Киир

Киир

“Кыым” хаһыат ааҕааччыларыгар бэлэх оҥороро кэнники сылларга үтүө үгэскэ кубулуйда.

Ол курдук, холобур, аҕыйах сыллааҕыта “Кыым” хаһыаты почтанан суруппут дьоҥҥо бука барыларыгар ааҕа этиҥ охсубут маһын бэлэх быһыытынан ыыталаабыппыт. Оттон былырыын күндү ааҕааччыларбытыгар “Күннээҕи сиэр-туом, алгыстар” диэн кыракый хомуурунньугу бэлэх ууммуппут. Ол дьоҕус кинигэҕэ урут бэчээккэ тахсыбыт, норуокка киэҥник биллэр, уруккуттан туттуллар сиэр-туом уонна алгыстар түмүллүбүттэрэ. Былырыын ааҕааччыларбытыгар анаан эмиэ кыракый хомуурунньугу бэлэмнээбиппит “Айылҕалаах дьоннуун алтыһан...” диэн ааттаах дьоҕус кинигэҕэ: хаһыаппытыгар тахсыбыт айылҕалаах дьоммутун – норуот эмчиттэрин, отоһуттары, көрбүөччүлэри кытта кэпсэтииттэн быһа тардыылары таһаарбыппыт. Дьоммут-сэргэбит айылҕалаах дьоммутун кытта быһаччы билистиннэр диэн төлөпүөннэрин нүөмэрдэрэ эмиэ бэчээттэммитэ.

Хас да сыллааҕыта “Биэс харахтаах харысхал бэлиэтэ” Борис Неустроев-Мандар Уус идиэйэтинэн, этиитинэн, кини ыйбыт матырыйаалынан – Бүлүү улууһун аатырбыт ууһа Николай Степанов уһанар кыһатыгар оҥоһуллубута. Ол кэнниттэн Таатта улууһун Баайаҕатыгар Мандар Ууска илдьэн алҕаппыппыт. Ити эмиэ күндү ааҕааччыларбытыгар бэлэхпит этэ.

Бу да сырыыга үтүө үгэспитин салҕаан, 2024 сыл бастакы аҥаарыгар суруппут ааҕааччыларбытыгар бэлэх уунуохпут. Хас биирдии “Кыым” хаһыакка суруппут ааҕааччыбыт саха бөлүһүөгэ, сээркээн сэһэммит, сүдү киһибит Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус бэйэтэ оҥорбут, алҕаабыт, дьиэҕэ уурунар харысхал бэлиэтин – магниты – бэлэх тутуохтара.

Хаһыаты Арассыыйа почтатын бары салааларыгар тиийэн эбэтэр дьиэттэн тахсыбакка олорон 8 (968) 150-67-15 нүөмэргэ эрийэн чэпчэтиилээх сыананан сурутуохха сөп.

Бу күннэргэ Борис Неустроев-Мандар Ууһу бэйэтин көрсөн харысхал ойууларын, бэлиэлэрин туһунан атах тэпсэн олорон кэпсэттибит.

– Очуос хайаларга былыргы дьон ойуулара, уруһуйдара бааллар дии, – диэн Борис Федорович кэпсэтиини ыраахтан саҕалаата. – Ити – киһи өйө-санаата сайдыбыт кэрдиис кэминээҕи ойуулар. Халлааҥҥа харбаспыт таас хайалар, өрүстэр кытыыларынааҕы очуос хайалар сирэйдэрин ойууларын, суруктарын-бичиктэрин барытын көрөр кыах суох. Былыргы дьон биир үксүн кыыллары, тайахтары, үҥүүлээх, ох саалаах булчуттары, урууналары ойуулуур эбит. Күн уонна кириэс ойуулара эмиэ бааллар. Кинилэр – харысхал бэлиэлэрэ. Күнү биһиги маҥнайгы харысхал бэлиэтинэн ааҕабыт. Киһи өйө-санаата сайдыбыт кэрдиис кэмигэр – күн өрө тутуллубута көстөр.

Харысхал бэлиэтэ омук омук аайы тус-туһунан, киһи булкуллуох да курдук. Холобур, муора кытыытыгар олорор омуктар харысхаллара – күн бэлиэтэ. Хайалаах, тайҕалаах сирдэргэ олорор омуктар харысхаллара эмиэ тус-туһунан. Кэнники соҕус кэмнэргэ ойууламмыт ойуулар эмиэ бааллар. Холобур, уу ааллара, балыксыттар... Сорох ойуулары ситэн өйдөөбөппүт даҕаны.

Биэс харахтаах харысхал бэлиэтэ диэн ити кириэс. Кириэс бастакы көрүҥэ. Ити кэнниттэн кириэс атын көрүҥнэрэ баар буолан барбыттара. Ол түмүгэр биэс харахтаах харысхал бэлиэтэ суолтатын сүтэрбитэ. Билигин ити ойуу, бэлиэ – биһиэхэ сахаларга эрэ күн бүгүн да туттулла сылдьар. Оттон атын омуктар былыргы оҥоһуктарыгар эрэ баарын көрөбүн. Ол аата биэс харахтаах, кириэс моһуоннаах ойуу – элбэх омукка баар буола сылдьыбыт харысхал бэлиэтэ. Ити – христианство сайдыан, тэнийиэн быдан иннинээҕи кэмҥэ.

– Билим тылынан “вербальнай” уонна “вербальнайа суох” диэн өйдөбүллэр бааллар. Холобур: алгыс – вербальнай, оттон харысхал бэлиэтэ вербальнайа суох.

– Оннук, ис хоһоонноро буоллаҕына – биир. “Итэҕэл чааһыгар мөлтөөтүбүт”, – диэн малтаччы этиэххэ наада. Улаханнык мөлтөөтүбүт. Билигин тас көрүҥүн эрэ тутта сылдьабыт. Ис хоһоонун билиэхпитин, күннээҕи олохпутугар туттуохпутун баҕарабыт бөҕө буоллаҕа. Ол гынан баран дьиҥ ис хоһоонун б-и-л-б-э-п-п-и-т!

Ханнык баҕарар итэҕэл ис хоһооно сүрдээх дириҥ. Омуктар итэҕэлгэ анаан-минээн үөрэнэллэр дии. Биһиэхэ оннук анал үөрэх суох. Харысхал да ис хоһооно сүрдээх дириҥ ээ. Бэйэни харыстаныы, көмүскэнии, айылҕа тас дьайыыларын кытта сөпкө алтыһыы диэн эмиэ өйдүөххэ сөп. Холобур, мин боксуор этим ээ. Буоксанан дьарыктаммытым. Ис харысхаллаах буолан итинник уустук успуорт көрүҥүнэн дьарыктаннаҕым. Онтум суоҕа эбитэ буоллар элбэхтик доргутуо, дөйүтүө этилэр буоллаҕа.

Итинэн тугу этээри гынабын диэ. Ис харысхал диэн өйдөбүл эмиэ баар. Мин ис харысхала суоҕум эбитэ буоллар – суох буолбутум ырааппыт буолуо этэ. “Оннук киһи олорон ааспыта, ойууну-оһуору интэриэһиргиирэ, хомуйара, үөрэтэрэ үһү”, – диэн кэпсиэ этилэр. Эдэр сылдьан элбэхтик айанныырым. Холобур, Бүлүү улуустарыгар элбэхтик сылдьыбытым. Эт атахпынан хааман, ойууру-тыаны кэтэн. Оннук сылдьан эһэҕэ хас да төгүл түбэспитим. Ис харысхаллаах буолан күн бүгүнүгэр диэри бу сырыттаҕым.

– Борис Федорович, эн Таатта улууһун дьаралыгын (гиэрбэтин) ааптараҕын. Дьаралык дириҥ ис хоһооннооҕор саарбахтаабаппын.

– Ити – тохсус халлааҥҥа тиийэ барар күүстээх дьаралык. Арассыыйа Геральдикаҕа сэбиэтэ Саха сирин бырабыыталыстыбатыгар ыыппыт суругар: “Таатта улууһун дьаралыга (гиэрбэтэ) өрөспүүбүлүкэ да таһымыгар туттуллуон сөптөөх символика, олус дириҥ ис хоһоонноох”, – диэн хайҕаабыттар этэ. Ону истэн мин туох да наһаа үөрбүтүм. Аал Луук Мас араас барыйаана аан дойду үгүс омуктарыгар баар. Ону нууччалыы “древо жизни”, “мировое дерево” диэн ааттыыллар.

Ити дьаралык олоҥхоттон сиэттэрэн үөскээбитэ. Олоҥхо уонна итэҕэл – саха омук сүрүн күүһэ, өйө-санаата. Олоҥхолору анаан-минээн дириҥник ырытар, үөрэтэр, чинчийэр буоллахха – итэҕэли түргэнник ылыныахха, ис иһиттэн өйдүөххэ сөп. Оттон биһиги олоҥхону уонна итэҕэли тус-туһунан тута сылдьабыт ээ. Олоҥхо ис хоһооно олус дириҥ. Мин бу туран: “Олоҥхону, олоҥхо ис хоһоонун билэбин”, – диэн этэр кыаҕым суох.

Төрүт култуурабытын төрдүттэн ылсан дириҥник үөрэтии наада. Анал үөрэх наада. Итинник дьаһанарбыт буоллар, итэҕэлбит ис-иһиттэн бэйэтэ сааһыланан тахсан кэлиэ этэ. Олохтоохтук ылсыахха эрэ наада.

– 2024 сыл бастакы аҥаарыгар “Кыым” хаһыакка суруппут ааҕааччыларбыт хас биирдиилэрэ – эн оҥорбут, алҕаабыт дьиэҕэ уурунар харысхал бэлиэтин бэлэх тутуохтаахтар. 

– Сахалар ытык бэлиэлэрдээхпит, харысхаллардаахпыт. Олортон биирдэстэрэ – биэс харахтаах харысхал бэлиэтэ. Атыннык эттэххэ – харысхал ойуу. Биэс харахтаах харысхал бэлиэтин саха дьоно-сэргэтэ ылынна. Ыһыахха, үөрүүлээх сиэрдэргэ-туомнарга эрэ кэтэр таҥаска эрэ буолбакка, күннээҕи таҥаспытыгар эмиэ ойууланар буолла.

Харысхал бэлиэтин биһиги алтаҥҥа оҥоро сылдьыбыппыт. Биэс харахтаах харысхал бэлиэтин сүрдээх судургу көрүҥнээх гына оҥорбуппут. Дьон хайдах көрүҥнээҕин өйдөөтүн, түргэнник ылыннын диэн санааттан. Ити харысхал араас көрүҥэ баар буолла. Худуоһунньуктар, ювелирдар харысхал араас бэлиэлэригэр күүскэ үлэлииллэрин иһин хайгыыбын. Маладьыастар!

Харысхал бэлиэлэрин эмиэ анаан-минээн чинчийиэххэ, үөрэтиэххэ наада. Чинчийэр, үөрэтэр анал бөлөҕү да тэрийиэххэ сөп. Аҥаардас үөрэтии, чинчийии эрэ буолбакка, олоххо хайдах киирэрэ эмиэ толкуйданыахтаах.

– 2021 сыл бастакы аҥаарыгар “Кыым” хаһыаты почтанан суруппут дьоҥҥо  – бука барыларыгар – ааҕа этиҥ охсубут маһын бэлэх быһыытынан ыыталаан турабыт. Ол мастары эрэдээксийэ үлэһиттэрэ хара тыаны кэтэ сылдьан көрдөөн, булан, арҕастарыгар сүгэн Дьокуускайга киллэрбиттэрэ. Биллиилээх норуот эмчитэ, отоһут көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка, сахалыы улахан сиэри-туому толорбута, алҕаабыта.

– Ити – хайҕаллаах дьыала. “Кыым” хаһыат төрүт култуурабыт, төрөөбүт тылбыт сайдарын туһугар араас хабааннаах үлэни ыытар. Ааҕааччыларгыт бэлэх уунар харысхалларгыт – киэҥ хабааннаах үлэҕит биир көстүүтэ.

Олох ыарахан түгэннэригэр киһи хайаан да көмүскэл көрдүүр. Оннук түгэннэргэ киһи кыра да бэлиэни күндүтүк саныыр, ис сүрэҕиттэн ылынар. Ол бэлиэ, биллэн турар, айылҕаны анаарыыбытыгар, үйэлээх үгэстэрбитигэр сөп түбэһиэхтээх. Ити – уйулҕаны, өйү-санааны бөҕөргөтүүгэ улахан төһүү күүс.

Айыылартан айдарыллыбыт “бу мин” диэн өйдөбүллээх хас биирдиибит олоҕо – тус бэйэбит киэнэ, тус бэйэбит бас билиитэ. Тус олоххун ким харыстыахтааҕый, араҥаччылыахтааҕый? Эн бэйэҥ. Ол иһин сүрэххинэн-быаргынан, өйгүнэн-санааҕынан ылыммыт кыра да бэлиэҥ – эйиэхэ бүүс-бүтүннүү сыстар, харыстыыр, араҥаччылыыр күүстэнэр.

– Борис Федорович, кэпсэтиибит түмүгэр “Кыым” ааҕааччыларыгар анаан тугу этиэҥ этэй?

– Киһи тус бэйэтин олоҕор дьалаана суох куһаҕаннык сыһыаннаһар. Холобур, аска-үөлгэ да сыһыаммытын ылан көрдөххө. Ити бастакытынан. Иккиһинэн, арыгы уонна табах киһи доруобуйатын айгыратарын эмиэ бэркэ диэн билэбит. Ол туһунан элбэхтик кэпсииллэр-ипсииллэр, көрдөрөллөр. Ити курдук киһи билэ-билэ харыстаммат. Ол түмүгэр, холобур, арыгыттан сиэттэрэн алдьархайга да түбэһэр, доруобуйата биллэ айгырыыр.

Бу күчүмэҕэй кэмҥэ киһи бэйэтин көрүнэ, харыстана сылдьара хайаан да наада. “Кыым” хаһыат ити туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ санатара, урукку үтүө үгэстэри сөргүтэрэ, кэпсэтиилэри таһаарара олус махталлаах. “Киһи бэйэтин көрүнүөхтээх, харыстаныахтаах, көмүскэниэхтээх” диэн өйдөбүл күн бүгүн сахаларга эрэ баар курдук. Атын омуктарга ити туһунан кэпсэтиилэр тахсалларын ыраах олорор буолан истибэтим эбитэ дуу.

Атын омуктарга, биллэн турар, харысхал бэлиэлэрэ, маллара, ымыылара эмиэ бааллар. Ол эрээри ис сүрэхтэриттэн итэҕэйэн дьиҥ олоххо тутта сылдьар дьон төһө элбэҕий? Оннук дьону тус бэйэм түбэһэн көрө иликпин. Сахалар мэлдьи айылҕаны, айылҕа араас күүстэрин кытта алтыһа сылдьар буолан – харысхал бэлиэлэригэр ураты сыһыаннаахпыт.

– Борис Федорович, киэҥ ис хоһоонноох кэпсээниҥ иһин “Кыым” хаһыат ааҕааччыларын аатыттан улахан махтал!

Федор РАХЛЕЕВ.