Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы остуолун кэннэ, тохсунньу 1 күнүгэр, сарсыарда 7 ч. Дьокуускай куорат “Сатал” СОНТ (садово-огородническое некоммерческое товарищество) олохтоохторугар томороон тымныыга уоттара арахсан, улахан саахал тахсыбыта. Ол түмүгэр 3000 кэриҥэ киһи олорор, 950 дьиэлээх түөлбэҕэ 638 дьиэ уота суох хаалбыта. Элбэх дьиэ, гараас, сиэптик тоҥон, олохтоохтор улахан хоромньуланнылар.
Энэргиэтикэҕэ улахан саахал тахсыбытын олохтоохтор уонна СОНТ салалтата бэйэлэринэн кыайан туоратар кыахтара суоҕа. Ол иһин ону суһаллык туоратарга куорат уонна өрөспүүбүлүкэ салалтата, хойутаан да буоллар, ылсыбыттара. Ону даҕаны тоҥон эрэр “Сатал” олохтоохторо социальнай ситимнэринэн улахан айдааны тардан, көмө көрдөөн суоһурҕаммыттарын кэннэ. Баҕар, саахал тахсаатын кытары суһаллык туоратарга үлэлэспиттэрэ буоллар, эмсэҕэлээччи, хоромньу аҕыйах буолуо этэ. Тохсунньу томороон тымныытыгар тоҥо сыспыт “Сатал” алдьархайа туох түмүккэ аҕалла?
Хааһы да саламаат
Тыаттан куоракка көһөн кэлии сыл ахсын улаата турар. Үйэлэрин тухары тыаҕа олорбут дьон, ону тэҥэ таас дьиэҕэ хатанан олорбут куорат олохтоохторо чааһынай дьиэҕэ талаһаллара биллэр. Инньэ гынан сопхуос саҕаттан бааһына буолан турбут “Сатал” сирэ-уота былдьаһыгынан атыыланан (бастаан сүүс тыһ. солк. эбит буоллаҕына, билигин номнуо мөлүйүөнү куоһарар), аҕыйах сыл иһигэр бу кураанах хонуу улахан нэһилиэккэ кубулуйбута. Ардах кэнниттэн тэллэй үүнэрин курдук, көрүөх бэтэрээ өттүгэр бииртэн биир дьиэлэр дьэндэйбиттэрэ. Бу саҥа түөлбэҕэ үксүн саха дьоно түөлбэлээн олороллор.
Тохсунньу 1 күнүнээҕи саахал кэннэ Марха дьаһалтатыгар олохтоохтору уонна салалтаны кытары көрсүһүү буолбута. Ити көрсүһүү “Сатал” ис кыһалҕатын бүтүннүү ыраас мууска ууран биэрдэ. “Сатал” кыһалҕата – куоракка баар СОТ-тар, СНТ-лар, СОНТ-лар дьиҥ туруктарын көрдөрдө.
Сүрүн кыһалҕа докумуоҥҥа, дьиэлэр, гараастар, атын хапытаалынай эбийиэктэр бас билиигэ бэриллэр кыахтара суоҕар сытар. Инньэ гынан хайдах да кадаастыр учуотугар туруорбаттар.
Ол түмүгэр “Сатал” үгүс олохтоохторо баайдарын-дуолларын страховкалатар да кыахтара суох. Инньэ гынан туох эмэ ыксаллаах быһыы-майгы (холобур, баһаар) таҕыстаҕына, хоромньуну төлөтөр кыахтара суох. Маннык түгэни Горнай улууһун Бэс Күөлүн алдьархайа көрдөрбүтэ. Онно сорох ыаллар, дьиэлэрин уонна учаастактары докумуон быһыытынан бас билбэт буолан, страховка эҥин оҥорторор кыахтара суоҕа. Оччолорго бары саба түһэн, бэс күөллэр кыһалҕаларын быһаарбыттара. Оттон билигин “Сатал” олохтоохторугар былаастарбыт кыайан көмөлөһүөхтэрэ дуо?
