Киир

Киир

Бүгүн Олоҥхо күнэ бэдлиэтэнэр. Бу сүдү баайбыт күнүнэн Олоҥхо Национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, вице-спикер Александр Жирков бар дьонун эҕэрдэлээтэ:

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо Национальнай кэмитиэтин аатыттан Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Саха олоҥхотун ЮНЕСКО Аан дойду норуоттарын тылынан уус-уран бастыҥ айымньытынан биллэриитэ бу, бастатан туран, үрдүк билинии, оттон иккиһинэн, сэрэтии. Маннык айымньыны сатаан харыстаабатахха, бүөбэйдээбэтэххэ, симэлийэн, сүтэн хаалыан сөп диэн, олоҥхону илдьэ сылдьар омукка сэрэтии.

Онон 2005 сылтан ааспыт кэм олоҥхону харыстааһыҥҥа туһуланна. Ол туһугар өрөспүүбүлүкэ атын хайа да омукка суох эбэтэр лаппа сэдэхтик туттуллар дьаһаллары ылынна. Биһиэхэ норуот тылынан айымньытын харыстыыр сокуон ылынылынна, Олоҥхо института, Олоҥхо тыйаатыра тэрилиннилэр. Олоҥхо ыһыахтара төрүт үгэстэри олохсутууга улахан суолталаннылар. Үгүс оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаларга оҕону олоҥхо тылыгар-өһүгэр үөрэтии, дьарыктааһын, олоҥхо эйгэтигэр уһуйуу балайда утумнаах буолла. Култуура тэрилтэлэрэ бу хайысхаҕа анаан үлэлэһэр буоллулар. Олоҥхо дьиэлэрэ аһылыннылар, билигин кинилэр анал статустарын бигэргэтиэхтээхпит. Олоҥхо суруйууларын сыыппараҕа көһөрүү саҕаланна, олоҥхоһуттар айымньылара бэчээттэнэллэр. Быйыл аан бастаан «Саха боотурдара» диэн 21 кинигэлээх анал сиэрийэ бэчээттэнэн, сүүрбэттэн тахса сыллаах үлэ түмүктэннэ. Саха сирэ «Аан дойду эпическэй айымньылара» диэн кинигэ сиэрийэтин олохтоон, саха олоҥхото атын омук тылларыгар тылбаастанар. Саха сиригэр олоҥхону харыстааһын, үөрэтии, тарҕатыы соругун биһиги Ил Дархаммыт бэйэтин тус дьаһалыгар ылынна.

Ааспыт кэм сүрүн түмүгэ – дьон-сэргэ өйүгэр санаатыгар олоҥхо туһунан өйдөбүл, билии балайда олохсуйда.

Бастакы сыллар күүрүүлэрин кэмигэр олоҥхону билэ, ситэ сатааһын, сэргээһин ордук күүстээх эбит буоллаҕына, билигин дьон олоҥхоҕо тардыһыыта, умсугуйуута балайда олохсуйда. Саха дьоно олоҥхо суолтатын, тус олоҕор, күннээҕитигэр уонна кэнэҕэскитигэр, киһи, омук быһыытынан чөл буоларыгар, тылын-өһүн, үгэһин тута сылдьарыгар туох көмө, тирэх буолуон балайда өйдөөтө.

Олоҥхо дьон өйүгэр-санаатыгар улам олохсуйан уонна суолталанан иһэр. Бу дьоһуннаах ситиһии. Биһиги маннык олохтоох өйдөбүлгэ тирэҕирэн салгыы үлэлиэхпит. Бары сүбэнэн, көмөлөөн.

Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо» түмсүү кыттыылаахтара, үөрэх, култуура үлэһиттэрэ, олоҥхоһуттар, тойуксуттар, олоҥхо эйгэтин дьоно!    

Олоҥхону харыстааһын, үйэтитии – биһиги төрөөбүт тылбытын, үгэспитин харыстааһын, ол аата омук быһыытынан чөл буоларбыт, уһуурбут, сайдыыбыт биир сүрүн тирэҕэ, олуга. Тылын, үгэһин билэр, өйдүүр, ытыктыыр омук, кини ыччата ханна да тиийдэр ордук тирэхтээх, кыахтаах, кэскиллээх. Эһиги хас биирдиигит үлэтэ итинник дириҥ суолталаах.

Тапталлаах Сахабыт сирэ сайда, силигилии турдун, дьоммут-сэргэбит дьоллоох-тускулаах буоллун!

Александр Жирков,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн

Олоҥхо Национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар