Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дьулустаан Борисов логист-тэритэлэр салайааччыларын кытта «Найба» байҕал тиксэлэ быһа холуйан тутуллуохтаах сирин көрдүлэр. Үлэлиир бөлөх Хара Уулаах хомотун суудуналары туруорарга уонна харайарга сөптөөх уратытын учуоттаан эбийиэк тутуллар сирин талыахтаах.
«Биһиги сүрүн сорукпутунан Уус-Куйга бөһүөлэккэ кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутарга уонна Дьааҥы бөлөх улуустарыгар тыын суолталаах таһаҕаһы тиэйэргэ анаан логистиканы тупсарыы буолар. Ол иһин Саха сирин салалтата «Росатом» корпорацияны кытта Хара Уулаах хомотугар гидрография өттүнэн чинчийиилэри ыытаары бэлэмнэнэр. Маны сэргэ, «Тиксии» байҕал тиксэлин кыраныыссата кэҥиирин учуоттаан, саҥа пуорду тутуу бырайыагар Инбэстииссийэлиир сорук декларациятын уларытыахтаахпыт. Манна «Ленморниипроект» тэрилтэ үлэлэһиэҕэ», – диэн Дьулустаан Борисов быһаарда.
Кэнники кэмҥэ байҕал тиксэлэ сылга 10-30 тыһ. туонна таһаҕаһы көрсөн бэрийэр. Техническэй базата мөлтөх, тэрил эргэриитэ – 90 %. 1990-с сыллартан байҕал түгэҕин дириҥэтэр үлэ барбат буолан, 10-тан 5 миэтирэҕэ тиийэ тахсыбыт. Онон, «Найба» тиксэлэ тутулуннаҕына Хотугу байҕал суолугар үлэлиир хайа баҕарар суудунаны туруорар кыахтаныа.
Маны сэргэ, 100 туоннаттан тахса көмүстээх Күчүс бырамыысыланнай кластерыгар таһаҕаһы тиэйии барыаҕа. Ол түмүгэр, элбэх үлэ миэстэтэ тэриллэн, нэһилиэнньэ ахсаана 30%-нан элбиэҕэ диэн бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата