Киир

Киир

Кэбээйи улууһун үбүлүөйдээх, Арассыыйа омуктарын төрүт айылгы баайдарын сылларын чэрчитинэн, фольклору чинчийэр эспэдииссийэ Мукучу нэһилиэгиттэн үлэтин саҕалаабыта.

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай Үнүбэрситиэт Олоҥхону чинчийэр институтун, "Олонховедение" сиэктэрин научнай үлэһиттэрэ Сахая Даниловна Львова, Анастасия Анатольевна Борисова уонна Марианна Тимофеевна Сатанар хас даҕаны күн устата нэһилиэнньэни кытта ыкса үлэлээтилэр.

Фольклору чинчийэр эспэдииссийэ сүрүн сыала-соруга: Кэбээйи улууһун тылынан уус-уран айымньытын, номохторун, үһүйээннэрин хомуйуу; норуот муудараһын илдьэ сылдьар олохтоох кырдьаҕастар кэпсээннэрин биидьийэҕэ устан үйэтитии, научнай үөрэтии көмөтүнэн кинигэ таҥан таһаарыы буолар.

Экспедиция 1

"Мукучу нэһилиэгэр барыта 13 үлэни иһиттибит. Анкета толорулунна, материал хомуйулунна. Бэчээттэнэ илик фольклорнай рукопистар көһүннүлэр, түөлбэ уһулуччулаах дьонун-сэргэтин, сирин-уотун, устуоруйатын туһунан бэлиэтээһиннэри оҥордубут", - диэн научнай үлэһиттэр үөрэн-көтөн туран бэлиэтииллэр.

Экспедиция 1.2

Фольклору чинчийэр эспэдииссийэ үлэһиттэрэ Мукучу дьонугар-сэргэтигэр, нэһилиэк салалтатыгар, оскуола уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр кылгас кэмҥэ тэриллэн, көхтөөх кыттыыны ылбыттарын уонна үөрэ-көтө көрсүбүттэрин иһин улахан махталларын тиэрдэллэр.

Экспедиция 1.4

Экспедиция 1.5

ХИФУ эспэдииссийэтэ салгыы Баҕадьа уонна Арыылаах нэһилиэктэригэр үлэлээтэ

Эспэдииссийэ айанын салгыы сырдатар буоллахха, бөлөх кулун тутар 12-с күнүгэр Баҕадьа уонна Арыылаах нэһилиэктэригэр үлэлээтэ.

Экспедиция 2.1

Баҕадьаҕа биэс, Арыылаахха үс информант бэйэлэрин түөлбэлэрин ытык сирдэрин, ураты дьоҕурдаах дьонун туһунан үһүйээннэрин уонна номохторун сырдаттылар.

экспедиция 2.2

«Баҕадьа түмэлигэр сылдьан сэдэх этнографическай эспэнээттэри көрдүбүт-иһиттибит, хаартыскаҕа түһэрдибит. Орто оскуолаҕа 8-с кылаас үөрэнээччилэрин кытта көрсөн, эспэдииссийэ сыалын-соругун, олоҥхону чинчийэр институт үлэтин, саха фольклорун үөрэтии аныгы туругун, сайдар тосхоллорун кытта билиһиннэрдибит», - диэн Марианна Тимофеевна Сатанар  кэпсээтэ.

Экспедиция 2.3

Эспэдииссийэ үлэһиттэрэ нэһилиэк оскуолатын, бибилэтиэкэтин үлэһиттэригэр, информаннарга сэргэх кэпсээннэрин, истиҥ сыһыаннарын иһин махталларын биллэрэллэр.

Фольклору чинчийэр эспэдииссийэ Мастаах нэһилиэгэр үлэтэ

Эспэдииссийэ бөлөҕө Мастаахха тиийэн баран, сарсыардаттан норуот айымньытын дьиэтигэр үлэлээбитэ. Онтон, сорох кырдьаҕаска дьиэлэригэр тиийбиттэрэ. Манна барыта 7 информаны кытта үлэ барбыта.

Тыгын, Манчаары саҕаттан саҕалаан, Аҕа дойду сэриитин кэмин хабар үһүйээннэр, былыргы сэһэннэр уһулуннулар. Ону сэргэ, Олоҥхо институтун научнай архыыбыгар харалларга анаан рукописьтар, хаһыат кэрчиктэрэ уонна тойук аудиоҕа уһуллуута туттарылыннылар диэн Марианна Тимофеевна Сатанар сырдатта.

Экспедиция 3.1

Салгыы, нэһилиэк биир ытыктанар кырдьаҕаһа Антонина Яковлевна Кычкина балаҕаныгар түмсэн, сахалыы минньигэс астаах сандалы тула олорон, былыргыны сэһэргэһии салҕанна, сэһэн-сэппэн оройуттан тутулунна.

Экспедиция 3

Эспэдииссийэ бөлөҕө Мастаах нэһилиэгин олохтоохторугар, норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэригэр, чуолаан Надежда Николаевна Алексееваҕа истиҥ-иһирэх махталын тиэртэ.

Эспэдииссийэ сыралаах үлэтэ, салгыы айанныыр аартыга алгыстаах, сырыыта ситиһиилээх, элбэх сонун арыйыылар, сэдэх, ураты бэлиэтээһиннэр көстөн, ситимнэнэн уонна сурукка-бичиккэ тиһиллэн, Кэбээйибит улууһун дьонугар-сэргэтигэр, кэлэр көлүөнэ ыччакка күндү бэлэх уонна үйэлээх кинигэ буоларыгар баҕарабыт. 

Вера Прокопьева