(Уопсастыбаннай палаата төгүрүк остуолуттан)
Манна улахан хампаанньалар салайааччылара, исписэлиистэр, уопсастыбанньыктар кытыннылар, уустук боппуруостары тыктаран дьүүллэстилэр. Кэпсэтиини Николай Барамыгин уонна Игорь Саввинов салайан ыыттылар. СӨ нэһилиэнньэтин олоҕун хааччыйыыга судаарыстыбаннай кэмитиэт салайааччытын 1-кы солбуйааччыта И.М. Андросов “дьон-сэргэ былаас уорганнарын, тустаах тэрилтэлэри үлэлээбэттэр диэн хомуруйаллар, оннуга эбитэ буоллар, туох барыта тохтообут буолуо этэ” диэтэ. Оннук. “Туох эмэ таҕыстаҕына, туоратааччы олохтоох былаас уорганнара, ДьУоХХ. Биһиги Эмиракка олорбоппут, ураты “экстремальнай” килиимэттээх дойдуга олоробут. Баҕар, ким эрэ “тоҕо онно чох тиэллибэт, манна массыына тиийбэт?” диэн ыйытыа. Ол барыта айылҕаттан тутулуктаах. Быйыл өрүс барыта толору ууланан, 30 туонналаах массыына туорууругар ол харгыс буолла. Сотору “Автодор” “хотугу өрүстэр турдулар, суол аһылынна” диир бирикээһин күүтэбит” диэтэ.
Хаһаайыстыбаннайа суох быһыы
И. Андросов Үөһээ Дьааҥыны былырыын уу ылан, ол кэннэ суол алдьанан, күһүн атын суолу оҥорбуттарынан улахан уйуктаах массыыналар ааһаллара уустугуран, Табалаахха диэри чоҕу барытын кыайан тиэйбэтэхтэрин кэпсээтэ. Ол туһуттан чох саппааһа тиийбэккэ, быһылаан тахса сыспыт. “Бүгүн Үҥкүргэ диэри суол оҥоһуллан, бастакы массыыналар тиийиэхтэрэ. Өлөөҥҥө эмиэ оттук саппааһа тиэлиннэ. Ситэриилээх былаас уорганнара барытын хонтуруоллаан, кэтээн көрө олороллор. Онон ити боппуруостары бэбиэскэттэн устабыт”, – диэтэ.
И. Андросов аһаҕастык уонна үгэһинэн, бэрт сымнаҕастык: “Мин сэмэлээбэппин эрээри, дьиҥэ, сайыҥҥыттан хаалбыт саппаас чоҕу үчүгэйдик харайыахха баара. Бу – дьалаҕай быһыы”, – диэтэ. Дьиҥинэн, остуолу да охсуон сөп этэ. Белоруссия Батькота Лукашенко маннык хаһаайыстыбаннайа суох тойотторун уураталаабыт буолуох этэ. Ити бэлиэтээһини ДьУоХХ ГУП олохтоох филиалыгар даҕаны, хонтуруолу ыыппатах улуус уонна нэһилиэк дьаһалталарыгар даҕаны аадырыстыахха сөп. Баҕар, быыбар уххана буолан, чох сытыйар эрэ тоҥор, болҕомто ууруллубатаҕа дуу? Ардахха туох барыта сытыйара, тымныыга тоҥоро өйдөнөр буолбатах дуо?! Этэргэ дылы, биһиэхэ Эмират буолбатах!
Кирпииччэ оһох барахсан
И.М. Андросов ““Сатал” СОНТ тоҥон, ыксаллаах быһыы-майгы тахса сылдьыбытынан сибээстээн, итинтэн уруок ылыахпытын наада” диэтэ. Ол курдук, кини “кирпииччэ оһохтон аккаастанымаҥ уонна генераторы хаһааныҥ” диэн сүбэлээбитин үгүс киһи өйөөтө. Чахчы да, оһох сылааһын дьэ сыаналыыр кэммит кэллэ быһыылаах...
Уоту тоҕо арааралларый?!
Төгүрүк остуолга “Якутскэнерго” ПАУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Стручков кытынна. Хампаанньа үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээтэ, дьон ыйытыыларыгар хоруйдаата. “Улахан тымныйыы кэмигэр “Якутскэнерго” тэрилтэ бэлэм буолуу эрэсиимин биллэрбитэ, анал бирикээс тахсыбыта. Саахалга үлэлиир биригээдэ ахсаанын элбэппиппит” диэн кэпсээтэ. Дьон-сэргэ биир үксүн уоту чаастатык уонна уһуннук арааралларыттан киҥэ-наара холлор. А. Стручков ону өрөмүөнү эбэтэр саҥа абаньыаннары холбуур үлэни кытта ситимнээх диэн быһаарда.
Кыһыҥҥы кэмҥэ уоту арааралларын сайыҥҥы суола суох, кыһыҥҥы суол эрэ тиийэр ыраах тыаҕа баар лииньийэни өрөмүөннүүр, уларытар үлэни кытта сибээстээҕин эттэ. Бэрэбиэркэ кэмигэр көстүбүт итэҕэһи-быһаҕаһы туоратарга эмиэ уоту араараллар үһү. Холобур, биир сезоҥҥа 3 тыһыынчаттан тахса араарыы былааннанар эбит.
А. Стручков: “Энэргиэтикэ хаһаайыстыбата үлэтин-хамнаһын тупсарарга 2028 сылга диэри анал бырагыраама баар, 60 млрд солк. кэриҥэ үбүлээһиннээх (чахчы, кырата суох үбүлээһин – НГ). Сылга 7-8 млрд солк. тыырыллар (дьиҥэ, тарыыптан киирэр үп 3 млрд солк. эрэ тиийэр үһү). Саахалы таһаарбат туһугар бэлэмнэнии, сэрэтэр үлэ мэлдьи барар”, – диэтэ.
Эмэҕирбит баҕаналар
Энэргиэтикэ эбийиэктэрин туругун А. Стручков “син үчүгэй” диэн сыаналаата. “Якутскэнерго” 6 тыһ. кэриҥэ кыра күүрүүлээх подстанцияны (низкий класс напряжения), ону кытта 300 тыһ. электролииньийэ баҕанатын көрөр-истэр. Биллэн турар, миэстэтигэр саахал тахсар диэтэ. Сонно төгүрүк остуолга онлайн-кыттыбыт Сүлдьүкээр баһылыга Вера Афанасьева былырыын алтынньыга күүстээх тыалга биир 1980 сыллааҕы, эмэҕирбит баҕаналара сууллубутун, ону хаһан уларыталларын сураста. “Дьиэҕэ биһиги уоппут өҥнөөх муусука курдук, дьиримнээн олорор – кыамтата кыратыттан. 170 вт-х уот кэлэр, ону биһиги 220 вт курдук төлүү олоробут. Онон “220 вт уотта киллэриҥ” диэн туруорса сатыыбыт. Оччоҕо туох баар кыһалҕабыт быһаарыллыа этэ”, – диэн баһылык ыраланар.
Сурук суруйаллар үһү да, чунуобунньуктар кэбиниэттэригэр тиийэн ол сүтэн-оһон хаалар эбит. Аны хамнаһа кырата бэрт буолан, элиэктириктэрэ уурайар үһү. “Оттон биһиэхэ барыта эргэрэн, саахал тахсыан сөп, элиэктирик хайаан да наада. Ону баара, ким да кэлиэн баҕарбат”, – диэтэ В.Афанасьева. Бу соторутааҕыта Светлэй бөһүөлэгэр тахсыбыт хомунаалынай ситим саахалыттан олохтоохтор төһөлөөх эрэйдэннилэр?! Уруккута кыахтаах бөһүөлэк ити курдук быраҕыллан, барыта эргэрэн, эмэҕирэн тоһуттар тымныыга дьоҥҥо куттал суоһуура дьэ иэдээн.
Сааҥсыйа, “импортозамещение” кыһалҕата
Өйдүүргүт буолуо, Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2 ыстаансыйаҕа Эмиэрикэ Дженерал-электрик хампаанньатын 4*ЛН6000 турбиналара туруоруллубуттара. Тыый, баҕар, оччолорго ол улахан ситиһии эбитэ буолуо. Баҕар, өлүүлэһии да баара буолуо, билбит суох. Ол “уһулуччу” турбиналары оҥоһуллубут сиргэ эрэ, атын ханна да өрөмүөннээбэттэр диэн, 2018 сыллаахха этэ дуу, бастакы турбинаны “Хьюстоҥҥа илдьэллэр” диэн буолбута. Билигин олох да “холуоһаҕа олордубут”. РФ утары экэнэмиичэскэй сааҥсыйа киирэн, 2022 сылга 2 уонна 4 массыына былааннаммыт өрөмүөннэрэ барбатах үһү. Онон 2022 сыл иккис аҥаарыгар “щадящий режим работы” киллэрэн үлэлэппиттэр... Дьэ буоллахпыт.
Омук табаарын солбуйар үлэлэри былааннаабыттара, ол добуочча үбү эрэйэр үһү (10 млрд). Билигин “Лентурборемонт” диэн пиирмэни кытта ГРЭС-1 ыстаансыйаҕа 3, 7 турбиналар хапытаалынай өрөмүөннэригэр хантараагы түһэрсибиттэр. ГРЭС-2 иккис уочаратын былаанын уларытан тутар туһунан быһаарыыны ылыммыттар. Барыта сатанар ини диэххэ.
“Сатал” туһунан
Саҥа дьыл түүн дэҥ холбонуу (короткое замыкание) тахсан, подстанция үлэтэ кэһиллэн, Саталга, Тулагы Киллэмҥэ 7 тыһыынча ыал дьиэтэ уоттан арахсан, улахан аймалҕан тахсыбыта. “Якутскэнерго” ПАУо “бу саахал уоту туһанааччы (абонент) бэйэтэ көрөр-истэр учаастагар таҕыста” диэн буруйу бэйэтигэр ылыммата сөп. Онтон “саахалы наһаа өр туораттыгыт” диэн буруйдаабыттарыгар хардаран, А.А. Стручков түөлбэ бэйэтэ үбэ да, күүһэ да суоҕунан, саахалы туоратарга, “Якутскэнерго” ылсыбытын санатта. Онуоха Сатал энэргиэтикэҕэ сулууспатын өр баҕайы көрдөөбүттэрин, кинилэргэ эниэргийэнэн хааччыйыы схематын тиксэрбэтэхтэрин эттэ. Ол аата, оннук схема олох да суох буоллаҕа дуу? Хаһан да буоларын курдук, биһиэнэ барыта хааһы да саламаат... Ол туһуттан, биир да мүнүүтэ күндү кэмигэр тэрээһин боппуруостартан сылтаан, бириэмэ бөҕөтө барбыт.
40 мөл. солк. иэс
Сатал бэрэстэбиитэлэ, саастаах кырдьаҕас: “2019 сыл көрсүһүүгэ уот счётчиктарын ыйыырга төлөбүр оҥоруҥ диэбиккит. Билигин кэлэн аккаастанаҕыт, атын дойду диигит быһыылаах”, – диэн хомуруйда. Онуоха А.А. Стручков: “2019 с. ыла Саталга тахсан, “Якутскэнерго” балаансатыгар ылар курдук, эбийиэктэри көрөн, бэрэбиэркэ ыыппыппыт. Биир ирдэбил – счётчиктары туруоруу этэ, хас биирдии дьиэ хаһаайынын кытта дуогабар түһэрсиэхтээх этибит. Ол – сокуон ирдэбилэ. Атын да ирдэбиллэр, холобур, лииньийэ суолтан эбэтэр, “охраннай зонаттан” тэйиччи буолуохтааҕа, габариттарга сыһыаннаан, ирдэбил 6 миэтэрэ буолуохтааҕа ( Саталга ол 4 миэтэрэ), о.д.а. бааллар. Ол үлэ тардыллара, эбэтэр тоҕо ыытыллыбата биһиги буруйбут буолбатах. Саамай дьиктитэ – Саталтан биһиэхэ ким даҕаны тахсыбат. “Сатал – атын дойду” диэбэппит, төттөрүтүн, биһиги ыларга бэлэммит. Ол эрээри бас билээччи – эһиги, онон бэрээдэктээн баран биэриҥ.
Иккиһинэн, 3 сыл тухары биһиэхэ “Сатал” СОНТ-тан төлөбүр киирбэтэ, оттон биһиги эниэргийэни оҥоробут, тиэйэбит, тиэрдэбит эбээт. Сатал иэһэ 40 мөл. солк. буолла” диэн хоруйдаата.
Быһата, СОНТ салалтата дьонтон “бэйэбит бас билэбит” диэн харчы хомуйар эрээри, дьыалатыгар көрүү-истии суоҕа, бэл, судургу схемалара, былааннара да итэҕэһэ элбэх ыйытыыны үөскэтэр. Ким итини хонтуруоллуур баҕайытай?
Хаһаайына суох ситимнэр
Дьүүллэһиигэ кыттыбыт атын салайааччылар тыллара-өстөрө хоччорхой соҕус, анаарыы, дириҥник түөрэн ырытыы суох. Егор Никифоров, ДьУоХХ министиэристибэтин дэпэртээмэнин салайааччытын солбуйааччыта СМИ-лэргэ “үлэбитин аһаҕастык сырдатаргыт иһин” диэн махтанна. Билигин кыра да саахалы кыайан кистээбэккин, социальнай ситимҥэ дьон бэйэтэ сонно тута суруйан иһэр, онон баҕарбатах да иһин, үлэ “аһаҕас” буоларыгар тиийэр. Аны, аһаҕас буолуу, биэдэмистибэттэн, салалтаттан эмиэ тутулуктаах.
