Киир

Киир

Балаҕан ыйын 13-14 күннэригэр Хаҥалас улууһун I Малдьаҕар нэһилиэгин күнүгэр анаммыт тэрээһиннэр олус көхтөөхтүк буолан аастылар. Ол чэрчитинэн олохтоох бэйэни салайыныыга буолаары турар уларыйыы туһунан улахан кэпсэтии тэрилиннэ. Бу сокуон туһунан дьону-сэргэни кытта маҥнайгы аһаҕас дьүүллэһии буолла.

Арассыыйа Федерациятын Сэбиэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн сенатора Егор Афанасьевич Борисов олохтоохтору, баһылыктары кытта санаа атастаспыта кэпсэтии “кыраадыһын” да диэххэ, өрө таһаарда, сытыырхатта. Бэлиитикэ аксакаала, үһүс Ил Дархаммыт, тыа сириттэн силистээх-мутуктаах киһи, санаатын тутан олорон истэр түгэн тыа сиригэр мээнэ тосхойбот. Билиҥҥи уустук кэмҥэ дьон мунар-тэнэр, кими эрэ истиэн, сүбэлэтиэн баҕарар. Онон сааланы толору кэлбит дьон бэлиитик ыллыктаах тылын-өһүн иһийэн олорон иһиттилэр, баһылыктара Айталина Васильева ыҥырыытын ылынан, дойдуга биир сытыы тиэмэни кинилэрдиин дьүүл­лэһэ кэлбитин ис сүрэхтэн махтана ылыннылар.

20240913 153454

Ону таһынан бу сокуон барылын иилии-саҕалыы сылдьар тэрилтэ – СӨ Олохтоох бэйэни салайыныыга дэпэртээмэнин салайааччыта Иван Попов уларытыы туһунан саас-сааһынан ырытан, быһааран биэрбитэ эмиэ көдьүүстээх буолла. Дьон-сэргэ, мунаарар, долгуйар өттө элбэҕэ көһүннэ. Ил Түмэн дьокутаата, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгынан үлэлээбит Владимир Поскачин, хаһан да буоларын курдук, санаатын аһаҕастык эттэ. Хаҥалас улууһун дьаһалтатыттан, аттынааҕы нэһилиэктэртэн, Үөһээ Бүлүүттэн нэһилиэк баһылыктарын дэлэгээссийэтэ, биллэр уопсастыбанньыктар кыттан, дьүүллэһиини сэргэхситтилэр. Кэпсэтиини Саха сирэ барыта да билэр блогера Масаха Мэхээс иилээн-саҕалаан ыыппыта ураты буолла. Бу барыта биһиги уопсастыбаннай “энэргиэтикэлээх”, көхтөөх, сытыы омук буоларбыт, тыабыт сирин, нэһилиэкпит дьылҕата барыбытын долгутарын туоһута.

Кэпсэтиигэ Сахалин уобалаһыгар Смирныховскай куораттааҕы уокурук баһылыгын солбуйааччыта Анна Сафина быһа сибээскэ холбонон, биир таһымнаах ОБС-ка хайдах үлэлии-хамсыы сылдьалларын билиһиннэрдэ. Олохтоохтор ону “Сахалин диэн Саха сирэ буолбатах!” диэтилэр эрээри, син туох эрэ түмүк оҥоһуннулар.

“Саха дьолун саха бэйэтэ эрэ оҥорор”

Е.А. Борисов олохтоох бэйэни са­ла­йыныыны уларытыы дьону-сэргэни долгутарын, онуоха дириҥник хорутан толкуйдуур наадатын, быстаҕынан салайтарар улахан охсуулаах буолуон сөбүн эттэ. Дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Мюнхеннааҕы кэмпириэнсийэҕэ “салгыы маннык суолунан барарбыт табыллыбат” диэн аһаҕастык эппитин, дойду судаарыстыбаннай уорганнарын улахан мунньаҕар “биһиги либеральнай бэлиитикэни ыыппыппыт сыыһа уонна охсуулаах буолла, онон бэлиитикэбит төрдүттэн уларыйар, атыннык дьаһанар кэммит кэллэ” диэн түмүгү оҥорбутун санатта.

– Бэйэ бэлиитикэтин ыытар, судаарыстыба буолан, бэйэбитин дьаһанар кэммит кэлбитин өйдүүр наада. 2020 с. Конституцияны уларытан, былаас систиэмэтэ эмиэ уларыйбыта. Биһиги Арассыыйа судаарыстыбатыгар бэйэбит субъект буоларбыт быһыытынан, хайдах сайдабыт, улахан уларыйыылар сабыдыалларыттан хайдах көмүскэнэбит диэн, ол туһунан кэпсэтиэхтээхпит. Маннык түгэн сахаҕа элбэҕэ. ХХ үйэ саҕаланыыта саха омук хайдах сайдыахтааҕын туһунан бастакы интэлигиэнсийэбит күүскэ эппитэ-тыыммыта. 90-с сс. булкуллуу-тэккиллии кэмигэр Софрон Петрович Данилов “Эстэр-быстар кэмҥэ хайдах көмүскэнэбит?” диэн Саха кэнгириэһигэр этэн, санаатын салалтаҕа тиэрдибитэ. Экэниэмикэҕэ төһө да охсуу таҕыстар, эрэх-турах сананан, бу 30-ча сыл устата суолбутун-ииспитин булунан кэллибит. Билигин эмиэ оннук кэм тирээтэ. Саха омук тыа сиригэр олоҕо-дьаһаҕа оҥоһуллар, өйө-санаата түмүллэр, кэскилэ быһаарыллар. Онон “тыа сиригэр олохпутун хайдах дьаһанабыт, хайдах көмүскэнэбит?” диэн улахан толкуйга түһэрэр ыйытыылар турдулар.

2020 с. диэри Арассыыйаҕа икки былаас баара – судаарыстыбаннай уонна муниципальнай, ол икки ардыгар утарсыы үөскээн, Төрүт сокуоҥҥа “публичнай былаас” диэн өйдөбүл киирдэ. Судаарыстыба ыытар бэлиитикэтин хайысхата биир буолуохтаах, муниципальнай тэриллиилэргэ реформа барыахтаах диэн, 2021 с. ахсынньы 16 күнүгэр Клишас-Крашенников сокуонун барыла киирбитэ. Бу сокуон барыла сүрдээх мөккүөрдээх буолла. Киирээтин кытта, 30 тыһыынчаттан тахса этии, бастакы ааҕыытын кэннэ 700-тэн тахса көннөрүү киирдэ. Хайдах-туох буолара тиһэҕэр тиэрдиллэ илик. АБДь бүтүөр диэри ылыллара саарбах буолуо диэн сабаҕалыыллар. Ол эрээри бу биһиэхэ хайдах дьайыылаах сокуон буоларын дьүүллэһэр сөптөөх.

Устуоруйаттан

– ОБС сокуон биһиэхэ бастаан киирэригэр, мөккүөр бөҕө этэ. Птицын В.И. салайааччылаах улуус баһылыктара “муниципальнай тэриллиилэр биир таһымнаах буолуохтаахтар” диэн В.А. Штыровка күүскэ сабыдыаллаабыттара. Ону А.К. Акимовтыын буолан, “саха дьоно бэйэбитин бэйэбит дьаһаныахтаахпыт, ОБС икки таһымнаах буолуохтаах” диэн, Штырову төттөрү эргиппиппит. Оччолорго биир таһымнаах киирбитэ буоллар, баҕар, билигин туох да кыһалҕа суох буолуо этэ.

Өрөспүүбүлүкэ позицията

– Оттон бу сокуон барыла киирээтин кытта А.К. Акимовтыын Ил Түмэни, бырабыыталыстыбаны кытта “хайдах гынан Саха сирин көмүскүүр позицияны тутуһабыт?” диэн сүбэлэспиппит. Туруорар боппуруоспут ис хоһооно биир: бу сокуон “быһа дьайыыта” суох буолуохтаах диэн. Ол аата, федеральнай таһымҥа ылылынна да, онон бүппэт. Булгуччу эрэгийиэн таһымыгар эмиэ ылыллыахтаах. Ону ситиһиэхпит дии саныыбыт.

Иккиһинэн, сокуон барылыгар муниципальнай тэриллиилэри, уокуруктары тэрийиигэ сүрүн бириинсибэ – “территориальнай”. Оттон биһиги “административнай-территориальнай” диэн тэриллиилээхпит, ол – нэһилиэк. Биһиги “нэһилиэктэр учуоттаныахтаахтар” диибит. “Территориальнай” диэн нэһилиэнньэ ахсаанынан, төһө хойуутунан эрэ көрөн, сыһыан. Биһиги ону утарабыт уонна “блокировкалыахпыт” диэбиппит. Саха сириттэн дьокутааттары кытта ону мэлдьи кэпсэтэбит, “Саха сирин интэриэһэ биир” диэн өйдөөн, биири туруорсабыт. Бэйэлэрин икки ардыларыгар сэриилэһэ сылдьаллар диир буоллаххытына, сыыһаҕыт.

Биһиги кыайыыны хайдах ситиһэр туһунан кэпсэтиэххэ. Салайааччы кэлэн быһаарыа диэн күүппэккэ, түмүк хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын өйдүөххэ. Былаас бэлитиичэскэй эппиэтинэһэ диэн баар эрээри, норуот устуоруйаҕа эппиэтинэһэ диэн эмиэ баар. Саха норуотун дьолун бэйэтэ эрэ оҥостор кыахтаах.

Дьүүллэһииттэн – уопсай санааҕа

Олохтоох бэйэни салайыныы дэпэртээмэнин салайааччыта И.Р. Попов “бу дьону-сэргэни кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтии буоларынан, судургутук, “сахалыы-махалыы” быһаарабын диэтэ. Маннык дьону-сэргэни кытта дьүүллэһии тэриллэн, санаалар иһиллэн, онтон уопсай түмүк тахсарын эттэ.

– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 34 улуус, икки куорат уокуруга: Дьокуускай куорат, Жатай уонна 445 нэһилиэк баар. Сокуон барыла туох дьылҕаланан эрэрин бары кэтээн олороллор. Биһиги эрэгийиэн быһыытынан, бэйэбит көннөрүүлэрбитин эмиэ ыыппыппыт. Ол эрээри сокуону “күн сарсын киирэр эбэтэр букатын киирбэт” диэн билиҥҥитэ туох да биллибэт.

Сокуон улахан, 86 ыстатыйалаах, 11 бастаах. Бастакы ааҕыы кэнниттэн сокуон ылыллыытыгар элбэх боломуочуйа “эрэгийиэн бэйэтэ быһаарар” диэн бэриллибитэ. Ол эбэтэр, “вариативнай” өттүн бэйэбитигэр сөп түбэһиннэрэн, оҥостуохтаахпыт. Дэпэртээмэн уонна дьаһалта иһинэн сорох структура бу барыйааннары көрөн, үөрэтэ сылдьабыт.

Барылга уокурук “в границах существующих районов”, ол аата, оройуон сиригэр тэриллэр диэн. “Нэһилиэктэри холбооһун буолуо дуо, нэһилиэк административнай эдьинииссэ быһыытынан хаалыа дуо, баһылык баар буолуо дуо?” диэн сүрдээх элбэх ыйытыы киирэр, “ыстаарыста” диэн тылтан эмиэ иҥнэллэр. Итиннэ дьону соруйан атын өйдөбүлгэ эргитии баарын санатар наада.

Баһылык син биир баар буолар, аата уларыйыан сөп, ону бэйэбит быһаарабыт. Нэһилиэк салайааччыта быыбарданар дуоһунас буолбакка, ананар, “уокурук салайааччытын бэрэстэбиитэлэ” диэн буолар. Сокуон барылыгар “нэһилиэк Сэбиэтин бэрэстэбиитэллэрэ” (дьокутааттар) диэн суохтар, барыта улуус мунньаҕын дьокутааттарыгар сыһыарыллар.

Тыын боппуруос – олохтоох дьаһал­талар үлэһиттэрэ. Сахабыт сиригэр үс чаһы эргимтэтэ, букатын сүүһүнэн килэмиэтирдээх нэһилиэктэр бааллар. Онно олохтоох салалтата, исписэлиистэрэ суох сатаммата чуолкай. Онон итиннэ сөпкө дьаһанар наада.

Аны “уокурук баһылыгын” талыы үс ба­рыйаана ыйыллар: аһаҕас быыбарынан, иккис – баһылыгы уокурук дьокутааттарын иһиттэн, үһүс – эрэгийиэн салайааччыта хандьыдааты уокурук дьокутааттарыгар түһэрэн, олор бигэргэтэн. Бу сокуон дьокутааттар ыстаатыстарын үрдэтэр курдук.

Билигин үлэлии турар өрөспүүбүлүкэ сокуоннара, нуорма аакталара барыта уларыйыахтарын наада. Нэһилиэк сүрүн боломуочуйалара уокурукка көстөҕүнэ, сүрүн харчы уокурукка түмүллэн, онтон нэһилиэккэ тиийэн, үлэ-хамнас барыахтаах. Нэһилиэк дьокутааттара билигин дохуоккутун боломуочуйаҕыт быһыытынан, туһанар бырааптааххыт. Ол 10% үпкүт бүддьүөккүтүгэр сылдьар. Оттон уокурук уопсай бүддьүөтэ буолар түбэлтэтигэр “симиэтэ бүддьүөтэ” буолар. Төһө киһилээҕинэн, төһө ахсааннааҕынан, төһө бырайыактардааҕынан көрөн. Сокуон үтүө да, мөкү да өрүттээх. Эрэгийиэн быһыытынан быһаарыахтаах боппуруоспут сүрдээх элбэх. Онон, Арассыыйа таһымыгар сокуон ылыллан, биһиги бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит сокуоннарыгар үлэлиэхпитин наада.

Ымпыгын-чымпыгын көрөн

Айталина Васильева, I Мал­дьаҕар нэһилиэгин баһылыга, туох барыта икки өрүттээҕин санатта. “Биһиги бэйэбит боломуочуйабыт олус кыараҕас. Дьон дьаһалтаҕа тутууга көҥүл ылаары кэлэр, биһиги ону биэрэр кыахпыт суох, “Покровскайга барыҥ” диибит. Дьон “чунуобунньуктар бүрүкү­рээттииллэриттэн сөп буоллубут” диэн сөпкө этэр. Саҥа сокуон ити кыһалҕаны быһаарыан сөп диэтэ.

20240913 161427

– Хаҥалас 18 нэһилиэгэ улуус бүд­дьүөтүттэн тутуһан олорор буолабыт. “Үөдэйгэ хочуолунай тутуохха эбэтэр Иһиккэ диэри суол оҥоруохха, манна уот тардыахха” диэн үлэ барыаҕа. Кыра нэһилиэктэр баһылыктара сүүрэ-көтө, киирэ-тахса сатыыллар да, бүддьүөккэ эрэ олорон, сайдыыны аҕалар ыарахан. Дьэ, ити чааһыгар кинилэргэ чэпчэтии курдук буолуон сөп. Каадыр туһунан эттэххэ, ким эрэ сүүрэр, оттон сүүрбэт киһини эн дьаһайар кыаҕыҥ суох. Быыбарга кыайда – бүттэ, 5 сыл олорор. Сокуон ити боппуруоһу эмиэ быһаарыан сөп.

Сахалинтан кэллиэгэм биир таһым­наах уокурук хайдах курдук үчүгэйин туһунан кэпсээтэ эрээри, син биир хас да түгэн бокуой биэрбэт. Биһиги дойдубут олус киэҥ, сир аайы мэнтэли­тиэппит, олорор усулуобуйабыт уратылаах. Сокуон ону учуоттуур дуо? Иккиһинэн, нэһилиэк салайааччыта куонкурус түмүгүнэн ананар диэн. Итиннэ биир холобуру ахтыым. Соторутааҕыта оскуолабыт саҥа дириэктэрдэммитэ. Алта дириэктэр кэлиэн баҕарбыта, хамыыһыйаны, куонкуруһу ааһан. Ол эрээри, нэһилиэк дьонун-сэргэтин санаата учуоттамматаҕа хомолтолоох. Онон, “нэһилиэк баһылыгын анааһын үчүгэй дуу, куһаҕан дуу” диэн ырыҥалаан көрөр наада.

А.И. Васильева сайын Благовещенскайга муниципальнай тэриллиилэр мунньахтарыгар бара сылдьан, РФ Бэйэни салайыныы ассоциациятын хос бэрэссэдээтэлэ Ирина Гусева “субъект бэйэтэ быһаарыыны ылыныа” диэн Путиҥҥа сигэнэн эппитин аҕынна. “Онон сокуон дьон туһугар үлэлиирин курдук, ымпыгын-чымпыгын барытын көрөр наада. Кыра дэриэбинэлэр эстэллэр, бүтэллэр диэн айманымыахха. Сүрүнэ, “бу биһиги нэһилиэкпит, төрөөбүт-үөскээбит сирбит, ону сайыннарарга үлэлиэххэ” диэн этиитин түмүктээтэ.

Нэһилиэккэ боломуочуйа биэриэххэ

Владимир Поскачин, Ил Түмэн дьокутаата: “Анаммыт баһылык дуу, талыллыбыт баһылык дуу диэн ыйытыы турбат, быыбардаммыт баһылык үчүгэйэ чуолкай”, – диэбитин дьон биһирии иһиттэ.

20240913 162929

– Мин бу сокуону “ускуустубаннай” диэн, хара маҥнайгыттан утарбытым. “Публичнай” былаас киирбитинэн сибээстээн, бу былаас бэртикээлин күүһүрдээри оҥоһуллар. Оттон олохтоох бэйэни салайыныы диэн дьиҥнээх өйдөбүлэ тугуй? Бу – уопсастыбаннай былаас, дьон бэйэтэ тэринэн олороро (“самоорганизация”). Арассыыйаҕа хаһан баҕарар барытын ыстандаарт гына, “устуруойунан” хаамтара сатыыллар. “Публичнай” былаас ис хоһооно – “мин эрэ анаабыт киһим тойон буолуохтаах” диэн. Чэ, Арассыыйа таһымыгар бэрэсидьиэн В.В. Путин бэйэтэ анаатын. Оттон кини анаабыт киһитэ улуус, нэһилиэк баһылыгар тиийэ аныахтаах дуо? Ол киһилэрэ эһигини билбэт, ыйытыа да суоҕа, үөһээҥҥи былаас эппитинэн сылдьыа. Ити өйтөн ылыы буолбатах, олоххо баар. Ол аата, бу сокуон оннук үчүгэй буолбатах.

“Икки таһымнаах бэйэни салайыныы” дииллэр да, билигин биир таһымнаах былааска олоробут, боломуочуйа эрэ тус-туһунан. “Нэһилиэк боломуочуйата” диэн нэһилиэк иһинээҕи олоххо-дьаһахха сыһыаннаах. Оройуон боломуочуйата – ол суол-иис, эниэргийэ, гаастааһын, улахан тутуулары ыытыы. Бу икки боломуочуйалар бэйэ-бэйэлэрин мэһэйдэспэттэр, олохтоох дьон туһугар үлэлииллэр. Үп-харчы, биэнсийэ өттүн өрөспүүбүлүкэ быһаарар. Ол “норуот – былаас источнига” диэн өйдөбүлгэ тирэҕирэр.

“Есть!” дии сырыттахха, ырааппаппыт. Дьон билигин кыаҕын ситэ туһаммакка сылдьар. Нэһилиэккэ өссө элбэх боломуочуйа биэрдэххэ, ону харчынан бигэргэттэххэ, ама, үлэлиэ-хамныа суоҕа дуо, ама, сайдыы барыа суоҕа дуо?! Тыа сиригэр 30 млрд үп көрүллэр, нэһилиэктэргэ 30-40-нуу мөл. тигистин. Ону туохха тутталларын бэйэлэрэ быһаардыннар. Егор Афанасьевич Ил Дарханнаан олорон нэһилиэктэргэ быһаччы “благоустройствоҕа” 1-2 мөлүйүөнү биэрэр этэ. Кып-кыра харчы эрээри, уҥа-хаҥас туттуу суоҕа, ону-маны бары, бэл, 10 мөлүйүөннээх үлэни 1 мөлүйүөҥҥэ эрэ оҥорон кэбиһээччилэр.

Тыа сиригэр норуот олорор, былаас ону тоҕо сэниирий? Бэйэлэрэ өйдөөхтөр, бэйэлэрэ билэллэр-сатыыллар диэн ытыктыах тустаах. Ити сыһыанын уларытта да, тыа сирэ сайдан барыа. Харчы диэн эниэргийэ, ону “төбөҕө эрэ”, “үүккэ эрэ” дии олорбокко, нэһилиэк дьокутааттара, олохтоохторо, баһылыга үөһэттэн этиинэн буолбакка, үбү, боломуочуйаны бэйэлэрэ быһааралларын курдук биэриэххэ. Тоҕо онтон көҥөнөбүт?

“Атын уобаластартан туруктаахпыт”

Данил Данилович Киприянов, СӨ т/х үтүө­лээх үлэһитэ, Хаҥа­лас улууһун, I Малдьаҕар нэһилиэ­гин бочуоттаах олохтооҕо:

– Биһиги үс улахан салайааччыбыт сөптөөх бэлиитикэни ыытан, Арассыыйа атын уобаластарынааҕар тыа сирэ быдан бигэ туруктаахпыт. Мин ыалым, билэр киһигит ыанньыксыт Породанчук дойдутугар Доннааҕы Ростовка бара сылдьан: “Сахабыт сирин салалтата сөпкө үлэлиир эбит, манна олох үчүгэйдик олорор эбиппит. Анараа ыһыллан бүппүттэр”, – диэн кэпсээн кэлбитэ. Биһиги онно топпокко, “өссө да өссө” диибит. Ол – олох, сайдыы сокуона.

20240913 181140

Биир таһымҥа көһүү олох ирдэбилэ буолуо. Онно баһылыкпыт биир бастакынан дьүүллэһии тэрийбитэ хайҕаллаах. Иккиһинэн, биһиги Ил Түмэн ылынар быһаарыытыгар дьайыахтаахпыт. Ону хайдах тиэрдэрбитин баһылык быһаардын. Оттон бу сокуону ылар буоллахха, биһиги Сахалин буолбатахпыт. Хас нэһилиэк туһунан үгэстээх, олохтоох-дьаһахтаах. Холобур, улууска – 31 тыһ., онтон I Мал­дьаҕарга 1600 киһи олорор. Барытын улуус быһаарар буоллаҕына, ол дьон бары улууска тиийэллэр дуо? Иэдээн дии, дьиэҕэ баппат үлэһит наада буолар. Онон бу сокуону АБДь кэмигэр тохтотон эрэр сөп. Ол кэннэ дойду чөлүгэр түһүөн, дьон өйө-санаата сааһыланыан наада. Ол да буоллар эрдэттэн сокуон барылын болҕомтоҕо ылан, илдьиритэн, дириҥник үөрэтиэх, ырытыах кэриҥнээхпит.

Баһылык быыбарданыахтаах

Семён Семёнович Соломонов, бэтэрээн, I Малдьаҕар олохтооҕо:

– Биир таһымнаах бэйэни салайыныыга көһөрбүт сөп, сэбиэскэй саҕана нэһилиэкпитин бэрэссэдээтэл уонна сэкирэтээр салайан олорбуттара дии санаан, ону суруйбутум. Ол эрээри биир таһымнаах ОБС олохтоох дьон санаатын учуоттаабата, салайааччыны анааһын киирэрэ сыыһа. Холобур, ааспыт быыбарга мин Айталина Ивановнаҕа “эйигин утарабын, эдэргин” диэбитим. Кини иннинэ олорбут баһылык иккис болдьоҕор кыайан ааспатаҕа. Дьон итэҕэйэн талбыт киһитэ бу үлэлии-хамныы сылдьар. Онон баһылыгы бэйэбит таларбыт сөп.

20240913 184824

Александра Алексеевна Павлова, педагог, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ:

– Баһылык быыбарданара ордук дии саныыбын. Талыллыбыт киһиттэн ыйытарбыт, туруорсарбыт да ордук. Кини эппиэтинэһэ да үрдүүр. Оттон анаммыт салалта диэн атын. Онон быыбардааһын хаалара буоллар.

20240913 174702

Герман Отов, Дүллүкү урукку баһылыга: “Нэһилиэктэр, урукку сопхуос чэрчитинэн холбоһон, уокурук тэриннэхтэринэ, ОБС норуокка чугаһыа этэ. Оннук буолуон сөп дуо?” – диэн ыйытыытыгар И.Р. Попов: “Хаҥалас улууһугар биир уокурук буолар, хас да уокурукка бытарытыы барбат. Барыйаан быһыытынан ити киирэ сылдьыбыта, билигин ол суох. Оттон В.С. Поскачин этиитигэр сыһыаннаан, т/х боломуочуйата улуустарга бэрилиннэ, эһиилги бүддьүөккүтүгэр харчы тиийиэ, улуус Мунньаҕын дьокутааттара, нэһилиэк баһылыктара ону быһаарыахтара”, – диэтэ.

Кыра нэһилиэк дьылҕата долгутар...

Хаҥалас биир түгэх нэһилиэгин баһылыга Николай Осипов: “Холобур, сокуон биһиги Үөдэйбит курдук кыра нэһилиэк дьылҕатыгар хайдах дьайыай, онно элбэх ыйытыы баар. Кыра нэһилиэк сыыйа симэлийэн, сүтэн, дьон барыыта саҕаланыан сөп диэн олохтоохтор дьиксинэллэр”, – диэтэ. Кэпсэтии түмүгэр, Арассыыйаҕа уопсай сокуон ылыллан баран, иккис түһүмэҕинэн, өрөспүүбүлүкэ бэйэтин уратыларын – сирин-уотун, мэнтэлитиэтин, географиятын, о.д.а. учуоттуур, баар аһаҕас түгэннэри чопчулуур сокуон ылыллыан наада диэн өйдөннө. Үөһээ Бүлүүгэ нэһилиэк баһылыктара эмиэ дьүүллэһии тэрийээри сылдьаллар эбит. Онон, нэһилиэк дьылҕатын туһунан кэпсэтиилэр, ырытыылар салҕана тураллара олус үчүгэй.

Кураанах дэриэбинэлэр эбэтэр “биһиги курдук, ким да ыалдьыбат”...

Баһылыктардыын кэпсэтии кэмигэр А.И. Васильева: “Сахалиҥҥа эбээһинэстэрин толорор эрэ курдуктар, күннээҕи боппуруостары быһаардылар, ыспыраапка биэрдилэр да бүттэ. Айар-тутар, саҥаны киллэрэр, тугу эрэ көҕүлүүр, ыраланар диэн суох. Оттон биһиги нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ хайдах курдук ыалдьан, кэлэн олороруй? Хайдах курдук көхтөөҕүй? Дьэ, оннук тыын сүтэн хаалыа диэн куттанабын”, – диэтэ. Онуоха сенатор Е.А. Борисов: “Арассыыйаҕа биһиги курдук ким да бу сокуон туһугар ыалдьыбат”, – диэтэ. Оттон биир ыалдьыт: “Соҕуруу дэриэбинэлэр эстибиттэр, ааһан иһэн тохтоотоххо, биир эмэ кырдьаҕас тахсар, туруорсар дьон да суохтар”, – диэтэ... Онон мунньах кыттыылаахтара “нэһилиэкпит эстибит дэриэбинэ киэбин кэппэтин туһугар үлэлиэххэ-хамныахха, оҕону-ыччаты тэнитэн, сүөһүнү дэлэтэн сөптөөх суолу тутуһуохха” диэн санаалаах тарҕаспыттара мунньах биир үтүө түмүгэ буолара дуу?

Нина ГЕРАСИМОВА.