Былыр-былыргыттан кымыс дириҥ устуоруйалаах, дьон-сэргэ чөл олохтонорун туһугар туһуламмыт утах буолар. Арассыыйа элбэх сылгылаах түүр омугар, ол иһигэр сахаларга, кымыстааһын төрүт үгэскэ кубулуйбутун дойдубут устуоруйата туоһулуур.
Арассыыйа Билимин академиятын иһинэн оҥорон таһаарар күүстэри үөрэтэр улахан хамыыһыйа 1918 сылаахха кымыһы «Арассыыйа национальнай баайа» диэн биллэрбитэ ылбычча буолбатаҕа чахчы. Ол да иһин былыргы Арассыыйа аристократтара кымыһы өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнииллэрэ.
* * *
Онтон биһиги элбэх сылгылаах сахалар бу «өлбөт мэҥэ уутун» (кымыһы) төһө өрө тутан, сайыннаран кэллибит?
Мин санаабар «кымыс» диэн тыл биһиэхэ, сахалар өйбүтүгэр уонна туттар тылбытыгар эрэ баар. Онтон иһэр утах, амсайар ас курдук күн бүгүнүгэр диэри күннээҕи олохпутугар туһаны аҕала илик. Үһүйээн эрэ курдук, кэпсэнэ сылдьара билиҥҥи олохпут хобдох көстүүтэ диэтэхпинэ, сыыспаппын. Оннооҕор ыһыахтарга даҕаны дьиҥнээх кымыһы булан иһэр күчүмэҕэйдэрдээх. Ол эбэтэр, кымыс син биир суоҕун курдук суох. Киһи кыбыстара, күн аайы кэриэтэ үрдүк сололоохтору, ыалдьыттары «кымыстаах» чороонунан көрсөбүт. Ыалдьыттары «албын» утаҕынан көрсөр хайа да сиэргэ баппат быһыы дии санаабаккыт дуо? Хаһааҥҥа диэри маннык быһыы-майгы салҕанан бара туруо эбитэ буолла...
* * *
Дьэ, ити курдук кымыстааһын сахаларга санаабытыгар эрэ баар. Оттон оҥоһуллар ньымата (технологията) букатын умнуллубут дьарык буолар. Ол сүрүн биричиинэтинэн, Саха сиригэр сылгыны иитэр салааҕа сэбиэскэй былаас саҕаттан үрдүкү салайааччылар өттүлэриттэн сүрүн болҕомто ууруллубатаҕа буолар. Уларыта тутуу саҕаттан, тыа хаһаайыстыбатын бырайыактыыр тэрилтэҕэ, тыа сиригэр үүтү-эти астыыры (переработкалыыры) бырайыактыырга сүрүннүүр технологынан үлэлээбит киһи буоларым быһыытынан, кымыстааһын ньымаларын (технологиятын) боппуруостарынан иҥэн-тоҥон дьарыктаммытым.
90-с сыллар саҕаланыыларыгар сылгыны иитэр салааттан ылыллар араас бородууксуйалары оҥоруу, ол иһигэр кымыстааһын, уонна аһылыкка төрүт үгэстэри чөлүгэр түһэрэн олоххо киллэрии (возрождение традиционного питания) былааннарын өрөспүүбүлүкэ араас таһымнаах бырагыраамаларыгар киллэрэн турабын.
Ол курдук, бастаан 1994 сыллаахха кымыстааһын ньымаларын олоххо киллэрэр сыаллаах былааны «Государственная биофармацевтическая промышленность» диэн өрөспүүбүлүкэ бырагырааматыгар, онтон социальнай уонна доруобуйа харыстабылын систиэмэтигэр киллэрэргэ сыал-сорук туруорунан үлэлээн, 1999 сыллаахха «О защите населения РС (Я) от туберкулезной инфекции и оказания противотуберкулезной помощи» диэн сокуоҥҥа кымыһы туһаныы туһанан дьокутааттарга дьүүллэтэн ылыннарбытым. Онтон сиэттэрэн, 2001 сыллаахха кымыһы аны бүддьүөт тэрилтэлэригэр аһылыкка туһаныы туһунан Бырабыыталыстыба уурааҕын (№ 374) таһаартарбытым. Ол уураахха кымыс социальнай нормативка ыйыллар: «Установить норматив обеспеченности кумысом на 1 койку в год... тубсанатории и стационары...».
Салгыы «Саха сиригэр кымыһы оҥорон таһаарыы» сокуон бырайыагын оҥорон, Ил Түмэн дьокутаттарын иннигэр көмүскээн бигэргэттэрбитим. Ол сокуон толору аата «Закон о производстве кумыса в Республике Саха (Якутия)» (17.10.2002 с. З№ 465III).
* * *
Манан тохтоон хаалбакка, улуустары кэрийэ сылдьан, кымыс туһунан сэминээр ыытарым. «Здоровое питание», «ЗОЖ» диэн ааттаах дьаарбаҥкаларга, быыстапкаларга кыттарым. Хаһыаттарга сылгы уонна кымыс туһунан суруйар буолбутум быданнаата.
Өссө 1988 сыллаахха оччотооҕу Дьокуускай куорат салалтатыгар (горисполком) куоракка саҥа тутуллар үүт собуотугар (гормолзавод) “кымыс оҥорор лииньийэни туруоран үлэлэтиэҕиҥ” диэн суругунан этии киллэрбитим да, өйөммөтөҕө. Ол кэмҥэ үүт собуотун технологическай лииньийэтин бэйэм бырайыактыы сылдьар кэмим этэ. Маны сэргэ (1988с.) Нам улууһугар Хамаҕатта нэһилиэгэр бүтүн кымыс оҥорор комплексы бырайыактаабытым. Ол бырайыак тутуута саҕаланан баран, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр тохтоон хаалбыта.
Дьэ, ити курдук «Кымыстааһын чөл олох төрдө буолар» диэн тохтоло суох сүүрбүтүм-көппүтүм 30-тан тахса сыл буолбут, билигин хайа сахха 70-с сааспар үктэммит урааҥхай буоллум. Бу аҕыйах ахтыылары эттэххэ дөбөҥ эрээри, дьыалатыгар син сындааһыннаах сырыылар этэ. Соҕотох киһиэхэ кырата суох кэм устата сүпсүгүрбүт эбиппин. Уһун сылларга кымыс бырапагандыыһын аатын сүгэн кэллим диэтэхпинэ, омуннааһын буолбата буолуо.
* * *
Аны кымыстааһын сахаларга тоҕо кыаллыбатыгар тохтуохха.
Кымыстааһын кыаллыбатын сүрүн биричиинэлэрэ манныктар:
Бастакытынан, сэбиэскэй былаас кэмиттэн ыла биһиги үрдүкү салайааччыларбыт үөр сылгыны иитэр салааҕа сөптөөх болҕомтону ууран сайыннарбатахтарын, ураты болҕомто аҥаардас ынах сүөһүнү көрөргө, хотон үлэтигэр ууруллубутун түмүгэр сылгыны тутан, биэни ыыр үгэс умнуллан турар. Иккиһинэн, сахалар кымыстааһын ньымаларын (технологиятын) умнубуппут буолар.
Кымыстааһыҥҥа анаммыт биэлэри тутан аһатыы-сиэтии бэйэтэ туһунан үлэ көрүҥэ (хайысхата) буоларын өйдүү иликпит. Бу биэлэри тустаах сиргэ (миэстэҕэ) тутан, ыан, биэ үүтүн ылар бэйэтэ эмиэ туһунан сыралаах үлэни эрэйэр ньыма буолар. Манна автодоилка туһаныллара эрэйиллэр. Син эмиэ ынах үүтүн курдук, ыаныллыбыт биэ үүтүн аналлаах миэстэҕэ (кымыс оҥорор сыахха) кымыһы оҥоруу ирдэниллэр. Аныгы үйэҕэ кымыһы хайдах сиргэ-уокка, чуулааҥҥа, балаҕаҥҥа дуу оҥоруоххунуй? Аналлаах үүт оборудованиеларыгар биэ үүтүнэн кымыстааһын ньымалара (технологиятын тутуһан) туттуллан, кымыс оҥоһуллуохтаах.
Көрөргүт курдук, кымыс диэн утах биэ синньиттэн бэлэм түһэн кэлбэт. Бу мындыр ньымалаах, ол эбэтэр үрдүк технологическай сыыкыллаах үлэ буолар. Манна саамай улахан оруолу кымыс олоҕун (закваска) оҥоруу уонна тутуу буолар.
Былыр кымыстааһынҥа анаммыт биэлэри тутан иитэргэ-аһатарга анаан, туһунан сылгы пиэрмэтин тэрийэллэр эбит. Билигин даҕаны кымыстыырга анаммыт сылгы пиэрмэлэри (коневодческие фермы) тэрийэр кыах толору баар.
* * *
Ыстатыйам саҕаланыытыгар эппитим курдук, биһиги үрдүкү салайааччыларбыт кымыстааһыҥҥа болҕомтолорун уурбаттар. Умнуллан хаалбыт төрүт үгэстэрбитигэр ураты болҕомто эрэйиллэр. Ону баара баччааҥҥа диэри бу умнуллубут төрүт үгэспитигэр – кымыстааһыҥҥа үрдүкү салалтабыт болҕомто уурбатыттан кымыһы оҥоруу харгыстанан турар.
Сылгы салаата сайдарыгар билигин даҕаны бырабыыталыстыба өттүттэн сөптөөх үп-харчы көрүллүбэт. Оттон кымыстыырга анаммыт сылгы пиэрмэлэригэр туох кэлиэ баарай, билиҥҥитэ барыта кураанах баҕа санаалар эрэ буолаллар.
Былыр төгүрүк остуол мунньаҕар тыл эппиппин, биир А.Чертов диэн кэрэспэдьиэн «Идей много – денег мало» диэн төбөлөөн, 1997 сыл ыам ыйын 16 күнүгэр «Якутия» хаһыакка сырдаппытын, тоҕоос көстүбүччэ, ахтабын: «Говорилось в ослаблении государственного протекционизма в отношении сельского хозяйства в целом. Говорил, это занимающийся проблемами коневодства предприниматель В.Слепцов. Действительно тот же знаменитый кумыс не сыскать на прилавках наших магазинов, хотя потребность в нем наверняка немалая. Значит, нужна протекция со стороны Правительства, как считает выступавший».
Билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыттар сойуустара үрдүкү салалтаҕа сылгы иитиитин тэҥэ кымыстааһыны сөргүтэргэ элбэх хайысхалаах үлэни ыытарын билэбит. Кымыстааһын кыаллыбатаҕын түмүгэр аны маҕаһыыннарга ынах үүтүттэн оноһуллубут, аһара аһытыллыбыт «быыппах» диэн утах элбээтэ. Аныгы эдэр көлүөнэ дьон бу быыппаҕы көрөн туран, «кымыс» дииллэрин элбэхтик истэбит. Сэрэйдэххэ, ол быыппахтарын кымыска маарынната сатаан аһара аһытан, атыыга таһааран эрдэхтэрэ.
* * *
Дьиҥэр, кымыс диэн амтанныын да быырпахтан уратылаах. Кымыс амтана быһа холоон «квашеная капуста» диэн тууһаммыт (аһытыллыбыт) хаппыыста уутугар майгынныыр буолааччы. Аны кымыһы «уохтаах кымыс» дииллэр. Кымыһы хаһан да «аһыйбыт кымыс» дэниллибэт. Кини хаһан да аһыйбат, кини уохтанар дэнэр.
Быырпахха элбэх саахар уонна доруоһа туттуллар буолан, үллэр, быыппастан, иһиттэн тоҕо тэбэн тахсар. Ону таһынан ынах үүтэ сыалаах буолан, быырпах аһара аһыйдаҕына, бу быырпахха «ацето-уксусная кислота» диэн эттиктэр үөскүүллэр. Дьэ, ол иһин ыһыахтарга быырпахтан сүһүрүү ылбыттарын туһунан полициялар куорат дьаһалтатын мунньаҕар отчуокка этэн туралларын эт кулгаахпынан истэн турардаахпын.
Соторутааҕыта муус устар 15 күнүгэр «Якутск вечерний» хаһыакка В.Бушуева «Освежимся или напился?» диэн ааттаах ыстатыйатыгар аһыйбыт быырпах буортутун туһунан маннык суруйбут: «Один из любимых продуктов якутян и не только – это кисломолочный напиток быырпах. ...однако напиток напитку рознь. Иногда из простой кисломолочки он становится алкогольным».
