Табаны да, аты да тааҕы-таах миинэр, тииҥи харахха таба ытар, тайахха да сылдьыһар, дьахтар сиэринэн дьиэни-уоту өрө тутар, ийэ быһыытынан дьиэ кэргэнин бүөбэйдиир, норуотун туһугар ис сүрэҕиттэн кыһанар... Киниэхэ туһаайан киһи өссө да элбэҕи ааттыан сөп. Билсиҥ – бүгүҥҥү ыалдьыппыт эдэр ийэ, эбээн норуотун, төрөөбүт Сэбээн Күөлүн киэн туттар аныгы бэрэстэбиитэлэ Ирина Степанова.
– Ирина, бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ...
– Мин Кэбээйи улууһун Ламыҥха нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, төрүт Сэбээн Күөлбүн. Биһиги киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин биир саамай кырыы, суола-ииһэ суох нэһилиэгэбит. Сэбээн Күөлгэ ортотунан 800-чэ киһи олорор. Биһиги атын нэһилиэктэртэн уратыбыт диэн, арааһа аан дойдуга билиҥҥитэ дьиэ иһигэр 90 бырыһыан олохтоохтор эбээн тылынан кэпсэтэрбитигэр, билэрбитигэр сытар. Оттон хаалбыт уон бырыһыана – кэлии дьон. Ол эрээри, биһиэхэ атын улуустартан кэлэн олохсуйбут дьон эбээн тылын сыл иһигэр өйдүүр буолаллар, сорохтор олус үчүгэйдик кэпсэтэллэр.
– Ол аата, тылгытын тутан хааллаххыт...
– Оннук, кырдьаҕастыын-оҕолуун, эдэрдиин-эмэнниин бары төрөөбүт тылбытын билэбит. Аатыгар эрэ эбээн буолбатахпыт, төрүт тылбытын билэр, дьиҥ куттаах эбээннэрбит. Биһиги былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит төрүт үгэспитин, олохпут укулаатын билиҥҥээҥҥэ диэри тута сылдьар буоламмыт, баччаҕа диэри тылбытын, култуурабытын сүтэрбэккэ сылдьабыт. Дьиэбит иһигэр бары эбээннии кэпсэтэбит. Төрөөбүт тылбыт таһынан холкутук сахалыы, нууччалыы кэпсэтэбит. Оҕо эрдэхпититтэн үс тылы эндэппэккэ билэбит, эбиитин оскуолаҕа аангылыйа тылын үөрэтэбит. Тылы үчүгэйдик билэргэ, биллэн турар, култуурабытын баһылыахтаахпыт. Ол сиэринэн “Мэрлэнкэ” диэн аан дойдуга аатырбыт фольклор ансаамбыллаахпыт. Бу ансаамбылга мин ийэм эмиэ сылдьыбыта, онтон мин отучча сыл бу ансаамбылга кыттыбытым. Хаста даҕаны Арассыыйа араас муннуктарыгар, тас дойдуларга бэстибээллэргэ ыҥырыллан бара сылдьыбыппыт. Маны таһынан, биһиги оскуолабыт иһинэн табаһыттар оҕолорун үөрэтэр көс оскуола баар. Мин бэйэм Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун хотугу кафедратын бүтэрбитим, эбээн тылын учуутала идэлээхпин. Ол эрээри, оҕолонон-урууланан, билигин идэбинэн үлэлээбэппин, кэлин көстөн иһиэҕэ.
– Тылы тутан хаалыы, сайыннарыы сүрүн кистэлэҥэ туохха сытарый?
– Биллэн турар, төрүт үгэспитин, хаһаайыстыбабытын тутан сылдьарбытыгар. Оччоҕо тыл эйгэтэ баар буолар, оттон оннук эйгэҕэ сылдьар киһи төрүт тылын умнубат.
– Эн бэйэҥ оҕо эрдэххиттэн тыаҕа тахсан олоро үөрүйэх эбиккин дии...
– Мин хас сайын ахсын кэтэһиилээх каникулбар тайҕаҕа ыстаадаҕа эбэлээх эһэбэр үөрэ-көтө тахсааччыбын. Дьэ, онно баар, киһи тылынан кыайан тиэрдибэт көҥүл көччүйүүтэ, айылҕалыын алтыһыыта. Биһиэхэ киэҥ нэлэмэн туундара буолбатах, хайа быыһыгар тайҕа. Онон олох быыкаа эрдэхпиттэн акка мэҥэстэбин, уучаҕынан (табаны мэҥэстии) аа-дьуо сылдьабын. Эһэм Владимир Николаевич Кейметинов такайыытынан бултуурга үөрэммитим. Бастаан туоһапканан тииҥҥэ сырытыннарбыта. Тииҥ тириитин алдьатымаары, харахха ытан түһэрэҕин. Куобахха, курупааскыга сылдьааччыбын. Биирдэ “Сайга” саанан тайаҕы бултаан турабын. Киискэ хапкааннааччыбыт... Хас сайын ахсын дойдубар хайаан да бара сатыыбын. Быйыл эмиэ барбыт киһии...
– Эбэҥ да элбэххэ үөрэттэҕэ...
– Биллэн турар, дьахтар аналын, сатабылын эбэм элбэхтэ иҥэрдэҕэ. Мин хос эбэбин кытта алтыспыт дьоллоохпун. Киниттэн саҕалаан, эбэм, ийэм элбэххэ үөрэппиттэрэ. Онон иис, ас кистэлэҥнэрин баһылаабытым. Табаттан тугун да ордорбокко астыыбыт. Билигин муоһун эрбээн, уокка үтэн сиир кэм. Дьэ бу баар – битэмиин диэн! Саамай минньигэһэ – таба үүтэ, быара, тыла... Эмтээх үүнээйилэри эҥин туһанарга үөрэммитим. Холобур, лабыктаны халадьыас курдук оргутан ис-үөс ыарыыларыгар туһанаҕын. Хаан баттааһыныгар сугун, бөрө отун эҥин араастаан туһанабыт.
Биһиги кэпсэтиибитигэр Ирина аҕата Афанасий Афанасьевич Степанов кыттыһар. Кини Сэбээн Күөл эбээннэрин бэрэссэдээтэлэ, нэһилиэк дьокутаата, уопсайынан, олоххо олус көхтөөх, нэһилиэгин туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар киһи. Кинини кытары кэпсэтэ олорон, “Ирина үкчү аҕатын баппыт эбит ээ” дии саныыгын.
– Биһиэхэ билиҥҥитэ 6 тыһ. кэриҥэ табалаахпыт. Онтон 4 тыһ. – “Сэбээн” ГУТ уонна 2 тыһ. кэриҥэ кэтэхтэргэ – общиналар, бааһынай хаһаайыстыба. Кулун тутарга табаны ааҕаллара да, чуолкай ахсаан аны күһүн алтынньыга биллээччи.
– Таба ахсаана кэнники кэмҥэ түһэр дуу, улаатар дуу?
– Ээ, уруккута буолбатах. Эмискэ баҕайы табабыт аҕыйаата. Онуоха биричиинэ элбэх. Сүрүн төрүөтэ – киһи сабыдыала. Биллэн турар, өбүгэлэрбит курдук табаны кыайа тутан ииппэппит. Ыччат хамнастаах өттүгэр охтон, ыстаадаҕа да барааччыта аҕыйах. Киэҥ, хамнастаах сиргэ талаһар. Аны туран, кэнники сылларга айылҕабыт уларыйан, тугут төрүөҕүн тутан хаалар уустук буолла. Баһаардартан сылтаан эһэ, бөрө мэнээктээтэ. Дьэ, бу адьырҕаларыҥ табаны сүгүннээбэттэр. Биһигиттэн чугас Суордаах, Сиэгэн Күөл эрэ баар. Саамай чугас – Сиэгэн – 200 км. Онон бу кыыл тэнийэригэр олус табыгастаах. Баһаардартан эҥин куотан биһигинэн олус чугас сылдьан тыытар буоллулар. Кэнникиннэн бу адьырҕалар быһыылара-майгылара кытары уларыйар буолла. Аны туран, сайын курааннаан, таба ырыганныыр, бырдахха баһыйтарар буолла. Таба кэмигэр төрөөбөккө, ороһулаан хаалан, тугут туруга мөлтүүр буолла. Онон таах бырдахха сиэтэр, мөлтөх буолан ситэ сайдыбат. Уопсайынан, айылҕа уларыйыыта таба иитиитигэр улахан охсууну таһаарар. Маныаха эбиитин кэнники кэмҥэ бырамыысыланнас күүскэ сайдар буолан, мэччирэҥ да аҕыйах...
– Көмүсчүттэр кимэн киирэллэр диэн истибитим...
– Саамай бөдөҥнөрө – “Прогноз” диэн тэрилтэ. Маны таһынан кыра артыаллар бааллар. Сыһыаммыт үчүгэй курдук этэ. Иһэр уубутун, сирбитин кэбилии иликтэринэ. Экология министиэристибэтэ уубутун анаалыстаан баран “нуорманы тыһыынчанан куоһарар дьаат баар” диэбитэ, оттон сирбитин-буорбутун анаалыстата сатыырбытын Росприроднадзор ылсыбат. Чэ, бу чааһыгар өйдөспөккө сылдьабыт. Биһигини чугаһаппаттар. Оттон “прогнозтар” бастаан кэлиэхтэриттэн син социальнай эбийиэктэри тутууга эҥин көмө буолаллар. Саамай үөрэрбит диэн, балыыһалары оптимизациялааһын долгунугар, учаскыабай балыыһабытын тутан хааллыбыт. Аны билигин онтубутугар тэриллэринэн хааччыйан эҥин, хаачыстыбаны тупсарыахха наада. Бу хоруона хамсыга биһиэхэ тийдэҕинэ, сөптөөх көмөнү ылбакка, ол дойдуга тааҕыта аттанар туруктаахпыт... Олохтоох уолаттары кыра артыаллар ол-бу быстах үлэҕэ син ылаллар. Анал идэлээхтэрэ буоллар, үчүгэй үлэҕэ да киирсиэх эбиттэр. Сирдэрбэттэр, үлэни баҕас кыайаллар. Арай анал идэлэрэ эрэ суох. Онон бэйэбит уолаттарбытын үөрэттэрэн, онно сыһыарар киһи бэрт буолуох эбит.
– “Сэбээн” ГУТ туруга хайдаҕый?
– Биһиги “Сэбээн” ГУТ-пут ыстаатыһын уларытан, улуус бас билиитигэр биэрэн, муниципальнай унитарнай тэрилтэ гынаары тииһэллэр. Олохтоохтор ону кытары сөпсөспөппүтүн биллэрэн хаста да мунньахтыы сылдьыбыппыт. ТХМ үлэһиттэрин кытары улуус баһылыга кэлэн көрсүбүттэрэ. Кинилэр санааларынан, номнуо муниципальнай буолан бүппүт курдук этэ. Онтон олохтоох дьокутааттар Ил Түмэҥҥэ тиийэ туруулаһан, билигин 2025 сылга дылы “ГУТ буолан хааллын, тыытымаҥ” диэн буолбута. Боппуруос билигин да бүтэһиктээхтик быһаарылла илик. Таба иитиитэ кэмиэрчэскэй салаа эрэ буолбатах. Бу – биһиги тыыммыт, инники кэскилбит, дьылҕабыт. Таба баарын тухары эбээн тыла, култуурата тыыннаах буолуо, олоҕун укулаата симэлийбэт, норуот быһыытынан тыыннаах хаалар кыахтанар. Биһиги ону ис дууһабытыттан өйдүүр буолан, тэрилтэбитин нэһилиэк бас билиитигэр илдьэ хаалары туруорсабыт, хааччахтаммыт эбэтэр аһаҕас уопсастыба курдук көрүҥнээн. Биһиэхэ бөдөҥ бырамыысыланнай тэрилтэлэр үлэлииллэр, кинилэр этнология эспэртиисэтин ааһан, нэһилиэк бүддьүөтүгэр үп көрөллөр, ону биһиги нэһилиэк сайдыытыгар туһанабыт. Билигин улууска биэрэн кэбистэхтэринэ, ол харчыбыт аччыыр, сирдэрбититтэн матар кыахтанабыт, табабытын былдьаан ылыахтара диэн дьиксинэбит. Оттон бэйэбит бас билэн, дьаһанан, бырамыысыланньыктары кытары өйдөһөн сырыттахпытына, табабытын тутан хаалыа этибит буоллаҕа. Кэбээйи улууһугар “муниципальнай” диэн тэрилтэлэри тэнитэ сылдьыбыттара – кырса да ииппиттэрэ, балык соҕотуопкатын да тэрийбиттэрэ. Онтубут ханна баар? Эстибитэ! Биһиэхэ үлэлиир көмүсчүттэр улууска “градостроительнай” диэн буолуохтаахтар, онуоха биһиги табаларбытын туһаныахтара турдаҕа... Оттон биһиги эмиэ кураанаҕы кууһан хаалар кутталлаахпыт.
– Эбээннэр айылҕа оҕолоро буоллахтара...
– Түҥ былыргыттан айылҕаҕа сүгүрүйэн кэллэхпит. Сирбитигэр-уоппутугар, ууларбытыгар сүгүрүйэн хайаан да айах тутабыт. Биһиги нэһилиэкпит тула ааттарын мээнэ ааттаппат кырдьаҕастар хараллан сыталлар. Мин урут, эдэр сылдьан, ону соччо итэҕэйбэт курдугум. Биирдэ аармыйаҕа барыам иннинэ, оҕонньоттору кытары атынан мэҥэстэн бултуу бардыбыт. Ойуун уҥуоҕар чугаһаабыппытыгар биир кырдьаҕас киһи “эдэр киһи, кырдьаҕастан көрдөс” диэбитин толордум, ас бэристим, көрдөстүм. Кырдьаҕас уҥуоҕун ааһааппытын кытары үс чубукуга түбэстибит. Оҕолонон эҥин баран, биирдэ эмиэ бултуу сылдьан, ойуун уҥуоҕар тиийэн көрдөстүбүт, чочумча буолаат, икки чубуку утары көтөн түспэтилэр дуо... Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан хаалларбыт үгэстэрин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн, ытыгылаан, айылҕабытыгар сүгүрүйэн баччаҕа диэри ордон кэллэхпит.
Дмитрий ИВАНОВ
сэһэргэстэ.