Киир

Киир

Бүгүн төрүт олохтоох омуктар норуоттар икки ардыларынааҕы күннэрэ бэлиэтэнэр. Аан дойду үрдүнэн 370 мөлүйүөн араас төрүт олохтоох омуктар 90 дойдуга олороллоро биллэр. Кинилэр олохтоох нэһилиэнньэ баара-суоҕа 5 эрэ бырыһыанын ылаллар, өбүгэ саҕаттан кэлбит 5 тыһыынча араас тылы уонна култуураны илдьэ сылдьаллар. Саха сирэ – элбэх норуот түөлбэлээн олорор өрөспүүбүлүкэтэ. Эбээннэр, эбэҥкилэр, долганнар, дьүкээгирдэр, чукчалар киэҥ сиринэн тайаан сытар Саха сирин төрүт олохтоох омуктара буолаллар. Кинилэр ахсааннара 40 тыһыынчаттан тахса.

Атырдьах ыйын 9 күнүгэр аан дойдуга Төрүт омуктар күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу күнү бэлиэтээһини 1994 сыллаахха ХНТ Генеральнай ассамблеята киллэрбитэ. 1992 сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр бэлэмнэнии мунньаҕа буолбута. Ол кэмтэн ыла сыл аайы бырааһынньык тиэмэтэ уларыйа турар. Быйыл «Төрүт олохтоох норуоттар көһүүлэрэ уонна сыҕарыйыылара» диэн тиэмэҕэ үлэлиэхтэрэ.

Инесса Томская

Инесса ТОМСКАЯ, дьүкээгирдэр түм­сүү­лэрин салайааччыта:

– Саха сиригэр 1500 тыһыынчаҕа чу­га­һыыр дьүкээгир Халы­маҕа, Аллайыахаҕа, Усу­йаа­наҕа, Дьокуускайга уонна Чукоткаҕа олорор. Чукотка дьүкээгирдэрин кытта билсэбит. Дьүкээ­гирдэр, сүрүннээн, булду, балыгы, табаны дьарык оҥостон олороллор. Ол – биһиги хааммытыгар баар. Хас биирдии норуот бэрэстэбиитэлин курдук биһиги эмиэ төрүт омукпутунан киэн туттабыт. Элбэх талааннаах дьонноохпут. Суруйааччылар Тэки Одулок, Семен Курилов, хоһоонньут Улуро Адо, норуодунай худуоһунньук Николай Курилов, биллиилээх уопсастыбаннай уонна научнай диэйэтэл Вячеслав Шадрин, култуура диэйэтэлэ, мелодист Макар Курилов, ырыаһыттар Анастасия Курилова, Ирина Дускулова курдук дьоммутун холобур оҥостобут.

Биһиги инники сайдыыбыт биир үксүн судаарыстыбаттан улахан тутулуктаах. Хоту улуустар көрсөр кыһалҕа­ларын киһи барыта билэр, өйдүүр. Айан, ас сыаната ыарахана, сибээс мөлтөҕө, мэдиссиинэ да өттүгэр баар уустуктар биһиги омук быһыытынан сайдыыбытын атахтыыллар. Дьүкээгирдэр «Шахадьибэ» диэн сайынын ыытыллар бэлиэ күннээхпит. Бу күн ыраахтан-чугастан аймахтар көрсөллөр. Солгодил диэн эмиэ дьону түмэр күммүтүгэр кыстык, көһүү боппуруостара көрүллэр. Кыстыкка киириэх иннинэ, балаҕан ыйыгар, төгүрүк остуол кэриэтэ ыытыллар мунньахха хайа аймах ханнык сиргэ көһөрүн быһаараллара. Билигин да ол үгэһи тутуһан, уһун кыһыҥҥа бэлэмнэнэр мунньаҕы улаханнык суолталыыбыт. Быйылгы көрсүһүүбүтүгэр дьүкээгирдэр V сийиэстэрин туһунан киэҥник кэпсэтиэхпит. Кэлиҥҥинэн дьүкээгир ыччата олус көхтөөх уонна актыыбынай буолан эрэриттэн үөрэбит.

Борис НИКОЛАЕВ, эбэҥкилэр түм­сүү­лэ­рин салайааччыта:

– Бүгүн Арас­сыы­йаҕа 41 тыһыын­ча, онтон Саха сиригэр 21 тыһыынча эбэҥки олорор. Арассыыйа 12 субъе­гар бааллар. Иркутскай, Амыр, Томскай, Омскай уобаластарыгар, Крас­ноярскай, Кемерово кыраайдарыгар элбэх эбэҥки олорор. Саамай элбэх киһи Өлөөҥҥө, Анаабырга, Эдьигээҥҥэ, Алдаҥҥа түөлбэлээн олохсуйда. Кытайга 38 тыһыынча эбэҥки баар. Амма, Чурапчы эҥээр сахатыйбыт эбэҥкилэр олороллор диэн биир бэйэм көрүүлээхпин. Хайа баҕарар сахаҕа эбэҥки хаана баар. Биһиги тылбытын, култуурабытын тарҕатыыга улахан айдаана суох элбэх үлэни ыытабыт. Булка-алка үгэспитин билигин да илдьэ сылдьабыт. Тыл-өс, төрүт үгэс сүтүүтэ, симэлийиитэ – хас биирдии аҕыйах ахсааннаах норуот кыһалҕата. Үйэ уларыйар, сайдыы ситэр. Онон аһара улахан аймалҕаны таһаарбакка, тус бэйэни кытта уонна дьиэ кэргэҥҥэ үлэни ыытыахха наада. Холобур, төрүөҕүттэн тыла суох, нуучча эрэ тылынан алтыһарга күһэллибит киһи туох омукпун дэнэрий? Киһи омуга хааныгар сытар.

Билигин хайа омук буоларыҥ доку­муоҥҥа суруллубат. Киһи туох омук бэрэстэбиитэлэ буоларын бэйэтэ билиэхтээх, билиниэхтээх. Мин эбэҥкибин. Ол мин көрүҥмэр, майгыбар, туттуубар-хаптыыбар, тутуһар үгэспэр баар. Биһиги омук быһыытынан көрсөр кыһалҕабытыттан биирдэстэрэ – эбэҥки дьонун салайар үлэҕэ таһаарбаттара. Ол эбэтэр хотугу норуоттары намтата көрүү баар диэн этэбин.

Аан дойдуга бэлиэтэнэр Төрүт олохтоох омуктар күннэрэ биир бэйэбэр улахан суолтата суох. «Хотугу төрүт олохтоох норуоттар күннэрэ» диэн эбитэ буоллар, атыннык ылыныам этэ. Бу күн, бастатан туран, салалтаҕа эрэ наада. Онтон биһиги олохпут уларыйбат, тупсубат. Ити – тус санаам. Ол эрээри бэйэ дьонун кытта көрсөргө үчүгэй тоҕоос. Бакалдын – эбэҥки Саҥа дьыла. Тиит мас көҕөрүүтүн уруйдуур бырааһынньыкпыт. Онтон саҥа сыл саҕаланар. Эбэҥкилэр бастакы сыа хаар түһэр бырааһынньыгын куоракка да олорон бэлиэтиибит. Оттон айылҕаҕа сылдьар киһиэхэ ити тугунан да солбуллубат улахан күн.

Жанна Дьячкова

Жанна ДЬЯЧКОВА, чукчалар түм­сүүлэрин салайааччыта:

– Биһиги ахсааммытынан 600-тэн эрэ тахсабыт. Сүрүннээн, Аллараа Халымаҕа олороллор. Киин куоракка балачча баарбыт. Халымаҕа чукча тылын үөрэтэр уһуйаан баара улахан тирэх буолар. Ону таһынан төрүт тылы тарҕатар орто оскуолабыт улахан көмөлөөх. Оскуола үлэтэ таба айылҕатын тэтиминэн оҥоһуллубут чукча халандаарынан салаллар. Табаны ааҕыы, маассабай өлөрүү, хотугу сулуһу, күнү көрсүү курдук чукчаларга улахан суолталаах күннэринэн уруок, араас тэрээһин ыытыллар. «Яранга хаһаайката» диэн кыргыттарга ыытыллар куонкурус улаханнык биһирэнэр. Төрөөбүт тыл уруога нэдиэлэҕэ иккитэ, литэрэтиирэ уруога биирдэ эрэ ыытыллара, биллэн турар, олус аҕыйах. Төрөөбүт тылы үөрэтэр учууталларга өйөбүл наада. Билигин учуутал хамнаһа үөрэтэр оҕотун ахсааныттан тутулуктаах буолан, чукча тылын учууталын хамнаһа олус кыра. Үөрэнээччилэр саха дуу, чукча дуу тылын үөрэтэллэрин бэйэлэрэ талаллар. Онон хайдыһыы баар. Саха сиригэр олорор буоламмыт, саха тылын талааччы үгүс. Ол биһиги чукчалыы төрүт тылбыт сайдарыгар охсуулаах.

