Киир

Киир

Былырыын, Арассыыйаҕа Оҕо саас 10 сыла ыытылларынан, “Ситим-Медиа” таһаарар “Күрүлгэн” уус-уран сурунаалын эрэдээксийэтэ Федерация Сүбэтин федерация тутулугар, регион политикатыгар, олохтоох салайыныыга уонна Хоту сир дьаһаҕар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Александр Константинович Акимов өйөбүлүнэн обургу оҕоҕо аналлаах сахалыы уус-уран кэпсээни суруйууга сабыылаах күрэхтэһиини биллэрбитэ.

Итинник тэрээһиннээх ыытыллар бу иккис күрэхтэһии 2018 сыл муус устар 19 күнүттэн ахсынньы 25 күнүгэр диэри барда. Барыта 52 киһи биирдии айымньынан кытынна. Дьиҥэр, 53 буолуоҕун Сунтаартан Тэрэппиин Тирэҕэ суруйуута сыыһа-халты туттуу түмүгэр тургутууга кыайан киирбэккэ хаалла. Ол оннугар кини суруйуута “Күрүлгэн” бастакы нүөмэригэр хайыы үйэ бэчээттэннэ.

Онон, СЫЫКААН “Олох киинэ буолбатах”, БООТУР “Дьулуур”, АЛГЫС “Кырыыс тыллар туолуулара буолуо дуо?”, АРСАН ТИРИИ “Улар”, МИИСЭ “Кэһэппитэ...”, КУРААН “Кураан”, САҺАРҔА “Сиэри-туому кэстэххэ”, КЭЭТИИ “Мин сахабын”, РУСЛАНА “Таҥара суоллара дьиктилэр”, АЙСАНАА “Оонньооботох оҕо саас”, ЧУГДААРА “Мичийэ мичээрэ”, ОМООН “Ааспыт дьыллар омоонноро”, ТАТЫЙААС “Кырдьартан ким да куоппат”, ДЬЭДЬЭН “Дьоллоох буолуох, доҕоттор”, ДАЙЫЫЛА “Тыыл оҕолоро”, АЛГЫСТААХ “Сэрии кэмин оҕото”, АЛИСА “Саһыл оҕолоро”, ТАТЫЙЫК “Балык ойууна”, АЭЛИТА “Кыыллар тустарынан остуоруйа”, САРГЫЛААХ “Бүтэһик чиэппэр”, СЭРЭПИИМ “Күрүөйэх”, БҮӨТҮР “Володя”, ТУРГУТ “Тургутук”, АЛЕКСАНДРА “Чабыда сайылыга”, Ю-ПИТЕР “Мин - генийбин”, ЛҮҤКЭ “Куба тумса”, ТААТА “Айылҕа быыһын сэгэтэн”, СУРУКСУТ ОҔОННЬОР “Саҥа дьыл хараҥаччыта”, АННА “Бааска”, ЧӨРҮМҮӨЙ “Сиэмэх куобах”, УЙБААСКЫ “Байаан”, ОГДОО СИЭНЭ “Дьол уотунан сандаарар түннүк”, ВАНКУВЕР “Сайаана ыра санаата”, ТАМАХ “Оонньооботох оҕо сааһым умнуллубат күннэрин туһунан”, НАМЫЫНА “Хаарчаан”, КЭСКИЛЭЭНЭ “Көһүлүөк кутуйахчаанын туһунан остуоруйа”, КҮЛҮК “Үс сүрэх”, БАЙБАЛ УОЛА “Саппыйа”, НАРЫЙА “Аптаах таас”, БИТЭЭК “Маайыс уонна Баһырҕас”, ИЭЛИСКЭ “Харчы”, МИЧИЛИЙЭ “Ол ааспыт кэмнэр”, КҮӨНЭХ “Ороо”, УЛУУ ДЬААНЫ “Саһыл дьүүллэммитин туһунан”, САРДААНА “Биир олох”, СЫРАЛ “Хаар доҕотторум”, СОРГУ “Туораах”, ТУЙМААРА “Үтүөҕэ - үтүөнэн”, SUNDAR “Бээкинчэ оҕонньор уруоктара”, КЫЫДААНА “Кыптыый кыбыныылаах кыыс оҕо”, ОКО “Син биир сатыаҕым”, “КУРАҔАЧЧЫ “Ийэ кус” диэн айымньылара тургутууну аастылар.

Ситэ чопчуламматах чахчынан 15 улуустан-оройуонтан кыттыбыттар: Амма, Бүлүү, Горнай, Дьааҥы, Кэбээйи, Мирнэй, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Уус-Алдан, Чурапчы, Нерюнгри, Хаҥалас. Ону сэргэ Дьокуускай куораттан киирбит үлэлэр бааллар. Биир үлэ Татарстантан киирдэ.

Чопчу биллэринэн, сойуустаах 16 суруйааччы кытынна: Оксана Гаврильева-Айсана, Михаил Гоголев-Долгун, Николай Иванов, Егор Картузов-Чоруун, Лев Кожевников, Варвара Корякина, Степан Марков, Данил Макеев, Татьяна Находкина, Степан Сивцев-Доллу, Александр Постников-Сындыыс, Сардаана Сивцева-Даана Сард, Иван Тарабукин-Талыман, Василий Ушницкай-Сэки, Григорий Эверстов-Тыыппалаах, Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах. Сойуустарынан чопчулаатахха, биир - МСПС (Международное сообщество писательских союзов), Арассыыйа уонна Татарстан СС чилиэнэ; икки - МСПС, Арассыыйа уонна Саха сирин СС чилиэннэрэ; 13 - МСПС уонна СӨ СС чилиэннэрэ.

Сабыылаах күрэхтэһии буоларынан, дьиҥнээх ааттара чопчу биллибэт кыттааччылар ортолоругар сойуустаах атын суруйааччылар баар буолуохтарын сөп.

Суруналыыстар уонна кэнники сылларга ааҕааччыга тиийбит айымньылаах дьон бааллар, холобур: Виталий Иванов-Сур, Василина Попова, Светлана Егорова-Тулуйхаана, Раиса Кардашевская, Светлана Самсонова-Сиибиктэ, Пётр Шапов, Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах, Иван Стручков, Ираида Коркина, Родион Данилов-Ородьумаан, Сюзанна Кондакова, Анатолий Кириллин-Толикус.

Биллэринэн, билим икки кандидата баар. Бу сырыыга баһыйар улахан аҥаара кыыс-дьахтар аймах кыттыбыт. Көрдөрүү да онно туһааннаах - биэс бастыҥнарга биир эрэ эр киһи баар.

Биэс үөрэнээччи кыттыбыт: Миисэ (Бүлүү, Күүлэкээн, 6-с кыл., салайааччыта: Фёдорова Лариса Ефимовна – саха тылын-литературатын үөрэтээччигэ), Алиса (Бүлүү, Бөтүҥ, 6-с кыл.), Аэлита (Бүлүү, Бөтүҥ, 5-с кыл.), Намыына (Сунтаар, Элгээйи, 5-с кыл., “Толайсур” түмсүү кыттааччыта), Кэскилээнэ (Сунтаар, Элгээйи, 5-с кыл., “Толайсур” түмсүү кыттааччыта). Үөрэнээччилэртэн Миисэ кэпсээнэ ордук үрдүк көрдөрүүлээх. Үөрэнээччилэр көҕүлүүр дьон баар буоланнар кытталлара өйдөнөр. Ол дьону хайгыыбыт, биһириибит.

Кыттааччылар саастарынан арыттара олус улахан. Ол курдук, Аэлита уоннаах, оттон Василий Васильевич Ушницкай-Сэки 87 саастаах. Саас ортолоох кыттааччы ахсаана, биллэн турар, баһыйар. Былырыын икки латыница ааттаах баара, быйыл биир: Sundar (Үөһээ Бүлүү).

Айымньылары көрүҥнэринэн араардахха, түөрт уонтан тахса уус-уран кэпсээн, алта-сэттэ ахтыы, очерк, дьүһүйүү майгылаах кылгас суруйуу дьүүлгэ турбуттар эбит.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: В.Б. Окорокова - филология дуоктара, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТуоКИ профессора, С.Е. Ноева - филология кандидата, Арассыыйа Билимҥэ академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиигэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтиигэ институтун үлэһитэ, Л.П. Григорьева - филология кандидата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТуоКИ доцена, М.Н. Егоров - педагогика кандидата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТуоКИ доцена, Е.Р. Николаев - филология кандидата, Арассыыйа Билимҥэ академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиигэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтиигэ институтун үлэһитэ, “Хатан” оҕо сурунаалын сүрүн эрэдээктэрэ.

Онон быйыл биэс тургутааччы дьүүллээтэ.

Тургутааччылар, күрэхтэһээччилэр дьиҥнээх ааттарын билбэккэ уонна бэйэ-бэйэлэрин билсибэккэ эрэ, айымньылары биэс кэриҥинэн көрдүлэр: а) кэпсээн жанрын ирдэбилигэр сөп түбэһиитэ (муҥутаан, 5 баал); б) ис хоһооно оҕоҕо төһө тоҕоостооҕо, биллэрэр-сайыннарар, иитэр-үөрэтэр өрүтэ (муҥ., 5 б.); в) аата төһө табыллыбыта (муҥ., 5 б.); г) тыл-сурук үгэһин, ирдэбилин тутуһуу (муҥ., 10 б.); д) уус-уран таһыма (муҥ., 10 б.).

Биэс бастаабыт айымньыны быһаарыы бэрт уустуктук уонна быыччыктык барбытын көрдөрөр туһуттан тургутааччылар хас биирдиилэрэ алта чулууну хайдах быһаарбыттарын билиһиннэрэбит.

Окорокова В.Б.: 1-кы - Омоон; 2-с - Кээтии; 3-с - Руслана, Дьэдьэн; 4-с - Татыйаас, Татыйык; 5-с - Нарыйа Арыылаахаба; 6-с - Саһарҕа, Чугдаара, Сэрэпиим, Тамах.

Ноева С.Е.: 1-кы - Соргу, Ю-Питер; 2-с - Саһарҕа; 3-с - Омоон; 4-с - Сырал; 5-с - Нарыйа Арыылаахаба; 6-с - Руслана.

Григорьева Л.П.: 1-кы - Соргу; 2-с - Нарыйа; 3-с - Кээтии; 4-с - Уйбааскы, Огдоо Сиэнэ, Ванкувер; 5-с - Тургут, Битээк; 6-с - Сырал, Таата, Омоон, Татыйаас, Руслана.

Егоров М.Н.: 1-кы - Кээтии, Чугдаара, Таата, Чөрүмүөй, Уйбааскы, Мичилийэ, Улуу Дьааны, Сырал, Туймаара, Кыыдаана, Кураҕаччы; 2-с - Айсанаа, Тургут, Суруксут оҕонньор, Анна, Огдоо сиэнэ, Байбал уола, Соргу; 3-с - Татыйаас, Алиса, Татыйык, Sundar; 4-с - Саһарҕа, Дайыыла, Омоон, Сэрэпиин, Александра, Тамах, Кэскилээнэ, Око; 5-с - Бүөтүр; 6-с - Саргылаах, Намыына.

Николаев Е.Р.: 1-кы - Кээтии; 2-с - Саһарҕа; 3-с - Дьэдьэн, Саргылаах; 4-с - Sundar, Чугдаара, Кыыдаана; 5-с - Дайыыла; 6-с - Күөнэх.

Тургутааччылар туруорбут сыанабылларыгар олоҕуран, олору эбэн, олунньу 4 күнүгэр сенатор А.К. Акимов көмөлөһөөччүтэ Н.С. Обоюков уонна “Күрүлгэн” эрэдээксийэтэ түмүгү таһаарда.

Ол быһыытынан, бастакы бириэмийэ (50 тыһ. солк.) Кээтии “Мин сахабын” диэн 154 баалы ылбыт кэпсээнигэр ананна. Суруйбут: Екатерина Прокопьевна Свинобоева. Уус-Алдан Чараҥыгар олорор. Төрөөбүт улууһа - Муома. Режиссёр идэлээх. Уран сурук В.А. Протодьяконов-Кулантай аатынан Уус-Алданнааҕы түмэлигэр култуура-үөрэх үлэтин тэрийээччитэ.

Иккис бириэмийэ (30 тыһ. солк.) Варвара Прокопьевна Корякинаҕа ананна. Кини Омоон диэн аатынан кытынна. “Ааспыт дьыллар омоонноро” диэн кэпсээнэ 149 баалы ылла. Бүлүүттэн төрүттээх. Нерюнгрига олорор. Библиотека үлэһитэ. МСПС, СӨ СС чилиэнэ.

Үһүс бириэмийэни (20 тыһ. солк.) Соргу 148 бааллаах “Туораах” кэпсээнэ ылла. Наталия Константиновна Рязанская - Амматааҕы акад. Л.В. Киренскэй аатынан лиссиэй саха тылын-уран суругун үөрэтээччигэ. Манна диэн эттэххэ, былырыын үһүс бириэмийэни эмиэ Амматтан Павел Неустроев ылан турар. Оттон Наталия Рязанская ол күрэхтэһиигэ төрдүс көрдөрүүлэммитэ.

Бастакы биһирэбил бириэмийэ түмүгү таһаарыы кэмигэр тахсыбыт алҕаһы көннөрүү түмүгэр Уус-Алдан Суоттутугар олорор Иннокентий Петрович Попов-Оҕуруоттаахха бэриллэр буолла. Кини Саһарҕа диэн аатынан кытынна. “Сиэри-туому кэстэххэ” диэн кэпсээнэ 144 баалы ылла. Кини кэнники сылларга хас даҕаны айар-суруйар күрэхтэһиилэргэ кыайбыт, бастыҥнар ортолоругар киирбит. “Күрүлгэн” сурунаалга хаста да бэчээттэнэн турар. Быйыл СӨ Суруйааччыларын сойууһугар ылылынна.  

Тургутааччы С.Е. Ноева ити кэпсээҥҥэ 32 баалы биэрбитэ, бэйэтин дьүүлүгэр 2-c көрдөрүүлээх диэн суруйбута түмүгү оҥорор таблицаҕа алҕаска 2 диэн суруллан хаалбыт уонна оннук эбиллибит. Инньэ гынан, Оҕуруоттаах кэпсээнин көрдөрүүтэ намыһах буолбут. Хата, ааптар бэйэтэ күрэхтэһии түмүгүн туһунан “Кыымҥа” бэчээттэммит ыстатыйаҕа түөрт тургутааччыга алта иһигэр киирбитин (2-с, 2-с, 4-с, 6-с) бэлиэтии көрөн, бастыҥ көрдөрүүлээхтэри кытта тэҥнээн, ону дьүүллүүр сүбэҕэ этэн алҕас көннөрүллэр кыахтанна.

Онон, икки буолбакка, барыта үс уоннуу тыһыынча солкуобайдаах биһирэбил бэриллэрэ быһаарылынна.

Иккис биһирэбил бириэмийэ Уйбааскы “Байаан” диэн кэпсээнигэр ананна. Бу 143 баалы ылбыт кэпсээни МСПС, СӨ СС чилиэнэ Степан Николаевич Сивцев-Доллу суруйбут. Урамньы билимин кандидата, СӨ үтүөлээх артыыһа, Арассыыйа бочуоттаах кинематографиһа, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ бириэмийэтин лауреата.

Үһүс биһирэбил бириэмийэни былырыын алтыс көрдөрүүлэммит Татьяна Петровна Находкина ылла. МСПС, Арассыыйа уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ. Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. Арассыыйа үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕин туйгуна. Уус-Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Төрөөбүт улууһугар олорор.

Кини Татыйаас диэн аатынан кытынна. Кэпсээнэ “Кырдьартан ким да куоппат” диэн. 137 бааллаах.

Бириэмийэлэр “Ийэ тыл” көҥүл түмсүү (сал. Е.П. Жирков) уонна Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Доҕордоһуу дьиэтэ (сал. Я.В. Игнатьева) кыттыһан олунньу 16-гар ыытар саха тылыгар-суругар аналлаах дьоро тэрээһиннэригэр туттарыллыахтара.

Бастаабыт-талыллыбыт кэпсээннэр, ону сэргэ күрэхтэһии тургутааччыта Л.П. Григорьева ырытыыта “Күрүлгэн” сурунаалга тахсыахтара.

Күрэхтэһии киэҥ сири хапта, элбэх айар-суруйар дьону көҕүлээтэ, саҥа айымньылар сурулуннулар, сонун кэпсээнньиттэр көһүннүлэр. Онон, аныгыскы күрэхтэһиибит ордук көхтөөх, ордук күүрээннээх буолуоҕа диэн эрэнэбит.

Афанасий ГУРИНОВ-АРЧЫЛАН, “Күрүлгэн” сурунаал дьаһабыла.

Сурунаал 2018 с. 2-с нүөмэрин таһыгар иллэрээ сыллааҕы бастакы күрэхтэһии кыайыылаахтара (хаҥастан): Светлана Егорова-Тулуйхаана, Ангелина Алексеева-Леди Муус, Павел Неустроев.