Бу судургу тыллар кэтэхтэригэр маҥнайгы таптал ахтылҕана, кэрэҕэ эрэнэр сэмэй ыра кистэммит ырыатын истибэтэх, биир эмэ сүһүөҕүн да буоллар, ылласпатах саха суох буолуохтаах. Ону кытта кулгаахха этигэн хомус курдук чаҕаархай эрээри, киһини уоскутар дьүрүскэн эр киһи куолаһа иһиллэр.
2007 с. Чурапчы Мугудайыгар ыытыллыбыт гитаранан ырыа күрэҕэр кинини бастакыбын уонна бүтэһикпин көрбүт эбиппин. Сахалыы холку, номоҕон дьүһүннээх, уһун курбуу уҥуохтаах, гитаралаах ырыаһыты дьон ытыс үрдүгэр көрсүбүтэ. Куонкурус кэнниттэн киэһээҥҥи кэнсиэргэ диэри хаалбыт бириэмэҕэ кулууп фойетыгар кыттааччылар төгүрүччү олорон, ыллаабыппыт. Онно кини куолаһа барыларыттан чорбойор хатан, астык этэ. “Ыарахан дьылҕалаах ырыаһыт”, “хаайыыга олорон тахсыбыт...” диэн быстах-остох кэпсэтиилэртэн кини туһунан эбии чахчылары истибитим. Куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа буолан, сыанаҕа эҕэрдэ тутан үөрбүт мөссүөнэ харахпар хатанан хаалбыт.
“Улуу дьыала чэпчэки суолунан кэлбэт” дииллэринии, Үөһэттэн көрөр үрдүк таҥара Үйэҕэ суолталааҕы, сир дьонугар хаалыахтааҕы оҥорторон ылаары талан ылбыт дьонугар түһүүлээх-тахсыылаах олох суолун ойуулуура буолуо дуу? Истэр тухары ытыллыбыт ох курдук көнө суолунан айаннаабыт баардаах, талааннаах суох эбээт... Кини эмиэ оннук этэ. Элбэх киһиэхэ эдэр саас килбик иэйиитин иҥэрбит, тыйыс да сүрэҕи уулларар, кыраһа хаар кэриэтэ ыраас, сахалыы уйаҕас, нарын ырыалардаах Александр Дмитриев-Чүмэчи, баара буоллар, 65 сааһын туолуохтаах этэ.
Игирэ аҥаарын дьылҕата
Александр Интернович Дмитриев-Чүмэчи Сааска 1957 сыл тохсунньу 16 күнүгэр Кэбээйи оройуонун Сангаар бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. Аҕалара Интерн Афанасьевич Дмитриев – Уус Алдан Биэттэтиттэн төрүттээх. Кэргэннэнэн баран, Кэбээйи оройуонун киинигэр Сангаарга көспүттэр. Икки кыыс оҕо кэнниттэн уолга баҕаран, үсүһүн оҕолонорго санаммыттара – убайдыы-балыс игирэлэр төрөөбүттэр. Дьылҕа быаны-туһаҕы ыйылыннары баайан саҕалааһына эбитэ дуу, аҕалара, үлэтигэр үп итээһинэ тахсан, хаайыыга утаарыллыбыт кэмэ эбит. Ийэлэрэ биэстээх, үстээх оҕолорго эбии икки иринньэх кыраларданан, олус ыарырҕаппыт. “Тыйыс усулуобуйалаах сиргэ киһи буолуо суохтар” диэн, алта ыйдаах оҕолору, баалынайга атахтаһыннары сытыаран, Уус Алдаҥҥа эбэлээх эһэлэригэр ыыппыт.
