Киир

Киир

Чүмэчи сырдыгы, уһуктууну, күн күүһүн кытта ситимнээх. Кылгас үйэтинэн дэбигис умуллуон сөптөөх соҕотох уйан дууһаны кэрэһилиир, күлүм курдук ааһар олоҕу сыаналыырга ыҥырар. Чүмэчини хараҥаҕа сырдык быһыытынан туттары таһынан таҥара дьиэтигэр, араас сиэргэ-туомҥа тутталлар. Бу ыстатыйаҕа чүмэчи туһунан кэпсэтиэҕиҥ.

Чүмэчи суолтата

Иудаизмҥа чүмэчи таҥара баарын туоһулуур. Аччыгый Азия сэттэ таҥара дьиэтин көрдөрөр. Чүмэчи умнаһа куйаар, Орто дойду, аан дойду маһын быһыытынан ылыныллар. Биибилийэҕэ Иосиф этэринэн, чүмэчи атаҕын сэттэ салаата күнү, ыйы, планеталары, нэдиэлэ сэттэ күнүн, халлааҥҥа Улахан Эһэ сэттэ сулуһун, ону тэҥэ аан дойду сэттэ эргиирин эбэтэр күүһүн кэрэһилиир.

Христианнарга чүмэчи – сири сырдатар таҥара уота, Христос, таҥара дьиэтин, итэҕэл, уйгу-быйаҥ, тапталынан угуттаммыт сүрэх үөрүүтүн бэлиэтэ. Таҥара дьиэтин чүмэчилэрэ улахан оруоллаахтар. Холобур, таҥара кириэһин икки өттүгэр турар чүмэчи Христос икки айылҕалааҕын, сэттэ чүмэчи таҥара сэттэ бэлэҕин, Пасхаҕа уматыллар чүмэчи ити күн дууһата тиллэр Христоһу бэлиэтииллэр. Оттон аалтаарга турар чүмэчи мэлииппэ эргиирин туоһулуур.

Халлаан уотун быһыытынан, чүмэчи славяннарга күннээҕи эрэ олоххо буолбакка, сиэргэ-туомҥа эмиэ туттуллар. Кинини киһи олоҕун, дууһатын да быһыытынан ылыналлар. Төрөөбүт күҥҥэ үрүллэр чүмэчи олох тыынын кэрэһилиир. Киһи өлөрүгэр уматыллар чүмэчи өлүү им балайын сырдатар аналлаах. Ордук имэҥнээх (страстная) чүмэчи улахан суолталаах. Онон дьиэни-уоту арчылыыллар, олох ыарахан түгэннэригэр уматаллар. Этиҥтэн, халаан уутуттан, уоттан быыһыырыгар эрэнэллэр.

Сахаҕа чүмэчини туттуу христианскай итэҕэлтэн киирбит. Күн бүгүн сиэргэ-туомҥа, күннээҕи олоххо киэҥник туттуллар.

Чүмэчи өҥө тугу этэрий?

Маҥан

Ырааһы, күүһү кэрэһилиир. Аттыгар умайар атын өҥнөөх чүмэчилэр дьайыыларын күүһүрдэр. Ыраастыыр, эрэли иҥэрэр. Эмтээһин кэмигэр саҥа, ыраас эниэргийэни киллэрэргэ туһаналлар. Үчүгэй буоскаттан оҥоһуллубут буоллаҕына, буруота куһаҕан тыыны үтэйэр, салгыны ыраастыыр. Чүмэчи умайан бүттэҕинэ, сир, дьиэ-уот ыраастаммытынан ааҕыллар. Маҥан чүмэчи олус ыраас эниэргийэни биэрэр, ис күүһү уһугуннарарга, олоххо киллэрэргэ көмөлөһөр. Киһи сүрэҕэр баар үчүгэй эрэ хаачыстыбалары уһугуннарар.

Хара

Олус күүстээх өҥ! Көмүскүүр чүмэчилэртэн саамай күүстээхтэрэ. Хара чүмэчини “киһини Орто дойдуга төннөрөргө”, кистэлэҥи арыйыыга, нүһэр, ыарахан эйгэҕэ сырдыгы киллэрэргэ тутталлар. Хара чүмэчи эппиэтинэһи үрдэтэр. Маҥан чүмэчини кытта тэҥҥэ уматар ордук. Тоҕо диэтэххэ, хара эниэргийэ санаа баттааһынын күөдьүтүөн сөп.

Кыһыл

Таптал, доруобуйа, имэҥ, биир тылынан, олох эниэргийэтин бэлиэтэ. Саҥа олоҕу, суолу саҕалыырга көмөлөһөр. Күүһү биэрэр, туругу тупсарар. Хотугулуу-арҕаа муннукка уматтахха, кыыһырсыы, этиһии, өйдөспөт буолуу тыынын үтэйэр. Сэргэхситэр, чэбдигирдэр, өйү уһугуннарар.

Оруосабай

Тапталы, ситиһиини кэрэһилиир. Кини тыынынан киһи ыраас, туруктаах олоххо талаһар, санаата ырааһырар, инникитин көрөр. Бэйэни, дьону алы гынарга көмөлөһөр. Киһи суобаһа уһуктан, ыраас, чиэһинэй олоххо турунар, бэйэтигэр сыанабылы бэринэр.

Саһархай
(оранжевай)

Үөрүү, айар үлэ бэлиэтэ. Медитацияҕа туһаныахха сөп. Үчүгэй дьону, кыылы, малы тардарга, быһаарыллыбакка турар ыйытыыга хоруйу буларга, сөп түбэһэр үлэни, киһини “ыҥырарга” көмөлөһөр.

Араҕас

Чүмэчи уотун өҥө медитация туругар киирдэххэ, баҕа санаа туолуутун көрөргө көмөлөһөр. Кутталы кыйдыыр, дууһаны уоскутар. Сылааһы, уу нуһараҥ туругу иҥэрэр. Кини дьайыытынан бэйэ түүлүн таба тойоннуохха сөп.

Кыһыл көмүс

Араҕас чүмэчи курдук, медитацияҕа туһалаах.

От күөх

Үүнүү-сайдыы өҥө. Эт-сиин, өй-санаа эниэргийэтин сааһылыыр. Өй таһымын арыйан, киһи тулалыыр эйгэтин, олох суолтатын өйдүүрүгэр, ылынарыгар, кыһалҕатын быһаарынарыгар көмөлөһөр. Кини дьайыытынан уйулҕа ыарыытын оһорунуохха сөп. Баайы-дуолу тардар.

Халлаан күөх

Ис туругу иһиллэниигэ көмөлөөх. Олох, бэйэ-бэйэҕэ эрэнсии бэлиэтэ. Чэпчэки харчыны тардарга аналлаах сиэргэ-туомҥа тутталлар. Кутталы, санаа түһүүтүн, саарбахтааһыны кыйдыыр. Бэйэни өйдүүргэ үлэлэһэр дьон туһаналлар. Кистэлэҥ өйү-санааны арыйарга көмөлөөҕүнэн биллэр.

Сиэрэй эбэтэр үрүҥ көмүс

Ырылхай, дьиҥнээх көстүү бэлиэтэ. Саҥа хамсааһыны саҕалыырга медитацияҕа тутталлар. Мэйии олох суола хайа диэки иэҕиллэрин билэр түгэх санаатын таарыйар. Сулустар дьоҥҥо дьайыыларын билэ сатыыр. Астрологиянан дьарыктанар дьон тутталлар. Албыны-көлдьүнү суурайан, дьиҥнээх, илэ көстүүнү кытта көрсөргө көмөлөһөр.

Кугас

Сир өҥө дьүһүннээх чүмэчи эниэргийэтэ эмиэ оннук. Болҕомтону күүһүрдэр. Сүтүгү көрдөөһүҥҥэ ордук туһалаах. Сибэтиэй Антоний диэн сүтүгү көрдөөччүлэри араҥаччылыыр таҥара бэлиэтэ.

Кытаран көстөр күөх (фиолетовай)

Ис күүс, былаас, маастарыстыба өҥө. Тахсыыны, табыллыыны иҥэрэр. Ис баҕаны олоххо киллэрэргэ көмөлөһөр. Медитация кэмигэр киһи уу нуһараҥ турукка киирэр.

Чүмэчини дьиэҕэ уматыы

90-с сыллар бүтүүлэригэр, элэктэриичэстибэ уота элбэхтик арахсар буолан, ыал эрэ барыта чүмэчини туттара. Оттон билигин чүмэчи үксүн киэргэлгэ эрэ туттуллар буолла. Дьиҥэр, кини туһата элбэх эбээт.

Чүмэчи сүрүн оруола – дьиэҕэ-уокка тыыннаах уоту тэрийии. Учуонайдар этэллэринэн, уот төлөнө хаан баттааһынын тэҥниир, ньиэрбэни уоскутар, уҕарытар. Интерьер чүмэчитэ сыттаах уонна сиэргэ-туомҥа аналлаах көрүҥнэргэ арахсар. Сиэри-туому ыытааччы баҕа санаата туоларыгар эбэтэр чопчу биир тыыны олохтуурга көмөлөһөр. Сиэргэ-туомҥа туттуллар чүмэчилэргэ араас оттору туһаналлар. Холобур, сытыган эрбэһин (полынь) куһаҕан тыыны үтэйэр. Оттон лаванда өйү-санааны уоскутар, үчүгэйгэ сыаллыыр.

Бука, итинник быраактыкаттан сыттаах чүмэчи баар буолбута буолуо. Билигин оннуктар хас маҕаһыын, дьиэ аайы бааллар. Холобур, утуйар хоско жасмин, лаванда, иланг-иланг, суунар хоско сэргэхситэр цитрусовай эбэтэр кофе сыттаах чүмэчини уматыллар. Кыһыҥҥы кэмҥэ сакалаат, сайынын сибэкки сыттаах чүмэчини туттуллар.

Чүмэчи көмөтүнэн баҕа санааны толоруу

  • Маннык сиэри-туому баскыһыанньаттан ураты нэдиэлэ хайа баҕарар күнүгэр хараҥа кэмҥэ толорор ордук.
  • Күһүн уот бэлиэлээх буолан, ити кэмҥэ дьарыктанар табыгастаах.
  • Түмүктээх буоларын курдук, чүмэчини сэттэ төгүл эфирнэй арыынан сотуллар.
  • Тарбахха хаалбыт арыыны сүрэх ойбонноругар (чакры) сыбыахха сөп.
  • Олоппоско олордоххо, чүмэчи утары, илиини ууннахха тиийэр гына туруохтаах.
  • Баҕа санааны сэттэ төгүл этэн баран, чүмэчини уматыҥ. Бэйэ баҕа санаатыгар болҕомтону чопчулаан баран, чүмэчи уотун одуулааҥ.
  • Чүмэчи бүтүөр диэри умайара ордук. Кэмин иннинэ умуллардахха, баҕа санаа эмиэ суол ортотугар умуллар.
  • Чүмэчи күүһүгэр итэҕэйиҥ. Баҕа санааҕыт туоллун!

Фэншуй тугу кэпсиирий?

Илиҥҥи өйдөбүл эмиэ чүмэчи дьиэҕэ уот тыынын киллэрэрин этэр. Фэншуй быраабылатынан, чүмэчи дьиэ соҕуруулуу-илиҥҥи муннугар нэдиэлэҕэ иккиттэн аҕыйаҕа суох уматыллыахтаах. Ол эниэргийэ дьиэ иһигэр хамсыырыгар, сыҕарыйарыгар суолталаах.

