“Кыым” атырдьах ыйын 1 к. 30 №-гэр “Олимпиадаҕа тоҕо “бэстилиэнэй тыһыынча” ата сүүрдэ?” диэн ыстатыйаҕа этиллибит кистэлэҥ конспирология бэлиэлэрэ Париж Олимпиадатын сабыллыытыгар салҕанна. Арыллыытыгар Апокалипсис тимир дьардьама аттаах киһитин сүүрдүбүт буоллахтарына, сабыллыытыгар Үөһээ дойдуттан тыыннаах Сатана абааһыны Орто дойдуга үөтэн түһэрдилэр.
Англияҕа итэҕэл сэриитин сибикитэ
От ыйын 29 к. Англияҕа Руандаттан төрүттээх хара тириилээх 17-лээх уол үҥкүү устуудьуйатыгар саба түһэн, быһаҕынан үс кыыһы өлөрбүтэ, 8-һы бааһырдыбыта. Кимнээх эрэ “Сонуннарга” бу уол мусульманин диэбиттэригэр, дьиҥэ, христианин, Англия, онтон Ирландия куораттарыгар төрүт олохтоох үрүҥ англичаннар бырабыыталыстыба миграцияҕа бэлиитикэтин аһаҕастык утаралларын көрдөрөн, уулуссаҕа тахсан, маассабай бырачыаһы тэрийбиттэрэ. Кинилэр атын тириилээх дьону, миграннары аҥаар кырыытыттан кырбаан барбыттара, маҕаһыыннарын, дьиэлэрин халаабыттара, алдьаппыттара. Миграннары кырбааһыҥҥа обургу 13–17 саастаах оҕолор эмиэ кыттыбыттара.
Миграннар, сүрүннээн, ислам итэҕэллээхтэр “Аллах акбаар!” диэн хаһыытыы-хаһыытыы мустан, үрүҥ-хара тириилээхтэр хомуур кыргыһыылара саҕаланан барбыттара. Аны расистартан Лондон киинин көмүскүү диэн, антифашистар тахсыбыттара. Былаастар миграция бэлиитикэтин көмүскээн, үрүҥ бырачыастааччылары хам баттаан барбыттара. Аттаах полиция расистары үүртэлии сылдьар, олор кэннилэриттэн мастаах миграннар сырса сылдьан, үрүҥ төрүт олохтоохтору аҥаар кырыытыттан кырбыыллара көстөр видеолара аан дойдуга тарҕаналлар.
Оттон былаастар “дойду миграциятын бэлиитикэтэ сөп дуу, сыыһа дуу?” диэн быһаарар, тугу да уларытар санаалара суох. Төттөрүтүн, саба түһүүлэртэн алдьаммыт мэчиэттэри өрөмүөннүүргэ 38 мөл. стерлинг фунтатын биэрэр буолбуттарын ис дьыала миниистирэ Иветт Купер диэн дьахтар биллэрдэ.
Эмиэрикэ миллиардера Илон Маск “Англия гражданскай сэрииттэн хайдах да төлөрүйбэт буолла” диэн сылыктаабыта. Ол эрээри расизмы утарар элбэх үрүҥ дьон баарыттан, элбэх олохтоох дьон расистары өйөөбөтөҕүттэн, мусульманнар утарсыылара күүһүттэн, маассабай бырачыастар намыраан бардылар. Ол эрээри илии тутуһан, эйэлэһэн арахсыбатылар, ол аата өс санааларын ыһыктыбакка хааллылар.
Англияҕа миграннар былаас өйөбүлүн “сыыһа өйдөөн”, аһара баран, 2020 с. Эмиэрикэҕэ саҕаламмыт расизмы утары “Блэк лайф меттерс” диэн хамсааһыҥҥа курдук, үрүҥнэри тобуктатан “бырастыы гыныҥ” дэттэриигэ бардахтарына, улахан айдаан тахсыан сөп.
Бангладешка индустарга кыыллыйыы
Атырдьах ыйын 5 к. Бангладешка өрөбөлүүссүйэ буолла, бырачыастааччылар былаас дьиэлэрин барытын ылбыттар. Бырачыаһы устудьуоннар социальнай тэҥэ суох быһыыны утаран саҕалаабыттар. Дойдуга 18 мөл. үлэтэ суох ыччат баар. Оттон былаас судаарыстыба үлэтигэр 1971 с. Пакистантан арахсыы сэриитигэр кыттыбыт бэтэрээннэр оҕолорун, сиэннэрин эрэ ылар сокуон таһаарбытын утарыы өрөбөлүүссүйэнэн түмүктэммит. Сайдыылаах дойдуларга уулуссаҕа бырачыастан бэлитиичэскэй уларыйыы тахсыбат буоллаҕына, дьадаҥы дойдуларга хайаан да былаас уларыйар. Кыргыстааны, Украинаны холобурдуохха сөп.
Премьер-миниистирдэрэ, Бангладеш судаарыстыбатын төрүттээччи Муджибур Рахман төрөппүт кыыһа Шейх Хасина суулларыллан, Индияҕа бөртөлүөтүнэн куоппут. Хасина салгыы Англияҕа хорҕойор баҕалааҕа иһиллэр. Хасина “миигин АХШ суулларда” диир. Киниттэн Сибэтиэй Мартин диэн арыыны байыаннай база тутарга көрдөөбүттэрин биэрбэтэх үһү. Оччотугар Бенгальскай хомону АХШ бас билэр, хонтуруоллуур буоларын утарбыт. Кырдьык, Хасинаны суулларыы араап дойдуларыгар барбыт “өҥнөөх өрөбөлүүссүйэҕэ” олус майгынныыр.
Бангладеш 171 мөл. нэһилиэнньэтин 10%-нын индустар, атына мусульман бенгалецтар. Хасинаны суулларыы кэннэ, мусульманнар индустары утары хааннаах дьайыыларын ииригириитэ саҕаламмыт. Элбэх индуһу тааһынан сынньан, ыйаан, тыыннаахтыы уматан өлөртөөбүттэр, дьиэлэрин-уоттарын халаабыттар, хараамнарын алдьаппыттар. Тыһыынчанан индус Индияҕа куота сатыыр.
Бу кыыллыйыы саҥа премьер миниистиринэн Нобель бириэмийэтин лауреата, 84 саастаах Мухаммад Юнус талыллыбытын да кэннэ салҕанан барар. Саха сирин бассаабыгар Мухаммад Юнус “Грамин баан” диэн дьадаҥыларга көмөлөһөн, микро-кирэдьиит биэрэн, кыра биисинэһи тэринэн дьадайыыттан быыһыыр баанын туһунан видеота элбэхтик эргийэ сылдьар.
Владимир СТЕПАНОВ.