Көстөрүн курдук, сорохтор быырпахха «күүһүрдээри» арыгыны эбэн биэрэллэрэ кистэл буолбатах. Манна миигин быырпах оҥорооччулар өһүргэммэккэ сөпкө өйдүүллэрэ наада. Мин быырпаҕы иһимэҥ диэбэппин. Быырпах оҥоһуллар быраабылатын, кини хараллар кэмин тутуһаргыт эрэ ирдэниллэр. Технолог идэлээх киһи сүбэлээн кэриэтэ быырпах оҥорооччуларга, саха аһын тарҕатыыга эппиэтинэстээх буолуоҕуҥ диэн этиэм этэ.
Быырпах оҥорорго аһыйыыта кэпиир аһыйыытыттан улаатара сатаммат, аһыйыыта улаатта да, буорту буолбутунан барар. Бу балаһыанньаны өйдүүр наада, оччотугар эрэ быырпах дьоҥҥо туһаны аҕалыаҕа, кэскиллээх буолуоҕа.
* * *
Арассыыйаҕа кымыс киэҥник тарҕаммыт, улаханнык убаастанар утах буолар. Нууччалар кымыһы «Кумыс – эликсир жизни», «Кумыс – эликсир долголетия» дииллэр. Онтон былыргы сахаларга кымыс «Өлбөт мэҥэ уута» дэнэрэ.
Биология билимин хандьыдаата Юрий Скороходов «Забытые рецепты» диэн ыстатыйатыгар маннык суруйар: «Кумыс полезно употреблять при заболеваниях сердечно-сосудистой системы, желудка (особенно при пониженной кислотности желудочного сока), при малокровии, неврастении, переутомлении, преждевременном старении».
Кымыска элбэх туһалаах эттиктэр баалларын учуонайдар быһааран тураллар. Ол курдук, дьуот, С, А битэмииннэр элбэх буоланнар, киһи ис туругун күүһүрдэр утах буолар. Кымыска киһини итирдэр, төбөтүн «булкуйар» ханнык да састаап суоҕун өйдүөх тустаахпыт. Былыргы сымыйа үһүйээннэргэ кымыс киһини кыратык холуочутар диэн дойҕоҕу итэҕэйэр сатаммат.
Мин бэйэм башкирдар, нууччалар оҥорбут кымыстарын амтаһыйбыт киһи буоламмын, оннук кэпсээннэри төрүкү ылыммаппын. Кымыс киһини чэбдигирдэр эрэ аналлааҕын чиҥник билиэхтээхпит.
Монгуоллар сылгы этинэн уонна биэ кымыһынан хото аһылыктанар буоланнар, бүтүн аан дойдуну аймаабыт хамсык ыарыыга хаптарбатылар, букатын ыалдьыбатылар диэххэ сөп. Бу омуктар бэйэлэрин төрүт үгэс буолбут аһылыктарын аһаан-сиэн олорор буолан, бөҕө-таҕа туруктаахтар.
* * *
Онон, биһиги, элбэх сылгылаах сахалар, аймахтыы монгуол омук курдук күүстээх туруктаах буоларбытыгар, бу өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх кымыспыт уонна иҥэмтэлээх сылгыбыт этэ буоларын сөпкө өйдүүр кэммит кэллэ.
Бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев аҕыйах хонуктааҕыта Ил Дархан А.С. Николаевка балачча боппуруоһу дьүүллэспитин туһунан «Жизнь Якутска» (12.05.22 с.) хаһыакка тахсыбыт: «На встрече также обсудили вопросы развития сельского хозяйства, в частности, табунного коневодства. Планируется усилить отрасль научным сопровождением...». «Бар дьонум...» диир үгэстээх бастакы бэрэсидьиэммит М.Николаев күөгэйэр күнүгэр сылдьан (90-с сылларга), тыа сиригэр сахалар төрүт дьарыктарын – сылгы салаатын – букатын эһэ сыспытын санаатахха, киһи итэҕэйиэ суох курдук. Эмиэ минньигэс тыллар иһилиннилэр эрээри, дьиҥнээх дьыалата хайдах буолар?
Кымыстааһын киһи олоҕор улахан социальнай суолталааҕын, бу үрдүк култуурабыт, духуобунай баайбыт кэриэтэ буоларын аныгы көлүөнэ дьон өйдүөхтэрэ уонна үөһэ ахтыллыбыт кымыстааһыны харгыстыыр 3 биричиинэни туоратарга болҕомтолорун уурдахтарына, төрүт үгэстэрбит тиллиэхтэрэ диэн эрэл санаабын тиэрдэбин.
В.С. Слепцов-Тунах,15.05.2022 сыл.