Киир

Киир

Уһук Илиҥҥэ атах таҥаһын тигэр собуоттаах, хиимийэ лабаратыарыйалаах, түүлээҕи, тириини имитэр, таҥастыыр, оттон тыйыс кыһыммытын туоруур ураты ичигэс таҥаһы тигэр, киэргэли оҥорор тэрилтэ соҕотох. Манна үлэлиир кэлэктиип туох даҕаны киһиргээһинэ суох, биһиги “кыһыл көмүс пуондабыт”. Кинилэр сатабыллаах тарбахтарынан оҕо кыһыҥҥы таҥаһыттан, күннээҕигэ кэтэртэн саҕалаан, “үрдүкү муода” ирдэбилигэр эппиэттиир бэргэһэтигэр, саҥыйаҕар, унтуутугар, о.д.а. тиийэ тигиллэн, киэргэйэн тахсар. Дьокуускайга туристар кэллилэр да, кинилэр маҕаһыыннарыгар сылдьаллар, атын да үрдүк сололоохтор тумнубаттар. Кэнники “Сахабулт” Арассыыйа ырыынагар тахсан, омуктары кытта үлэлээн эрэр. Саҥаттан саҥаны баһылаан, урукку ньымалары сөргүтэн, аныгы олоҕу кытта дьүөрэлииргэ ылсаллара үөрдэр. Сүбэ-соргу баһаам. Мэһэйдэспэтэллэр эрэ.

 * * *

Бу, чахчы, Саха сирин ааттатар биир “бренд” тэрилтэ диэтэххэ, сымыйа буолбат. Кэнники сылларга “Сахабулт” үлэтин-хамнаһын сорох түгэннэрин ыллахха, биир тэрилтэ холугар сөбө суох ыарахан тургутууну ааспыта көстөр. 6 сыл анараа өттүгэр тэрилтэ иэскэ-күүскэ киирэн, экэнэмиичэскэй туруга быста мөлтөөн, сыккырыыр тыына хаалан, маҕаһыыннарыгар киһи талан ылар табаара суох буолан, барыта “неликвид” оҥоһуктар кэмнэрэ үүнэ сылдьыбыттаах. Оччолорго “Оо, “Сахабулт” моҥкуруут буолан эрэр үһү” диэн сурах кытта иһиллибитэ. Тоҕо эрэ “Нерюнгри птицефабрикатын” иэһигэр солуокка ууруллубут” диэн чахчы эмиэ баара. Ол курдук, этэргэ дылы, “ыт үрбэт”, ким да аахсыбат тэрилтэтэ буола сылдьыбыта. Быһата, ыарахан кэм этэ.

“Чэ, тэрилтэлэнэн бүттэхпит” дии саныыр, “Сахабулт” аата иһиллибэт буолбут кэмигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатын быһаарыытынан, 2014 сыллаахха, тэрилтэни быыһыыр, туругун бөҕөргөтөр миэрэлэр ылыллыбыттара. Саҥа салайааччылар ананан, үлэҕэ бэриниилээх кэлэктиип көмөтүнэн уонна, биллэн турар, бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн, ыараханнык да буоллар, тэрилтэ уустук балаһыанньаттан тахсан, мунньуллубут иэстэн-күүстэн сыыйа босхолонон, улам өрүттэн, атаҕар туран барбыта. Итинтэн үөрүөххэ эрэ сөп этэ.

6177c547f379d

* * *

“Ол эрээри” дииргэ тиийэбит – бүгүҥҥү Арассыыйаҕа, арааһа, “үчүгэйдик үлэлии олорор тэрилтэ” диэн наадата суох буолбут быһыылаах. Ол нуормаҕа көрүллүбэт өйдөбүлгэ кубулуйбут. Баар да буоллаҕына, ону булгуччу иэскэ-күүскэ баайыллыахтаах, моҥкуруукка тиэрдиллиэхтээх, баайын-дуолун апчарыйыллыахтаах, тэрилтэни муҥур уһукка тиэрдэн, имири сотуллуохтаах быһыылаах. Ханнык да тэрилтэ буоллун. Били, биллэр-көстөр хомуньуус Павел Грудинин салайар Ленин аатынан сопхуоһун курдук – таһаарыылаах үлэлээх, дьону аһатан-таҥыннаран олорор тэрилтэлэр наадата суохтар, мэһэй-таһай эрэ буолаллар. Арай, ону “кимиэхэ оннук нааданый?” диэн чопчулаатахха, “аппатыыттаах адьырҕаларга” диир сөбө буолуо.

