Быйыл Арассыыйа Федерациятыгар – Арассыыйа омуктарын үрдүк айылгылаах утум баайдарын сыла, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр – Ийэ сыла, ону сэргэ – Саха АССӨ тэриллибитэ 100 сыла.
Онно тоҕооһуннаран уонна СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «Ийэ тыл – омук үрдүк айылгытын төрдө» диэн хайысхаҕа көрбүт граныгар тирэнэн, тохсунньу 27 күнүгэр «Күрүлгэн» сурунаал, «Кыым» хаһыат, «Кыым.ру» ситим таһаарыытын эрэдээксийэлэрэ уонна «Ситим» медиа бөлөх С.А. Новгородов аатынан «Айар» кинигэ национальнай кыһатын, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Арассыыйа хотугулуу-илинигэр олохтоох омуктар тылларын-култуураларын институтун, Арассыыйа Билимҥэ академиятын Сибиирдээҕи салаатын гуманитарнай чинчийиигэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтиигэ институтун фольклорга уонна уран сурукка салаатын, СӨ национальнай библиотекатын, «Ааҕар Саха сирэ» көҥүл түмсүү өйөбүллэринэн саха тылынан уус-уран айымньыны (хоһоону-кэпсээни) айан суруйууга туһуламмыт «Айыы арчыта» күрэх бу сыллааҕы түһүмэҕин биллэрбиттэрэ.
Ол гынан, ийэ мөссүөнүн, аналын уус-ураннык арыйан көрдөрөр айымньы (хоһоон, кэпсээн) күрэҕэ СӨ Ийэ күнүн көрсө түмүктэннэ.
Күрэххэ барыта 124 айымньы (56 кэпсээн, 68 хоһоон) киирдэ.
Айымньылары Амма, Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Ньурба, Олоохуна, Орто Халыма, Өймөкөөн, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус-Алдан, Уус-Майа, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Чурапчы, Эбээн-Бытантай улуустарыттан уонна Дьокуускайтан, Нерюнгриттан ыыппыттар.
Саастаах дьон, ону сэргэ оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыбыттар. Биллэр суруйааччылар, итиэннэ саҥа холонооччулар бааллар.
Кинилэргэ бука барыларыгар махтанан тураммыт, күрэх түмүгүн билиһиннэрэбит.
Дьүүл сүбэтигэр үлэлээтилэр:
хоһооҥҥо – Семёнова В.Г., ХИФУ ХИНТуоКИ саха уран суругун кафедратын сэбиэдиссэйэ, филология дуоктара (сүбэ түсчүтэ);
Григорьева Л.П., ХИФУ ХИНТуоКИ саха уран суругун кафедратын доцена, филология кандидата; Иванов М.Е.-Чуона Мэхээлэ, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ; Романова Л.Н., Арассыыйа БА СС ГЧуоХААОКҮөИ фольклорга уонна уран сурукка салаатын сүрүннүүр билимдьит үлэһитэ, филология кандидата; Фролова (Янцен) О.А., «Айар» кинигэ кыһатын уран сурукка салаатын сэбиэдиссэйэ, Арассыыйа уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ;
кэпсээҥҥэ – Окорокова В.Б., ХИФУ ХИНТуоКИ саха уран суругун кафедратын профессора, филология дуоктара (сүбэ түсчүтэ);
Баишев Р.А., тыл үөрэхтээх ааҕааччы; Карманова (Ноева) С.Е., Арассыыйа БА СС ГЧуоХААОКҮөИ фольклорга уонна уран сурукка салаатын билимдьит үлэһитэ, филология кандидата; Луковцев В.Н.-Дьурустаан, «Айар» кинигэ кыһатын дириэктэрин солбуйааччыта, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ; Николаев Е.Р., Арассыыйа БА СС ГЧуоХААОКҮөИ фольклорга уонна уран сурук салаатын балыс билимдьит үлэһитэ, филология кандидата.
Хоһооҥҥо бастыҥнарынан буоллулар:
Бурхалей Макаров (Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй), «Ийэм чэйэ» – Кылаан чыпчаал;
Римма Корякина-Хотууна (Чурапчы), «Үрдүк дьол» – I чыпчаал;
Мария Мохначевская-Марта-Мария (Нам), «Ийэ барахсан» – II чыпчаал;
Зоя Харлампьева (Бүлүү, Илбэҥэ), «Ийэ сүрэҕэ – оҕоҕо» – III чыпчаал;
Мария Поскачина (Дьокуускай), «Оҕом миигин өйдөөтөр» – биһирэбил;
Надежда Зыкова-Сандаара (Мэҥэ-Хаҥалас, Майа), «Күн күбэй ийэҕэ» – биһирэбил.
Кэпсээҥҥэ кыайыылаахтарынан ааттаннылар:
Ангелина Алексеева-Леди Муус (Дьокуускай), «Ыҥырар туҥат» – Кылаан чыпчаал;
Афанасий Петров (Дьокуускай), «Дьикти ааттаах киһи» – I чыпчаал;
Константин Эверстов (Кэбээйи), «Ийэтигэр эппэтэх тыллара» – II чыпчаал;
Егор Картузов-Чоруун Дьөгүөр (Дьокуускай), «Ийэ сүрэҕэ» – III чыпчаал;
Мария Винокурова-Мааны Маарыйа (Дьокуускай), «Күндү киһи» – биһирэбил;
Наталия Рязанская (Амма), «Ийээ...» – биһирэбил.
Түмүктүүр тэрээһин алтынньы 21 к. СӨ национальнай библиотекатын историческай саалатыгар 15:00 ч. буолуоҕа.
Онно тосхоллорунан бастыҥнарга туоһу сурук, бириэмийэ, биһирэбил туттарыллыаҕа.
Кэпсээҥҥэ: «Кылаан чыпчаал» – 30 тыһ. солк., I чыпчаал – 20 тыһ. солк., II чыпчаал – 15 тыһ. солк., III чыпчаал – 5 тыһ. солк..
Хоһооҥҥо: «Кылаан чыпчаал» – 15 тыһ. солк., I чыпчаал – 7 тыһ. солк., II чыпчаал – 5 тыһ. солк., III чыпчаал – 3 тыһ. солк..
Кылаан кыайыылаахтар «Уран Саха» фирмаҕа (сал. Л.М. Егоров) оҥоһуллубут үрүҥ көмүс бэлиэни тутуохтара.
Ону таһынан тэрийээччилэр уонна өйөөччүлэр өттүлэриттэн эбии анал биһирэбиллэр олохтоннулар. Ол курдук, академик, чинчийээччи, уһуйааччы, суруйааччы Афанасий Чугунов-Нооһой анал бириэмийэтэ, «Все 32» стоматология клиникатын (сал. М.С. Платонова) уонна «Офсет» бэчээт хампаанньатын (сал. Д.Н. Скобелева) босхо сертификаттара туттарыллыахтара.
Бастыҥ, биһирэммит айымньылар «Кыым» хаһыакка, «Кыым.ру» ситим таһаарыытыгар, «Күрүлгэн» сурунаалга бэчээттэниэхтэрэ. Ону сэргэ, күрэх хаамыытын, түмүгүн сиһилии билиһиннэрии, ырытыы тэриллиэҕэ.
Саха саҥата сатараатын, уран суруга сайыннын!
Тэрийэр бөлөх.