РФ Ааҕар-суоттуур палаататын салайан олорбут Алексей Кудрин Арассыыйаҕа хас 10 мүнүүтэ аайы 50 мөл. солк. уорулларын туһунан эппиттээх. Ити – федеральнай бүддьүөттэн эрэ. Онно эрэгийиэннэр, куораттар бүддьүөттэрин эбэн кэбиһиҥ! Эмиэ Ааҕар-суоттуур палаата ааҕарынан, сылга 268 млрд солк. “итиир” эбит. Онтон 1%-ныгар эрэ холуобунай дьыала тэриллэр, сороҕо хааһынаҕа төннөрүллэр. Ол аата, онтон атына сиик курдук симэлийэн хаалар.
“Уоруу тоҕо олохпут нуормата буолла, хайдах гынан ону уодьуганныыбыт?” диэҥҥэ ааҕааччылар санааларын үллэстэллэр.
Идеология суоҕа “көмөлөстө”
Хомуньуус Георгий Михайлович Артемьев:
“Дойдуга социализм тутулун саҕана, бас билии судаарыстыбаҕа уонна кэпэрэтииптэргэ баара. Онтон формация уларыйда, хапыталыыһым тутула буолла. Ол сүрүн сыала-соруга – байыы, барыс киллэрии. Оттон РФ Конституциятыгар, 13 ыстатыйаҕа “1. В РФ признается идеологическое многообразие. 2. Никакая идеология не может устанавливаться в качестве государственной или обязательной” диэн сурулла сылдьар. Онон туох да сүрүннүүр идеологията суох дойдуга олоробут, бэл, “элбэх араас идеология көҥүллэнэр” диэн суруллар. Күлүүс итиннэ сытар.
Урут хайдах этэй? “Киһи – киһиэхэ доҕор” диирбит. “Уорума, албыннаама, чиэһинэйдик үлэлээ, дьону ытыктаа, кыаммакка көмөлөс” диэн этэ. Ол барыта сотулунна. Ханнык баҕарар ньыманан бай, барыһыр эрэ диэн буолла. Конституция ыстатыйата онно ааны аһан биэрдэ.
Урут да уоруйахтар бааллара. Ол эрээри кытаанахтык накаастаналлара. Кинилэртэн сиргэнэллэрэ, кэлэйэллэрэ, карьералара быстара. Билигин уоруйахтар аныгы кэм дьоруойдара буоллулар. Салгыы хайдах буолабыт, маны көннөрөр кыах баар дуо диэҥҥэ, систиэмэни уларыппатахха, ити уларыйара саарбах. Син биир салҕанан бара туруо, өссө хам ылан иһиэ диэн куттал баар”.
Иҥсэ-мэнэгэй күүһэ
Уус Алдантан Николай Телейскэй:
“Забота у нас простая, Забота наша такая – Жила бы страна родная, И нету других забот” – диэн ыллыы сылдьыбыппыт баара, хомуньууһуму эрэннэрбит баартыйабыт эрэттэрэ ким эрэ кигиитинэн эбэтэр тэрийиитинэн олохпут тутулун тосту уларытан кэбистилэр. Дьэ, онон 1992 с. биир тутулу атын тутулунан солбуйан, оруобуна орулуур 30 сыл олорон кэллибит. Биир киһи олоҕор син уһун болдьох. Бастакы түмүктэри оҥоруохха сөп курдук: “Уопсай олоҕу тутан бүтэн, аны хас биирдиибит тус олоҕун тутан ханна-туохха тиийдибит”, – диэн.
Тугу буллубут, тугу сүтэрдибит? Били, ыллыыр ырыабытын тамты умнан кэбистибит. Ону төрүт билбэт, туспа өйдөөх-санаалаах көлүөнэ үөскээтэ. Онон ааспыт олох, билиҥҥи олох туһунан “бэйэ колокуонньатыттан” араас дойҕоҕу туойуохха сөп. Тутул уларыйдаҕына, туох барыта, олох ис хоһооно кытта уларыйарын бары эппитинэн-хааммытынан, өйбүтүнэн-санаабытынан биллибит. Көннөрү үлэһит киһититтэн үрдүк кириэһилэҕэ олорооччутугар тиийэ бары тус олоҕу оҥостууга умса түстүбүт.
Онуоха туох хамсатарый, сирдиирий? Дьэ, доҕор, саҥа олоҕу айааччыларбыт муора түгэҕиттэн хостоммут буор көһүйэ купсуунтан көҥүлү кытта тэҥҥэ иҥсэ-мэнэгэйи таһааран кэбиспиттэр эбит. Ол мэнэгэй төрдө-түгэҕэ биллибэт сүдү күүс буоллаҕа эбээт! Ким ордук иҥсэлээх, ол аата, “ордук сатабыллаах” диэн олус үчүгэй олоҕу оҥостор кэмэ үүннэ. Ону бүгүҥҥү олох чахчыта туоһулуур.
