Киир

Киир

ТХМ быһа барыллаан чахчытыгар олоҕурдахха, дьиэ табатын иитиинэн өрөспүүбүлүкэ 20 улууһугар уопсайа 111 хаһаайыстыба идэтийэн дьарыктанар. Итиннэ 989 табаһыт уонна 232 чуум үлэһитэ, уопсайа, 1221 киһи сыралаһар. 2021 с. сайыныгар 106 хаһаайыстыба баара. О.э., таба хаһаайыстыбата эбиллибит.

2020 с. Ил Дархан Айсен Николаев таба иитиитигэр эдэрдэри сэҥээрдэр, салааны сайыннарар туһугар бэртээхэй ыйааҕы таһаарбыта. Чопчута, “2020–2024 сылга диэри Саха сирин Арктикатааҕы зонатын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыта уонна Саха сирин төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктара” диэн эрэгийиэн судаарыстыбаннай бырагырааматын” иһинэн “Эдэр табаһыт” бырайыак саҕаламмыта. Онно олоҕуран, 35-гэр диэри саастаах табаҕа үлэлиир эдэр дьон Арктика уонна хотугу улуустарга дьиэ атыылаһалларыгар эбэтэр тутталларыгар анаан, 1 мөл. солк. босхо ылар кыахтаммыттара. Кимиэхэ бэриллэрэ куонкурус түмүгүнэн быһаарыллар. Өйөбүлгэ хапсыбыт табаһыт, салгыы өссө 5 сылтан итэҕэһэ суох кэм үлэлиэхтээх. Маннык быраабы табаһыт биирдэ эрэ туһанар.

Ол туһунан 2020 с. муус устар 19 к. “Российская газета” электроннай таһаарыытыгар СӨ Арктиканы сайыннарыыга уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын дьыалаларыгар миниистир Владимир Черноградскай иһитиннэриитэ тахсыбыта. Онно кини таба иитиитигэр “билигин 1,4 тыһ. тиийбэт үлэһит баар, уонча сыллааҕыта 2,4 тыһ. үлэлиирэ” диэн, бэлиэтээбит. Оттон билиҥҥитэ табаҕа үлэлээччи эбиллибитэ көстүбэт. Дьиҥинэн, өйөбүл ончу суох буолбатах.

“Эдэр табаһыт” бырайыак үлэлээбит 3 сылыгар 51 табаһыт көмө үбү туһаммыт. 

* 2023 с. ыстаада 1 табатыгар көрүллэр төрүт ыстаапка 4995 солкуобайтан 5335 солк. буола улаатта. Бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 64 мөл. солк. эбии көрүллүбүт. СӨ бүддьүөтүттэн сыллата, ортотунан, 800–836 мөл. солк. көрүллэрэ. 

Итинтэн 80%-а – табаһыттар хамнастарыгар, уоннааҕыта сылга иккитэ ыытыллар сааскы-күһүҥҥү хараал тэрээһинигэр, өрөмүөҥҥэ уонна табаһыттары анал таҥаһынан, туттар тэрилинэн хааччыйыыга, уматыкка, таба эбии аһылыгар, тууска ороскуоттанар диэбиттэр. 

Быйыл 1,2 млрд солк. судаарыстыба көмөтө тиийиэхтээх.

СӨ Бырабыыталыстыбата РФ Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэтин кытта түһэрсибит сөбүлэҥэр олоҕуран, былырыын таба салаатын өйүүргэ Арассыыйаттан 39 мөл. солк. кэлбит. Ол үпкэ 20 хаһаайыстыбаҕа биирдии квадрокоптер, 17 хаһаайыстыбаҕа күн уотуттан эниэргийэ оҥорор 17 ыстаансыйа, 24 хаһаайыстыбаҕа – гааһынан үлэлиир 24 тэрил уонна 12 хаһаайыстыбаҕа көһөрө сылдьарга сөптөөх дьоҕус 50 дьиэ атыылаһыллыбыт. Ону тэҥэ 4 хараал, 6 км күрүө тутуллубут.

Ил Дархан 2020 сыл атырдьах ыйын 9 к. ыйааҕынан, Саха сиригэр хас сыл аайы кулун тутар бастакы субуотатыгар Табаһыт күнэ бэлиэтэнэр. Быйыл кулун тутар 4 күнүгэр түбэһэр.

Табаһыт күнүн олохтооһун табаһыт идэтин үрдэтэр, суолталыыр, Хоту сир аҕыйах ахсааннаах омуктарын үгэс буолбут дьарыктарын үйэтитэр соруктаах. Табаһыт идэтэ Хоту сир олохтоохторо былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит олохторун укулаатын, омук быһыытынан уратыларын, төрүт култуураларын сүтэрбэккэ сылдьалларыгар табаһыт идэтэ быһаарар оруоллааҕын билинии буолар.

Табаһыт күнэ Саха сиригэр аан бастаан 1936 с. олохтонон, бэлиэтэнэр буола сылдьыбыта. Сыыйа умнуллубут. СӨ Арктика министиэристибэтин уопсастыбаннай сэбиэтэ, Табаһыт күнүн олохтуурга этии киллэрбитэ. Туруорсуу анаабыт курдук, Аан дойду төрүт олохтоох норуоттарын күнүгэр олоххо киирбитэ.

2022 сыл быһа барыллаан түмүгүнэн (ахсынньы 8 к. улуустартан кэлбит чахчынан, чопчу түмүк күһүҥҥү хараал олохтоохтук түмүктэммитин кэннэ биллиэҕэ диэбиттэр) таба иитэр бары көрүҥ хаһаайыстыбаларга 176 тыһ. 691 таба иитиллэр. Бу, 2021 сыл туһааннаах кэмигэр тэҥнээтэххэ, 8 % элбэх. О.и. тыһы таба ахсаана 6,5 % элбээн, 77 тыһ. буолбут. Уопсай таба ахсааныттан т/х тэрилтэлэригэр, бааһынай хаһаайыстыбаларга уонна урбаанньыттарга тиксэрэ 167 123 эбит.

2022 сыл тохсунньу 1 к. туругунан, 162 тыһ. тахса таба баара. Ону 2020 сыл көрдөрүүтүттэн 3 % үгүөрү диэбиттэрэ. Быйыл 41 579 тугут төрөөбүт (тыыннаах тахсыытын көрдөрүүтэ – 55,2%). Оттон 2022 бэс ыйын 1 к. чахчынан, 163,9 тыһ. таба баара отчуоттаммыта. Таба ахсаана 20 улуустан 11 оройуоҥҥа эбиллэрэ бэлиэтэммитэ. Иннинээҕи сыл бары көрүҥ хаһаайыстыбаларга 162 636 таба кыстаабыт. Быйыл эккэ туттубут кэннэ, 165 889 табаны кыстатары былаанныыллар.

Таба ахсаанын биллэ-көстө элбиэҕин сыл аайы таба туһата суох өлүүтэ тахса турара харгыстыыр. Ол курдук, олохтоох СМИ-гэ ТХМ хотугу төрүт дьарыктары сайыннарыыга салаатын салайааччы Иннокентий Баланов эппитинэн, сыллата 20–25 тыһ. таба туһата суох өлөр. Итинтэн 6–6,5 тыһ. табата – ыалдьан, 10–15 тыһ. таба сиэмэх кыыл аһа буолар, 4–10 тыһ. таба “сураҕа суох” сүтэр. Кыра, кыаммат табаны, тугуту буулааччыбыт да элбэҕэ! Тыатааҕы, сиэгэн, кырса, тыҥырахтаах көтөр, бөрө. Чуолаан бөрө улахан ороскуокка тэбэр. Биир сылга 700–800-кэ тиийэ ардай аһыылаах бултанар эбит да, элбии турар. Инньэ гынан сылга 70–135 мөл. солк. көҥдөй ночоот тахса турар.

Соцситим сайдыбыта бэрдиттэн эбитэ дуу, тыа-ойуур умайыыта элбээн, кыыллар нэһилиэнньэлээх сиргэ биллэ чугаһаан дуу, сотору-сотору бөрөлөр “хаардыы хаамалларын” истэ-көрө олордоххут. Булчуттар өлөрүллүбүт бөрө иһин бэриллэр төлөбүрү кыра дииллэр эбит. Онон сөптөөх быһаарыы ылыллар ини диэн, эрэниэҕи баҕарыллар. Оттон билиҥҥитэ дьэллик ыт кыһалҕатын быһаарыыга, кинилэргэ приют тутууга, аһатыыга күүс-сыра, үлүгэрдээх үп баранар. Бэл, бүрүсүлүөстээбит, киһини ытырбыт ыт кытта салгыы иитиллэн олороро диэн туох аатай?!

Бөрө мэнээктиириттэн салаа үлэтигэр төһөнөн ночоот тахсар да, оччонон дохуот кыччыыр, табаһыт аахсар хамнаһа үөтэлээбэт. 

ТХМ иһитиннэриитигэр тирэҕирдэххэ, ыстаада үлэтин түмүгүттэн, көрөр табаларын ахсааныттан тутулуктанан, биир күн өрөбүлэ суох, кыһынын тымныыга, сайынын бырдахха, куйааска буһар-хатар табаһыт барахсан хамнаһа 30–50 тыһ. солк. иһинэн халбаҥныыр. Ким итинниккэ сөбүлэһиэй?! Хата, дьоруойдар, ботуруйуоттар, хоту дойдубут хоһуун дьоно баар буолан, тамайар табабыт ахсаана эбиллэн истэҕэ.

Соторутааҕыта бассааппар Чукоткаҕа табаһыттары ыҥыраллар диэн, биллэрии тигинээн кэлбитэ. Онуоха хардарар буоллаҕым: “Табаһыт бэйэбитигэр наада! Тугуй, Чукоткалаан эрэҕин дуо?”. “Суох, көрдөспүттэрэ. Антах хамнастара быдан үрдүк. 80 тыһ. солк.”. Хайыам баарай, ылы-чып бардым.

Ол эрээри санаабытын түһэрбэппит. Биһиги да табаһыттарбыт күннэрэ үөһэнэн күөрэйэр үтүө кэмнэрэ кэлиэҕэ, өйөбүл да өссө улаатыа. Төрүт дьарыгы өрө тутар хоһуун дьоммут бааллар.

Хоммут уос хоҥнубучча, санатыым, кулун тутар 16–19 күннэригэр, Нерюнгри оройуонун Иенгратыгар, аан бастакытын табаны олоҕурбут үгэһинэн иитиигэ Норуоттар икки ардыларынааҕы чөмпүйэнээт буолар эбит.

Хаартыска: https://fotorelax.ru

Татьяна Захарова-ЛО¤УУРА.

Бүтэһик сонуннар