Төрүт былыргыттан, инньэ таас үйэтиттэн саҕалаан, булчут, балыксыт хааннаах өбүгэлэрбит барахсаттар бу курдук тыйыс айылҕалаах, ирбэт тоҥ буордаах сиргэ тыыннаах хаалар туһугар тулалыыр эйгэ кистэлэҥ күүстэрин кытта алтыһар, үҥэр-сүктэр, кинилэртэн көрдөһөр араас сиэри тутуһаллара, туому толороллоро.
Ол курдук, бултуйдахтарына кыыл, көтөр иччитигэр махтанан, бултаабыт кыылларын тириитигэр эбэтэр суорба таас хайа сирэйигэр кыһыл соһо кыраасканан уруһуйдаабыт ийэ кыылларыгар (тотемҥа) анаан сиэр-туом оҥороллоро. Онно анаан ханнык эмэ кыра кыылы өлөрөн, толук биэрэллэрэ, үксүгэр хаан таһааран, ыһыах ыһаллара (окропление). Ону билим чинчийиилэрэ кэрэһилииллэр.
Кэлин, атын омуктары кытта булкуһуу, ыкса алтыһыы саҕана, ити хааннаах туом “дөлбүргэ” эбэтэр “дэлбиргэ” ыйааһынынан солбуллубута. Дөлбүргэни үксүгэр хара тыа эбэтэр далай (уу, эбэ) иччитигэр толук быһыытынан (жертвоприношение) ыйыыллара.
Дөлбүргэни хайдах оҥороллоруй?
Бастаан тириини тэлэн, уһун быа оҥороллор. Онно араас улахан көтөр – хаас, улар түөһүн уҥуохтарын, атаҕын, кынатын, кыыл кутуругун уонна сүүмэх түүнү кэккэлэһиннэрэ тиһэллэр. Дөлбүргэни бултуур сирдэригэр мастан маска субуруччу баайан ыйыыллар. Бүтэр уһуга сиргэ тиийэ намылытыллар. Мин ону Бүлүү, Эдьигээн тыаларыгар, булчут үүтээннэрин таһыгар көрөр этим.
Киин улуустарга дөлбүргэни маҥан, хара сылгы сиэлиттэн ситии хатан, онно куобах тириитин (бороҥ), кус кынатын, мас көтөрүн кутуругун, онтон да атын өҥнөөх малы тиһэн, ыйаабыт буолаллар. Итинник быһыылаахтык оҥоһуллубут дөлбүргэлэр үксүгэр муҥхалыыр күөллэр хоту эҥээрдэриттэн, анал сиэр-туом толоруллубут сирдэриттэн, көстөөччүлэр. Аны туран, саас эбэ мууһа барарыгар туоһунан тыыга майгынныыр устар тэрили оҥорон, онно эриэн кыл ситиигэ субуруччу куобах кутуруга тиһиллибит дөлбүргэни баайан, сүүрүк хоту ыыталлара.
Булчут, сылгыһыт үгэһэ
Сэбиэскэй былаас иннинээҕи ыһыахтарга дөлбүргэни кымыс баҕаҕар салама үрдүнэн ыйыыллара. Оттон саха булчуттара “чычыпкаан” сиэригэр-туомугар дөлбүргэ анныгар саламаны ыйыыллара.
Мантан көстөрүнэн, дөлбүргэни уонна саламаны ыйыыр үгэс, ол сиэрэ-туома булчут, сылгыһыт дьону кытта ыкса ситимнээх, кинилэр үйэлээх үгэстэрэ буолан, күн баччаҕа диэри этэҥҥэ тиийэн кэлбит.
Даҕатан эттэххэ, саламаны ыйыыр сиэр-туом ордук хотугу сиргэ сылгы иитиитин култууратын кытта ыкса ситимнээх. Ону анаан бэлиэтиибин. “Тоҕо?” диэ. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, хотугу түөлбэлэргэ сүөһүнү дьиэтитии култуурата олохсуйарын, киирэрин саҕана, сахаҕа инники күөҥҥэ сылгы иитиитэ тахсар. Биһиги дьоммут ордук маҥан дьүһүннээх сылгыны анаан, үгүстүк үөскэтэллэр. Ити кэмҥэ итэҕэлбитигэр сылгыга сүгүрүйүү (культ коня) баһылыыр суолталанар, сүрүн оруолу ылар. Дьөһөгөй Айыы Орто дойдуга киһи курдук төбөлөөх, икки илиилээх, ол эрээри түөрт атахтаах харамайы (кентавры) айан түһэрэр. Ол – Үрдүк Айыылартан айыллан кэлбит харамай – ийэ сиргэ түһэн аҥаара киһи, аҥаара сылгы буолан арахсар, киһи уонна сылгы төрдө буолан тэнийэр.
Биир үһүйээни ахтан ааһар тоҕоостоох. Биир саха үһүйээнигэр кэпсэнэринэн, тыйыс айылҕабыт кубулҕатыттан сылтаан сылгы, дьон төрүөҕэ айгыраан, өлүү-сүтүү үксээн, ыарыы-дьаҥ тарҕанан барбыт. Оннук ыар дьыл сылгы баайдаах аҕа баһылыктар Дьөһөгөй Айыыттан илгэни-быйаҥы, төрүөҕү көрдөһөн, уонунан элэмэс сылгыны үс үүт маҥан атынан күн аннын диэки үс түүннээх күн кыйдаабыттар, анал сиэри-туому толорбуттар.
Номохторго кэпсэнэр өссө биир чахчы. Сахалар ытык киһини көмөллөрүгэр, кини кута-сүрэ Үөһээ айбыт Айыыларыгар айаннаан тиийдин диэн, миинэр миҥэтин, ол эбэтэр атын уонна тэһиин тутааччы кулутун, бииргэ көмөн ыыталлара. Эмиэ анал сиэр-туом толоруллара.
Ити курдук, ыал олоҕо туруктаах буоларын туһугар, саҥа дьиэ төрүт сэргэтин төрдүгэр эмиэ сылгыны көмөллөрө. Баараҕай балаҕан өһүөтүн сүгэр тойон баҕана анныгар ат баһын уураллара. Ол эрээри кэлин ити ыар толугу (бэрик) туттуу (жертвоприношение) уурайан, саламанан солбуллубут. Судургутутуллан.
Былыргы номохторго
Салама да, сэргэ да Саха сиригэр ыкса олорор, сылгы иитэр омуктарга барыларыгар кэриэтэ баар. Ол үгэһэ, сиэрэ-туома бэрт былыргыттан туттуллар. Ону билим үөрэхтээхтэрэ, чинчийээччилэрэ туоһулууллар.
Оттон сахаҕа хаһааҥҥыттан баарый? Номохторго-үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, Саха сиригэр саламаны аан бастаан Эр Соҕотох Эллэй боотур ыйаабыт. Кини ыһыах сиэригэр-туомугар туттуллар үрдүк атахтаах араҥас түһүлгэ тулатыгар чэчир анньыбыт, ону тула үс курдуу эргиччи салама баайбыт диэн буолар.
Маныаха майгынныыр ыһыах сиэрэ-туома XVIII үйэҕэ Сунтаар сиригэр оҥоһуллубута ахтыллар. Онно үгүс кулун өлбүт, ыалга оҕо турбат буолбут дьылыгар Үрдүк Айыыларга анаан “Киис Таҥараҕа” тахсыы сиэрин-туомун толорбуттар. Ахтылларынан, аҕыс атахтаах араҥас түһүлгэ оҥорбуттар, ол тула чэчир анньан, үс курдуу саламанан эргиччи баайбыттар. Ол кэннэ үрүҥ ойуун битииһиттэриниин үс күн түһүлгэттэн түспэккэ, Киис Таҥараттан (Үрүҥ Айыы Тойонтон) төрүөх көрдөһөн алгыс алҕаабыт, битии битийбит. Түмүгэр, үһүс күнүгэр, саламаны сүөрбүттэр, илин өттүн маҥан аттаах киһи илиитигэр туттарбыттар, арҕаа төбөтүн аҕа баһылыкка биэрбиттэр. Онтон саламаны аҕа баһылык ураһатын иһигэр киллэрэн, эргиччи ыйаан кэбиспиттэр. Ол аата, толук туттуллубут алгыстаах саламаҕа Киис Таҥаранан оҕо кутун, күөх сирэм үүнэр илгэтин иҥэртэрбиттэр. Бу сиэр-туом ону туоһулуур.
Ахтан аастахха
Этиллибитин курдук, салама ыйыыр сиэр-туом сүөһү ииттэр саха дьонугар бэрт былыргыттан туттуллара. Биллэн турар, бу кэмҥэ диэри ол улахан, дириҥ силистээх сиэр-туом сорох өттө умнуллубута, өйдөбүлэ бысталаммыта сэрэйиллэр. Онон, мантан салгыы салама сиэрин-туомун торума ордон хаалбытын туһунан кыраайы үөрэтээччи кырдьаҕастар бэлиэтээһиннэриттэн ахтан ааһыым.
Саха ыала сайылыкка көһөн кэлэригэр аан бастаан аартык, онтон дойду иччитигэр салама баайара. Эбэ иччитин эмиэ умнубаттара. Ол курдук, киниэхэ анаан күөлгэ дөлбүргэ ыыталлара.
Дойду иччитэ Аан Алахчыҥҥа аналлаах саламаны сайылык илин өттүгэр, уруккуттан ыйыыр мастарыгар, ыйыыллара. Арыт ол сиргэ өлүү-сүтүү тахсар түгэнигэр, салама ыйанар маһын уларыталлара. Саҥа маһы ыал, аҕа ууһун саамай кырдьаҕас, ытыктанар киһитэ көрдөөн булара.
Саламаны үксүгэр тииккэ, бэскэ, хатыҥҥа, арыт, Бүлүү эҥээр, харыйаҕа ыйыыллар. Ити мастарга “үтүө тыын иҥэр, баайы тардаллар” дииллэр. Саламаны тэтиҥҥэ ыйыыры аньыыргыыллар. Ол эрээри тэтиҥ ытык сир арҕаа эбэтэр хоту өттүгэр үүммүт буоллаҕына, ону табыгастааҕынан ааҕаллара. Арҕааттан аргыйар ыарыыны, дьаҥы-дьаһаҕы аһардыбат, бэйэтигэр иҥэринэр диэн.
Саламаны хайдах оҥороллоруй? Саастаах дьахтар хара, маҥан өҥнөөх сиэлинэн ситии хатар. Онно харыс арыттаан маҥан сиэл сүүмэхтэрин баайаллар. Ол икки ардыгар дьоҕус туос ыаҕайалары, тордукалары баайаллар, өҥнөөх сиитэс таҥас кырадаһыннарынан киэргэтэллэр. Маны таһынан, сайылык ыала саламаҕа туох эрэ суолталаах, бэлиэ малын көстөр гына ыйыан сөп.
Былыр салама ыйыыр сиэри-туому сүрүннээн дьахтар аймах толороро, кини ыйыыра.
Саламаны бастаан аҕа саастаах дьахтар эбэтэр эмээхсин баайар. Кини баайар мутугун сааһынан көрөн булар. Ол аата, холобур, дьахтар 60 саастаах буоллаҕына, алларааттан алтыс мутукка, дьиэтин диэки туһаайан, баайар. Ол мутук төрдүгэр саламаны кытта өссө саамай кыра саастаах оҕо оонньуурун холбуу баайар. Салама биир уһуга мутукка бааллар буоллаҕына, аҥаар уһуга сиргэ тиийэ намылыйан түһүөхтээх. Салама сиргэ тайанар төбөтүгэр тарбыйах кутуругун дэйбиириттэн сүүмэх түүнү быһан ылан эбэтэр барыларыттан аҕа дьахтар сылгы сиэлин өрөн, “бу чөчүөккэ өрбүт” диэн этэн туран, баайар. Итинник гыннахха, чөчүөккэ олохсуйбут ыалыгар ааһар абааһы тохтообот буолар, тумнар эбит.
Дьэ, ити курдук ытык маска сайылыкка төһө ыал баарынан, саастарынан мутуктарын булан, ситии төрдүгэр бэлиэ малларын баайан, саламаларын ыйыыллара. Ити – баай тардарга аналлаах сиэр-туом. Аны туран, бэлиэлээх ыал саламатын үрдүгэр атын ыал саламатын баайбыт буоллаҕына, ол аата, кини саламалаах ыалы кытта уруурҕаһыан баҕарар диэн буолар: суорумньу суола арыллар. Салама ыйыыр сиэр-туом сүрүн соруга – сир-дойду иччитэ Аан Алахчын хотунтан үүт тураан олоҕу, быйаҥы көрдөһүү. Онно салама бэрик-туһах, толук буолар.
Сайылык ыһыаҕа
Сайылыкка салама ыйаныыта ырыалаах-тойуктаах, алгыстаах, малааһыннаах уонна оонньуулаах буолар. Саламаны ыйаан баран, сыл устата ким да тыытыа суохтаах. Ким эрэ алдьатар, ылан быраҕар түгэнигэр, ол аньыыта-харата барыта киниэхэ түһэр. Эбэтэр Үрдүкү Айыылара киниттэн киэр хайыһаллар. Саха дьоно оннук өйдүүр.
Сайылык ыһыаҕар чугас да, ыраах да сайылыктартан элбэх киһи мустар. Ыһыахха түһүлгэ ортотугар кымыс баҕаҕар алгыс этэллэр, арчылыыллар, түөрэх быраҕаллар, салама ыйанар түһүлгэ киинин (алтаара) анаан-минээн киэргэтэллэр.
Аан бастаан ол баҕахтан күн тахсар сирин диэки сиэл намылҕан аартык арыллар. Салгыы баҕахтан хоту уонна соҕуруу тыһы, атыыр эҥээрдээн, чэчирдэри анньаллар. Чэчирдэргэ киһи саннынан үрдүктээх гына салама баайаллар. Салама арҕаа баһын кымыс баҕаҕар эмиэ киһи үрдүгүн саҕа кээмэйдээн баайаллар. Оттон илин баһынааҕы төбөтүн сиргэ тиийэ намылытан, кымыстаах ыаҕайаҕа угаллар. Ити курдук сиэл намылҕан аартык илин баһа аһаҕас буолар. Аартык ортотугар оҕолорунан күөх сибэккилээх оту маҥан сиэли кытта холбоон ыстараллар.
Ыһыах ыалдьыттара илдьэ кэлбит саламаларын алгыс түһүөн иннинэ чэчиргэ баайыллыбыт сиэл намылҕан саламаҕа (саламаҕа сүүмэх маҥан сиэл хото баайыллыбыт буолар) намылыччы ыйаан, алгыска кытталлар. Ыһыахха хойутаан кэлбит киһи саламатын бэйэтэ да алҕаан ыйыан сөп. Итини таһынан, атын ыал, сулумах эр киһи (кыыс, дьахтар да) бэйэтин саламатын санаата чугас ыалын, киһитин саламатын үрдүгэр холбуу баайар. Оттон ол салама үс күн тыытыллыбакка, ылыллыбакка турара – кэпсэтии сөбүлэҥин бэлиэтэ.
Ити курдук, хас биирдии салама сайылык ыала бары билэр анал бэлиэлээх буолара.
Итэҕэл быһыытынан, Улуу Тунах ыһыаҕар саламалаах чэчиргэ уонна баҕах сэргэҕэ тайахтанан, Үрдүкү Айыылар ыалдьыттаан ааһаллара үһү.
В.Ф. Яковлев-Түһүлгэн, историк, этнограф.