Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас көстүүлээх, ис хоһоонноох уопсастыбаннай сирдэри тутуу тэтимнээхтик барар. Улуустарга, нэһилиэктэргэ тутууга сөптөөх сир дэбигис көстөр буоллаҕына, олорор дьиэлэринэн, атыы-эргиэн кииннэринэн, гараастарынан туолбут Дьокуускайга бу – улахан кыһалҕа.
Хата, кэмниэ-кэнэҕэс, университет аттыгар «Үүнэр көлүөнэ паарката» диэн уопсастыбаннай сири тутуу саҕаланан эрэр эбит. Дьон оҕо-ыччат бары өттүнэн сайдар, ону сэргэ сынньанар, дьаарбайар сирдэнэриттэн үөрдэ эрээри, манна биэс миэтэрэлээх «Дали Кумаара» диэн арт-эбийиэк сүрүн көстүү, символ быһыытынан туруохтааҕын билэн, дьон үксэ улаханнык соһуйда уонна хомойдо. Уопсастыбаннас: «Баай устуоруйалаах, ураты култууралаах, кэрэ айылҕалаах Сахабыт сиригэр бу үөнтэн ордук уобарас ама суох дуо?!» – диэн улахан толкуйга түстэ.
Онон, алтынньы 6 күнүгэр, “кумаары утарааччылар” көҕүлээһиннэринэн, «Кыым» хаһыат өйөбүлүнэн, саҥа тутуллуохтаах Үүнэр көлүөнэ пааркатын, таарыйа, куорат архитектуратын билиҥҥи туругун, кэлэр кэскилин тула төгүрүк остуол буолан ааста. Тэрээһини социология билимин дуоктара, АГИКИ бэрэпиэссэрэ, уопсастыбаннай диэйэтэл Ульяна Винокурова уонна «Ил Түмэн» бэчээт кыһатын генеральнай дириэктэрэ, сүрүн эрэдээктэрэ Мария Христофорова салайан ыыттылар. Тэрийээччилэр, бастатан туран, ыҥырыынан кэлбит салайааччыларга уонна кыттааччыларга төгүрүк остуол туох соруктаах ыытылларын быһаардылар.
Мария ХРИСТОФОРОВА:
– Бу кэпсэтии киин куораппыт тас көстүүтүн туһугар эрэ буолбакка, Сахабыт сирин бүттүүнүн туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар ааҕааччыларбыт уонна бас-көс уопсастыбанньыктарбыт этиилэринэн тэрилиннэ. Бары билэргит курдук, Ил Дархаммыт Айсен Николаев былырыын Сахабыт сиригэр «Саамай креативнай эрэгийиэн» диэн ааты ылан кэлбитэ. Онон, атын эрэгийиэннэртэн ураты суолунан сайдан иһэрбитин өссө лаппыйан, бу ааппытын сүтэрбэт туһугар үлэлиибит-хамсыыбыт, айабыт-тутабыт. Бүгүн биһиги араас санааны истиэхпит. Биллэн турар, аныгы архитектура саҥа сонун эбийиэктэрэ – тутуллуохтаахтар. Онно “омукпут, култуурабыт, төрүт үгэспит уратылара хайдах киириэхтээхтэрий?” диэн ыйытыы долгутар.
Бу Үүнэр көлүөнэ паарката тутуллар сиригэр көҥүлү ылыы хайдах ааспытын бары өйдүүргүт буолуо... “Манна былыр бэтэринээр ыстаансыйата турбут үһү, “сибирскэй язвалаах” сүөһүлэри көмпүттэр үһү” эҥин диэн улахан сүпсүлгэн тахса сылдьыбыттааҕа. Оттон тутуллар эбийиэккэ уопсастыбаннай истиилэр буолбуттарын тоҕо эрэ ким да билбэт, өйдөөбөт. Мантан сиэттэрэн, “ол истиилэргэ «бэйэ дьоно» эрэ кыттыбыт буолуохтарын сөп” диэн уорбалыыр санаа-оноо үөскүүр. Ол түмүгэр, дьон билбэтинэн туһанан, биһиэхэ туох сыһыаннааҕа биллибэт «Дали Кумаара» диэн сүүнэ арт-эбийиэк манна олоххо киирэн эрэр. Онон бүгүн манна кэлэн олорор салайааччыларга киин куорат архитектуратыгар, чуолаан Үүнэр көлүөнэ пааркатыгар, сыһыаннаах санаабытын аһаҕастык этиэх тустаахпыт.
