөрү ирдиир элбэх докумуоннаахпыт. Иккиһинэн, инникитин да иһитиннэрэр үлэ булгуччу наада. «Илкэн» таһаарыыбытын, ааптардарбытын уонна төрүт омук тылларыгар үлэлиир тылбаасчыттарбытын өйүөхтээхпит. Билигин хас нэдиэлэ аайы биэс тылынан 1–3 матырыйаал бэчээттэнэр. Контент улаатыыта ааҕыы кээмэйин, ол эбэтэр тылтан, тылы үйэтитииттэн, туттар иэнин кэҥэтииттэн, тылы сайыннарартан быһаччы тутулуктаах. Суруналыыстар хомондьуруопкаҕа элбэхтик сылдьан, кыһалҕаны, аҕыйах ахсааннаах омуктар олохторун-дьаһахтарын киэҥник сырдаталлара наада.

Бу хайысха чэрчитинэн смартфоҥҥа туттуллар араас сыһыарыыны бэлэмниир былааннаахпыт. Технология кыаҕын туһалаахха туттуохха. Холобур, төрөөбүт тылы оҕолорго үөрэтии туһугар уустуктаах. Кылааска холкутук үөрэтэр, саҥарар кыахтаах эбит буоллахтарына, тас эйгэҕэ таҕыстылар да, төрүт тыл суох буола түһэр. Ол иһин ускуустубаннай тыл эйгэтин тэрийэри өйүүбүн. Холобур, өйдөөх дьиэ. Билигин хамаанданы толорор эрэ. Оттон кэлэр өттүгэр ускуустубаннай өй көмөтүнэн кэпсэтээччигэ, сэһэргэһээччигэ кубулуйуон сөп. Эбэтэр бырагыраамалар уонна нейросеть онлайн-эрэсиимҥэ киинэни, ойуулуктары ханнык баҕарбыт тылгар тылбаастыыр буолуохтара. Бу – олус дьайыылаах ньыма, ону туһанан төрөөбүт тылы үөрэтэн, оҕо ирэ-хоро кэпсэтэр кыахтаныа этэ.

Ону таһынан аудиовизуальнай пуонданы сайыннарыыга интэриэһинэй бырайыак баар. Биһиги институппут дьүкээгир тылынан, күн бүгүн бу тылы билэр биэс эрэ киһи баар, аудио-пуонданы туруорсубута быданнаата. Саҥарар саҥа холобура буолар фонетическай устуу кэнэҕэһин көмпүүтэр саҥатыгар (озвучка) улаханнык көмөлөһүөн сөп. Бу – тыллар салгыы баар буолалларыгар, сайдалларыгар наада. Билигин төрөөбүт тыл дьиэ кэргэн иһигэр кэпсэтиигэ эрэ иһиллэр, ону да кэм-кэрдии аастаҕын аайы аҕыйыыр, тохтуур кутталлаах. Кытаанах балаһыанньа. Бары көмөлөөн, балаһыанньаны кыайа туппатыбыт да, тыл төрүт сүтүөн, симэлийиэн сөп.

– Бастатан туран, туох кыһалҕаны быһаарар наада дии саныыгыный?

– Биһиги кэскилбит тылы үйэтитиини уонна ыччаты кытта ыкса сибээстээх, онон бу хайысхаларга тэҥинэн үлэлэһиэхтээхпит. Ыччат кэлэр кэмҥэ эрэлин, хаһаайыстыбаннай да, үп-харчы да өттүнэн сүтэрэр. Оттон уонна тыа сиригэр олох чуҥкук, сынньанар, аралдьыйар сир суоҕун тэҥэ. 2015 сылтан үлэлиир ыччаппыт сэбиэтэ бу кыһалҕаны быһаарар туһугар үлэлэһэр. Кырдьык, кинилэр, сүрүннээн, Дьокуускайга үлэлииллэр, ол гынан баран төһө эрэ кэминэн син биир төрөөбүт-үөскээбит дойдуларыгар олоҕу көҕүлүүр сыаллаах төннөллөр. Онно тиийэн, манна олоххо киллэрбит, саҕалаабыт бырайыактарын тарҕаталлар.

Оҕолорго уонна ыччакка туһаайан ыытыллар үлэ сүҥкэн суолталаах. Биһиги төрүт тылбыт полиэтнизм сайдыбыт элбэх нэһилиэнньэлээх пууннарга кыайан күрэстэспэт. Дьэ, ол да иһин тылга сыһыаннаах көҕүлээһиннэрбит миэстэтигэр күүскэ үлэлиэхтээхтэр.

Ити гынан баран, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар ыччаттара төрөөбүт сирдэриттэн тэйиилэрин көрдөрүүтэ атын тыа сирдэригэр тэҥнээтэххэ, олус улахана суох диэн этэр сиэрдээх. Кинилэр 2/3-рэ, төрөөбүт түөлбэлэригэр хаалан, үгэс оҥостубут хаһаайыстыбаларын үлэтинэн утумнаахтык дьарыктаналлар.

– Сөбүлэҥ чэрчитинэн «Кындыкан» бырайыактарын олоххо киллэрии киирэ сылдьар, ханнык хайыс­хаҕа туһаайыллыбыттарый?

– Ити – Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар култуураларын, үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын үйэтитиигэ уонна киэҥник тарҕатыыга сонун, креативнай уонна үгэс буолбут ньымалары туһанан үлэлэһии. «Кындыкан» – ыччакка ананар бырайыак. Биһигини сүҥкэн соруктары туруоран үлэлииргэ үөрэттэ. Хамаанда пиарга олус үчүгэй уопуттаах. Биһиги тэрээ­һиннэри эбэтэр бырайыактары олоххо киллэрэбит эрээри, ол туһунан интэ­риэһинэй, дьону умсугутар гына кэпсээбэппит. Сөпкө дьаһана, бэйэни билиһиннэрэ үөрэниэхпитин наада. Дьиҥинэн, биһиги бүтүн аан дойдуга сүрэхтиир, билиһиннэрэр таһымнаах бырайыактардаах этибит эбээт. Холобур, ойуур дьүкээгирдэрин тылынан кэпсэтэр, оҕолорго анаммыт, оҕолор саҥарар мобильнай кэпсэтинньиктээхпит (разговорниктаахпыт). Ону тэҥэ, чахчыта да, аан дойду таһымыгар эппиэттэһэр, 15 туомнаах саха тылын быһаарыылаах тылдьыта баар. Бу үлэ аан дойду төрүт олохтоох омуктарын Норуоттар икки ардыларынааҕы уон сылыгар тыын суолталаах ситиһиитэ буолуон сөбө. Биир бэйэм ити тылдьыты ХНТ-га били­һиннэриэххэ наада дии саныыбын.

Оттон уонна саамай сүрүнэ, «Кындыкан» бырайыак көмөтүнэн, аҕыйах ахсааннаах омуктар ВЭФ уонна ПМЭФ курдук улахан пуорумнарга анаан-минээн ыҥырыллар буоллулар. Биһиги норуоттарбыт ити тэрээһиннэр бэбиэскэлэригэр биһиэхэ эмиэ сыһыаннаах боппуруостар көтөҕүллэллэрин бэлиэтии көрдүлэр. Бу манна туох хайа иннинэ АЛРОСА хампаанньа баар уонна «Кындыкан» бырайыагы өйөөбүтэ төһүү көмө буолла дии саныыбын.

Андрей ШИЛОВ кэпсэтиитин ЛОҺУУРА тылбаастаата.