Киир

Киир

2021 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев анал ыйааҕынан талааннаах оҕолору таба тайанан, кинилэр кыахтарын өйүүр бырайыак саҕаламмыта. Ол быһыытынан оройуоннарынан сылдьан талааннары көрдүүр уонна миэстэтигэр тустаах үлэни ыытар үөрэх эспэдииссийэлэрэ баар буолбуттара. Оттон бу дьоһуннаах бырайыак АЛРОСА өйөбүл үбү көрөн, олоххо киирэр кыахтаммыта.

Бу дьыл алтынньы 9-11 күннэригэр СӨ Талааннаах оҕолору булар уонна өйүүр эрэгийиэннээҕи киин дэлэгээссийэтэ Нам улууһугар баар үөрэх тэрилтэлэригэр сылдьан киирдэ. Ол иһигэр түөрт  нэһилиэк уонна улуус киинин оскуолаларын хаптылар. Көһө сылдьан үлэлиир үөрэх эспэдииссийэтэ өрөспүүбүлүкэ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата төрүттэммит 30 сылыгар сыһыаран үлэлээтэ.

Пуонда генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров эппитинэн, үөрэх эспэдииссийэтин хамаандата араас хайысхалаах  маастар-кылаастары, сэминээрдэри, олимпиадалары, лиэксийэлэрэ ыыппыт. «Успуорт», «Билим», «Ускуустуба» уонна «Креативнай индустриялар» диэн хайысхаларга оҕолор ортолоругар ыйытык ыыппыттар. Ону таһынан тиийбит исписэлиистэр учууталлары, педагогтары, ыччаты уонна олохтоох нэһилиэнньэни кытта социальнай бырайыак тиэмэтигэр үлэлэспиттэр. Холобур, чопчу учууталларга анаан, «Оскуола үөрэнээччилэрэ бырайыактыыр үлэҕэ-хамнаска: түмүктэр, кыһалҕалар уонна кэлэр кэскил» диэн сэминээр тэриллибит.

Егоров

«Биһиги 1000-тан тахса үөрэнээччини кытта көрүстүбүт, кинилэр ортолоругар талааннаах, айылҕаттан бэриллибит кыахтаах оҕолор бааллар. Кинилэр биһиги сүрүн үөрэхпит кыһаларыгар ыҥырыылары бэлиэр тутан бараллар. Оскуола педагогтара  оҕо  сайдарыгар-үүнэригэр көмөлөөх усулуобуйаны тэрийиигэ араас креативнай идиэйэлээхтэр. Кинилэрдиин ханнык бырайыактар дьиҥ олоххо киириэхтэрин, туһалыахтарын сөбүн туһунан дьүүллэстибит», – диир Владимир Егоров.

Бырайыак 14 тыһыынчаттан тахса оҕону хапта

Өркөн өйдөөх,  айар-тутар кыахтаах кэскили оҥостуу араас эйгэҕэ тыыппалаах, талааннаах оҕолору ыччаты сөпкө уонна кэмигэр таба тайанан, кинилэргэ тустаах көмөнү, өйөбүлү оҥорбот түгэҥҥэ хайдах да кыаллыбат.  Дьэ, ол да иһин СӨ Талааннаах оҕолору көрдөөн булар уонна өйүүр эрэгийиэннээҕи киин СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата АЛРОСА үбүлээһиниттэн үп көрөн, көһө сылдьан үлэлиир үөрэх эспэдииссийэлэрин тэрийэр буолбута. 

industria

«Биһиги 2021 сылтан Саха сирин бүттүүнүн үрдүнэн хас да хайысханан эдэр талааннары көрдүүбүт.  Хас сыл аайы сэттэлии улууска сылдьабыт. Үөрэх эспэдииссийэтин кэмигэр Киин 50-тан тахса эспиэрэ  – онно тириэньэрдэр, преподавателлэр уонна уйулҕа үөрэхтээхтэрэ киирэллэр – оҕолору сиһилии үөрэтэн, кинилэр туохха ордук интэриэстээхтэрин, эт-хаан өттүнэн кыахтарын, уйулҕа уонна дуохуобунас өттүнэн туруктарын быһаараллар. Ол эрээри биһиги талааннаахтары талан ылыынан эрэ  тохтообоппут, оҕолор салгыы сайдар суолларыгар киллэрэн, ыйан-кэрдэн биэрэбит. Онуоха биһиги өрөспүүбүлүкэ букатын кырыы, чиэски сытар сирдэрин эмиэ хабарга дьулуһабыт.

Хас биирдии оҕо бу бырайыакка кыттан, талаанын, ис кыаҕын арыйар, Арассыыйа бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэр уонна талан ылбыт эйгэтигэр кэнэҕэһин үчүгэй исписэлиис буолан тахсар кыахтаах дии саныыбын», – диэн Билим дьоҕус акадьыамыйатын ректора, СӨ Талааннаах оҕолору булар уонна өйүүр эрэгийиэн-нээҕи киин салайааччыта Василий Павлов анаан бэлиэтиир.

Василий Павлов

Бүгүҥҥү туругунан үөрэх эспэдииссийэлэрэ 15 улууска сылдьыбыттар – Саха сирин киин өттүгэр, Бүлүү улуустарыгар уонна хоту зонаҕа. 2021 сылтан саҕалаан бу дьоһуннаах бырайыакка уопсайа 14 тыһ. тахса оҕону хаппыттар. Бу сыл бүтүөр диэри үөрэх эспэдииссийэлэрэ Мииринэй уонна Нерюнгри оройуоннарыгар барар былааннаахтар.

Билим араас эйгэтигэр кыахтаахтарын, тыыппалаахтарын көрдөрбүт оҕолоро матымаатыка, биология, химия, физика олимпиадаларыгар кытталлар. Араас бырайыак мастарыскыайдарыгар, идэни таларга көмөлөөх тэрээһиннэргэ сылдьаллар. Эрдэ суруйан аһарбыппыт курдук, сыл устата өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан эрэ буолбакка, дойду атын эрэгийиэннэриттэн тиийэ талааннаах оҕолор симиэнэнэн кэлэн, креативнай индустрияҕа үөрэнэллэр.

Чиэски сытар, кыра да бөһүөлэккэ талааннаах элбэх

Киин эспиэрдэрэ быһач-чы оҕо аймаҕы кытта үлэлииллэрин таһынан ураты, бэлиэ болҕомтону антах миэстэтигэр үлэлиир педагогтарга уонна тириэньэрдэргэ уураллар. Кинилэргэ анаан, маастар-кылаастары, кылааһы үрдэтии куурустарын тэрийэллэр. Бу – үөрэх эспэдииссийэтин биир суолталаах уонна арахсыспат өлүүскэтэ. Тоҕо диэтэххэ, педагог, туох-ханнык иннинэ оҕо кыаҕын, талаанын эрдэттэн билэн, ону салгыы сайыннарар сыаллаах-соруктаах үлэлиир.

«Биһиги хотугу улуустарбытыгар талааннаах, эт-хаан өттүнэн кыахтаах, айылҕаттан бэриллибит күүстээх оҕо элбэҕин билэбит. Кинилэр үксүгэр Саха сирин Арктикатыгар, киһи баҕарда да кыайан тиийбэт сирдэригэр олороллор. Онон, төһө да олус баҕарбыттарын, ис кыахтаахтарын, талааннаахтарын да иһин, араас куонкуруска, күрэхтэһиигэ кыттар эбэтэр анал үөрэх кыһалаларыгар үөрэххэ киирэр кыахтара суоҕун тэҥэ»,  – диэн Киин дириэктэрин солбуйааччы, СӨ муниципальнай тэриллиилэригэр үлэлиир көһө сылдьар үөрэх эспэдииссийэтин салайааччыта Аграфена Колесова бэлиэтээн эттэ.

Аграфена Колесова

Кини көһө сылдьар үөрэх эспэдииссийэтин таһынан Билим дьоҕус акадьыамыйатын төрүтүгэр уонна Киин былаһааккаларыгар хайысхаларынан арааран, симиэнэлэр тэриллэлэрин кэпсээтэ. Оҕолору кытта онно өрөспүүбүлүкэ сүрүннүүр, бастыҥ педагогтара, тириэньэрдэрэ дьарыктаналлар. Ону тэҥэ дойду атын эрэгийиэннэриттэн ыҥырыллан кэлбит эспиэрдэр араас элблэх хайысхаҕа оҕолору кытта ылсан үлэлэһэллэр.

«Бырайыак үтүө түмүктээх буолуоҕа диэн, бигэтик этэр кыахтаахпыт. Холобур, 2021-2022 сыллар түмүктэринэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи успуорт эрэсиэрбэтин бэлэмниир киин интэринээтэ 40-тан тахса оҕону сүүмээрдээн ылбыта. Успуорт оскуолатын бүтэрбит 20 үөрэнээччи ситиһиилээхтик туттарсан, Чурапчытааҕы физкультура уонна успуорт судаарыстыбаннай институтугар үөрэнэ сылдьаллар. 100 тириэньэр уонна преподаватель кылаастарын үрдэтэр кууруска дьарыктаннылар. Муусука үрдүкү оскуолатыгар 300-тэн тахса оҕо киирдэ. Кинилэртэн алта оҕо улахан ааттаах-суоллаах үөрэх кыһатыгар киирэри ситистэ. Оттон Балет оскуолатын исписэлиистэрэ 6-тыттан 12 сааһыгар диэри тыһыынчаҕа тиийэ оҕону көрдүлэр-иһиттилэр. Ол оҕолортон 11 оҕо талыллан, кинилэргэ үөрэнэ киирдэ.

otbor 1

Биһиги бүгүн тутуспут хайысхабыт саҕаланыытыгар сылдьабыт, сотору кэминэн ыытыллыбыт үлэ үтүө түмүктэрэ көстүбүтүнэн барыахтара. Биһиги бэйэбит талба талааннаах мусукааннардаах, балериналардаах, үҥкүүһүттэрдээх, эдэр, таһымнаах учуонайдардаах, биллиилээх спортсменнардаах буолуохпут. Ол барыта Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын уонна АЛРОСА хампаанньа көмөтүнэн ситиһиллэр. Алмаас хампаанньата көннөрү үбүлээччи эрэ буолбатах, маннык бырайыактар дьиҥ олоххо киирэр, көдьүүстээх буолалларыгар толору кыаҕы биэрэр», – диир  Аграфена Колесова.

Кэм тургутуутун ааста

Бырайыак үлэлээбит кэмин устата бииргэ үлэлэспит эспиэрдэр бары биир киһи курдук, талааннары бу курдук көрдөөһүн олус көдьүүстээҕин кэм-кэрдии бэйэтэ да көрдөрбүтүн бэлиэтииллэр. Оттон Талааннаах оҕолору көрдүүр уонна кинилэргэ көмөлөһөр киин араас суол тэрилтэлэри бэйэтигэр түмэн, талааннаах оҕолору талар уонна кинилэри кытта сөпкө үлэлиир тиһиги тэрийдэ. Олох көрдөрбүтүнэн, чиэски сытар кыра-улахан бөһүөлэктэргэ, чахчыта да, ис-иһиттэн талааннаах, ол кыахтарын дьиҥ олоххо көрдөрөр кыахтаах соморуодак оҕолору холкутук булуохха сөп. Чуолаан кинилэр, ханнык усулуобуйаҕа бастаан улааппыттарыттан, эрчиллибиттэриттэн тутулуга суох  чаҕылхай ситиһиилэнэллэр.

78953f4b 35c4 4874 989a 5efc2864dcff

Хас биирдии оҕо хайаан да туохха эмэ дьоҕурдаах, талааннаах буолар, сүрүнэ – ону кэмигэр таба тайаныахха, өйүөххэ наада. Алмаас хампаанньатын уонна бу тэрилтэ уопуттаах исписэлиистэрин көмөтүнэн Саха сирин араас муннугар олорор оҕолор ис кыахтарын успуорт, айар-тутар үлэ уонна билим көмөтүнэн арыйар, туһанар кыахтаналлар. Оттон биһиги саҥаттан саҥа чаҕылхай сулустар, биллиилээх спортсменнар, култуура диэйэтэллэрэ, артыыстар, учуонайдар үүнэн-сайдан тахсалларын эрэнэ күүтэбит.

Андрей ШИЛОВ
суруйуутуттан
ЛОҺУУРА тылбааһа.