Холобур, “тэрилтэни быыһыырга” диэбит кэннэ, ол үтүө луоһунунан саптан, бүддьүөттэн мөлүйүөнүнэн үбү көрдөөн, “минньигэс бөрүөгү” чугас сылдьар тойоттордуун үөрэ-көтө үллэстиэхтэрин сөп эбит. Итинник баайы-дуолу апчарыйар ньыма мэлдьи баар. Онуоха бу тэрилтэ салгыы сайдара дуу, суоҕа дуу, үлэлии сылдьар үлэһиттэр дьылҕалара дуу – ол кими да долгуппат. Итинник исхиэмэ бүрүүкээбит кэмэ. Оттон аахсыйалаах тэрилтэлэргэ (АУо) салайааччынан ананар, салгыы ханна эрэ атын тэрилтэни салайыыга көһөн биэрэр, ол быыһыгар миниистирдээн ылар эбэтэр дьокутаатынан талыллар сорох дуоһунастаахтар карьералара, кырдьык, бүгүҥҥү хоруупсуйалаах, бүддьүөттэн уоруулаах, хаалыылаах Арассыыйа судаарыстыбатын “каадырга бэлиитикэтин” арылхай туоһута буолар. Судаарыстыбаннай дуоһунастаах дьон ити курдук “салайаллара”, арааһа, устуоруйа кэрчик кэмигэр ханна да суоҕа буолуо.

* * *

“Сахабулт” АУо 1992 сыллаахха тэриллибитэ, ол аата, эһиил 30 сылын туолар. Тэриллэригэр судаарыстыба киниэхэ сүрдээх элбэх баайы-дуолу анаабыта. Ол актыыптара тугуй диир буоллахха – бу кини аахсыйалаахтар уопсастыбаларын быһыытынан бас билэр дьиэтэ-уота, собуота, сыахтара, тэрилэ, лабаратыарыйата, түүлээҕи тутар базалара, гараастара, улуустарга баар филиаллара (маҕаһыыннар, базалар). Биллэн турар, онно киирэр добуочча киэҥ сиринэн тайаан сытар бултуур сирдэрэ (охотугодья) – 60 мөл. гектар, ону кытта, маҕаһыыннара. Арааһа, өйдүүргүт дуу, куорат килбэйэр киинигэр турар “Илин Эҥэр” улахан маҕаһыыҥҥа “Сахабулт” маҕаһыын эҥээрдэһэн турбутун. Билигин, тэриллибитэ 29 сыл буолтун кэннэ, ити баайтан тэрилтэ бас билиитигэр төһөтө хаалбыта буолуо дии саныыгыт?

main

* * *

Бэрт кыра да буоллар, син производствоны ыытар, тутулуга суох бэйэни салайарга баай-дуол баар. Онтон сорох баайтан-дуолтан, бас билииттэн тэрилтэ ыарахан кэмнэригэр, кырдьык, “бу көдьүүһэ суох актыыптар” диэн аккаастаммыт буолуон сөп. Ол барыта сокуоннайдык оҥоһуллубут, докумуоннаммыт, бигэргэтиллибит буоллаҕына, онно ыйытыы суох. Ол эрээри итиннэ киһини саарбахтатар түгэннэр бааллар. Ол хайдах диир буоллахха, холобур, куорат килбэйэр киинигэр, Ленин болуоссатыттан чугас, Ленин бэрэспиэгин 25-с нүөмэригэр баар, дьон бөҕө тоҕуоруһар, үбү-харчыны бэркэ киллэрэр “Илин Эҥэр” атыы-эргиэн киинин кытта эҥээрдэһэ “Сахабулт” маҕаһыына тоҕо тэрилтэҕэ хаалбакка, ким эрэ чааһынай бас билиитигэр баран хаалла? Бу – төһө көдьүүстээх (“эффективнэй”) быһаарыыный? Хайдах эрэ, судаарыстыба баайын күрүлүүр күнүс, көрдөрөн туран, “сойботууга” майгынныыр буолбатах дуо? Саамай кылаабынайа, маны өрөспүүбүлүкэ баайын-дуолун дьаһайар чунуобунньуктар тоҕо таах көрөн олордулар? Кинилэри ити долгуппат баҕайыта дуу? Эбэтэр кимнээх эрэ интэриэстэригэр оҥоһуллубут, бэйэлэрэ онно туох эрэ кыттыгастаахтар дуу?

Итини сылынан тэҥнээн, бас билии эрэйиэстирин көрдөххө, ааттара-суоллара, докумуоннарга кимнээх илии баттаабыттара барыта ырылыччы тахсан кэлэр. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэбит туруктаах тэрилтэлэрин баайын-дуолун итинник чунуобунньуктар көмөлөрүнэн, чааһынай хармааҥҥа түҥэтэ олордохпутуна, төһө ыраатарбыт эбитэ буолла? “Варягтар” диибит, онтон бэйэбит дьоммут кинилэртэн туох атыннаахтарый? “Бэйэбит дьоммут, онон төһө баҕарар уордуннар, туһанныннар, айбардаатыннар” диэн буолуо суохтааҕа буолуо? Эбэтэр “бэйэ эрэ киэнэ” диэн бырастыы гыныллыахтаах дуу?

Билигин ол “Илин Эҥэргэ” эҥэрдэһэ турар “Сахабулт”АУо урукку маҕаһыыныгар барар атыыттан-эргиэнтэн ким эрэ чааһынай хармааныгар үп-харчы суккулла турдаҕа. Дьиктитэ, ол быдан үйэҕэ чааһынай буолбут маҕаһыын “Сахабулт” диэн “бренд” аатын сүгэ сылдьара буолар. Интэриниэтинэн көрдөөтөххө, “Сахабулт” – магазин верхней одежды” диэн тахсар. Дьиҥэ, маҕаһыын “Сахабулт” АУо тэрилтэ киэнэ буолан бүппүтэ ырааппыт, дохуота онно киирбэт буоллаҕа. Ол гынан баран “бренд” аатын сокуоннайа суохтук туһана сылдьарын иһин тоҕо накаастаныллыбата буолла? Бу сиэрэ суох быһыыланыы буолбатах дуо? Суут-сокуон диэни букатын билиммэт дьон буоллахтара дуу?

Үлэтэ-хамнаһа сыллата тупсан иһэр, атыылаһааччылары саҥаттан саҥа көрүҥнээх оҥоһуктарынан үөрдэр “Сахабулт” АУо куорат киинигэр бэйэтэ бас билэр маҕаһыына суоҕа хомолтолоох. Ол да буоллар Киров уулуссатыгар турар “Туймаада” Атыы-эргиэн киинигэр, 3-с этээскэ маҕаһыын арыандалаан, табаардарын туруораллар. Биллэн турар, ол табаар уопсай сыанатын өрө көтөхтөр даҕаны... “Сахабулт” үлэһиттэрэ санааларын түһэрбэттэр, уустугу быһаарарга үөрүйэхтэр.

сахабулт 2

* * *

Итини кытта “Сахабулт” бэйэтэ бас билэр сирдээҕэ олус үчүгэй быһаарыы этэ. Холобур, урукку сылларга тэрилтэ баһаам элбэх 60 мөл. гектар бултуур сирдээҕэ. Билигин онтон 22,5 мөл. гектар сирэ ордон хаалла. “Ол даҕаны сөп, биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ саамай элбэх сири бас билэр тэрилтэбит” дииллэр үлэһиттэр. Урукку былдьаһыктаах сылларга сир сорох өттө түҥэтиккэ барбытыттан итиччэни тутан хаалбыттар. Аны билигин ол ордон хаалбыт бултуур сир тула сахсараҥнаһыы саҕаламмыта көстөр.

2019 сыллаахха, “Сахабулт” АУо Дириэктэрдэрин сэбиэтэ мунньахтаабыт. Онно “Сахабулт” АУо 2019-2025 сс. сайдыытын стратегиятын бигэргэппиттэр. Ол мунньахха Комдрагмет АУо уонна “Сахабулт” АУо учредителлээх “Центр по заготовке пушнины “Сахабулт” диэн саҥа ХЭТ тэрийэргэ диэбиттэр (Комдрагмет –51%, Сахабулт – 49% өлүүнү ылбыттар). Итиннэ “Сахабулт” АУо уонна Комдрагмет АУо сыһыаннара ыйытыылары үөскэтэр. “Сахабулт” АУо Комдрагметтан ылбыт иэстэрин (займ) уһатан (пролонгациялаан) биэрбитин суотугар оннук биир сомоҕо ХЭТ тэриллибитэ дуу, хайдах, өйдөммөт.

Сыл аайы дьэ бу “Центр по заготовке пушнины Сахабулт” ХЭТ диэн тэрилтэҕэ бүддьүөттэн 10-12 мөл. бара турбут. Бу ХЭТ “Сахабулт” АУо лиссиэнсийэлэрин (26 тыһ. лиссиэнсийэни!), ону кытта туох баар “Сахабулт” АУо тустаах базатын барытын туһана олорбут. Үс сыл ааһаатын кытта: болҕойуҥ! “Сахабулт”АУо оннук дьаһалы таһаарбыт генеральнай дириэктэрэ уурайар. Оттон уурайыан аҕай иннинэ, кини “Сахабулт” АУо добуочча бултуур сирин ол ХЭТ туһанарыгар, бултууругар диэн 5 сылга сөбүлэҥ түһэрсэр. Мантан инньэ ХЭТ онно бултуйар, сылдьар бырааптанар. Эбиитин туох баар бултуур квоталары, нуормалары, “Сахабулт” АУо биэрэр диэн буолар. Онуоха “Сахабулт” АУо хаалбыт салалтата улаханнык “сэриилэһэн, тиниктэһэн”, лиссиэнсийэни биэриини тэрилтэҕэ бэйэтигэр хаалларар.

фото

* * *

Ол эрээри – эмиэ болҕойуҥ! Уочараттаах дириэктэрдэр сэбиэттэрин мунньаҕа буолбутугар (2021 с балаҕан ыйын 2 күнүгэр) “Сахабулт” АУону – өлүүттэн (доляттан) таһааран кэбиһэллэр. Кини өлүүтүн (4900 солк.) Комдрагмет атыылаһан ылар. Үс сылы быһа бүддьүөттэн киирэр үбүн-харчытын ол ХЭТкэ кута олорбут “Сахабулт” АУо олох даҕаны туга да суох, кураанаҕы кууһан хаалар. “Центр по заготовке пушнины “Сахабулт” диэн ХЭТ мантан инньэ Комдрагмет АУо киэнэ буола түһэр. Чэ, баҕар билигин Комдрагмет киэнэ диэн буолуо, онтон салгыы хайдах, кимиэхэ тиийиэ биллибэт. Баҕар, эмиэ, ким эрэ чааһынай бас билиитигэр баар буолан хаалыа. Саамай дьиктитэ – кинилэр “Сахабулт” АУо бренд аатын туһана сылдьаллар. Ити эһиэхэ били 2017 сыллаахха тэриллибит “Торговый Дом Сахабулт” ХЭТи, кинини кытта устунан уччуйбут “Илин Эҥээргэ” баар “Сахабулт” АУо фирменнэй маҕаһыынын дьылҕатын санаппат дуо? Эмиэ үүт-үкчү соннук исхиэмэ дии.

“Центр по заготовке пушнины “Сахабулт” диэн ааттанар буолан, булчуттар бу эмиэ “сахабултар эбит” диэн, кинилэргэ түүлээхтэрин туттара сылдьаллар. Туох да көҥүлэ-тойо суох киискэ бултуйуу бара турар. Оттон булчуттарга ким тутара син биир буоллаҕа, төлөөтүннэр эрэ. “Сахабулт” АУо онтон тугу да туһаммат, сүтэрэр эрэ – киниэхэ ол бу тобох-ибэх түүлээх эрэ кэлэр. Билигин ол ХЭТ туппут түүлээҕин ханна батара олороро, кыраныысса таһыгар атыылыыра дуу, атын кимиэхэ эрэ тиксэрэрэ дуу, биллибэт, ону ким даҕаны хонтуруоллаабат даҕаны. Ол эрээри аҕыйах сыллааҕыта “Сахабулт” АУоҕа ИДьМ-нар тахса сылдьыбыттар: Сунтаарга биир булчут “Сахабулт” лиссиэнсийэтинэн квотата аҕыйах эрээри, аһара элбэҕи бултаабыт диэн ис хоһоонноох. ХЭТ булчуттар билбэттэринэн туһанан, түүлээҕи көҥүлэ суох тута олороругар бэйэтэ эппиэттиэ суоҕа. Ол оннугар, дьэ, булчуттар буруйдаах тахсыахтара. Оттон холобур, биир киис тириитин көҥүлэ суох бултаабыт иһин 45-75 тыһ. солк. тиийэ ыстарааптаныахха сөп эбээт! Итини даҕаны саныахха баар этэ! Боростуой балыксыттарбыт, булчуттарбыт хайдах курдук ыарахаттары көрсөллөрүн туһунан.

* * *

Дьэ онон, дьыаланы хайдах уонна кимнээх оҥорор эбиттэрий? Оннук, ханнык да бандьыыттар да, уоруйахтар да буолбатах. Бэйэлээх бэйэбит итэҕэйэн олордор, ытыктыыр үрдүк сололоох салайааччыларбыт. Тэрилтэ кириисистэн төһөнөн тахсар да, салайааччылар, Дириэктэрдэр сэбиэттэригэр баар улахан чунуобунньуктар көмөлөрүнэн саамай “амтаннаах кырбастары” биирдии-биирдии ылҕаан ылыы бара турар курдук өйдөбүл үөскүүр.

Ыарахан кэмнэргэ кириисистэн утумнаахтык үлэни ыытан тахсыбыт кэлэктииби өйүөх-убуох, “саатар эрэ, үлэлээ, ай-тут!” диэх оннугар, тэрилтэни айгыратары кырдьыга, киһи ылыммат да, өйдөөбөт да. Эбэтэр ол олохпут нуормата буолла дуу?! Кэбис, оннук буолуо суоҕа, “Сахабулт” иннигэр өссө да элбэх кирбиилэр бааллар диэн эрэниэххэ!

Нина ГЕРАСИМОВА.

"Кыым" хаһыат 2021 с. 49-с нүөмэрдээх таһаарыытыттан ылылынна 

Бүтэһик сонуннар