Фэншуйга чүмэчи өҥө элбэҕи быһаарар. Кыһыл чүмэчини үөрүүгэ, үүнүүгэ-сайдыыга, күөҕү доруобуйаҕа, саһархайы баайга-дуолга уматаллар. Кэргэнниилэр сыһыаннарын тупсаралларыгар, сылыталларыгар араҕас өҥнөөх чүмэчини уматыахтарын наада.

Оксана Жиркова

ЧҮМЭЧИ УОТА ӨРҮҺҮЙБҮТЭ 

Кэргэним саахалга түбэґэн, ір кэмІэ ороІІо сыппыта. Ыарахан сыаналаах эмтэри туттан, араас реабилитацияны туґана сатаан баран, ыґыктынан, санаабыт түґэн сылдьара. Сытыы-хотуу бэйэм сынтарыйбытым, түннүгүм-үілэґим бүілэммитэ сүрдээх этэ. Ыгыллан, дьон сүбэтин да сатаан истибэт буолбутум. Этэллэрин курдук, барар сирим – баҕана үүтэ, кэлэр сирим – кэлии үүтэ.

Биирдэ быыстапка-дьаарбаІкаҕа сылдьыбытым. Тугу эрэ атыылаґаары да буолбатах, балтым ийэбэр ыыппыт малын ылаары. Кэлиэхтээх киґини кэтэґэ турдахпына, хараҕым биир дьахтарга хатаммыта. Араас іІнііх, быґыылаах чүмэчилэри атыылыы турара. Кіннірү кірі турдахпына, кэпсээн барбыта. Кини сүбэтинэн, дьиэбэр чүмэчи уматан, муннуктарбын ыраастаабытым. Кэргэним атаҕар турарыгар кірдіґін, тохтоло суох ботугураабытым. Киґим, арааґы барытын боруобалаабыт буоламмын, соґуйбатаҕа.

Аҕыйах хонон баран, наадаларбар сылдьан кэлбитим – киґим оронугар олорор! Сирэйэ-хараҕа сырдаабыта сүрдээх. “Хайдах эрэ сананным да, турдум” диэбитэ. Сиэри-туому іссі хаста да хатылаабытым. Сымыйа курдук иґиллэрэ буолуо эрээри, ити дьиктигэ чүмэчи оруоллаах дии саныыбын. Кэргэним кіннірү олоххо тіннін, муус доруобай киґилии этэІІэ үлэлии-хамсыы сылдьар.

Варвара. 

СҮТҮГҮ БУЛЛАРБЫТА

Сэриигэ сылдьыбыт кырдьаҕас таайбыт олохтон туораабыта. Сотору түүллээх эдьиийбитинэн уҥуоҕар табаҕын хаатын аҕаларга илдьиттээбит этэ. Бэйэбит да тэрийэрбитигэр ону көрдүү сатаабыппыт. Ол кэмҥэ дэриэбинэбитигэр эмчит дьахтар кэлэ сылдьар этэ. Дьиэбитигэр ыҥырбыппытыгар чүмэчи уматан, көрүүлэммитэ. Чүмэчи уотуттан хараҕын араарбакка олорон, биир кэм тугу эрэ ботугураабыта. Туораттан көрөн турдахпына, чүмэчиттэн ыыс хара буруо өрө субуруйбута. Ханнык эрэ кэмҥэ умуллуохча курдук ибигирээн ылбыта. Онтон арай “Ыскаапка турар сиэрэй бинсээгин түөскэ баар сиэбигэр баар үһү” диэтэ. Ойон туран хаспытым – чахчы, баар! Бу тухары кэппэтэх бинсээгэр тоҕо укпутун сатаан санаабаппыт.

Тахсаары туран эмчит: “Сөп буола-буола чүмэчитэ уматан, дьиэҕитин ыраастыыр буолуҥ. Таайгыт өлбүтүгэр эрэ умаппыккыт. Атын кэмҥэ чүмэчи уота адьас көстүбэт”, – диэбитэ. Буолуо даҕаны. Таайым аах куорат таас дьиэтигэр чүмэчилэммиттэрин бу тухары өйдөөбөппүн.

Т.А.