Аҕыйах сыллааҕыта, «Анаабыр Алмаастара» тэрилтэҕэ, “Майаат” бириискэтигэр култуура киинигэр үлэлии сырыттахпына, Анаабыр улууһун олохтоохторо Сааскылаахтан, Үрүҥ Хайаттан кэлэн бэртээхэй кэнсиэр көрдөрөн бараллара, үлэһит дьону сэргэхситэллэрэ. Бу үтүө үгэс Матвей Евсеев Анаабыр сиригэр бириискэ арыйан үлэлэтиэҕиттэн бу - үтүө үгэскэ кубулуйбут, сылын аайы ыытыллар тэрээһин этэ. Бу иннинэ да, учаастакка үлэлээбит дьонтон истэрим, Анаабыр сиригэр-уотугар айылҕаттан талааннаах, чаҕылхай талааннар элбэхтэрин, биир табаарыһым нууччалыы эппитинии бүтүнүү “самородоктар” дойдуларын туһунан. “Тоҕо оннуга буолла? Бу куоластара ырааһын, күүстээҕин, үҥкүүлэрэ ис дууһаларыттан, быһыыта олорор сирдэрэ-уоттара, айылҕалара дьайара буолуо”, - диэн ахтара-саныыра табаарыһым Анаабыры.
Хас даҕаны оннук кэнсиэрдэргэ биһиги өйдөөн хаалбыппыт долгаан омук үҥкүүтүн туох да ис иһиттэн олус иччилээхтик иэйэн-куойан туран үҥкүүлүүр, ону тэҥэ өссө ыллыыр Константин Спиридоновы. Элбэх киһиэхэ – Күн тахсыыта – диэн ырыаны толорбута өйдөнөн хаалбыта. Уһун, хараҥа, тымныы кыһын кэнниттэн чахчы бу ырыа биһиэхэ үгүспүтүгэр санаабытын, сүргэбитин көтөхпүтэ туоха да саарбаҕа суох этэ. «Хоту дойдум халлааныгар күммүт таҕыста, кыһыл көмүс кыырпаҕын ыста!» Ол күннэргэ чахчы күммүт өрө күөрэйэн тахсан, бары да бу ырыаны чугастык ылыммыппыт.
Бүгүн - Костя биһиги редакциябыт ыалдьыта.
- Бэйэҥ тускунан кылгастык? Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?
Бэйэм туспунан кылгастык кэпсиир эбит буоллахпына мин Анаабыр улууьун, Үрүҥ Хайа нэһилиэгэр Спиридоновтар дьиэ кэргэттэригэр бэһис о5онон күн сирин көрбүтүм бииргэ төрөөбүттэр бэһиэбит, мин саамай кыралара буолабын. Ийэлээх аҕам хомойуох иьин күн сириттэн курэммиттэрэ...
- Үҥкүү эйгэтигэр хаһааҥҥыттан уһуйуллубуккунуй?
Үҥкүү эйгэтигэр кыра эрдэхпиттэн сыстаҕаспын, бастаан утаа оҕо уһуйааныгар сырыттахпына Туприна Алена Ивановна миигин ункуугэ уһуйбута ол кэмтэн ыла барыта саҕаламмыта...Онтон оскуола5а киирэн баран "дьэ бу ункуу миэнэ эбит" диэн тиһигин быспакка салҕыы дьарыктанарга санаммытым...ол кэмтэн күн бүгүҥҥэ диэри ункуу алыбар уйдара сырыттаҕым... Оскуолаҕа уорэнэр кэммэр "Уохтала" образцовай фольклорнай ансаамбылга (салайааччы Туприна Пелагея Ивановна) уонна "Хайачаана" ункуу ансаамбылыгар(салайааччы Катанова Анисия Николаевна) дьарыктаммытым. Миигин үөрэппит кэрэҕэ угуйбут салайааччыларбар махталым муҥура суох!!
- Ырыаны, үҥкүүнү хайдах дьүөрэлиигин?
Онтон кэлин кэм кэрдиис ааьан истэҕин аайы оссо эбии атын хайысханы боруобалаан көрүөххэ диэн мин ырыаны талбытым. Бастаан нэһилиэгим иьигэр ыллыыр этим онтон улууска буолар тэрээһиннэргэ конкурстарга кыттар буолбутум ол курдук манна улууспутугар "Анаабыр урүҥ тууннэрэ", "Туундара туллуктара", "Уостан туспэт ырыалар" фестивалларга Гран при үрдүк аатын ылаттаабытым.....Онтон кэлин өрөспүүбүлүкэ таһымынан курэхтэргэ кыттар буолбутум. Норуокка киэҥник биллибит курэхтэргэ - "Туой хайа", "Хотугу сулус", "Эхо тундры и тайги", "Единение" онтон да атын конкурстарга ситиьиилээхтик кыттыбытым , дьону-сэргэни кытта алтыспытым.
- Кимнээх ырыаларын толороҕун?
Өрөспүүбүлүкэ таһымынан курэхтэргэ, Дьокуускайга ыытыллар тэрээьиннэргэ Анаабыр улууһун талааннаах ырыа айааччыларын ырыаларын ыллыыбын, ол курдук Афанасий Афанасьевич Андросов, Сергей Васильевич Сыроватскай, Владимир Ануфриевич Туприн......
Онтон дойдубар буолар тэрээьиннэргэ эстрадабыт ча5ылхай ырыаьыттарын ырыаларын ыллааччыбын ол курдук Байбал Сэмэнэп, Эрчим, Лэгэнтэй.
- “Анаабыр алмаастарын” бириискэлэригэр гастроллар тустарынан?
Биьиги Сааскылаах уонна Үрүҥ Хайа эдэр ыччата буолан барааччыбыт. Умнуллубат чаҕылхай күннэр ааспыттара харахпар бу баардыы костон кэлэллэр....Хас бардахпытын ахсын салалта, дьон-сэргэ олох ытыстарын үрдүгэр түһэрэн көрсөөччүлэр. Өйдүүбүн, күүстээх үлэҕэ күннэри-түүннэри сылдьар дьон култуурунай тэрээһиннэри олус суохтуурун. Анаабыр улууһугар талааннаах дьон олус элбэх. Бэлиэтиэҕи баҕарыллар, бу эбиһээт култуура үлэһиттэрэ буолбатах. Бу оҕо уһуйаанын, оскуола, дьаһалта үлэһиттэрэ, эдэр ыччат түмсүүтэ уонна онтон да атын кэрэҕэ, сырдыкка, үтүөҕэ тардыһар биир дойдулаахтарым. Кэнсиэрдэр толору, ыы-быччары сааланан ааһааччылар, биир тыынынан, олус үрдүк таһымҥа, ситиһии дьол-үөрүү кынаттаах. Көрөөччү дохсун ытыс тыаһа, сылаас махталын долгуна салгыҥҥа ил гынара олох илэ-бааччы биллээччи. Онтон биһиги айарга-тутарга өссө өрө кынаттанан, сүргэбит көтөҕүллэн үөрүү-көтүү аргыстаах эргиллээччибит.
- Кыым хаьыат ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ?
Дьоллоох доруобай буолун хаһан да хомойор диэни билимэҥ, куруук үөрэ-көтө сылдьыҥ...
Чаҕыл