– Урут УЗИ диэн хантан кэлиэй? Уол кэнниттэн 15 мүнүүтэ буолан баран, кыыс оҕо төрөөбүппэр окусуордар “уолуҥ таҥас сууйааччылаах кэлбит” диэн күлсүбүттэр. Дьиҥнээх эһэбит Дмитриев Афанасий Евсеевич сэриигэ баран өлбүт. Кини Интерн диэн ааттаах уончалаах уола (биһиги аҕабыт) абаҕатыгар Дмитриев Семен Евсеевичка иитиллибит. Онон, абаҕабытын “эһэ”, саҥаспытын Екатерина Дмитриевнаны “эбэ” диэн улааппыппыт. Үрүҥ аска кэлэн, сүрдээҕин эбиллибит үһүбүт. Мин Бороҕонунан, Найахынан үөрэммитим. Саша наар Баатаҕайга олорбута. Орто оскуоланы иккиэн Лөгөйгө, Саша биир сыл хойутаан, 1975 сыллаахха, бүтэрбиппит. Убайым мас-муус үлэтин бөрүү охсоот, оонньуу сүүрэрэ. Эргэ хотоҥҥо “түҥ” дэһэ оонньуурун, сылгы сааҕынан бырахсарын, моҕотойдуурун сылаастык ахтара. Отоннуурун сөбүлүүрэ. Игирэлэр буоламмыт, быстыспат ситимнээх этибит. Уол оҕо буолан, дьөлө-хайа, тосту түһэрэ мин эппэр-сииммэр эмиэ биллэрэ. Тэйиччи сылдьан ахтыһар, бэйэ-бэйэбитигэр тардыһар, көмөлөсүһэр этибит, – диэн игирэ балта Светлана Интерновна Васильева ахтар. Кини билигин дойдутугар Сангаарга олорор. Сааһын тухары иитээччинэн, логопедынан үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсыбыт.
Ырыа тыырбыт ыллыгынан
– Ырыаҕа-тойукка сыстыыта ийэбититтэн бэриллибит. Ийэбит Люция Минибаевна кыыс араспаанньата Ямолутдинова диэн этэ. Татаар хааннааҕа, куоракка улааппыта. Мандолинаҕа, гитараҕа, байааҥҥа, аккордеоҥҥа оонньуура. Ити иннинэ ыллыырын иһитиннэрэ илик Сашабыт аармыйаттан ырыа куттанан, ырыанан “ыалдьан” кэлбитин өйдүүбүн, – диэн балта кэпсээнин салгыыр. – Алла Пугачева “Детство” диэн ырыатын олус табыллан ыллыыра. Аармыйа кэнниттэн музыкальнай училищеҕа биллиилээх ырыаһыт Анастасия Лыткинаҕа үөрэнэр дьолго тиксибитэ. Ол эрээри, дьылҕата тартаҕа буолуо, ыал буолан, үөрэҕин салҕаабатаҕа.
Бэйэтин тылларыгар айбыт аан бастакы ырыата “Бастакы тапталбар” диэн. Дьон ити ырыаны “Хагдарыйбыт ньургуһун” диэн сөбүлээн ааттыыр, уоһуттан түһэрбэккэ ыллыыр. Саша ырыа тылыгар-өһүгэр болҕомтотун уурара. Сааһыламмыт тылы-өһү талан, идэтийбит хоһоонньуттар тылларыгар суруйбут ырыата элбэх. Кэлин кинигэ маҕаһыыныгар дьон Сайа диэн эдэр хоһоонньут кыыс бастакы кинигэтэ тахсыбытын туһунан кэпсэтэллэрин истэн, “Тыллыы” диэн кинигэни атыылаһан, убайбар бэлэхтээбитим. Ол хомуурунньуктан “Уһугунна ньургуһун”, “Доҕорбор”, “Эн, мин уонна Бүлүү өрүс”, “Барбыт киһи”, “Төннүмэ”, “Санааҕар тутума”, “Бэс ыйа”, “Кэрдии сүүрүгэ”, “Хаар түһэр” диэн хоһооннорго ырыалары айбыта.
Александр оҕо сааһын доҕоро Николай Ушницкай Уус Алдан Баатаҕайыгар олорор. Ырыаһыт доҕорун кэриэстээн, Чүмэчи хаартыскаларын мунньан, ырыаларыгар килииптэри оҥорон, дьоҥҥо тарҕатар дьоһун үлэни ыытар.
– Биир дьиэ нөҥүө өттүгэр олорбуппут. Икки ардыбытыгар Саасканы кытта саастыы Кеша Новгородов олорбута. Үс араа-бараа саастаах уолаттар мэлдьи бииргэ оонньуурбут, чалбах бөҕөҕө сөтүөлээбит дьоммут. Бу санаатахха, биһигини муусука да чугаһаппыт эбит. Кыралаан байааҥҥа оонньуур буоламмын, таансыга “барабанщиктыырым”. Онно доҕорум Сааска “көлөһүн сотооччунан” олорсон, мэлдьи аттыбар сылдьара. Мин, арыый улахан киһи, 1974 сыллаахха аармыйаҕа барбытым. Суруйсар этибит. Кэлэрим чугаһыгар кини гитараҕа оонньоон эрэрэ. Оччолорго ыччат эрэ барыта ити үстүрүмүөҥҥэ сыста сатыыра. Мин эмиэ оонньообута буоларым. Сурукпар киниэхэ гитара аккордарын суруйан, уруһуйдаан ыытарым.
Ырыа айар буолуоҕуттан ыҥыран, ырыаларын иһитиннэрэрэ. Оччолорго “Сааскабыт саха дьонун таптыыр мэлэдьииһэ буолуо” диэн санаан да көрбөт этибит. Гостуруолларга сылдьар буолбуппут. Икки массыынанан Нам улууһун бөһүөлэктэринэн кэнсиэрдээбиппитин астына ахтарбыт. Билигин даҕаны доҕорум оҕо сааһа ааспыт дьиэтин көрө олорон, чэйдиибин. Хаһан эрэ ыал бэрдэ олорбут иэримэ дьиэтэ иччитэхсийэн, иһийэн тураахтыыр, оһоҕун турбата буруолаабат, тэлгэһэтин хаара күрдьүллүбэт... Сааскабар курус ахтылҕаммын арай кини ырыалара суурайаллар, санаабын көнньүөрдэллэр.
Дьиэ кэргэн уйата
Киһи бэйэтин кэнниттэн хаалларар сүрүн баайа-дуола – ыччаттара. Александр Интернович кыыһа Марфа ЕГОРОВА – аҕатын туйаҕын хатаран, ырыаһыт киэнэ мааныта. Култуура үлэһитин идэтин ылан, Хаптаҕайдааҕы Култуура дьиэтигэр үлэлиир.
– Аҕам ийэбин Раиса Ивановнаны кытта 1980 сыллаахха ыал буолан, үс оҕону төрөтөн, кэлин ийэм дойдутугар – Мэҥэ Хаҥалас Суола Моорук нэһилиэгэр – олорбуттара. Аҕам барыга бары актыыбынай этэ. Нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ култуурунай олоҕор мэлдьи кыттара. Мин “паапа оҕото” этим. Барытыгар илдьэ сылдьарын сөбүлүүрэ. Кэнсиэрдэргэ сырытыннарара, эбэтиттэн хаалбыт “Днепр” байаанынан доҕуһуоллаан ыллатара. Ол байааны билигин мин өйдөбүнньүк быһыытынан ууран сытыарабын. Кэлин култуура эстэпиэтэлэригэр дуэтынан ыллаан, хаста да лауреат аатын ылбыппыт. Эйэҕэс, көнө, сымнаҕас майгылаах буолан, батынары сатаабата. Дьахталлар, эр дьон ансаамбылларын, хуору, биирдиилээн толорооччулары ол байаанынан доҕуһуоллуура, сүбэ-ама буолара. Билигин аттыбытыгар суох да буоллар, аҕабытын мэлдьи ахтабыт, саныыбыт, ырыаларын ыллыыбыт. Биир бэйэм “Биһик ырыатын” олус сөбүлээн толоробун. Кыралаан ырыа, хоһоон айабын. Аҕатын аатын ылбыт быраатым Саша, ыллаабатар да, гитараҕа үчүгэйдик оонньуур. Билигин Хаҥалас Нөмүгүтүгэр ыал буолан олорор.
Аҕам кэмин иннинэ да бардар, сиэн оҕо минньигэһин билбититтэн үөрэбин. Күннэрэ-ыйдара мин кыыспыттан тахсара. Билигин улахан сиэнэ 15 саастаах. Ыллыыр, туойар, эһэтин суолун салгыыр. Аҕам сырдык кэриэһигэр “Умай, умай, мин чүмэчим!” диэн ырыа куонкуруһун тэрийэбин. Олохпут оннугар-олоҕор түстэҕинэ, салгыы да үлэлэһиэм. Аҕам айбыт ырыалара уостан уоска бэриллэн, ыллана туралларыгар эрэнэбин, итэҕэйэбин.
Дьылҕа хаһыҥа...
“Сахаҕа тоҕо сиһилии, толору суруйар табыллыбатый?” диэн ыйытыы мэлдьи турааччы. Суруналыыстар олох аҥаардас үчүгэй, кырааскалаах эрэ өттүн сырдатыынан үлүһүйбэккэ, чахчыны хайдах баарынан суруйар эбээһинэстээхпитин эмиэ өйдүүбүт. Манна бу түһүмэҕи киллэрбэтэхпинэ, дуйдааһын эрэ, үрдүнэн суруйуу курдук буолуоҕа. Ол да иһин, саха таптыыр ырыаһыта хаайыы дьылҕаланыытын балта Светлана Интерновнаттан ыйыталаһарга тиийдим. Саха сирэ кыра. Чүмэчигэ чугас дьон кырдьыгы билэр. Ол эрээри, инникини, ырааҕы санаан, аһара дириҥи хаспакка, сахалыы сымнатан, дьиҥ чахчыны кэпсэтэн көрүөҕүҥ.
– Саша чэпчэкитэ суох олоҕу олорон ааспыта, – диир Светлана Интерновна. – Уларыта тутуу кэмигэр ханна даҕаны олох олус огдолуйбута. Сашалаах эрэ буолбакка, элбэх ахсааннаах саха эдэр ыала олорор дьиэ, үлэ, харчы кыһалҕатын сытыытык билбиттэрэ. Билиҥҥи курдук, эдэр ыалга көмө, оҕоҕо көрүллэр эбии харчы, ийэ хапытаала, субсидия, эдэр исписэлиискэ өйөбүл туһунан өйдөбүл да суоҕа. Убайым аах үс оҕолорун кытта дьон дьиэтинэн көһө сылдьан олорбуттара. Сангаарынан, Уус Алданынан, Мэҥэнэн сылдьан, тутууга үлэлээн, хачыгаардаан, бостууктаан хамнастаммыта. Бииргэ төрөөбүттэрэ, доҕотторо туох кыахтаахпытынан көмө буоларбыт.
Иэдээн буолар кэмигэр Сангаарга бааллара. Улахан уоллара, аҕабыт аатынан ааттаммыт Интерн, аармыйаҕа бараары сылдьара. Оҕобут эдэр сааһыгар олохтон туорааһына олус соһуччу, хомолтолоох этэ. Онно өссө биир иэдээн эбиллибитэ – оҕотун өлүүтүгэр аҕата – суос-соҕотох убайым – буруйданан, биир кэмҥэ икки чугас киһибититтэн ытыспытын соттубуппут... Түбэспит алдьархайыттан ханна куотуой? Көнө, иннинэн сылдьар убайым муҥнаах суут иннигэр туран, хаайыыга утаарыллыбыта. Буолбуту кытта эйэлэһэргэ эрэ тиийдэхпит... Киһи итинник түгэҥҥэ “баҕар...”, “арай...” диэн элбэҕи эргитэ саныыр эбит. Дьыл-хонук ааспытын кэнниттэн санаатахха, убайым барахсан итинник дьылҕаламмытыгар аан дойду үрдүнэн омугуттан да тутуллубакка, ааттааҕыттан да саллыбакка, киһи аймаҕы барытын да умса уурар аналлаах арыгы эрэ буруйдаах. Мин эрэ убайбын буолбакка, ити кэм, дьайдаах ас төһөлөөх элбэх эдэр ыччаты, оҕону төрөтүөхтээх, омугу салгыахтаах төһөлөөх элбэх ыалы, дьиэ кэргэни таҥнары дьылҕалаабытын, сор суоллаабытын ким ааҕан билиэй?
Хаайыыга сытар кэмигэр суруйсар этибит, баһыылка оҥорон ыытарым. “Манна да дьон курдук дьон олорор” диэн суруйара. Гитаралаах хаартыскатын ыыппыта. Убайым судургу майгытыгар эбии ыллыыр буолан, “ол дойдуга” убаастанан, этэҥҥэ сылдьан, онно эбии амньыыстыйаҕа түбэһэн, аҕыйах сылынан көҥүлгэ тахсыбыта. Онуоха доҕотторо-атастара, өрөспүүбүлүкэ ырыа айааччылара, Анастасия Варламова курдук көһөҥө дьон сурук бөҕөтүн суруйан, сүүрэн-көтөн көмөлөспүттэрэ. Майгыта-сигилитэ алдьаммакка, отуора уларыйбакка кэлбититтэн үөрбүппүт. Ол эрээри, кини да киһи буоллаҕа, ити үлүгэри көҥдөй көхсүгэр сүгэ сылдьар дэлэлээх ыарахан буолуой?! Хотторбута биллэрэ, олоҕун да кылгаттаҕа.
Кэлин Суолаҕа олорбуттара. Дабылыанньата хамсыыр буолбут этэ. Быыбар аҕытаассыйатыгар сылдьыһан дэлби ноҕуруускаламмыт быһыылааҕа, биэнсийэҕэ тахсара биир эрэ ый хаалбытын кэнниттэн, 2011 сыл ахсынньы 6 күнүгэр, баара эрэ 54 сааһыгар, олохтон туораабыта. Этим-сииним аҥаарын, игирэм аҥаара тапталлаах убайбын кытта букатыннаахтык бырастыылаһа, тиһэх суолугар атаара Суолаҕа тиийэ сылдьыбытым. Сааскам доҕоро-атаһа, сүгүрүйээччитэ элбэҕиттэн үөрэн, уоскуйан кэлбитим. Кэргэнэ Раиса эмиэ бу күн сириттэн күрэммитэ...
Чүмэчи – доҕотторун сүрэҕэр
Ырыаһыт, мэлэдьиис быһыытынан сулустаах чааһын аргыһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ырыаһыт Сардаана ОСИПОВА маннык ахтар:
– 1986 сыллаахха Бүтэйдээх кулуубугар уус-уран салайааччынан анаммытым. Саас Моорук Суолатыттан Александр Дмитриев Уйбаан Аргуновтуун кэлэн, кэнсиэрдээн барбыттара. Ол кэмтэн үчүгэйдик билсибиппит. Онтон мин Табаҕаҕа көспүтүм. Сопхуос бары отделениеларын дьоно мустан кэнсиэрдиир, агитбиригээдэлэргэ сылдьар этибит. Талааннаах дьон бөҕө мустубут дьикти, кэрэ кэмнэрэ этэ. Уолаттар гитараларын туппутунан сылдьаллара. Күлүү-үөрүү, көрдөөх кэпсээн арааһа онно буолара. Биир саас Алдаҥҥа Сааскалаах Баанньа нууччалыы ыллаан, “былааһы ылбыттара”. Сааска бастакы аудиокассетатыттан “Хагдарыйбыт ньургуһун” диэн ырыатын талан, гитаранан ыллыыр буолбутум. Бу ырыа ырыаһыт быһыытынан аартыкпын арыйбыта. 90-с сылларга быыбар аҕытаассыйатыгар бииргэ сылдьыбыппыт. Онно Сааска “Хагдарыйбыт ньургуһунум” ырыабын эн таһаардыҥ” диэн махтанан, “Биһик ырыатын” бэлэхтээбитэ. Оччоттон баччаҕа диэри ити ырыалары ис сүрэхпиттэн ыллыыбын. Кэлин Суолаҕа олохсуйбутун истэн, олус үөрбүтүм. Майаҕа миэхэ таарыйан ааһара. Сааска өйө-санаата, ыллыыр ырыаларын курдук, сырдык, ыраас этэ. Кэнсиэргэ кытыннаҕына, барыбытыттан элбэх ытыс тыаһын, дьон махталын, тапталын ылар буолара. Александр Дмитриев-Чүмэчи айар үлэтэ, тус бэйэтин доҕордуу үтүө сыһыана миигин “ырыаһыт” дэтэр таһымҥа таһаарбытын мэлдьи махтана бэлиэтиибин.
“Умай-умай, күлэ-үөрэ,
Умай, бүппэт чүмэчи!
Сырдат эрэ, сырдаа эрэ,
Сырдыы сырыт сүрэҕи!
– диэн тыллардаах ырыатын иһин Александр Дмитриевкэ “Чүмэчи” диэн ааты доҕоро Семён Ермолаев – Сиэн Өкөр иҥэрбит. Бэйэтэ да чүмэчи курдук уһун, курбуу уҥуоҕа ону бигэргэтэн биэрэрэ. Ити аат өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Александр Дмитриев диэн аатынан айар-тутар дьонтон кинини уратылыыр.
Сиэн Өкөр:
– Моорук Суолатыгар тэриллибит «Суола долгуннара» диэн вокальнай-инструментальнай ансаамбыл түмпүт дьонобут. Ол кэммит туһунан кэлин пьеса суруйан, Саха тыйаатырыгар «Эйиэхэ сибэкки биэрээри» диэн испэктээги туруорбутум. Онно Чүмэчи уобараһын Сааска диэн ааттаан, талаана арыллыбакка кыракый бөһүөлэккэ бүгэн олорор ырыаһыт уолу, персонаж быһыытынан, “Хагдарыйбыт ньургуһун” уонна “Эйиэхэ сибэкки биэрээри” диэн ырыаларын киллэрбитим. Оччолорго Сааска уобараһын ис-иһиттэн истиҥник оонньообут Герасим Васильев ол ырыалары байаанынан ыллаабыта. Туруорар кэммэр, артыыстарым көрдөһүүлэринэн, Чүмэчини тыйаатырга аҕалан, билиһиннэрбитим.
Чахчы, чүмэчи курдук, тыа сиригэр олорор ыччат олоҕун сырдатар, дууһаларын ириэрэр ураты дьоҕурдаах этэ. Оннооҕор олох очуругар-чочуругар оҕустаран, хатааһыннаах хааччахха да сыттар, Мохсоҕоллоох хаайыытыгар тэпилииссэ оҥорон, араас үүнээйини, сибэккини үүннэрэрин, куоска оҕотун ииппитин туһунан кэпсиирэ. Ол кэмҥэ «Эйиэхэ сибэкки биэрээри» пьесабынан режиссёр Эллэй Иванов «Ыра санаа утаҕа» диэн уус-уран киинэни устан, Дьокуускайга буолбут «Күн Дьөһөгөй» киинэ бэстибээлигэр бастаабыта. Онно Сааска уобараһын артыыс Дима Михайлов итэҕэтиилээхтик оонньообута. “Ол дойдуга” сыттаҕына, хам-түм чэй-табах, “передача” биэрэн ааһар этибит. Онтон наадалаах кумааҕылары хомуйан, сүүрэн-көтөн, болдьоҕун кылгаттарбыппыт. Чүмэчи курдук сэмэй, ыраас, сырдык дууһалаах киһи бу Орто дойдуга аҕыйах.
Дмитрий САННИКОВ – Чүмэчи ырыаларын үйэтиппит дьонтон биирдэстэрэ.
– Сытыары-сымнаҕас майгылаах, киэҥ көҕүстээх, ыллаабата буоллар, киһи болҕомтотун ылыа да суох курдук сэмэй киһи этэ. Элбэхтик гостуруолга сылдьыбыппыт. Чүмэчи баар кэнсиэригэр болҕомто барыта киниэхэ ууруллара. Оннук ис күүстээх, абылаҥнаах ырыаһыт этэ. Эдэр эрдэхтэриттэн мэлэдьиис Уйбаан Аргунову кытта чугастык доҕордоспуттара. Хаайыыга сытар кэмигэр доҕоро хаста да көрсөн кэлбитэ. Кэлин онно байаанынан ыллаабыт ырыаларын кэссиэтэтэ тарҕаммыта. Байааҥҥа идэлээх мусукаантан итэҕэһэ суох оонньуур эбит этэ. Кэлиҥҥи сылларын Моорукка атаарбыта. Онно мин мэлдьи кустуубун. Булка-алка улахан сыһыана суох этэ эрээри, айылҕаттан, доҕотторун кытта алтыһыыттан астынара-дуоһуйара, ыллаан-туойан тэнийэрэ. “Манна бостууктуур кэммэр Уйбаан кулуупка дириэктэрдиирэ. Киэһэтин эрэпэтииссийэлиир этибит. Бүтүн массыына комбикорму таһан, хойутаан тиийэн, “тойоммуттан” мөҕүллэр этим, бээ” диэн күлэн кэпсиирэ.
2006 с. ырыатын испииһэктэтэн, уһулаары Майаҕа устуудьуйаҕа ыҥырбыппар гитарата суох, турар бэйэтэ кэлбитэ. Хантан эрэ олоччу ыһыллыбыт, боростуой гитараны булан аҕалбыттара. Син мустан баран, үлэбит табыллымаары гыммытыттан санаам түһэн ылбыта. Онтум арай Чүмэчи ыллаан бараатын кытта гитарабыт “тиллэн” хаалла, ырыа да ырыа буоллубут! “Үстүрүмүөн да тардынар, айылҕалаах ырыаһыт эбит” диэн сөҕө санаабытым. Оннук 13 ырыа уһуллубута. Кэлин Иннокентий Аргунов диэн табаарыһа байаанынан ырыаларын устубут этэ. Чүмэчи Сааска курдук ырыаһыттар үйэҕэ биирдэ кэлэн ааһаллар. Оннук сэдэх талаан этэ.
Олох салҕанар
Александр Интернович олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар. Балта Светлана, кыыһа Марфа быйыл үбүлүөйдээх сылыгар ахтыылардаах ырыанньыгы таһаараары сүүрэ-көтө сылдьаллар. Уус Алдантан биир дойдулааҕа Афанасий Колесов эрэдээктэр быһыытынан ылсыбыт. Мусукаан Николай Слепцов көмөтүнэн аудиоматырыйааллартан булуллубут ырыалар нуотаҕа түспүттэр. Онон Александр Дмитриев-Чүмэчи талааныгар, айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэргэ бу бэлиэ даатанан дьоһун бэлэх тарҕанарын долгуйа кэтэһэбит.
Билигин Чүмэчи ырыаларын ыччаттар ыллыыллар. “Эйиэхэ сибэкки биэрээри” ырыатын эстрада ырыаһыта Константин Степанов иэйиилээхтик толорор. “Таптаатым дуу, тугуй?” ырыатын Саарын ыллыыр. Василий Еремеев “Биһик ырыатын” саҥалыы тыынныыр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар ырыа күрэстэригэр Александр Дмитриев-Чүмэчи ырыалара мэлдьи ылланаллар. Ону таһынан, Саха сирин быттыгар-хонноҕор төһөлөөх элбэх ырыаны таптааччы, ырыаҕа сүгүрүйээччи, баҕар, ааптар аатын билбэккэ да сылдьан, ыллыыра-туойара, матыыбын таһаарара буолуой? Ити курдук, сүрэххэ эрэли биэрбит, оҕо биһигин нарыннык бигээбит Чүмэчи ырыалара умуллар аналлара суох.
Матырыйаалы Оксана ЖИРКОВА бэлэмнээтэ.