Чэ, баҕар, тыа сиригэр кадаастыр инженердэрэ, исписэлиистэр, туһааннаах тэрилтэлэр миэстэтигэр суох буоланнар, баайы-дуолу бас билиигэ ылыы, кадаастыр учуотугар туруоруу оҥоһуллубакка хаалбыт буолуон сөп. Оттон киин куораппытыгар итинник кыһалҕа турбат ээ. Ол да буоллар маннык түгэҥҥэ аҥаардас “Сатал” олохтоохторун буруйдуур сыыһа. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр аахсыллар биричиинэнэн итини кыайбакка сылдьаллара көстөн кэллэ. “Сатал” олохтоохторо этэллэринэн, докуомуоннаппакка сылдьар дьон биир үксүн учаастактара “кыһыл зонаҕа” эбэтэр харыстанар зонаҕа (үрэх ааһар сириттэн сылтаан) хапсар буоланнар, бачча сыллар тухары кыайан докумуоннаппакка сылдьаллар эбит.
Өссө биир улахан кыһалҕа – уот лииньийэтэ “Якутскэнерго” бас билиитигэр буолбакка, “Сатал” СОНТ бэйэтин бас билиитигэр (балаансатыгар) сылдьара буолар. Ол эбэтэр, түөлбэ уотунан хааччыллыыта – “Сатал” дьаһалтатын эппиэтинэһигэр (бэрэссэдээтэл Виталий Шадрин). Оттон саахал “Якутскэнерго” эбийиэгэр буолбакка, СОНТ эбийиэгэр тахсыбыта. Холобурга ыллахха, эһиги кыбартыыраҕа олорор буоллаххытына, кыбартыыра иһинээҕи турба тоҕо бардаҕына, эппиэтинэһи кыбартыыра хаһаайынын быһыытынан бэйэҕит сүгэҕит.
СОНТ энэргиэтиктэргэ уоту туһаныы иһин төһө иэстээҕий? Сорохтор 45-50 мөл. солк. дииллэр (ону чопчулуур кыаллыбата). Маны таһынан “Сатал” сири түүлэһиигэ эмиэ иэстээх эбит. Аны туран, СОНТ дьарыйар уорганнартан кыһыҥҥы сезоҥҥа төһө бэлэмнээҕинэн пааспарын ылбыта дуо? Куорат дьаһалтата куорат иһигэр ититиинэн уонна уотунан хааччыллыыны тэрийэр эбээһинэстээх. Онон бу саахал кэннэ бары чопчу түмүгү оҥорон, аны маннык хатыламматын туһугар үлэлиэхтэрин наада.
“Сатал” саахалыгар эмсэҕэлээбиттэргэ (оттон ону туоратарга балай да харчы наадата өйдөнөр) хоромньуну СОНТ дьаһалтата көмөлөһүө дуо? Олохтоохтортон харчыны РСО буолбакка, “Сатал” бэйэтэ хомуйарын санатабыт. СОНТ кыаммат буоллаҕына, билигин олохтоохтор быһаччы энэргиэтиктэргэ көһүөхтэрин сөп. Онуоха кыах баҕас баар.
Аны туран, “Сатал” үгүс олохтоохторо дьиэлэригэр күөх төлөнү киллэртэрэр кыахтара суох. Төрүөтэ – сир учаастактарыгар уонна дьиэлэригэр бас билэр докумуоннара суох. Инньэ гынан дойду бэрэсидьиэнэ бэйэтинэн биэрбит сорудаҕа – социальнай гаастааһын бырагыраамата – олоххо толору киирэр кыаҕа суох. Өссө биир федеральнай бырагыраама – “Уһук Илин ипэтиэкэтэ” – эмиэ сыалын толору ситиһэн үлэлээбэтэ чахчы. “Саталга” бу чэпчэтиилээх бырагырааманан дьиэ туттубут эдэр ыал элбэх. Бырагыраама, эдэр уонна элбэх оҕолоох ыаллары чэпчэтиилээх ипэтиэкэнэн дьиэлээн баран, кинилэр тупсаҕай сиргэ олороллорун хааччыйыахтаах этэ. Төһө да кыра бырыһыаннаах хабалаҕа киирэн туран дьиэлэннэллэр, тиһэҕэр кинилэр тугу ыллылар? Бу түөлбэҕэ биир да социальнай инфраструктура көрүллүбэт – уһуйаан, оскуола, балыыһа, уу ситимэ, эмтиэкэ, почта, баҥкамаат суох. Түөлбэ иһинээҕи суол, уулусса сырдатыытын туһунан этэ да барыллыбат. Манна эбиитин 50 кыраадыска тоҥор кутталы эбэн кэбиһиҥ.
