Киир

Киир

“АЛРОСА” хампаанньа хос тэрилтэтэ “Анаабыр алмаастара” аахсыйалаахтар уопсастыбалара “Булуҥ улууһа (оройуона)” муниципальнай тэриллии дьаһалтатын кытта социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы туһунан Сөбүлэҥҥэ илии баттастылар.

 Бу курдук сөбүлэҥи Булуҥ улууһун дьаһалтата алмаас тэрилтэтин кытары хас сыл аайы түһэрсэр уонна уопсастыба бигэргэммит бүддьүөтүн чэрчитинэн илии баттаһыы тэриллэр. Маныаха дьүөрэ докумуоннарга илии баттаһыы бу да иннинэ түһэрсиллэрэ уонна сир баайын туһаҕа таһаарыы лиссиэнсийэтэ дьайар кэмин усталаах-туоратыгар күүһүн сүтэрбэт, илдьэ сылдьар.

Ол курдук, бу Сөбүлэҥ чэрчитинэн уопсастыба Булуҥ улууһун дьаһалтатыгар улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар уонна тус сыаллаах бырагыраамалары олоххо киллэриигэ 21,1 мөл. солкуобайдаах успуонсар көмөтүн оҥорор.

Алмаас хостуур хампаанньаттан киирэр үп олорор дьиэ пуондатын саҥардыыга, тырааныспарынан хааччыйыыга уонна да атын улуус муниципалитетын инфраструктуратын сайыннарыыга сыһыаннаах хайысхаларга көдьүүстээхтик туттуллар.

Күн бүгүн маннык социальнай эппиэтинэс баар буолуута сир баайын хостуур хампаанньалар уопсастыба олоҕун тупсарыыга уонна тулалыыр эйгэ харыстабылыгар баҕа өттүлэринэн кытталларын кэрэһилиир. Сөбүлэҥ түһэрсии чэрчитинэн нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын биллэ үрдэтэр уонна эрэгийиэн да, федеральнай былаас да өттүттэн кыттыгас үбүлээһин оҥоһуллар төрүтүн оҥорор муниципальнай тус сыаллаах бырагыраамалары үбүлүүр кыах үөскээбитэ.

Уопсастыба түстэнэн үлэлиир, оҥорон таһаарыыны ыытар сиригэр-уотугар олохтоох уонна чугастыы олорор нэһилиэнньэ сир баайа туһаныллар кэмигэр толору көмүскэллээх буоларын туһугар улуустары кытта бииргэ үлэлэһэр быһаарыыны ылыммыта. Ол туһунан бу иннинэ эрдэ тахсыбыт матырыйаалга “Анаабыр алмаастара” АУо генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев бэлиэтээн этэн турар. Онуоха хампаанньа туох хайа иннинэ экология ирдэбилин булгуччу тутуһууга, олохтоох нэһилиэнньэни үлэ миэстэтинэн хааччыйыыга уонна онно анаан үөрэттэриигэ ураты болҕомтотун уурар.

8861b73e 7d93 4ae2 92c5 2774a3a50e19

«Биһиги мультипликативнай эппиэги туһана үөрэннибит»

«Анаабыр алмаастарын” кытта улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан Сөбүлэҥ чэрчитинэн хампаанньа биһиэхэ ыытар үбүн Күһүүр оҕо саадын тутууга сыһыаннаах көрдүүр (изыскательнай) үлэҕэ ыытыахпыт. Үбү икки сылга үллэрэн туттуохпут. Тоҕо диэтэххэ, билигин инвестициялаах бырагыраамабытыгар Бороҕон нэһилиэгэр оскуола тутуута киирэ сылдьар. Бырайыактаах симиэтэ туох баар докумуона бэлиэр бэлэм. Ону таһынан Сииктээх бөһүөлэгэр тутуллар оскуола-саад бырайыактаах симиэтэтин үбүлүүрү былаанныыбыт. Симиэтэни уонна бырайыактары оскуолалары тутууга уонна өрөмүөннүүргэ анаммыт федеральнай бырагыраамаларга киирсэр туһугар бэлэмнэтэбит. Ол курдук, быйыл бэлиэр 11 мөл. солк. субсидияны ылан олоробут. Эһиил биэс сайаапканы түһэрэргэ суоттанабыт. Ити курдук, уопсастыбаттан киирэр үптэн араас хайысхалаах көдьүүһү – мультипликативнай эппиэги – ылабыт», – диэн Булуҥ улууһун баһылыга Афанасий Андросов санаатын үллэстэр.

