Амма бүгүн хайдах да сайдар кыаҕа, экэниэмикэтин тоҕо тэбэн сайыннарар туга да суох Саха сирин биир саамай ыарахан олохтоох улууһа буолар диэтэххэ, ким да итэҕэйиэ суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, Амма – Саха сирин дьоно барыта киэн туттар, аатырар брендэбит. Оттон бренд кылабачыйар кэтэх өттүн көрдөххө, таҥнары тардар кыһалҕалара үгүс дьоҥҥо көстүбэт. Олортон бүгүн улуус икки кыһалҕатын ылан көрүөҕүҥ.
Амма уота – имик-симик
Афанасий Иннокентьевич Сергеев диэн икки хараҕа суох эмчит, олоххо актыыбынай позициятын сүтэрэ илик, Амма Бөтүҥүттэн төрүттээх ытык кырдьаҕас улууска элэктэриичэстибэ мөлтөҕүн уонна Бөтүҥҥэ сууллар туруктаах балыыһа оннугар саҥаны туттарары туруорсар.
Бастаан кини В.В. Путиҥҥа үбүлээһинин туруорсубут 110 кВ кыамталаах Сулҕаччы-Амма лииньийэтэ хаһан тутуллуон сөбүн көрүөҕүҥ.
Аммаҕа Дьокуускайтан 35 кВ эрэ кыра кыамталаах уот сэбиэскэй саҕана тутуллубут эргэ мас остуолба лииньийэ устун кэлэр. Сэбиэскэй кэмнээҕэр билигин уот эниэргийэтигэр наадыйыы төһө эмэ улаатан турар. Уот тиийбэтэ нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын улаханнык намтатар. Балаһыанньаны 110 кВ кыамталаах Амма-Сулҕаччы лииньийитэ тутулуннаҕына быыһыахтаах. Күүстээх уот кэллэҕинэ, улуус экэниэмикэтэ илгэлээх ардах түспүтүн курдук, чэлгийэн, кыаҕыран тахсан, дьон олоҕун таһыма тутум үрдүү түһэрэ өйдөнөр. Лииньийэ бырайыага СӨ бүддьүөтүттэн 100 мөл. солк. үбүлэнэн, “Якутскэнерго” 2019 с. оҥорторбут. Ол кэннэ үс сыл ааһан эрэр да, тутуллубатын иһин, Сергеев урут Бөтүҥҥэ оскуола тутуутун туруорсубутун санаан, көрдөһүүтүн эмиэ Путиҥҥа ыыппыт. Ону Кириэмил маннааҕы былааска “быһаарыҥ” диэбит.
Сергеевкэ уот лииньийэтэ тоҕо тутуллубатын, ким абырыан сөбүн туһунан СӨ Олорор дьиэҕэ, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа уонна энэргиэтикэҕэ миниистирэ В.П. Емельянов 2022 с. олунньу 11 к. суругунан эппиэттээбит. Миниистир, суругу аахпыт киһи, Сулҕаччы-Амма 110 кВ уотун лииньийэтэ уонна Аммаҕа ПС 110 кВ подстанция өтөрүнэн хайдах да тутуллар кыахтара суоҕун, ол эбэтэр аммаларга “тоннель түгэҕэр сырдык өссө көстө илигин” туһунан киһи долоҕойугар кытаанахтык хатанар гына, олус үчүгэйдик быһаарбыт.
Миниистир Сулҕаччы-Амма 110 кВ-таах тимир остуолбалардаах лииньийэ тутуута 1,479 млрд солк. сыаналаах диэбит. Ити тутуу СӨ Ил Дарханын 04.29.2021 с. 1840№-дээх “О схеме и программе развития электроэнергетики РС (Я) на 2021-2025 гг.” диэн ыйааҕынан кэскиллээх бырайыактар ахсааннарыгар киирбит. Манна киирбит бырайыак ханнык эмэ бөдөҥ хампаанньа инбэстииссийэлиир бырагырааматыгар киирэн дөбөҥнүк тутуллуон сөп. Ол эрээри бүгүн Аммаҕа биир да федеральнай суолталаах сир баайын хостуур, суол тутар бөдөҥ хампаанньа үлэлээбэт. Ол аата, аммаларга күүстээх уот аҕаларга инбэстииссийэлиэх ким да көстө илик.
Дьиҥэр, “Якутскэнерголар” үчүгэй лииньийэни туттахтарына, барыстара элбииринэн бэйэлэрэ тутуохтарын сөбө. Ол эрээри харчыбыт суох диэн инбэстииссийэлиэхтэрин баҕарбаттар. Ол оннугар кинилэр “Тиитин охторторон, тииҥин хомуйары” ордороллор. О.Тарасов гендириэктэрдиир кэмигэр “Якутскэнерго” Саха сирин эргэрбит уотун лииньийэтин барытын өрөспүүбүүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэтэн туттараары аһаҕастык сантаастаан, бэчээккэ кириитикэлэнэн турар. Бүгүн да “Якутскэнерго” “лииньийэ тутар харчым суох” диэн албаһыран, СӨ бүддьүөттүттэн харчы мүччү туттара сатыыр майгыта уларыйа илик курдук. Бүддьүөттэн үбүлэтэн туттардахтарына, барыһыраллара элбэх. Өссө ити тутуллубут лииньийэни эмиэ босхону үрдүнэн бас билиигэ ыллахтарына, баллайар барыстана түһэллэр буолбатах дуо?!
Аммаҕа билигин уот төлөөччү киһи да, тэрилтэ да аҕыйаҕынан, “Якутскэнерго” инбэстииссийэ уган барыһырбат. Онон, кинилэр туппаттара чахчы.
Тоҕо эбитэ буолла, миниистир Амма бырайыагын атын моһуогунан, “СӨ энэргиэтикэтин сайдыыта” бырагыраамаҕа элэктэриичэстибэ эниэргийэтин сайыннарар судаарыстыбаннай бэлиитикэ сыалыгар-соругар эппиэттээбэтинэн, хапсыбат диэбит. Ити аата, бүддьүөттэн үбүлэнэр кыаҕа суох диэтэҕэ дуу?
Саха сириттэн инбэстииссийэ көстүө суох, баҕар, федеральнай киин көмөлөһөөрөй диэн, Амма бырайыагын РФ Энэргиэтикэҕэ министиэристибэтигэр 2022-2024 сс. федеральнай бүддьүөттэн үбүлүүргэ көрдөһөн ыыппыттар. Хомойуох иһин, федеральнай үп улахан бырайыактар (суол тутуута, сир баайын хостооһун) инфраструктураларын эрэ тутууга бэриллэр диэн аккаастаабыттар.
Бүтэһик эрэл А.Авдолян хаалбыт. “ЯТЭК” Кыһыл Сыыртан Охотскай муораҕа диэри 1300 км усталаах гаас турбатын тардаары гынар. Амма лииньийэтэ бу турба уокка наадыйыытын толуйарга тутуллуон сөп. Билигин турба тутуута саҥа үөрэтиллэ сылдьар. Омуктар сааҥсыйаларыттан үп-харчы тиийбэккэ, Авдолян бырайыага тохтоотоҕуна, аммалар күүстээх, сырдык уоттанар ыра санаалара эмиэ уонунан сылларга салгыҥҥа ыйанан хааларыгар тиийэр.
“ЖКХ” ГУП Амматааҕы филиалыгар 13 сыл кылаабынай энэргиэтигинэн үлэлээбит Д.Д. Карамзин быйыл саас миниистир Емельянов онлайн отчуокка “Сулҕаччы-Амма лииньийэтэ Сунтаар-Ньурба лииньийэтин кытта бииргэ тутуллар буолла” диэбитин улуус дьоно бары үөрэ, ытыс таһына истибиттэр. Хомойуох иһин, министиэристибэҕэ эрийэн чуолкайдаспытым күн бүгүҥҥэ диэри лииньийэ тутуллар инбэстииссийэтэ хантан көстөрө биллибэккэ турар эбит.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата Сулҕаччы-Амма, Сунтаар-Ньурба лииньийэлэрэ бастакы уочарат тутуллуохтаахтар диэн былааныгар киллэрэ сылдьар. 2020 с. ахсынньытыгар Ил Дархан А.Николаев “Якутскэнергоҕа” бу икки лииньийэни хайаан да туттараҕыт диэн тоһоҕолоон эппитэ. Ол эрээри “якутскэнерголар” уонна кинилэр тойотторо “русгидролар” хайдах эрэ “бүддьүөппүтүн манаан олорор” курдуктар. Бу икки бырайыакка барыта 5 млрд солк. ирдэнэр. Ньурба-Сунтаар лииньийэтэ уонтан тахса сылы быһа иннэ-кэннэ быһаарыллыбакка кэллэ. Омуктар сааҥсыйаларын кэннэ бырайыактар сыаналара “тос” курдук үрдээтэҕинэ, ороскуоту хаттаан аахтарар моһуок үөскүөн сөп.
Оттон Сулҕаччы-Амма лииньийэтигэр 5 сыл устата тутуу харчыта көстүбэтэҕинэ, “бырайыак эргэрдэ” диэн быраҕыллар. Оччотугар 2024 с. кэнниттэн хаттаан бырайыактыырга бүддьүөттэн эмиэ 100-тэн тахса мөл. солк. ирдэниэн сөп.
Аммаҕа гаас эмиэ суох
Аммаҕа уот иһин элбэҕи төлүүр, ити уот лииньийэтин тутар бөдөҥ бырамыысыланнас арыллыан иннинэ, хайдах да уоттара күүһүрүө суох. “Социальнай суолта, нэһилиэннэ туһа” диэн тыллары уоту оҥоруу, уот төлөбүрүн биисинэһин эйгэтигэр өйдөөбөттөр.
Аммаҕа гаас эмиэ суох, хаһан кэлэрэ биллибэт. Быыбар иннинэ, бырабыыталыстыба отчуотугар, киһи барыта эрэннэрэр да, ол туолбат. Дьон итэҕэйбэт буолбут.
Дьэ, ити курдук ыраас айылҕатынан киэн туттар бренд улууспут, киһи соһуйуох, өссө уонунан сылларга былыргылыы имик-самык уоттаах олорон хаалыан сөп курдук. Гаас суоҕунан, уот мөлтөҕүнэн, улууска урбаан, биисинэс, производство үлэлиир, сайдар, үүнэр кыаҕа суох. Оннооҕор тыабыт хаһаайыстыбатын күүстээх уота суох сайыннарбаккын. Оччотугар ыччакка туох үлэни тэрийэн, төрөөбүт дойдутугар хааларын ситиһэбит?
Борокуруор “Якутскэнергоны” кыайыа дуо?
Д.Д. Карамзин: “Якутсэнерголар” сорбутун сордууллар. Холобур, Аммаҕа хочуолунайдарбыт 324 кВт кыамталаахтар, ону кинилэр тэхиниичэскэй холбонууга соруйан курдук кыччатан, кыаҕын аҥаарынан эрэ үлэлээтин диэн 150 кВт көҥүл биэрэллэр”, – диир.
Аммалар “Якутскэнерго” уоппутун субу-субу араарар буолла” диэн үҥсэллэр. Быгыһын ыксаан, СӨ борокуруора М.Попов тахса сылдьыбытыгар уоттарын кыһалҕатын үҥсүбүттэр. Борокуруор: “Тоҕо уоттарын күүһүрдэн кыһалҕаларын быһаарбаккыт?” диэбит. “Якутскэнерголар” борокуруор сэмэтиттэн куотунан, “Аммаҕа 110 кВ лииньийэ букатын да наадата суох, 35 кВ лииньийэ кинилэри сөп оҥорор” диэн тыллаһар буолбуттар үһү.
Уот кыайбат кыһалҕата Аммаҕа инньэ сэбиэскэй былаас саҕаттан быһаарыллыбакка кэлбит. Данил Данилович: “Сэбиэскэй кэмҥэ Дьугдьуурга көмүс хостооһунугар 220 кВ кыамталаах лииньийэ бырайыактаммыта да, ССРС эстэн, олоххо киирбэтэҕэ. 2000-с сылларга оччолорго Уус Майаттан Ил Түмэн дьокутаата, “Якутскэнерго” гендириэктэрэ К.К. Ильковскай Сулҕаччы-Уус Майа 110 кВ уот лииньийэтин суолу кыйа буолбакка, олох күүһүнэн, Аммаҕа туһалаабатын диэбиттии, улууска киллэрбэккэ түҥ тайҕанан быһа ыыттарбыта. Ол лииньийэ аммаларга туһалаабатаҕын ааһан, көрүүтэ-истиитэ суох буолан, билигин алдьанар-кээрэнэр, өрөмүөн бөҕөнөн нэһиилэ турар”, – диир. Ол лииньийэ Амманан ааспыта буоллар, уот кыһалҕата билиҥҥи курдук сытыытык туруо суох эбит. Амма уотун кыһалҕатын быһаараары ГЭС да тутуутун, солбук эниэргийэни да барытын үөрэппиттэр да, хайалара да сатаммат эбит. Айаҕалыы сатаан, Д.Д. Карамзин А.И. Чомчоев атомнай ыстаансыйата биһиэхэ саамай сөптөөх диир. Оттон норуот миниистир тутуллар диэн эрэннэрбитин, “тылын толорор ини” диэн, сэмээр кэтэһэр.
Владимир Степанов