Ульяна ВИНОКУРОВА:
– Дьокуускайга «Үүнэр көлүөнэ паарката» диэн тутуу барыла баарын мин 2019 с. аан бастаан Казань куоракка "Парки и города – развитие в интересах экологической устойчивости и здоровья горожан" диэн кэҥгириэскэ сылдьан истибитим. Онно архитектор Ирина Алексеева салайааччылаах Саха сирин дэлэгээссийэтэ ити паарка бырайыагын көрдөрбүтэ. Арай, ол паарка саамай түмэр, киин уобараһынан кумаар бырайыактаммытын көрөн наһаа хомойбутум. Атыттар киэннэрэ сүрдээх үчүгэй ис хоһоонноох, иитэр-үөрэтэр суолталаах этилэр. Оттон биһиэнэ тоҕо эрэ «Кумаардаах» буолбут этэ... Ол иһин сүрүн архитектортан: «Тоҕо кумаары киллэрдигит?» – диэн ыйыппыппар, “барыта бигэргэнэн бүтэн турар, онон син биир итинник тутуллар!» диэн мас-таас курдук хоруйдаабыта.
Оччолорго сөбүлээбэтэх санаабын син онно-манна суруйа сатаабытым да – үөтэлээбэтэҕэ. Онтон икки сыллаах хамсык кэмигэр ол барыта умнулла быһыытыйбыта. Хата, быйыл итиннэ туох эрэ хамсааһын тахсан, болҕомто күүһүрэн, бу арт-эбийиэк утары дьон өрө туран кэллилэр.
Ааптар быраабын таһынан, нэһилиэнньэ быһаарар бырааба диэн баар. Саха сирин киин куоратын килбэйэр киинигэр тутуллар култуура эбийиэктэрин олохтоохтор бэйэлэрэ талыахтаахтар, кинилэргэ ким эрэ ону-маны өйүттэн толкуйдаан булан аҕалан баран курдары кэпсэтэн, күүһүнэн соҥноон ону-маны тутан биэрэрэ табыллыбат. Онон, “бу паарка чахчы үүнэр көлүөнэ сайдар сирэ буоларын туһугар, биир санааҕа кэлиэҕиҥ” диэн ыҥырабын.
«Үүнэр көлүөнэ паарката» бырайыак ааптардара кимнээҕий?
Салгыы тэрийээччилэр бырайыагы олоххо киллэрэ сылдьар салайааччыларга ыйытыылары биэрдилэр. Үүнэр көлүөнэ пуондатын генеральнай дириэктэрин тутуу өттүгэр солбуйааччыта Михаил КЕРЕМЯСОВ бу бырайыак хайдах үөскээбитин, ис хоһоонун кимнээх толкуйдаабыттарын кэпсээтэ:
– 2018 с. «Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата» тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтээбиппит. Ол чэрчитинэн араас тэрээһиннэр буолбуттара. Онно пуондабыгар анаан Дьокуускай куоракка искибиэр сирэ көрдөөбүппүт. Биһигини кытта тэҥҥэ Ыччат бырабыыталыстыбата кураанах турар 79-с кыбартаалга паарка тутарга этиини киллэрбит этэ.
Оччотооҕу Ил Дархан Егор Борисов бу икки этии биир тосхоллоохторун өйдөөн, холбуу тутан, ити сири Үүнэр көлүөнэ пааркатыгар анаабыта. Биһиги 2,5 га иэннээх сири биэрбиттэриттэн улаханнык соһуйбуппут уонна үөрбүппүт. Онон, ыырбыт кэҥээн, Архитектура уонна куораты тутуу управлениетын оччотооҕу салайааччыта Ирина Алексееваны кытта тас дойдуттан кыттыылаах Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус биллэрэргэ быһаарыммыппыт. Тэрийээччинэн оннук куонкурустарга идэтийбит Москуба тэрилтэтин үлэлэппиппит. Икки түһүмэх түмүгүнэн, 80-тан тахса кыттааччыттан 5 финалиһы талбыппыт. Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ бу олоххо киирэн эрэр бырайыагы талбыта. Сүбэҕэ Арассыыйа таһымнаах эспиэрдэр, архитектордар, өрөспүүбүлүкэ, киин куорат салалтата, уопсастыбаннас, АГИКИ дизайҥҥа кафедратын сэбиэдиссэйэ Анна Петрова бааллара.
Куонкурус биир ирдэбилинэн олохтоох архитектордары кытыннарыы этэ. Кыайыылааҕынан «Атриум» фирма (Москуба к.) уонна оччолорго «Восток+» диэн ааттаах, кэнники «База14» диэн ааттаммыт олохтоох тэрилтэ холбоһуга тахсыбыттара. Кинилэр бырайыактара алаас айылҕатын дьүһүйэр уратылааҕынан бастаабыта. Бу бырайыак норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ кыттан, «Оскарга» тэҥнээх архитектура үрдүк бириэмийэтин ылбыта.
Оттон чопчу «Кумаар» туһунан этэр буоллахха, бу арт-эбийиэктэн сылтаан аймалҕан тахсыбытыттан олус соһуйдубут. Тус бэйэм манна туох да куһаҕан баарын көрбөппүн. Бу пааматынньык буолбатах, баара-суоҕа – арт-эбийиэк. Холобура, сынньалаҥ пааркатыгар турар дракон курдук. Күрэһи тэрийээччилэр манна хаста да кэлэ сылдьыбыттара, уопсастыбаннай истиилэри тэрийбиттэрэ. Ол саҕана «Кумаар» туһунан туох да кэпсэтии суох этэ.
Архитектура уонна куораты тутуу управлениетын саҥа салайааччыта Любовь ПАПОК бырайыак туһунан тугу билэрин уонна тус санаатын эттэ:
– Сахабыт сирэ “саамай креативнай өрөспүүбүлүкэ” аатын мээнэҕэ сүкпэт. Манна ураты култуурабыт, кэрэ айылҕабыт төһүү буоллахтара. Саҥа киһи буоларым быһыытынан, арт-эбийиэк үөскээбит устуоруйатын сэгэтэн көрдүм. Ааптардар систиэмэни, ирдэбили үчүгэйдик билэр дьон, профессионаллар эбиттэр. Олортон биирдэстэрэ соторутааҕыта Грознай куорат маастар-былаанын оҥорон, күрэскэ кыайыылаах таҕыста. Оттон дьүүллүүр сүбэ туһунан эттэххэ, манна архитектордар уопсастыбаларын чулуу бэрэстэбиитэллэрэ үлэлээбиттэр. Биэс кыттыбыт бырайыактан бастыҥын талбыттар. «Үүнэр көлүөнэ паарката» бырайыак Саха сирин айылҕатын аныгы технологияны туһанан уратытык көрдөрөр ньыматынан кыайбыт. Манна архитектура көмөтүнэн хаар төбөлөөх хайаларбытын, төгүрүк алаастарбытын, көлүччэлэрбитин көрдөрөргө кыһаллыбыттар.
Мин санаабар, бу паарка култуураны кытта ситимнээх каноннары тутуһуннарар сир буолбатах. Оттон арт-эбийиэк диэн пааматынньык буолбатах, архитектор толкуйун түмүгэ. Бүгүн ааптары бэйэтин ыҥырбыккыт буоллар, кумаар суолтатын быһааран биэриэх этэ. Онон, “креативнай өрөспүүбүлүкэ статуһун харыстаан, бу арт-эбийиэги оннугар хаалларарбыт ордук буолуо” диэн этиилээхпин.
Саҥа тутуллан эрэр Үүнэр көлүөнэ пааркатын кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэтигэр (2021 с. тэриллибит) хайыы үйэ үлэлии сылдьар Алексей СТЕПАНОВ тутууга сыһыаннара суоҕун, паарка үлэтин ис хоһоонун эрэ сүрүннүүллэрин, манна 5 тыһ. кв. м иэннээх биир үөрэтэр-аралдьытар эйгэ баар буолуохтааҕын быһаарда.
СӨ Архитектордарын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн саҥардыы талыллыбыт Семен НИКИФОРОВ паарка бырайыагын дьүүллэһэр уопсастыбаннай истиилэр 2019 с. буолан ааспыттарын эттэ, таарыйа “тоҕо онно кэлэн санааҕытын эппэтэххитий?” диэн хомуруйда. Кини эбийиэги ааптар сөбүлэҥэ суох уларытар табыллыбатын бэлиэтээтэ.
Кумаар туох куһаҕаннааҕый, тоҕо утарабытый?
“Кумаары” туруулаһар салайааччылар быһаарыыларын кэнниттэн саха төрүт үгэһин, култууратын үөрэтээччилэр, уопсастыбанньыктар, архитектордар тыл эттилэр. Кинилэр бары кэриэтэ «Кумаар» арт-эбийиэк олохтоох омукка туох да үчүгэйи түстээбэтин, ону ааһан түктэри өйдөбүллээҕин, туох да иитэр-үөрэтэр суолтата суоҕун, оҕоҕо уонна ыччакка мөкү эрэ дьайыылаах буолуоҕун ыйдылар.
Анатолий Павлов-ДАБЫЛ, саха итэҕэлин түсчүтэ, педагог, суруналыыс:
– Үүнэр көлүөнэбитигэр дойдубут олоххо тардыһыытын көрдөрөр өйү-санааны хаалларан барыахтаахпыт. Оттон олоҥхоҕо этиллэринэн, абааһы кыыһа Айыы бухатыырын хаанын супту обороору гыннаҕына, бырдахха кубулуйар.
Дьиҥэ, сахалар санаабыт наһаа күүстээх. Хотугу уонна Соҕурууҥҥу Ытык хайалардаахпыт. Ол өйдөбүллэри Алампа Соппуруонап саамай былдьаһыктаах кэмнэргэ поэма гынан суруйан хаалларбыта. Ити өйү-санааны өр сыл бобон сытыарбыттара. Саха салгын кута Соҕурууҥҥу Ытык хайаҕа Тииккэ иитиллэр. Ийэ кута Хотугу Ытык хайаҕа иитиллэр. Буор кута – Аал Луук Маска баар. Онтубут киирсэн-киирсэн атаҕар турда. Тэрис “Аал Луук Маһы болуоссакка туруоруохха” диэн сууттаммыта. Билигин Сахабыт сиригэр барытыгар Аал Луук Маспыт турда. Илин өттүбүт “Айыы суола” диэн ааттанар, онно сэргэ туруорабыт. Ити курдук кэпсии турдахха, сахаҕа ытык бэлиэ элбэх.
Биһиги олоҕу Хоту сиргэ хайдах тулуйарбыт кистэлэҥнэрэ бааллар. Ол миэстэлээх, ол бэлиэлээх, ол өйдөбүллээх, ол сэһэннээх. Оҕолорбутугар ол муудараһы хааллардахпытына эрэ Сахабыт сирэ чэлгийиэҕэ, тупсуоҕа. Дойдубут арҕаа өттүгэр өбүгэлэрбит күлүктэрэ сыталлар, сэттэ ытык сир баар, сэттэ ытык уот умайар. Сир-дойду ытык өйдөбүллэрин билбэккэ туран, ону-маны тутар сатаммат.
Саха сирэ Айыы дайар туоната буолуохтаах. Семен Данилов 1976 с. Москубаҕа олорон Туймаадаҕа Айыы сыдьаайа түһэрин түһээбитин кэпсээн турар. Билигин биһиэхэ “Айыы Кыһата” диэн үөрэтэр кыһалаахпыт. Онно көмөлөһө сатааччы дьон элбэх. “Саҥа тутуллар пааркабытын эмиэ “Айыы Кыһатын” курдук үчүгэйдик толкуйдаан оҥоруоҕуҥ”, – диэн бука барыгытын ыҥырабын. Араас бытархай интэриэс хаһан баҕарар баар. Ол эрээри дьон, норуот туһун толкуйдуох кэриҥнээхпит.
Макар ЯКОВЛЕВ, РФ үтүөлээх юриһа, ХИФУ бэрэпиэссэрэ:
–Дьокуускайга искибиэр тутарга сөптөөх сир хаалбатах. Куораппыт бүтүннүү пааматынньык буолан хаалбыт. Онон, өрөспүүбүлүкэҕэ пааматынньыктары туруорууну быһаарар, сааһылыыр сокуон ылынар уолдьаста. Ол тэҥэ, сиэри таһынан элбэхтик туттуллар «Улуу» диэн тылы эмиэ аҕыйатыа этибит. Пааматынньык улууларга эрэ туруохтаах. Оттон бу Үүнэр көлүөнэ пааркатын туһунан этэр буоллахха, мин генеральнай бэдэрээччит Полушкины кытта кэпсэтэ сылдьыбытым. Кини олус үчүгэй тутааччы. «Эбийиэк эспэртиисэтин түмүгэ билиҥҥэ диэри суох, докумуона ситэ илик, онон харгыстары көрүстүбүт» диэбитэ. Ол эбэтэр бырайыакка кыра уларытыылары киллэрэргэ өссө да хойут буолбатах дии саныыбын. Биһиги «Кумаар» арт-эбийиэги тутарга сөбүлэспэппит. Бу тутуу олохтоох дьон өйүгэр-санаатыгар хайдах даҕаны сөп түбэспэт.
Валерий ЛУКОВЦЕВ, «Айар» национальнай кыһа дириэктэри солбуйааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэл:
– Сайын Кыргыстааҥҥа сылдьыбытым. Омуктарын уратытын көрдөрөр, үөрэтэр хайдахтаах курдук үчүгэй пааркалаахтарый, национальнай дьоруойдарын хайдах курдук кыһаллан оҥорбуттарый... Оттон биһиэхэ ол тоҕо кыаллыбатый?
Бу Үүнэр көлүөнэ пааркатыгар туруохтаах «Кумаар» уобараһын киллэрэн ыччаппытыгар тугу этэ, туохха үөрэтэ-уһуйа сатыылларый? «Киһи диэн быыкаа, тугу да быһаарбат харамай» диэн дуо? Аны туран, Хоту сиргэ бырдах табаны, хайа баҕарар кыылы өлөрөр күүстээх. Уопсайынан, бу хаан утахтаах «вампир” буоллаҕа. Биһиэхэ, ама, итинтэн ордук, үрдүк, сырдык уобарас суох үһү дуо? Баар бөҕө буоллаҕа.
Улахан тутууларга сыыһаны-халтыны таһаарар сатаммат. Холобур, Кыайыы болуоссатыгар таҥнары анньыллан турар мастары аныаха диэри көннөрө иликтэр. “Кырыыс бэлиэтэ” диэн этиллибитэ ырааппытын үрдүнэн. «Символы правят миром» диэн бэргэн этии баар.
Бу сүүнэ кумаар уобараһа оҕолорбутугар туох үчүгэй өйү-санааны үөскэтиэй? Мифологияны ылан көрдөххө, үөн-көйүүр үксүгэр аллараа дойду атрибута буолар. Аныгы «ужас» киинэтигэр эмиэ биир оннук. Онон хайаан да бу арт-эбийиэги туораттахпытына табыллар.
Афанасий РОМАНОВ, РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай худуоһунньуга, скульптор:
– Маннык арт-эбийиэк тутуллуохтааҕын бэҕэһээ эрэ биллим. Мин санаабар, бу сыыһа дьаһаныы. Дабыл ону олус сөпкө быһаарда. Харахпар ойуулаан көрдөхпүнэ, кумаар хайдах да бу пааркаҕа сөп түбэспэт. Аһара улахан уонна сүрүнэ – кута-сүрэ суох. Кыра кээмэйдээҕэ буоллар, баҕар, ханна эмэ, атын сиргэ туруон сөбө буолуо. Уопсайынан, ис хоһооно, сыала-соруга өйдөммөт.
Галина Попова-САНААЙА, педагогика билимин хандьыдаата, ХИФУ культурологияҕа кафедратын профессора:
– Мин эмиэ маннык эбийиэк тураары сылдьарын субу саҥардыы иһиттим. Киэҥник биллэрбиттэрэ буоллар, университекка үлэлиир киһи син истиэхпин сөп этэ... Чэ, быһата, «Кумаар» миигин олус соһутта. Ким итини толкуйдаабытын өйүм хоппот. Култуура, ускуустуба эйгэтигэр туох буола турарын өйдүү сатаатым. Манна, арааһа, хайа баҕарар ньыманан соһутан, өмүрдэн болҕомтону тардыы инники күөҥҥэ турбут быһыылаах. Уонна уруккуну хоһуйуу, саҥаны айыы буолбакка, атыны үтүктүү ордук баһыйар курдук...
Култуура кода, киирдэ да, үлэлээбитинэн барар. Онон, бэйэ киэнин билии хайаан да ирдэнэр. Аныгы дьон ити кумаары баҕар остуоруйа персонаһын курдук көрүөхтэрэ. Оннугун да иһин, ити биһиэнэ буолбатах. Сахабыт сиригэр бырдаҕы кытта туох да үчүгэй өйдөбүл дьүөрэлэспэт. Оттон Үүнэр көлүөнэбит пааркатыгар ыччаты үрдүккэ-сырдыкка ыҥырар, инникигэ эрэли саҕар символ туруохтаах буоллаҕа.
Андрей САВВИНОВ, философия билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ:
– Бэйэм ХИФУ-га үлэлиирим быһыытынан, устудьуоннар санааларын истэ сатыыбын. Онон 80 кэриҥэ устудьуоҥҥа ити арт-эбийиэк туһунан ыйытык оҥордум. Онно кинилэр биир киһи курдук утаралларын биллэрдилэр. Устудьуоннар «Кумаар турда да этическэй идеал буолуо, ол биһиэхэ наадата суох» дииллэр. Тус бэйэм, биллэн турар, эмиэ утарабын.
Татьяна ЕГОРОВА, VI ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата, Парламентарий дьахталлар кулууптарын кыттыылааҕа:
– Бүгүҥҥү кэпсэтиигэ сорохтор арт-эбийиэги пааматынньыктан арааран, суолтатын кыччата сатыыллар. Онон, биэс миэтэрэлээх аарыма «Кумаар» дьоҥҥо туох да дьайыыта суох буоларын курдук этэллэр. Дьиҥэ, бу сыыһа. Онон, арт-эбийиэктэргэ ирдэбили докумуонунан чопчулуур уолдьаспыт эбит. Тус бэйэм кумаар оннугар атын арт-эбийиэги тутууга хаттаан күрэс биллэрэргэ сөбүлэһэбин. Төһө да пааматынньыктан атынын иһин, биһиги Үүнэр көлүөнэбит пааркатыгар бырдах күнү-ыйы бүөлээн туруо суохтаах.
Эдэр айааччылар санаалара
Николай ЧОЧЧАСОВ, скульптор:
–“Скульптура хайаан даҕаны үчүгэй эрэ санааны саҕыахтаах” диэн буолбатах. Холобур, мин оҥорбут «Дворник» скульптурам ис хоһоонун хайдах баҕарар токурутуохха сөп этэ. Ол курдук, кумаары эмиэ үчүгэй да, мөкү да өттүттэн көрүөххэ сөп. Баҕар, бу кумаар дьоҥҥо Сир шарыгар, айылҕаҕа олороллорун өйдөтөр соруктааҕа буолуо. Маны тэҥэ, мифологияҕа эмиэ кумаар мэлдьи куһаҕан уобарас буолбат ээ. Мин санаабар, кумаар эскииһэ табыллыбатах. Үчүгэй маастар оҥордоҕуна, баҕар, уларыйыа этэ. Ким оҥороруттан эмиэ тутулуктаах буоллаҕа. Уонна кумаардаах композицияҕа өссө икки эбийиэк баарын санатабын: Дьокуускай турбалара уонна Саха халандаара. Онон, «Кумаары» оҥорууга күрэс биллэрэр ордук буолуо дии саныыбын.
Александра НЕУСТРОЕВА, «Архетип» айар бөлөх кыттыылааҕа, АГИКИ, Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училище, оҕо оскуолатын уһуйааччыта:
– Бырайыагы бүтүннүү ылан көрдөххө, Хоту сир ландшабын дьүһүйбүттэр уонна онно бырдаҕы олордон кэбиспиттэр. Дьиҥэ, ландшафт бэйэтэ олус кэрэтик көстөр. Манна ылбычча эбийиэк сөп түбэһиэ суоҕа. Онон, “биһиги кумаар оннугар атын эбийиэги толкуйдаан оҥорууга күрэс биллэриэххэ” диэн этиилээхпит.
Төгүрүк остуолга тыл этэр баҕалаах олус элбэх этэ. Холобур, "Айыы ситимэ" түмсүү лиидэрэ Александр ПРОТОДЬЯКОНОВ “нэһилиэнньэттэн ыйытыыта суох маннык тутуулары туруорбаттарын туһугар уопсастыбаннай уонна айар көҕүлээһиннэр бииргэ үлэлиир тиһиктэрин тэрийиэҕиҥ” диэн этии киллэрбитэ. Александр Григорьев-СААЛТААНЫ “бэйэ омугун үгэһин, сыаннастарын эрэ өрө тутуохтаахпыт, оччоҕо тастан туора өй-санаа, уобарас киириэ суоҕа” диэбитэ. Сахалыы бикипиэдьийэ түсчүтэ Николай Павлов-ХАЛАН бүгүҥҥү кэпсэтии «Бырдах» эрэ туһунан буолбатаҕын, бу Сахабыт сирин култуурунай эбийиэктэригэр барытыгар сыһыаннааҕын бэлиэтээтэ. Кини сүүнэ кумаар саха дьонун дьиксиннэрбитин учуоттаан, эбийиэги хас да төгүл кыччатар эбэтэр атынынан солбуйар быһаарыы ылыллан эрэриттэн үөрэрин биллэрбитэ. Сахалыы тыыннаах бырайыактары өйүүр уопсастыбанньык Анна ХОЛМОГОРОВА сүрдээх сытыы кыһалҕаны таарыйар кэпсэтии тахсыбытын, үтүө түмүктээҕин ыйан туран, бэйэбит өбүгэбит үөрэҕин дириҥник үөрэтэн, инникитин дьиҥ сахалыы тыыннаах, иччилээх эбийиэктэр, тутуулар баар буолалларыгар баҕарбыта.
Куйаар ситимҥэ татуировка оҥорооччулар кумаары ойуулатыы араас мөкү суолтатын суруйбуттар. Холобура, манна: https://tattoofresh.ru/komar
Үүнэр көлүөнэ пааркатыгар – Бастакы Бэрэсидьиэн аатын!
Биллэн турар, Сахабыт сиригэр сүүнэ бырдах оннугар туруон сөптөөх айылҕа символа элбэх. Тоҥ сири тобулан тахсар Ньургуһуммутун эбэтэр таптал уотунан кытыастар Сардаанабытын ылан көрүөҕүҥ. Айылҕабыт кэрэһиттэрэ манан эрэ бүппэттэр. Сахалыы өйдөөх-санаалаах айар дьоммут ону тобулуохтара. Оттон төгүрүк остуолга үүнэр көлүөнэбит инникитин түстүүр биир улахан этии киирдэ. “Үүнэр көлүөнэ пааркатыгар атын омугу кытта күрэстэһэр кыахтаах, үөрэхтээх, сайдыылаах, чөл олохтоох, чэгиэн туруктаах ыччат үүнэн тахсарын туһугар олоҕун бүтүннүү анаабыт Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев аатын иҥэрэргэ!” – диэн.
Бу баҕа санаа туоллаҕына, киин куоракка тутуллар Үүнэр көлүөнэ паарката дьэ чахчы сүрүн соругун үйэлэргэ толоро, кэнчээри ыччакка туһалыы туруо буолбат дуо?
Матырыйаалы бэлэмнээтэ КҮНДЭЛИ.