Биһиги Кыым.ру аан ситиммит, Дьокуускай куоракка элбэх уулусса оҥоһулла турарынан уонна уопсастыбаннай тырааныспар өҥөтүгэр элбэх үҥсүү киирэринэн, саамай сатамматах оптуобус маршрутун талыыга бэс ыйын 20 күнүгэр куоластааһын биллэрбитэ. Сотору буолаат, атырдьах ыйын 24 күнүгэр, Дьокуускай куорат дьаһалтата Санкт-Петербург “OTS Lab” хампаанньыйата биһиги уопсастыбаннай тырааныспарбытын чинчийэн эрэрин уонна ыйытык ыытарын туһунан иһитиннэрии таһаарбыта.
Дьаһалта кэлии хампаанньаҕа чинчийии ыыттарара (сэрэйдэххэ, ботуччу харчыны төлөөн) баҕар туһалаах буолуо эрээри, оптуобустарынан күннэтэ айаннаан кыһалҕаны иһиттэн билэр дьон санаатын дьэҥкэтик көрдөрүө диэн улаханнык эрэниллибэт. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр ыйытыылара чопчу маршруттарга буолбакка, уопсай санааны быһаарар хабааннааҕа. Тус бэйэм, туһата суох ыйытык эбит диэммин, ситэри хоруйдаабакка, сабан кээспитим. Билигин дьаһалта аан ситимигэр “Ыйытык түмүктэнэн, саҥа маршрут тиһигин оҥоро сылдьаллар” диэн сурук ыйанан турар. Cотору кэминэн киэҥ эйгэҕэ дьон дьүүлүгэр тахсар ини диэн эрэниэххэ.
Оттон биһиги «Сатамматах маршрут» диэн таҥнары рейтини таһаарар ыйытыкпытыгар дьон сөбүлээбэт маршрутун талыахтаах уонна кэмэнтээрийгэ тоҕо сөбүлээбэтин суруйуохтаах этэ. Ол түмүгүнэн саамай сатамматах маршруту талан ылыахтаах этибит. Дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс, сыл түмүктэнэн эрэринэн, уһун-киэҥ өрөмүөннээх быыллаах куораппытыгар саамай сатамматах маршрут ханныгын биллэрэн эрэбит. Ол түмүгүнэн "бочуоттаах" бастакы миэстэҕэ элбэх пассажиры кыйахыыр, ньиэрбэтин хамсатар 5 №-дээх уонна 18 №-дээх маршруттар таҕыстылар! Бу маршруттары толкуйдаан оҥорбут киһини 5 №-дээх оптуобуһунан айанныыр 337 киһи уонна 18 №-дээх оптуобуһунан айанныыр 189 киһи, биир сиргэ мусталлара буоллар, “тутан сиэх”, кинини сэргэ, оптуобустары бас билээччилэри эмиэ “ыйыстыах” эбиттэр.
Кэмэнтээрийдэри аахтахха, 18 №-дээх маршрут чахчы да, дьону тиэйэргэ буолбакка, дьону сордуурга анаммыт курдук эбит: эчи уһуна-киэҥэ, киирэр-тахсар сирэ элбэҕэ... Урут 13 №-дээх оптуобус Речевой оскуолаттан куорат киинигэр биир көнө суолунан 25 мүнүүтэнэн тиийэр эбит буоллаҕына, аны онон-манан эргийэн, кырата 50 мүнүүтэнэн айаннаан тиийэр. Эбиитин графигын тутуспата, оптуобустар туруктара быстар куһаҕана (сайын - тыын хаайтарыыта, кыһын – атах үлүйүүтэ, айаннаан иһэн алдьаналлара-кээһэнэллэрэ) дьону сордуур. Оттон бу сэбиэскэй кэмтэн баар Речевой оскуола диэн түөлбэҕэ, аата да этэрин курдук, мөлтөхтүк истэр, саҥарар оҕолор үөрэнэллэр эбээт. Уонна, сүрүнэ, бу түөлбэҕэ кэнники отут сыл иһигэр сүрдээх элбэх саха ыала олохсуйан, эмдэй-сэмдэй оҕо аймаҕы тэниттэ. Оҕолор үгүстэрэр, куорат киинигэр киирэн үөрэнэр буоланнар, бу маршрут куһаҕаныттан элбэх моһолу көрсөллөр, бары өттүнэн оҕустараллар, арааска түбэһэллэр. Эбиитин сылаас тохтобул суоҕуттан эрэйдэнэллэр. Биир риэйсэни көтүттүлэр да, улаханнык тоҥоллор-хаталлар. Чэ, быһата, кыра кыһалҕа аайы оптуобуһунан айаннаабатах ордук. Оттон өҥөнү тэрийээччи иһиттэх ахсын айаннааччы ахсаана аҕыйах диэн муҥатыйар. Манныкка хайдах элбиэн өйбүт хоппот.
Аны, 5 №-дээх маршрут итэҕэһин көрүөҕүҥ. Бу оптуобус сырыытыгар сүрүн итэҕэһинэн олус уһуннук кэлбэтин уонна бытааннык айанныырын ыйаллар. Дьон 30-50 мүнүүтэҕэ тиийэ кэтэһэллэр эбит, онтон күнү быһа сыылан кэриэтэ айанныыллар. Бу туһаайыынан үксүгэр Мархаҕа олорор дьон, эдэр ыаллар, оҕолор айанныыллар. Үҥүстэхтэринэ, өҥөнү тэрийээччи наар оптуобус тиийбэтинэн куоһурданар эбит. Ону дьон өйдүөхтээх үһү. Оттон дьону хаһан ким өйдүүр?
Дьэ, ити курдук, маршруттар дьоҥҥо тупсаҕай өҥөнү оҥорууга буолбакка, дьону хайа баҕарар симэн баран, төһө кыалларынан уһуннук элбэх сиринэн эргитэн, харчы хомуйарга туһуламмыт курдуктар. Балары таһынан кэмэнтээрийдэргэ атын маршруттары эмиэ улаханнык хаарыйбыттар.
Онон, Дьокуускай куорат дьаһалтата, баһылыга уонна дьону тиэйиинэн дьарыктанар туһааннаах салаа, атын куорат тэрилтэтэ оҥорбут чинчийиитинэн муҥурдаммакка, быһаччы олохтоохтору кытта үлэлэһэн, хас биирдии уокурукка аһаҕас ырытыһыы ыытан, оптуобус айанын тосту тупсарара ирдэнэр.
Уопсайынан, маршруттары дьонтон, сиртэн-буортан олох ыраах, үөһэттэн эрэ көрө сылдьар киһи оҥорбут дуу диэх санаа үөскүүр. Уопсастыбаннай тырааныспар өҥөтүн букатын тупсарбакка олорон, айан сыанатын үрдэтии эмиэ оннук дьонтон тахсар дуу диэҕи баҕарыллар. Суунуу-тарааныы диэни билбэтэх, бүтүннүү кырыа буолбут, кэсиэрбэ бааҥкатын курдук оптуобуһу чаас аҥаара күүтэн баран, чаас кэриҥэ айанныырын иһин кыра хамнастаах, биэнсийэлээх пассажир тоҕо 40 солкуобайы төлүөхтээҕэ өйдөммөт.
Кыһалҕаны сырдатта КҮНДЭЛИ.