Этиллибитин курдук, бу илии баттаспыт докумуоннара хас сыл аайы “Анаабыр алмаастара” уопсастыба оройуоннары кытта түһэрсэр уһун болдьохтоох сөбүлэҥнэригэр эбии киллэрии быһыытынан салгыы түһэрсиллэн иһэр. Бу курдук мэхэньиисим үлэлээн, олохтоох нэһилиэнньэ сир баайа хостонор кэмигэр көмүскэллээх уонна үбүнэн өйөбүллээх буолара ситиһиллэр. Оттон уонна экология ирдэбилэ тутуһулларыгар, ийэ айылҕа охсууну ылбатын курдук дьаһаналларыгар, дьон-сэргэ үлэлээх-хамнастаах буоларыгар үтүө өттүнэн дьайара саарбаҕа суох.

WhatsApp Image 2022 03 25 at 14.53.28

«Көрүллэр үп сорох чааһын олохтоох муниципальнай бырагыраамаларга кыттыгас үбүлээһин быһыытынан ыытабыт. Холобур быһыытынан эттэххэ, Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын үгэс буолбут дьарыктарын өйүүргэ ананар. Холобур, табаһыттар уматык, сымааска матырыйаалларын ылынарга көрсүбүт ночоотторун сабыналларыгар ыытабыт. Быраабы кэһии тахсыбатын туһугар профилактика үлэтин тэрийиигэ эмиэ барар. Итиннэ табаны быраканьыардааһыны уодьуганныыр үлэ киирсэр. Гражданскай уопсастыбаны сайыннарарга туһаайан, кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэрбитин эмиэ өйүүбүт. Сорох үбү улууска успуорт уонна оҕолорго анаммыт тэрээһиннэри ыытыыга аныыбыт”, – диэн баһылык эбэн этэр.

Афанасий Андросов бэлиэтээбитинэн, улуус 21,1 мөл. солк. уопсастыбаттан ылбыт. Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктара олорор, үлэлиир, төрүт дьарыктарын ыытар сирдэригэр этнологическай эспэртиисэ ыытыллыбыт. Ол түмүгүнэн ити этиллэр сууматтан 11 мөл. солк. түөрт хаһаайыстыбаны өйүүргэ ыытарга быһаарбыттар: «Булунскай» МУП-ка, «Алгыс» ТХПК-ҕа, «Байанай» уонна «Чекуровка» диэн хаһаайыстыбаларга.

Түһэрсиллибит Сөбүлэҥ тас өттүнэн эмиэ үлэлэһэллэр.

ЫСПЫРААПКА:«Анаабыр алмаастара» АУо – бытархай алмаастаах сиргэ алмааһы хостуур аан дойду тэрилтэлэрин ортотугар инники күөҥҥэ сылдьар “АЛРОСА” аахсыйалаах хампаанньа хос тэрилтэтэ (дочернее предприятие) буолар.Хампаанньа үлэтин, дьарыгын тутаах хайысхалара – алмааһы хостооһун, геолог көрдүүр, булар үлэтин ыытыы, алмааһы таһынан таарыйа күндү, сыаналаах тимирдэри хостооһун.
«Анаабыр алмаастара» аахсыйалаахтар уопсастыбалара – бүтүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн, тутаах суолталаах тэрилтэлэрин кэккэтигэр сылдьар. Күн бүгүн аан дойду алмаас сырьетун 4 бырыһыанын хостуур. Оттон “АЛРОСА” ПХ бөлөҕө хостуур алмааһын 14 бырыһыанын хааччыйар.Уопсастыба оҥорон таһаарар үлэтэ-хамнаһа Заполярьеҕа, Саха сирин арктикатааҕы курдааһыныгар ыытыллар: онно хайа учаастактара, геолог көрдүүр-чинчийэр эбийиэктэрэ киирэллэр, ону тэҥэ көмө оҥорон таһаарыы Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ, Эдьигээн уонна Красноярскай кыраай сиригэр-уотугар ыытыллар.

Улуус салалтата уонна алмаас хампаанньатын хос тэрилтэтэ аҥаардас бу түһэрсэр Сөбүлэҥнэрин иһинэн эрэ дьаһаналлар, өйөһөллөр буолбатах. Үгүс өттүгэр эбии көмөнү, өйөбүлү оҥоро олороллор. АЛРОСА уонна “Анаабыр алмаастара” олохтоох каадыры үлэҕэ үөрүүнэн ылаллар. Саҥа идэҕэ үөрэтии, эбии үөрэҕи биэрии, идэҕэ кылааһы үрдэтии курдук бырагыраамалары утумнаахтык тэрийэн, нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутугар ыкса кытталлар, үлэлэһэллэр. Уопсастыба табаһыттар оҕолорун ыстаадаҕа босхо илдьэн-аҕалан биэрэр, Саҥа дьыл иннинэ Таймылыырга “Күөх эриэйсэни” оҥорор. Итини барытын олохтоох нэһилиэнньэ бэйэтин күүһүнэн кыайара олус уустук буолуо этэ. Ону таһынан уопсастыба араас тэрээһиннэргэ успуонсардыырын туһунан этэ да барыллыбат. Холобур, үбүнэн, бирииһинэн хааччыйар муҥутуур улахан тэрээһиннэрэ, олохтоох нэһилиэнньэ олус күүтүүлээх бырааһынньыга – Табаһыт күнэ. Тутаах бириис быһыытынан уопсастыба снегоходка тиийэ туруорар. Бу – Хоту сир аҕыйах ахсааннаах омуктара үйэ тухары илдьэ кэлбит төрүт дьарыктарын, үтүө үгэстэрин үйэтитиигэ, биллэн турар, кырата суох көмө.

«Соторутааҕыта уопсастыба көмөлөһөн, Бороҕон нэһилиэгэр ас-үөл саппааһын тиэртибит. Бэйэҕит да күн-түүн сыана үрдүү турарын өйдүүр буолуохтааххыт. Дьоммут ол иннинэ аһыыр астарынан ылынан кэбиһэллэрэ ордук», – диир улуус баһылыга.

Датаассыйанан олорор бүддьүөт усулуобуйатыгар бу маннык Сөбүлэҥи түһэрсии – кыттыгас үбүлээһини ирдиир бырагыраамаларга кыттар, кыайар, Саха сирэ муораҕа тахсар аартыга уонна Арассыыйа Арктикатын форпоһа диэн ааттанар Булуҥ улууһа саҥа бырайыактарын олоххо киллэрэр, улууска сайдар кыаҕы биэрэр – соҕотох ньыма. Бу туһунан улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ анаан бэлиэтииллэр.

2a099c92 66c4 4f05 b7a5 244304604ce6 1

Көрдөххө эрэ көрүллэр үп-харчы сууххай сыыппара курдугун иһин, ити көмө үбүлээһинтэн дьон-сэргэ күннээҕи, сыллааҕы олоҕо, доруобуйата, успуорт сайдыыта, ыччат бэлиитикэтэ, тутуулар туруктарын бэрэбиэркэлээн көрүү, судаарыстыба бырагыраамаларыгар кыттарга анаан бырайыак-симиэтэ докумуоннарын оҥоруу, төрүт дьарык үйэтийиитэ быһаччы тутулуктаах.

Алмаас хостуур тэрилтэ өйөбүлүнэн, үс кэнники сылга ыалларга уонна ыччакка анаан, 40 кыбартыыра бэриллэрэ ситиһиллибит. Эмиэ ити өйөбүл баар буолан, федеральнай таһымҥа тиийэ биһирэнэр, тиражтанара сөптөөх диэҥҥэ тиийэ ураты бырайыактары торумнуур кыах үөскээбит. Холобур, оптоволокно суох сиригэр, Арктика усулуобуйатыгар сыыппара туттуллар «Единый Булун» диэн бырайыагы холобурдаатылар. Ону таһынан тыа хаһаайыстыбатын өйөбүлэ, култуура маассабай тэрээһиннэрин үрдүк таһымҥа ыытыы уо.д.а. тэриллэр.

WhatsApp Image 2022 03 25 at 14.53.56

Бүтэһик сонуннар