Онон олохтоохтор “Сатал” дьаһалтатын модьуйаллара үгүс. “Туох иһин үлүгэрдээх үбү төлүүбүт, саатар, бөхпүтүн сүгүн тиэйбэттэр” дэһэллэр.
Маннык хааһы да саламаат, арааһа, аҥаардас “Саталга” эрэ буолбатах буолуохтаах.
Тимир суол тигиниэҕэ...
Тохсунньу 5 күнүгэр Марха дьаһалтатыгар буолбут көрсүһүүгэ биллибитинэн, “Сатал” сорох учаастактара тимир суол тутуутугар уурулла сыталлара биллибитэ. Өссө 6-7 сыллааҕыта биһиэхэ “Сатал” олохтоохторо дьиэлэрин ИЖС кыайан көһөрбөккө кэлэ сылдьыбыттара. Онно биллибитинэн, 9-с кыбартаал олохтоохторун учаастактара куорат генеральнай былаанын быһыытынан, “тимир суол ааһарынан, кыһыл зонаҕа киирсэр” диэн буолбута. Оччолорго “куорат генбылаанын Москуба бигэргэтэр, онон уларытар кыахпыт суох” диэн буолбута. Өйдүүргүт буолуо, бастаан утаа Өлүөнэ күргэтэ тимир суол ааһар сирдээх буолуохтааҕа, оччоҕо тимир суол баксаала Кирзавод түөлбэтигэр тутуллуохтаах этэ.
Маны таһынан сорох учаастак отой да межевание-ламматаҕа билиннэ.
Өскөтүн тимир суол хаһан эмэ Дьокуускайга кэлэр да буоллаҕына, ити учаастактарга баар тутуулар бары көтүрүллэр эрэ дьылҕалаахтар. Сокуон ирдииринэн, онуоха бас билэр уонна да атын докумуоннардаах буоллахтарына, былаастар хоромньуну толуйуохтаахтар. Холобур, Эргэ Табаҕаҕа хас да учаастагы күргэ суола ааһар диэн босхолообуттара, хаһаайыннарга харчы төлөөбүттэрэ. Оттон “Сатал” олохтоохторо, бас билэр да докумуоннара суох буолан, ытыс соттон хаалар чинчилээхтэр.
Дьиҥэ, “Сатал” итинник туруктааҕын былаастар инньэ 2005 сылтан бэркэ билэллэр. Оттон “Сатал” салайааччыта Виталий Шадрин ити туһунан 2018 сыллаахха биирдэ билбиппит диэн соһуталаата...
“Сатал” олохтоохторо үгүстэрэ учаастактарын ИЖС-ка көһөрөр кыахтара суох, тоҕо диэтэххэ, учаастактара сад-оҕуруот туһаныытыгар диэн сылдьаллар. Онон ити учаастактары сир категориятын эбэтэр туһаныыга көҥүлүн кэҥэтэн биэрэр сорук турара саарбахтаммат. Онуоха олохтоохторго куорат уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн улахан көмө наада. Олохтоохтор бэйэлэрэ федеральнай киини кытары кырдьыктарын булан ылар кыахтара суоҕа өйдөнөр.
***
Бороҕон, Депутатскай уо.д.а. нэһилиэнньэлээх пууннар бүтүннүү тоҥо сылдьыбыттарын бары өйдүүбүт. Биһиги курдук тыйыс тымныылаах дойдуга энэргиэтикэ инфраструктурата чаһы курдук үлэлиэхтээҕин, саахал тахсар түгэнигэр суһаллык туоратар үлэ ыытыллыахтааҕын, саппаас тэриллэр үлэлиэхтээхтэрин бары өйдүүбүт. Онуоха уопут да баар. Ордук тохсунньу тоһуттар тымныытыгар саптан эрэ иҥнэн турар курдук уот лииньийэтэ саахалланара дьиксиннэрэр. Бу күннэргэ “Сатал” эрэ буолбакка, Сэргэлээх даачаларыгар, Горнайга уот арахсыталаата. Дьааҥы улууһун Табалааҕар чох тиийбэккэ, эмиэ тоҥор кутталлана сырыттылар. Уопсайынан, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар энэргиэтикэ инфраструктуратыгар улахан болҕомто ууруллара уолдьаста.
Оттон “саталларга” салалта өттүттэн тиһиктээх, сөптөөх үлэ ыытыллан, кыһалҕа өссө дириҥии илигинэ көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбит.
Дмитрий ИВАНОВ.