Киир

Киир

Саха сиригэр ыраах сытар, суола-ииһэ суох улуустарга нэһилиэнньэ бүттүүн биэрэпиһэ салҕанан барар. Муус устар 17 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 12436 дьиэни кэрийдилэр уонна 39448 киһини биэрэпистээтилэр, ол эбэтэр муус устарга биэрэпиһинэн хабыллыахтаах нэһилиэнньэ 82,4% хаптылар. Бу туһунан Сахастат иһитиннэрэр.

“Анаабыр национальнай (долган-эбэҥки) улууһугар” биэрэпис тэтимнээхтик барар, муус устар 17 күнүнээҕи туругунан, биэрэпиһи ыытааччылар 851 дьиэни кэрийдилэр уонна 2911 киһини аахтылар (81,5%).

Анаабыр хотугу аҕыйах ахсааннаах кыра норуоттар түөлбэлээн олорор улуустарынан буолар. 2010 сыллааҕы биэрэпис көрдөрбүтүнэн, улуус 71,8% олохтооҕо – хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар бэрэстэбиитэллэрэ: долганнар – 42,4%, эбэҥкилэр – 22,7%, эбээннэр (ламуттар) – 6,4%, дьүкэгиирдэр – 0,3%. Саха сиригэр олорор долганнартан 80 бырыһыана – Анаабыр улууһугар олороллор. Онон бу норуот уопсай туругун бу улууска көрүөххэ сөп.

Оччотооҕу биэрэпис көрдөрбүтүнэн, долганнар ахсааннарынан дьахталлара баһыйаллар (1 тыһ. эр киһиэхэ 1242 дьахтар тиксэр). 2002 сыллааҕы биэрэпискэ холоотоххо, долганнар саастарынан кырдьан иһэллэрэ көстүбүт: эдэр, үлэлиэн сөптөөх нэһилиэнньэ ахсаана 42,5%-тан 34,9% түспүт, оттон саастаах өттө улааппыт – 5,9%-тан 6%. Орто саас 23,6 саастан 25,1 дылы улааппыт. 2002 сыллааҕыттан холоотоххо, кэргэнниилэр ахсааннара кыччаабыт: эр дьон – 567-тэн 473-кэ дылы, дьахталлар – 565-тэн 503 киһиэхэ дылы. Долганнарга үлэтэ суохтар ахсааннара – 15,8 бырыһыан (өрөспүүбүлүкэҕэ – 9,2).

Оттон долганнар билиҥҥи туруктарын бу ыытылла турар нэһилиэнньэ биэрэпиһэ ырылхайдык көрдөрүөҕэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар