Киир

Киир

Санатыам этэ, бу ыстатыйаҕа Эбээн Бытантай улууһуттан Булуҥҥа диэри 450 табаны үүрүү туһунан киинэни уста сылдьан үөскээбит кэрчик санааларбын тиһэн суруйабын. Айаммыт уһуна – алта уон көс кэриҥэ. Маннык ыраахха Саха сиригэр урукку (сэбиэскэй) да кэмҥэ, билиҥҥи да кэмҥэ бачча табаны үүрэн аҕалбыттара биллибэт. Онон, айаммытын Саха АССР 100 сылыгар аныахха диэн быһаарыммыппыт. Суолбут да мээнэ суол буолбатах – былыр-былыргыттан бу Дьааҥы сис хайаларын тэллэхтэринэн, олору эргийэ сүүрэр үрэхтэринэн, ойуурдарынан, таалалаан сытар туундаратынан араас сыаллаах-соруктаах, кыһалҕалаах сырыы бөҕөтө аастаҕа. 
 
Салгыыта. 
Иннин “Кыым” 15 №-гэр аах.
 
Айылҕа киһитин үгэһинэн, тохтообут сирбитигэр барытыгар алаадьы, табах, чэй уурабыт. Дьонум бастаан “Кээс” дииллэрин өйдөөбөппүн, онтум “Сири аһат” диэн этэллэр эбит. Уопсайынан, өйдөөн иһиттэххэ, эбээннии, эбэҥкилии элбэх тылы тутталлар. Аара биир ыстаадаҕа сылдьан, ыстаада хотунуттан Платон Ламутскай “Сир иччитэ” диэн кинигэтин көрдөһөн ылбытым. Дьэ, бу сэһэҥҥэ дьонум туттар тылларыттан балай эмэ элбэҕи булан аахтым. Эбээн тыла барахсан араас кэм дьалхааныгар оҕустаран, сүтэн-симэлийэн, билигин саха-нуучча тылларын кытта булкуллан, киһи хараастар дьылҕаланна. Саха сиригэр эбээн тылынан саҥарар биир эрэ нэһилиэк баарын билэбин. 2014 сыллаахха Кэбээйигэ Сэбээн Күөлгэ бара сырыттахпына, оҕолуун-кырдьаҕастыын төрүт тылларынан саҥаралларын сөхпүппүн өйдүүбүн.
KYUN0748
 
Эдэр биригэдьиир – Сенчик
 
Табаларбытын үүрүүгэ сүрүн киһибит – биригэдьиир Семен Корякин-Сенчик. Элбэх саҥата суох, биир кэм хамсана сылдьар, сүрдээх дуоспуруннаах уол. Хамандыыр аата хамандыыр – үлэҕэ да буоллун, дьиэҕэ-уокка да буоллун – дьоно киниттэн сүбэлэтэллэр. Солуута суохха дьонун соруйбат эбит. Наада буоллаҕына, бэйэтэ ас астаан хачыгыратан кэбиһэр. Ыстаада дьоно бары да хайа да үлэни кыайа тутар дьон буоллахтара. 
Сенчик уол бу айан кэмигэр отутун саҥа туолбута. Бэтэринээр үөрэхтээх. “Дьокуускайга хаалан, хамнастаах атын үлэҕэ баҕар­ба­таҕыҥ дуо?” – диэн интэ­риэһиргиибин. Онуоха Семен маннык диэн кэпсээтэ: “Үөрэхпин бүтэрбитим кэннэ куорат таһыгар баар биир улахан тэрилтэни салай диэн ыҥырбыттара, аккаастаммытым. Оҕо эрдэхпиттэн мин табаһыт буолар баҕалаах этим. Төрөппүттэрим үөрэх­тээх дьон, биллэн турар, мин табаһыт буолар баҕабын утараллара. Ону ол диэбэккэ, мин, ытыы-ытыы, сайын аайы табаҕа барарым. Онон, бу билиҥҥээҥҥэ диэри баҕам хоту сылдьабын, мин өйүм-санаам барыта – таба иитиитигэр, табата суох биһиги табыллыбаппыт”. 
Семен КорякинСемен Корякин
 
Сыана үрдүк
 
Билиҥҥи кэмҥэ Сенчик курдук үлэҕэ, төрүт дьарыкка бэриниилээх эдэр дьон аҕыйах. Табаһыт идэтигэр баҕалаах ыччат олох да суоҕун кэриэтэ. Бу айаннаан иһэр эдэр табаһыттарбытыттан сорохторо атын үлэни көрдөнөр баҕалаахтарын кистээбэттэр. “Оттон арай табаһыт хамнаһа үрдээтин, үлэлии хаалыаҥ этэ дуо?” – диэн ыйытабын, “Оннук бөҕө буоллаҕа”, – дииллэр дьонум. Оттон сыана хоту улуустарга туохха барытыгар киин сирдэртэн хас эмэ бүк үрдүгэ биллэр. Күһүүргэ кэлэн баран, маҕаһыыҥҥа киирбитим, туалет кумааҕыта 70 солкуобай буолан турар. Саҥа кэлэр таһаҕас өссө үрдүө үһү! Үчүгэйэ диэн, “Булуҥ” сопхуос табаһыттарын аһынан-таҥаһынан, малынан-салынан, үлэҕэ наадалаах уонна да атын табаарынан хааччыйар эбит. Уоппуска, сонотуоруй даҕаны кэмигэр төлөнөр. Табаһыттар салайааччыларын – Руслан Лукины – хайгыыллар. “Эдэр киһи ыстаадаларга саҥа баанньыктаах, гараастаах дьиэлэри туттарда, интэриниэт, тэлэбиидэнньэ барыта баар”, – диэн, астына кэпсииллэр. 
 
Табаһыттар 4
 
“Булуҥ” сопхуос
 
“Булуҥ” сопхуос – 1961 сыллаахха төрүттэммит кыр­дьаҕас тэрилтэ. Таба иитиитинэн эрэ буолбакка, өссө ордук балыгынан дьарыктанар хаһаайыстыба. Сэбиэскэй кэмҥэ сэнэхтик олорбут сопхуос, 90-с сыллартан үлэтэ-хамнаһа улам-улам уостан, олох да моҥкуруут барбыта. Онтон, дьэ, бу соторутааҕыта саҥа тыын ылан, атаҕар туран эрэр. Онон, бу Эбээн Бытантайтан үүрэн аҕалан иһэр табаларын этэҥҥэ ыстаадаларыгар тиэрдэн, үс-түөрт сылынан ахсаанын элбэтэр былааннаахтар. Урукку курдук, табалаах Булуҥ улууһа ааттанар сыал-сорук туруоруналлар. 
Онуоха саастаах таба­һыттар сүбэлэрэ биир: ты­һытын туспа, буурун туспа тутан ииттэххэ, үчүгэй көрдөрүү тахсыахтаах. Тыһы таба буур сылдьар сырыытын, тэтимин тулуйбат, ол иһин этэ-сиинэ, төрүүр-ууһуур туруга быстыан сөп дииллэр. Эдэрдэр кырдьаҕастарын сүбэлэрин ылыналлар, сөпсөһөллөр. 
 
Дьэ, тымныы, тыйыс усулуобуйа
 
Айаммыт улахан аҥаары­гар балааккаланан сырыттыбыт. Ол онно, дьэ, мин тоҥор-хатар диэн тугун билбитим. Аны ол тухары отторго мастаах сир аҕыйах эбит. Тимир оһохпут маһы биирдэ “ньам” гыннарар, онон, кэмчилээн оттобут. Сарсыарда тыбыс-тымныы балааккаҕа уһуктабыт. Эрдэһиттэр – кырдьаҕаспыт Владимир Степанович уонна соҕотох хаан быраата Иннокентий Самойлов, Киэсэ – оһохторун оттон, чэйдэрин оргутан бэлэмнээбиттэрин кэннэ, дьэ, сорохтор турабыт. Мин утуйарбар туох баар таҥаспын, бэргэһэбин кытта, кэтэн утуйабын. Көмө-абырал киһим Киэсэ хас эмэ хос суорҕанынан бүрүйэр, сороҕор ол да үрдүнэн тоҥо­бун. Оттон табаһыттарым ымыр да гыммат дьон эбиттэр. Эдэрдэр букатын даҕаны таапачыканан сылдьаллар. Дьэ, ол да буоллар, киһи доруобуйата тостор тымныыта дии санаатым. Саастаахтарбыт илдьэ сылдьар эмтэрэ-томторо элбэх, ким дабылыанньата үрдүк, ким уҥуоҕа-сүһүөҕэ ыалдьар. 
Иннокентий СамойловИннокентий Самойлов
 
Табаһыттарга бэртээхэй бэлэх
 
Бу айан иннинэ мин “Булчут” диэн ааттаах Саха сиригэр сөптөөх таҥаһы-сабы оҥорон таһаарар Таатта уола Юрий Большаковтыын билсибитим. Атах тэпсэн олорон кэпсэппиппит. Юрий айар эйгэҕэ чугас уонна дойдутун туһугар, кырдьык, ис сүрэҕиттэн ыалдьар, ботуруйуот киһи эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Холобура, биһиги син элбэх урбаанньыкка көрдөһүүлээх тиийээччибит да, биир үксүн, аккаастан атыны билээччибит суох. Оттон бу сырыыга табаһыттарбытыгар кыһыҥҥы көстүүмнэри, бэргэһэлэри, үтүлүктэри, анал ис таҥастары бэлэхтээн ыыттылар. Онон, дьоммор хас биирдиилэригэр кэһиилээх тиийэммин, үөрүү-көтүү бөҕөтө буоллулар. Бэйэм даҕаны айаным тухары “Булчут” таҥаһын кэтэ сырыттым уонна туох да тупсарыыта, омуна суох, биһиги тыйыс кыһыммытыгар барсар таҥас эбит диэн сыаналаатым. Арай атаҕым таҥаһыгар, дьэ, сыыстарбыт этим. Хата, саккырыырдар таба тириитэ этэрбэһи уларсан абыраатылар.
 
Бураана суох табыллыбат
 
Аныгы табаһыт табанан сылдьыбат диэн мөҕүттэллэ­рин элбэхтик истээччибин. Ол эрээри бураана суох табаһыт олоҕо эмиэ табыллыбат ээ. Бу айаммытыгар ол тиэхиньикэтэ суох олох да быстарыа эбиппит дии санаатым. Таба, уопсайынан, үргүүк кыыл эбит. Үүрүллэн иһэн, туора-маары куотан хаалаллара элбэх. Төттөрү үөрдэригэр кэлиэхтэрэ диэтэҕиҥ дуу?! Хайа, ойуур быыһынан өрө сүүрэн хаалаллар эбит. Дьэ, итинник түгэҥҥэ бураана суох кинилэри сиппэккин, табаларгыттан олох даҕаны матыаххын сөп эбит. Аны туран, үлүгэрдээх таһаҕаһы, ол-бу сэби-сэбиргэли барытын бураан барахсан тиэйэр-аҕалар. Онон, аныгы үйэ табаһыта тиэхиньикэлэннэҕинэ эрэ, үлэтин-хамнаһын кыайа тутар диэн өйдүөххэ наада. Арай итиннэ сүрүн кыһалҕа баар – бурааннар кэбирэхтэринэн сордууллар эбит, айаммыт устатын тухары уолаттар тэриллэрин элбэхтик ыстылар-хомуйдулар. Ону көрөн, мин бу суола-ииһэ суохха анаммыт уонна сыаната да кырата суох тиэхиньикэни оҥорооччулар хаачыстыбаны тупсарыыга үлэлиэ эбиттэр диэн түмүккэ кэлбитим. 
 
Айаммыт этэҥҥэ түмүктэннэ
 
Ити гынан, айаннаан-айаннаан, Күнтэлчээн диэн учаастакка муус устар 9-10 күннэригэр бытыгыраһан кэллибит. Дьэ, манна суолбут түмүктэннэ диэххэ сөп эрээри, сорох табаһыттарбыт үүрэн аҕалбыт табаларын үчүгэйдик сынньатан, аһатан, уотан баран, салгыы ыстаадаларынан илдьээри хаалбыттара. Ол – бэйэтэ туспа айан. Оттон биһиги, санаабытын сиппит дьон, ким – Күһүүрүнэн, ким – Тиксиинэн, ким Дьокуускайынан тарҕастахпыт. Төһө даҕаны эрэйдээх-мускуурдаах буоллар, бу айан миэхэ тус бэйэбэр элбэх саҥаны, сонуну, хаһан да умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ. Тус хоту хоһуун дьоно – табаһыттар – уустук олохторун туох да кырааската суох иһиттэн биллэҕим. “Биһиэхэ, ыстаадаҕа, ким да кэлбэт” дииллэрин элбэхтик иһиттим. “Ким” диэн ол аата, былаас дьонун, дьокутааттары этэллэр. Урут-уруккуттан оннук сыһыаҥҥа үөрэнэн хаалан, үҥсэргээбэттэр, кыһалҕаларын туруорса сатаабаттар. Кинилэр олохторун чопчута – таба! “Таба баарын тухары биһиги баарбыт, эстибэккэ, кэхтибэккэ сылдьыахпыт!” – диэн бигэ санаалаахтар. 
Оннук эрэ буоллун.
Александр СахаровскийАлександр Сахаровский
Артем АндреевАртем Андреев
Иннокентий СамойловИннокентий Самойлов
Петр НикитинПетр Никитин

 
Сардаана БАРАБАНОВА, Дьокуускай-Саккырыыр-Күһүүр-Тиксии-Дьокуускай.
 
Балаһаны бэлэмнээтэ 
Туйаара СИККИЭР.
 

Бүтэһик сонуннар