Бу күннэргэ Башкортостантан саха омук эпоһын – «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо башкирдыы тылбаастанан киэҥ эйгэҕэ тахсыбытын туһунан үөрүүлээх сонуну туттубут.
Кинигэни Зайнаб Биишева аатынан Башкир национальнай «Китап» кинигэ кыһата бэлэмнээн 1000 ахсаанынан бэчээттээн таһаарда. Манна РАН Уфатааҕы федеральнай чинчийэр киин Устуоруйа, тыл уонна литэрэтиирэ институтун, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, СӨ Ил Дарханын Национальнай тэрийэр «Олонхо» кэмитиэтин исписэлиистэрэ улахан өҥөлөөхтөр.
Саха аатырбыт эпоһын ЮНЕСКО эгидатынан «Аан дойду норуоттарын эпоһа» норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак иитинэн тылбаастаатылар. СӨ Ил Дарханын Национальнай тэрийэр «Олонхо» кэмитиэтин быһаарыытынан, бу бырайыак иһинэн 2014 с. «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Аан дойду норуоттарын эпоһа» сиэрийэ олохтоммута. Онтон ыла «Дьулуруйар Ньургун Боотурбут» кыргыс, алтай тылынан бэчээттэнэн таҕыста, өссө тывалыы тылбааһа бүтэн эрэр. Маны таһынан, олохону туроктыы, казахтыы уонна хакасстыы тылбаастыы сылдьаллар. Оттон Саха сирэ ыйыллыбыт норуоттар эпостарын сахалыы тылбаастаан таһаарар.
Бырайыак ааптара уонна салайааччыта, СӨ Ил Түмэнин бастакы вице-спикерэ Александр Жирков эппитинэн, саха эпоһын башкирдыы тылбаастыыр туһунан сөбүлэҥи өссө 2014 с. Башкортостан бэрэсидьиэнэ Р.З. Хамитовтыын түһэрсибиттэр.
Сонун төрдө: Ил Түмэн