Чукчалар – аһаҕас норуоппут. Доҕордоһууну өрө тутабыт, дьээбэни-хообону да өйдүүбүт, сөбүлүүбүт. Ыалдьытымсахпыт. Табаны иитэн олоробут. Онон бу салаа сайдарыгар улахан интэриэстээхпит. Күнү көрсүү бырааһынньыгын тохсунньуга күн тахсыыта ыытабыт, ыам ыйыгар тугут бырааһынньыгар мустабыт. Биһиги атын норуоттары кытта тэҥҥэ сайдыахпытын баҕарабыт. Ахсааммыт аҕыйаан, култуурабыт суураллан иһэрэ биһигини улаханнык харааһыннарар.

Елена Тимофеева

Елена ТИМОФЕЕВА, долганнар түм­сүү­лэ­рин салайааччыта:

– Долганнар 2 ты­һыын­чаҕа чуга­һыыр ахсааннаахпыт. Сүрүн­нээн, Анаа­бырга, Таймыырга олороллор. Онно долганнар ассоциациялара уонна нэһилиэк аайы үлэлиир түмсүү­лэр үлэбитигэр-хамнаспытыгар улахан көмөлөөхтөр. Таймыырга төрүт тылбытын билээччи үгүс. Саха сиригэр олорор долганнар – сахатыйбыт дьоммут. Кэлиҥҥи 10 сылга долган тылынан элбэх кинигэ, тылдьыт таҕыста. Оскуолаҕа долган тылын үөрэтии 2015 сылтан эрэ саҕаланна. Маҥнайгы кылаастан нэдиэлэҕэ түөрт чаас үөрэтэллэр. Уһуйааҥҥа оонньуу бэрээдэгинэн тылы, култуураны үөрэтэн саҕалаатылар. Онон төрөөбүт тылга интэриэс күүһүрэн эрэр. Төһө да ыраах-ыраах олордорбут, култуурабытын, үгэспитин тутарга биир тылга киирэбит, бииргэ үлэлиибит. Быйыл Үрүҥ Хайаҕа долган тылыгар төрдүс сылбытын кэмпириэнсийэ ыыппыппыт. Онно Хатангаттан, Таймыыртан уо.д.а. сирдэртэн улахан учуонайдар, учууталлар кэлэн кыттан барбыттара.

Долганнар – табаһыт норуоппут. Айылҕаны кытта быһаччы ситимнээхпит. Онон үлэни өрө тутабыт, ыалдьытымсахпыт, доҕордоһууну сыаналыыбыт, боростуойбут. Долганнар олохсуйан олорбут Муустаах муора кытыытыгар Иван Грознай, Бүөтүр Пиэрибэй саҕаттан айан-сырыы элбэх. Ол да иһин кэлэр-барар дьону атыҥыраабаппыт. Атын омук киһитин кытта ыал буолууттан улаханнык аймаммаппыт, хайдыһыы диэн суох. Киһи омуга кини иитиититтэн, култууратыттан, туох олоҕу олороруттан тутулуктаах дии саныыбын. Долганнар муус устарга таба бырааһынньыгын улаханнык суолталыыбыт. Атырдьах ыйыгар ¤эйро (Байанай) бырааһынньыгар оһуокайга мустабыт. Биһиги Саҥа дьылбыт ыам ыйыгар, айылҕа уһуктуута, бэлиэтэнэр. Долган киһитэ хаһан даҕаны кураанах сылдьыбат. Айаҥҥа кэһиилээх турунар. Мин оҕо эрдэхпинэ ыалдьыт кэллэҕинэ, улахан киһиэхэ улахан көлүүр табаны, оҕолоох буоллаҕына, тугуту кэһиилээн ыыталлара. Туундараҕа мас суох буолан – сүгэ угугар, сүөһү туппат буоланнар, ынах тириитэ таҥаска, оҥоһукка олус үөрэллэр. Айан сыаната ыарахан уонна туундара дьоно куорат сиргэ олохсуйаллара ыарахан буолан, үөрэхтэн матыы уонна арыгылааһын – биһиги сүрүн кыһалҕабыт. Бырамыысыланнас сиригэр олорор буоламмыт, айылҕабыт садаҕаланарыттан улаханнык санааргыыбыт.

Наталья Сметанина

Наталья СМЕТАНИНА, эбээннэр түмсүү­лэрин салайааччыта:

– Арассыыйа үрдү­нэн 22 тыһыын­ча кэри­ҥэ эбээн баарыттан улахан аҥаара Саха сиригэр 13 улууска уонна киин куоракка олорор. Былыргыттан төрүт үгэспитин – табаны иитиини, балыктааһыны, булду өрө тутабыт. Эбээн Бытантай эбээн национальнай улууһунан ааттанар. Эбээннэр өрөспүүбүлүкэ олоҕор оччоттон баччааҥҥа диэри актыыбынайдык кыттан кэллибит. Үгэспит, култуурабыт сайдарыгар улахан интэриэстээхпит, баҕалаахпыт. Биһиги түмсүүбүт үс улахан бырайыакка үлэлиир. Ол курдук, эбээн төрүт ааттарын сөргүтүүгэ, култуураны, фольклору сайыннарыыга, норуот талааннарын үйэтитиигэ үлэ ыытыллар. Академик, эбээн норуотун чулуу уола Василий Роббек үбүлүөйүнэн өссө түмүстүбүт, элбэх тэрээһини ыыттыбыт. Быйыл Магадааҥҥа ыытыллар эбээннэр Арассыыйатааҕы сийиэстэригэр кыттарга бэлэмнэнэбит.

Эбээннии кэпсэтэр нэһилиэк билигин тарбахха баттанар аҕыйах. Тылбыт наһаа киртийдэ, булкулунна. Араас учуобунньук тахсар, бэл, тэлэбиидэнньэҕэ бүтүн биэрии баар. Ол эрээри тылбыт сүттэ, сүтэн эрэр... Бүгүн биһигини табаны иитии боппуруоһа улаханнык долгутар. Ыччат таба оннугар массыына уруулугар олордо. Саастарын тухары табаһыттаабыт дьон дьарыктарын кимиэхэ да хаалларар кыахтара суох буолла. Ханна да буоларын курдук, аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэҕэ арыгылааһын улахан кутталы үөскэтэр. Арыгыны атыылыыр «туочука» олус элбэх. Арыгылааһын аҕыйах ахсааннаах норуокка ордук кутталлааҕа биллэр.

Төрүт олохтоох омуктар күннэрэ түмсүүнү күүһүрдэр. Кыра да болҕом­тоттон биһиги үөрэбит, сарсыҥҥыга эрэллэнэбит.

* * *

Төрүт олохтоох норуоттар күн­нэрин көрсө элбэх тэрээһин былааннаммыт. Атырдьах ыйын 1 күнүгэр Национальнай художественнай түмэлгэ Таймыыр худуоһунньуктара Юлия уонна Евгения Поротовалар быыстапкалара аһыллар. Атырдьах ыйын 3 күнүгэр Емельян Ярославскай аатынан түмэлгэ маастар Айталина Хабаровская быыстапкатын тэрийэр. Атырдьах ыйын 6-8 күннэригэр Үс Хатыҥҥа төрүт олохтоох омуктар ыччаттарын 4-с сугулаана ыытыллыаҕа. «Промышленное освоение и коренные народы: инструменты диалога, механизмы взаимодействия» диэн тиэмэҕэ сэминээр буолуохтаах. «Үргэл» арт-галереяҕа көҥүл худуоһунньуктар уонна хаартыскаҕа түһэрээччилэр ортолоругар быыстапка-куонкурус буолуоҕа. Атырдьах ыйын 9 күнүгэр сарсыарда 9 чаастан Орджоникидзе болуоссатыгар олохтоох омуктар төрүт таҥастарын кэтэн хааман, бырааһынньыгы саҕалыахтара. Улахан алгыс кэнниттэн уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарын кэнсиэрэ ыытыллар. Дьиэ кэргэн куонкуруһа, кинигэ быыстапката тэриллэр. Бырааһынньык «Солнечный круг» диэн хотугу норуоттар үҥкүүлэрин куонкуруһунан түмүктэниэ.

Оксана ЖИРКОВА.

Санааҕын суруй