Киир

Киир

Хас нэдиэлэ аайы “Сүбэ” балаһаҕа идэтийбит юрист сүбэтин таһаарар буолуохпут. Бу сырыыга Бүтүн Арассыыйаҕа уонна чуолаан биһиги эрэгийиэммитигэр сыһыаннаах судаарыстыба көмөлөрүн туһунан сырдатыахпыт. Барыгытыгар туһалаах иһитиннэрии буолуо диэн эрэнэбит.

Агротуризмы сайыннарарга граны хайдах ылыахха сөбүй?

Агротуризм диэн, холобурдаан эттэххэ, куорат ыччата дэриэбинэ көй салгыныгар сынньана, күүлэйдии барар. Ол сылдьан кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалга бэйэтэ козаны ыан, ол үүтүттэн сыыр оҥорон, тыа сирин олоҕун бэйэтинэн боруобалыыр, сатаабатаҕын сатаан астынар-дуоһуйар. Маннык айан-сырыы туристарга кыаллыан сөп. Оттон тыа сирин пиэрмэрдэрэ, кыратык да буоллар, дохуоттаналлар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр ыам ыйын 16 күнүттэн “Агротуризм” хайысхаҕа грант ыларга сайаапка хомуйан эрэллэр.

Грант кээмэйэ – 3 мөлүйүөнтэн 10 мөлүйүөн солкуобайга диэри. Бу сылга  тыа хаһаайыстыбатын туризмын сайыннарар 50 бырайыагы өйүүр былааннаахтар. Грант уопсай суумата – 300 мөлүйүөн солкуобай. 2023 сылтан көмө сууматын 500 мөлүйүөҥҥэ диэри үрдэтэр былаан баар. Кэлэр сылга – 700 мөл. солк. диэри.

Көмө харчыны тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр туһалаах тиэхиньикэни, тэрили, кыылы-сүөлү тутууга тутуу матырыйаалын, көстүүнэй тутуутугар ыытыахха сөп.

Бу бырайыакка кыттыан баҕалаахтар, бу хайысхаҕа сыһыаннаах департаменын эрэгийиэннээҕи дьаһалтатыгар маннык докумуоннары тиксэриэххитин наада:

- бырайыак грант ылбыт сылыгар саҕаланарын туһунан;

- урукку өттүгэр атын судаарыстыбаннай көмөнөн туһамматаҕын туһунан;

- Арассыыйа олохтооҕо буоларыҥ туһунан;

- эн бырайыаккар атын омук олохтооҕо кыттыбатын туһунан;

- бырайыаккын олоххо киллэрэргэ бас билэр сирдээҕиҥ ирдэнэр;

- монкурууттуу сылдьыбатаҕыҥ туһунан сибидиэнньэ;

- нолуокка иэһиҥ-күүһүҥ суоҕун туһунан.

Дьоҕус биисинэскэ нолуок төлөбүрэ сымнаата

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана – дьоҕус биисинэскэ нолуогу сымнатар туһунан сокуон киллэрбитин СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕар сүүс бырыһыан өйөөтүлэр. 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирбитэ.

2022 сылга нолуок маннык көрүҥнэргэ сымнаата: “доходы” көрүҥҥэ – 5% -1 % диэри, «доходы за вычетом расходов» көрүҥҥэ – 10%-5% диэри.

Испиирдээх, арыгылаах бородууксуйаны атыылыыр тэрилтэлэргэ бу нолуок сымнатыыта суох. Кинилэргэ нолуок кыччаабат.

Көмө харчы кээмэйэ улаатта

Кэтэх дьиэни гаастааһыҥҥа көрүллэр биир кэмнээх аадырыстаммыт көмө 150 тыһ. солк. диэри улаатта.

Көмөнү кыра дохуоттаах ыалларга уонна биирдиилээн дьоҥҥо оҥороллор. Бу туһунан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев быһаарыытынан, Бырабыыталыстыба 2022 сыл ыам ыйын 11 күнүнээҕи 268-с №-дээх уураахха уларытыылары киллэрдэ. Ол курдук, биир кэмнээх аадырыстаммыт көмө Балаһыанньатыгар кэтэх дьиэлэри гаастааһыҥҥа көмө харчы кээмэйэ улаатта, хабар араҥата кэҥээтэ.

Бас билэр дьиэҕэ барытыгар көмө үп 150 тыһ. солк. тэҥнэстэ. Маны тэҥэ материальнай көмөнү туһанааччылар испииһэктэригэр соҕотох олорор, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэри киллэрдилэр. Ол эрээри кинилэр дохуоттара тииһинэн олоруу кээмэйиттэн, гаас холбонор кэмигэр, икки төгүл кыра буолуохтаах.

Маны тэҥэ олорор дьиэлэри гаастааһыҥҥа материальнай көмө аадырыһынан оҥоһулларыгар бэриллиэхтээх докумуоннар испииһэктэрэ чуолкайданна уонна эбилиннэ.

Өскөтүн мунаахсыйар, ыйыталаһар боппуруостаах буоллаххытына, Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра.. Элэктэриэн почтаҕа ыытыҥ.

Хайаан даҕаны хоруйдуохпут, сүбэлиэхпит.

Юрист Николай ХРИСТОФОРОВ.

Бүтэһик сонуннар