Дьокуускайга алтынньы 20 күнүттэн “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ Арассыыйа байыаннай устуоруйатын уопсастыбатын тэрийиитинэн, “Герои с вечно русским сердцем”диэн мультимедийнай быыстапка арылынна. Быыстапка аатыгар “устуоруйа хаттаан саҥа дьоруойдарын көрдө – атын синиэллээхтэр, ол эрээри үйэлээх нууччалыы сүрэхтээхтэр” диэн суруктааҕыттан быыстапка Украинаҕа анал эпэрээссийэҕэ кыттыбыт уолаттарбыт тустарынан Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии кыттыылаахтарын кытта тэҥҥэ тутан кэпсиирэ көстөр.
Быыстапкаҕа киириигэ Донбасска Украина нацистара кыыллыы дьайыыларын, быһыыларын көрдөрөр хаартыскалаах, быһаарыы суруктаах стендэлэр тураллар.
Мультимедийнай экспозицияларга киһи хорсун буойуттары кытта билсэр. Инники экспозицияларга Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын кытта Украина сэриитигэр Арассыыйа Дьоруойа буолбут араас омук дьонун туһунан кэпсэнэр. Саха сирэ Донбасс дьонугар-сэргэтигэр көмөтө манна эмиэ кэпсэнэр.
Салгыы баран истэххэ, ааспыт сэрии Дьоруойдарын кытта Саха сириттэн байыаннай бирисээгэлэрин толорон, дойдуларын туруктаах, эйэлээх олоҕун сарсыҥҥытын туһугар эдэркээн олохторун толук уурбут уолаттарбыт тустарынан билиһиннэрии суруктаах хаартыскалара тахсаллар. Кэлбит киһи Иннокентий Михайлов, Вадим Алаков, Антон Добрынин, Евгений Китчегясов, Петр Корнилов, Максим Дьячковскай, Ярослав Греков, Даниил Васильев, Андрей Дрожевскай, Александр Зубко, Кирилл Лаптев, Николай Леухин, Александр Иванов, Алексей Охота, Денис Кознов, Станислав Кронгауз, Владислав Чирков, Владимир Мелентьев, Николай Сибиряков, Ньургун Григорьев, Захар Дьячковскай, Степан Руфов курдук билиҥҥи кэм Дьоруойдарын олохторун, бойобуой суолларын кытта билсэр. Уолаттар үгүстэрэ “Эр санаа” (Мужество) уордьанынан наҕараадаламмыттар. Ити өстөөхтөн чаҕыйбакка хорсуннук сэриилэспиттэрин туоһулуур.
Билиҥҥи кэм дьон төбөлөрүгэр арааһы “буһаран таһааран” соцситимнэринэн тарҕаталлар. Ол иһигэр “сэриигэ барбатахтара буоллар”, “хаарыан уолаттар” диэн аһынан ылыахтара. Ол эрээри, саллаат уолаттар өлөр өлүүттэн куттаммакка, эр киһилии дойдуларын туһугар хорсуннук охсуспуттара. Кинилэр дойдубут кэскилин туһугар сэриилэһэбит диэн бары биир кытаанах, бигэ санааларыттан халбаҥнаабатахтара.
Испииһэккэ ааттаммыт Захар Алексеевич Дьячковскай биһиги бырааппыт. Быһайын Туймаада ыһыаҕын иннигэр аҕай бырааппытын Үөһээ Бүлүүттэн Степан Руфовы кытта бииргэ аҕалбыттарын төрөөбүт буоругар кистээбиппит. Уолаттар иккиэн спецназ байыастара, бэс ыйын саҥата Донбасска Богородичное диэн нэһилиэнньэлээх пууну босхолооһун кырыктаах кыргыһыытыгар дьоруойдуу өлбүттэрэ.
Ааспыт сэриигэ эһэлээх эбэбит Дьячковскайдар дьиэ кэргэннэриттэн Прокопий уонна Михаил диэн уолаттара ыҥырыллан, фроҥҥа хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Прокопий Ильмень Күөл кыргыһыытыгар хорсуннар өлүүлэринэн охтубута. Быраата Михаил Михайлович Дьячковскай Япония милитаристарын үлтүрүтүү актыыбынай кыттыылааҕа, билигин 102 саастаах, Горнай Солоҕонугар олорор. Таайбыт, эһэтин аатын сүгэр бырааппыт Захар барахсан байыаннай сулууспаны олус сөбүлүүрэ. Иккитэ контрагынан сулууспалаабыта. Донбасска инники барыытыгар мэтээлинэн наҕараадаланан кэлбитэ. Иккис контрагар сылдьан, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыта, ааспыт сэриигэ хорсуннук кыргыспыт убайдарын ааттарын түһэн биэрбэтэҕэ. Биһиги аймах уолбутунан киэн туттабыт. Кини хорсуннук сэриилэспитин “Эр санаа” уордьанынан наҕараадаламмыта туоһулуур. Захар туһунан үтүө өйдөбүлбүт өрүү баар буолуоҕа.
Түмүккэ, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ дьоруойдуу охтубут буойуттарбыт ааттарын үйэтитэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ утумнаах үлэни тэрийии туһунан этиэхпин баҕарабын. Дьоруойдары тиһэх суолларыгар атаарыыга былаас, араас тэрилтэлэр, военкомат бэрэстэбиитэллэрэ уолаттар ааттара хайаан үйэтитиллиэхтээҕин туһунан этэллэрэ таах хаалыа суохтаах. Бу үлэни өрөспүүбүлүкэҕэ сүрүннээн, былааннаан ыытыы ытык иэспит буолар.
Владимир Степанов