Балыксыттар “блесна” диэн албын мэҥиэни быраҕан сордоҥ сордооҕу хаптараллар. Дьэ, ол курдук биһиги оҕуруктаах өйдөөхтөрбүт тобулан, толкуйдаан, дьон эрэйдээҕи байытар “ваучер” диэни быраҕан биэрбиттэрэ, сопхуостаахтарга төрүт да наадыйбат сүөһүлэрин, тиэхиньикэни, дьиэни-уоту түҥэппиттэрэ. Киһи онон байан барбатын билэр буоллахтара. Бэйэлэрэ сир баайын, улахан собуоттары, баабырыкалары, харчы хамсыыр кииннэрин тыаһа-ууһа суох иҥэриммиттэрэ. Сүрдээх кылгас кэм иһигэр миллионер, миллиардер (дуолларынан) буола түспүттэрэ. Билигин кинилэртэн биир солкуобайы көрдөөҥ эрэ, тугу көрөр эбиккит?! Таммах да саҕаны бычалытыахтара суоҕа.
Көр, иҥсэ-мэнэгэй обургу оннук күүстээх. Бэл, кыра да үлэһит “эбии хантан тугу булабын, босхоҕо тиксэбин?” диэн толкуйдаах уһуктар. Оттон дуоһунастаах муҥнаах төрүт да утуйбат. Кини илиитин иһинэн хамсыыр харчы илиигэ сыстыан наһаа баҕарар, ону хайдах туттунуой? Ол да иһин туора туттубут баһылыктар, Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрэ, киириини-тахсыыны хонтуруоллуур тэрилтэлэр, дьокутааттар, миниистирдэр түбэһэ турдахтара...
Өй-санаа иҥсэ-мэнэгэйгэ лаппа баһыйтарда. Уоруйах систиэмэни олохтоон, харчыны, баайы-дуолу эрэ уорар, былааһы атыылаһар эрэ буолбатахтар. Кырдьыгы, норуот дууһатын, дьон-сэргэ итэҕэлин тэпсэллэр. Оннук итэҕэлэ, эрэлэ суох хараҥаны, алдьархайы утары киирсэр уустук. Бу ыксаллаах быһыыга-майгыга били “сатабыллаахтар”, баай-дуол оҥостубуттар, далбар-мааны бөҕөҕө сылдьыбыттар бастакынан таҥнардылар, истэрин эриэнин көрдөрдүлэр. Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх, туох барыта эппиэттээх. Албыны суолламмыттар бэйэлэрэ да, кэнчээри ыччаттара да үтүө олоҕу олорботторо буолуо. Үрдүк Үрүҥ Айыылар ону кинилэргэ көҥүллүөхтэрэ биллибэт...
Уодьуганныыр кыаллыа дуо?
Александр Бири, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Өлүөхүмэ:
– Уоруу туохтан тууһугуран турда? Арассыыйа ырыынакка бэлэмэ суох, эмискэ киирбититтэн буолуо. Сопхуостар ыһыллан, баабырыкалар, собуоттар моҥкуруут бараннар, норуот хаһаайыстыбата эстэн, мөлүйүөнүнэн дьон үлэтэ суох уулуссаҕа быраҕыллыбытыттан. Дьон-сэргэ айаҕын ииттиэн наада буоллаҕа. Онон сорох-сороҕу уорууга, босхону булууга ол күһэйбитэ саарбаҕа суох. Ити кэмҥэ ырыынактарга көрдөрөн туран былдьааһын (рэкет), “түһээн” хомуйуу ордук сытайа сылдьыбыта. Онно оптуобустарга дьон сиэбин тэбээһини, уулуссаҕа саастаах дьонтон, дьахталлартан малларын туура тутан ылыыны эбэн кэбиһиҥ. Билигин оччотооҕу дьиикэй быһыы суох.
Ол оннугар уоруу “сокуоҥҥа киирдэ” диэххэ сөп. Төһө да бэйэлээх улахан кээмэйдээх уорууну ким да соһуйа истибэт. Арай саастаах көлүөнэ дьон сүрэҕэ нүөлүйүө. Ол өйдөнөр, сэбиэскэй кэм иитиитэ буоллаҕа. Урут ыаллар, бэл, дьиэлэрин аанын таһыттан баттатан эрэ кэбиһэр буоллахтарына, аныгы дьон дьиэлэрин ааныгар ыт баһын саҕа күлүүстэр күлтэһэллэр, оттон куорат кыбартыыраларын икки хос аанныыллар.
Оттон үбү-харчыны сааһылыахтаах, ону хонтуруоллаахтаах, уорууну уодьуганныахтаах чунуобунньуктар, дьокутааттар, баһылыктар? Бу “барахсаттарбыт” бэйэлэрэ үбү-харчыны апчарыйалларын туһунан субу-субу истэбит.
Уорууну тохтотор, саатар, уодьуганныы түһэр туох ньыма, күүс дуу баарый диэн ыйытыы салгыҥҥа ыйанар кутталланна. Урут “хоруупсуйаны утары охсуһуу” диэни дьон кэм өрүкүйэ истэр буоллаҕына, билигин ээл-дээл истэр.
Уорарга үөрэммит уопсастыба уларыйара саарбах. Биир дьайыан сөптөөх ньыма арай – ыччаты үлэҕэ иитии-такайыы. Оҕону үлэҕэ үөрэппэтэх буруйдаах биһиги, аҕа көлүөнэ, буолабыт. Онон төрөппүттэр – оҕолорун, учууталлар үөрэнээччилэрин кыраларыттан үлэҕэ иитиэхтээхтэр, үлэни сыаналыырга үөрэтиэхтээхтэр. Ол иһигэр хара үлэҕэ эмиэ – сайыҥҥы лааҕырдары тэрийтэлээн, оҕолору оттотон, оҕуруот аһын үүннэртэрэн. Үлэни билэн улааппыт оҕо бэйэтэ өлөрбүт харчытын сыаналыа, дьиҥ үлэһит буолуу дьолун билиэ, уоруу суолуттан туттунуо.
Кытайга курдук сокуон наада
Раиса Парникова, Хаҥалас: “Кытайга курдук кытаанах сокуон наада, – диир. – Оччоттон баччаҕа диэри киһи аймахха уоруу диэн омсолоох көстүү улахан аньыынан ааҕыллара. Дэлэҕэ да православнай итэҕэлгэ өлүүгэ тиэрдэр 7 аньыы-хара ахсааныгар киириэ дуо? Ол эрээри билиҥҥи кэмҥэ ону ылынааччыта ылынар, ылыммата харса суоҕун киллэрэн, атын киһи, ону ааһан судаарыстыба бас билиитигэр суудайара үксүү турар. Этэргэ дылы, ким хайдах сатыырынан: кыра-хара өттө – кыаҕа, өйө тиийэринэн, дуоһунастааҕа – иҥсэтэ төһөнү уйарынан.
Ол эрээри дьиҥ олоххо хайдаҕый? Сокуон хараҕа өҥнөөххө-түүлээххэ сымнаан, кыраҕа-хараҕа кытаатан биэрэр. Дьиэ хайдарынан үбү, баайы апчарыйбыт үрдүк сололооххо төһө-хачча сылы биэрбиттэрэ, төһө ыстараабы уурбуттара чып кистэлэҥ. Оттон оҕолорун, дьиэ кэргэнин аһатаары 30 хатыыс оҕотун туппут киһиэхэ хайдах накаастабыл туттуллубутун санатар наадата суох. Сокуон хараҕар ким таҥара маһа, ким күрдьэх тутааҕа буоларын тухары уорууну уодьуганныыр саарбах. Кытайга хоруупсуйаҕа, бэриккэ тутуллубут үрдүк сололоох тойоттору дьон бөҕө көрөн турдаҕына ытан өлөрөллөр. Сорохтору тарбахтарын быһаллар. Баайыттан-дьадаҥытыттан, үрдүк сололооҕуттан-солото суоҕуттан тутулуга суох, итинник курдук кытаанах сокуон ылыллара буоллар, хайыа эбитэ буолла? Суут-сокуон чиэһинэй буола илигинэ, уодьуганнанара саарбах”.
Былааска өтөн киирдэ
Уйбаан А., Анаабыр:
– Хаһан эрэ “ама, маннык баар үһү дуо?” диэн сөҕө көрбүт хамыһаар Каттани туһунан сэрийээлбитинээҕэр да “курутуой” дьыалалары истэр буоллубут. Холобур, улахан быыбарга элбэх харчылаах эрэ киһи киирсэн кыайар кыахтаах дииллэр. Киниэхэ харчылаах атын киһи “успуонсардаатаҕына”, онтун 3–4 төгүл барыстаахтык төннөрүөн наада. Итинник ньыма үгүстүк туттуллар. Онон былааһы хоруупсуйа ситимэ иилии эргийэн кэбистэ. Былааска бэйэ-бэйэлэригэр иэстээх, ылсардаах-бэрсэрдээх дьон олороллор.
Баартыйанан дьокутаат буоларга мандааты улахан тэрилтэ “генераллара”, баай дьон атыылаһан ылаллар. Ол сыаната төһөтүн бэйэлэрэ билэн эрдэхтэрэ. Сэтинньигэ буолуохтаах Ил Түмэн быыбарыгар сорох-сорох мандааттар номнуо быһаарыллан бүттүлэр ини дииллэр. Улуус баһылыктара, син биир бу систиэмэҕэ сылдьар дьон буолан, хоруупсуйаҕа санаалара чугас. Чиэһинэй дьон хайа да дуоһунаска өр уһаабат эбэтэр кинини онно чугаһатыахтара да суоҕа. Оттон чугаһаттахтарына, “үллэстиэн” наада, инньэ гыммата да, кинини сол олордубут дьоно туоратыахтара. Былааска сылдьан, эмискэччи сүрэхтэрэ тохтоон өлбүт салайааччылар, сиэри-майгыны утарары тулуйумуна, олохтон туораабыттара буолуо дии саныыбын. Борокуратуура, ИДьМ, бырабыыталыстыба тугу көрөллөр диигин дуо? Онно бары биирдик бүтэр араспаанньалаах дьон олорор. Ити дьон тугу эмэ уларыталлара саарбах...
“Табыгастаах” дьон
Анна Черноградская, урбаанньыт, Дьокуускай:
– Хоруупсуйаны утары охсуһуу холуобунай кодекска ыстатыйа баарынан эрэ имик-симик, ээл-дээл ыытыллар. Үксүгэр көрүнньүккэ эрэ. Дьиҥнээх уодьуганнааһын суох буолан, саамай алын таһымтан саҕалаан, үрдүкү былаас көрүдүөрүгэр тиийэ салҕана турдаҕа. Тоҕо кыайтарбат буолла диэтэххэ, оннук систиэмэ тэрилиннэ. Ол систиэмэҕэ барыта этэргэ дылы, “схвачено”, бары бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктаах дьон олороллор. Үрдүк соло, дохуоттаах миэстэ, үгүөрү хамнас, кырыйдахха, ботуччу социальнай мэктиэ туһугар ол дьон, бастатан туран, “табыгастаах” буолуохтаахтар. Оннук дьон хайаан хоруупсуйаны утарыахтарай? Суох буоллаҕа.
Мин санаабар, ону утары охсуһуу биир сүрүн ньымата – көннөрү чиэһинэй буолуу. Ол инниттэн каадыры анааһыҥҥа болҕомтону уурар наада. Ким эрэ “киһитин”, ким эрэ “атаһын-доҕорун”, ким эрэ “билсиитин-көрсүүтүн” эбэтэр аймаҕын анаабакка, куонкурус чиэһинэйдик, чахчы, дьыалабыай хаачыстыбаны көрөн, ыытыллыахтаах. Үлэтин кыайбат түбэлтэтигэр бу киһини ууратыллыахтаах. “Каадыр тиийбэт” дииллэрэ сымыйа. Каадыр баар, ол эрээри кинилэри кэтээн көрөн, үүннэрэр наада: производствоҕа, муниципальнай таһымҥа. Тыа сиригэр, хотугу улуустарга ыытан. Бэлэмэ, таһыма суох киһини салалтаҕа тута туруоран кэбиспэккэ, уопутуралларын курдук, үүннэрэн иһиэххэ баара. Онон хоруупсуйаны уодьуганныыр биир сүрүн ньыма – каадыры чиэһинэй буоларга иитии, чиэһинэй буолууну өрө тутуу. Атыннык кыайар ньыма уонна суох.
Бу – ханна баҕарар баар “ыарыы”. Ол эрээри биһиги дойдубутугар “сириэдийэ” үүммүтэ саныахха ыарахан. Ханна эрэ ыарыһах оҕолорго 20 мөл эмп. тиийбэт, оттон хас уоннуу мүнүүтэ чунуобунньуктар бүддьүөттэн 50 мөл. солк. уора олороллор... Бэрэсидьиэн Владимир Путин өссө 2014 с. хоруупсуйаны утары охсуһууну биллэрэн тыл эппитэ да... уоруу онтон ыла өссө улааппыт бадахтаах. Тоҕо манныгый? Туох дии саныыгыт?
Фото: Николай Гынгазов / Global Look Press
Нина ГЕРАСИМОВА.