Киир

Киир

Сэтинньи 8 күнүгэр Эһээ Дьыл оҕуһун Аҥар муоһа түргэн тэтимнээхтик үүнэн барар. Ол муостан тымныы салгын үргүйэр, онон Халлаан биллэрдик тымныйар, силбиктээх-кырыалаах кэм бүтэр уһуга көстөн барар. Дьэ ол иһин былыр бу күнтэн саҕалаан сылгыны идэһэҕэ тутталлара. Оччоҕо сылгы этэ ирбэт, чакылыччы тоҥор, онон үчүгэй үчхаачыстыбалаах буолар. Билигин да ыксаабакка ити үгэһи тутуһуохха баар этэ.

 

Бык мооза

Сэтинньи 21 күнүгэр Эһээ Дьыл оҕуһун Муоһа үүнэн бүтэн сытыы уһуктанар, тымныынан аргыйара күүһүрэр, онон кыһыҥҥы бастакы улахан тымныы кэм - Кыыдаан Кыһын саҕаланар.

Сахалар үгүстэрэ Дьыл оҕуһун улахан адаар муостаах сүүнэ Оҕус курдук өйдүүллэр. Бэрт аҕыйах киһи Сэлии эбэтэр Уу оҕуһун курдук саныыр. Бадаҕа 3 сыллааҕыта Киин куораппыт салалтатын (Мэрийэ) дьиэтин иннигэр Икки Сэлиини хаарынан оҥорон туруорбуттарын арааһа өйдүүргүт буолуо.

Мин бэрт өрдөөҕүттэн Олоҥхо курдук улуу айымньыны айбыт, улахан фантазиялаах омук Дьыл оҕуһун көннөрү Оҕус дуу Сэлии дуу курдук оҥорон көрбөт буолуохтаах диэн саныырым. Ол гынан баран быйыл сайын эрэ ол санаабын олоххо киллэрдим, Дьыл оҕуһун саҥа дьүһүнүн-бодотун ойуулаттым.

Ол өр кэмнээх толкуйум, үлэм түмүгүн бу саайт ааҕааччыларын дьүүлүгэр таһаарабын.

ТЫМНЫЫ ИЧЧИТИН – ЭҺЭЭ ДЬЫЛ ОҔУҺУН САҤА БОДОТО

ДУХ ХОЛОДА БЫК ЭҺЭЭ ДЬЫЛА 1

Бэйэм ити Оҕуһу Эһээ Дьыл оҕуһа – Тымныы Иччитэ диэн ааттаатым. Таҥариансвто итэҕэлинэн Эһээ Дьыл оҕуһа Тымныы Иччитэ буолар.

Оҕус саҥа бодотун (Облик) бэйэм сөбүлээтим, табылынна дии саныыбын уонна Тымныытынан аатырар Саха сирин биир символа, брендэ буолар кэскиллэниэн сөп диэн билгэлиибин.

Тымныы Иччитэ, эбэтэр Эһээ Дьыл оҕуһа Сэлии + Дьиэ оҕуһа + Тайах холбоспут сиэнчэр көрүҥнээх диэххэ сөп. Сэлиини сахалар Уу оҕуһа диэн эмиэ ааттыыллар. Оттон Дьыл оҕуһун муоһа тымныыны түһэрэр диэн сиҥнибит үрэх, өрүс биэрэгиттэн булуллубут Сэлии муоһа кумах ардайдаах хаар- муус бүрүөһүннээх буоларын иһин бу муостартан тымныы түһэрэ буолуохтаах диэн сабаҕалааһынтан тахсыбыта чуолкай. Онон Дьыл оҕуһун туһунан бастакы өйдөбүл Сэлиини – Уу оҕуһун кытары ыкса сибээстэх буолуохтаах. Сэлии Саха сиригэр үгэннээн үөскүү сылдьыбыта, тоҥ сэлиилэри билиҥҥэ диэри элбэҕи булаллар. Онон Сэлии, этэргэ дылы бэйэбит кыылбыт.

Бу Тымныыбыт Иччитэ аҥаара Сэлии, аҥара Дьиэ оҕуһа дьүһүннээх. Тайахтан муоһа эрэ баар.

Ити Оҕус тоҕо икки хос – биирэ тайах, иккиһэ Сэлии муоһун маарынныыр муостанна? – диэн ыйытыахтарын сөп.

Саас Дьиэ сүөһүтүн муоһа түспэт, оттон Тайах саас аайы муоһуур. Эһээ Дьыл оҕуһун Тайах муоһа Оҕус муоһун кытта биир төрүттэн үүммүттэр, онон саас сылыйдаҕына Тайах муоһа тулуннаҕына Оҕус муоһун кытта бииргэ түһэр. Оттон күһүн Эһээ Дьыл оҕуһун муоһа Тайах муоһун кытта бииргэ үүнэр.Итинэн Муос үүнүннтүн-түһүүтүн боппуруоһа быһаарыллар.

Иккиһинэн, Халаабыһа олус улаханын дьиктиргиэхтэрин сөп. Ити быһаарыыта судургу соҕус. Атыыр Сымыыта төһө улахан буолар да соччонон күүстээх-уохтаах, кыра сымыыттаахтары утары көрдөрбөт үгэстээх. Ити ону уобарастаан оҥорбут дьүһүммүт.

Манна даҕатан биири этээри гынабын. Урут Дьыл оҕуһун Эһээ Дьыл оҕуһа диэн ааттыырбын сөбүлээбэт саҥа-иҥэ баар этэ. Дьыл оҕуһун оннук ааттааһыным - билигин Дьыл аатын Эһээ Дьыл ылла, онон Оҕус эмиэ Эһээ Дьыл оҕуһа диэн ааттаныахтаах диэн өйдөбүлү кытта сибээстээх этэ.

Билигин урукку Дьыл оҕуһуттан чыҥха атын оҕус баар буолла, онон ол Оҕус Эһээ Дьыл оҕуһа - Тымныы Иччитэ диэн ааттанара букатын сокуоннай буолла диибин.

Мамонт перед Мэрией 158 n

САҤА СЫЛ БЫРААһЫННЬЫГЫН СУОЛТАТЫН СҮТЭРИМИЭХХЭ

Кэнники кэмҥэ “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” диэн Россия таһымнаах бээртээхэй фестиваль тэриллэр буолла. Бу фестиваль саамай кэрэхсэнэр түгэнинэн Дьыл оҕуһун Дьаһайааччы Чысхаан Тымныы символын Дед Морозка туттарар сиэрэ-туома буолар. Ол Тымныыбытын Дед Мороз кырдьаҕас Россия устун тарҕатыахтаах. Бу туом өрөгөйүнэн Саҥа сыллааҕы Харыйа уотун уматыы буолар. Дьиктитэ диэн Саҥа сыл Харыйатын уота куорат болуоссатыгар эрэ буолбакка ыаллар дьиэлэригэр эмиэ уматыллар. Бүтүн Россия үрдүнэн... Омос көрдөххө ити барыта олус үчүгэй уонна кэрэхсэбиллээх курдук.

Дьэ ол гынан баран диэххэ... Былыр-былыргыттан Саҥа сылы көрсөр бырааһынньык саамай үөрүүлээх түгэнинэн Саҥа сыл харыйатын уотун уматыы буолара. Билигин ол күүтүүлээх, алыптаах уоппут Саҥа сыл буолуо бүтүн биир ый инниттэн умайар. Саҥа сылга харыйаҕа уот уматыы сонуна ааһан, сыппаан, долгутуута, улахан үөрүүтэ-көтүүтэ суох сиэр эрэ толоруу быһыытынан оҥоһуллар буолла, кэтэһиилээх Саҥа сылбыт бырааһынньыгын араас ырмыныыр уота дьүүкэбил, кустук өҥүнэн оонньуура өлбөөдүйдэ. Мин билигин өр күүттэрбит остуоруйа ыалдьыттыы кэлэр Саҥа сыл аптаах-таабырыннаах киэһэтиттэн ким эрэ миигин матарбыт курдук сананабын.

ФЕСТИВАЛЬ СИМВОЛЫНАН ТЫМНЫЫ ИЧЧИТЭ БУОЛУОХТААХ

Итинэн сибээстээн мин маннык этиилээхпин. "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" диэн бэртээхэй фестивальбытыгар елка уматыытын тохтотуохха. Ол оннугар Тымныы Иччитин муустан оҥоһуллубут монуменын үөрүүлээх арыйыынан солбуйуохха – диэн. Ити фестивальга Дед Моруоска Тымныы символын туттарабыт ээ, онон Тымныы Иччитин – Эһээ Дьыл оҕуһун көрсүү сиэрэ-туома олус диэн сөп түбэһэр. Онон сүбэлэһиэххэ, толкуйдуохха.

Өскөтүн дьыала итинник эргийэр түбэлтэтигэр Саҥа сылбыт харыйатын уотун урукку курдук үөрэ-долгуйа уматыахпыт, оҕолорбутугар, улахан   дьоммутугар даҕаны остуоруйа алыптаах киэһэтин төнүннэриэхпит.

Тымныы Иччитин сирээччи-талааччы, биһирээччи да баар буолуо. Ол гынан баран билигин Арктика, Ирбэт тоҥ буор уонна Тымныы Аан дойду болҕомтотун тардар кэмигэр үөскээбит Тымныы Иччитин – Эһээ Дьыл Оҕуһун саҥа ханна да суох дьикти көрүҥэ (Облик, Образ) саха сирин олохтоохторун эрэ буолбакка ыалдьыттар, туристар болҕомтотун өссө ордук тардыан сөп дии саныыбын.

Сэҥээриилэр

Попова Надежда
+1 Попова Надежда 17.11.2021 13:26
Олус барытын бииргэ кутан, Саха угэьин Тымныы о5уьун уобараьын уларытан кэбиспиккит. Дьигинэн, судургу уонна ейденумтуе Тымныы о5уьа о5олор терут культуралын ылыналларыгар быдан ордук буолуо этэ.
Ответить

Санааҕын суруй