“Билигин Соҕуруу Саха сиригэр кыра-кыра тэрилтэлэр энерго-эбийиэктэрин улахан тэрилтэлэргэ биэрэр үлэ бара турар. Итини Владивостокка саахал тахсан, куорат биир нэдиэлэ уота суох олорбутун кэннэ киллэрбиттэрэ. Онно ким лииньийэтэ, ким бас билиитэ буоларын, былаанын кыайан быһааран быстыбакка, саахалы туоратыы олус уһаабыта. Саха сиригэр, Дьокуускайга хаһаайына суох элбэх абаньыанныы ситимнэр, лииньийэлэр, кыһалҕалаах СОНТ-тар бааллара эмиэ саахал таҕыстаҕына, ыарахаттары үөскэтиэн сөп, онон итини бэрээдэктииргэ сорудах биэрдибит”, – диэтэ.
“ГУП ЖКХ”
Тэрилтэ 27 улууска филиаллаах. 314 нэһилиэнньэлээх пууну уунан, сылааһынан уо.д.а. сүрүн олоххо-дьаһахха наадалаах өҥөнөн хааччыйар. Хомунаалынай бөҕү-саҕы (ТКО – твердые коммунальные отходы) хомуйар сүрүн эпэрээтэр. 9 тыһыынчаттан тахса үлэһиттээх. “ГУП ЖКХ” көрүүтүгэр-истиитигэр 641 хочуолунай, 34 скважина, 65 водозабор, 8 канализационнай-ыраастыыр ыстаансыйа баар, 12 носуостаах канализация ыстаансыйата үлэлиир. Кыһын –60 кыраадыска тиийэ тохтоло суох ититиинэн хааччыйар. Быһата, уйана-хатана биллибит тэрилтэ.
ДьУоХХ ГУП сүрүннүүр инженерэ Александр Корякин: “Үлэбит сүрүн хайысхата – оттугу тиэйии, хочуолунайдары хааччыйыы, сылытыы. Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сылга 900 тыһ. туонна оттугу тиэйэбит. 350 тыһ. т навигациянан, 550 тыһ. т кыһыҥҥы суолунан тиэрдиллэр. Кыһыҥҥы суолунан кэлэр кыстыкка наада буолуохтаах саппааһы тиэйэбит”, – диэтэ. Сөп, үчүгэй эрээри, кыһалҕаны анаарыы оҥоһуллубата. Үөһээ Дьааҥы Улахан Күөлүгэр тахсыбыт быһылаан туһунан: “Онно саппааһы тиэйии былааннаммыт кэмигэр оҥоһуллубута”, – эрэ дэннэ. Ардах сытытан, чох хаачыстыбата мөлтөөн, оттуга суох хаалбыттарын эттэ. Тоҕо, туохтан оннук буолбутун ырытыы суох. Тохсунньу 6 күнүттэн, биир ый эрдэ, чоҕу тиэйиини саҕалаабыттарын, эниэргийэнэн хааччыйар саппаас генератордар баалларын эттэ. Боппуруоһу быһаардыбыт, эрэх-турах сананабыт диэтэ.
Тарыып туһунан
Виктор Губарев, Ил Түмэн спикерин солбуйааччы, тарыыптар 9% үрдээбиттэригэр тохтоото, сорох уоту туһанааччы ыаллар дохуоттара кыра буолан, уйумматтарын, кинилэргэ датаассыйа көрөр наадатын, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэлэр үлэлэригэр хонтуруолу күүһүрдэр наадатын туһунан эттэ.
“Управляющай” дэнэр хампаанньалар туһунан “салалталара уларыйа турарынан, уодьуганныыр кыаллыбат. Ким даҕаны ол дьонтон тоҕо моҥкуруут бардыгыт, тоҕо атыылаатыгыт, ханна сүттүгүт диэн ирдээбэт. Ким даҕаны үлэлэрин хонтуруоллаабат”, – диэн сөпкө эттэ. “Билигин бүддьүөт корректировката буолуохтаах. Онно ДьУоХХ салаатын кытта сибээстээх боппуруостары көрүөхпүт”, – диэтэ.
Систиэмэ алҕастара
Тэхиниичэскэй билим хандьыдаата, СӨ бочуоттаах энэргиэтигэ Александр Кимович Корякин билимҥэ да, производствоҕа да, салайар үлэҕэ да сылдьыбыт уопуттаах исписэлиис буолан тыл этиитэ эттээх-сииннээх, анаарыылаах буолла.
– Биһиги эрэгийиэммитигэр олох-дьаһах куттала суох буолуута олус улахан суолталаах. Хомойуох иһин, урут ылыллыбыт быһаарыылар билигин систиэмэ алҕастарыгар тиэрдэн эрэллэр. Систиэмэ алҕастара – ол аата, улахан саахаллар, кэһиллиилэр, алдьаныы-кээһэнии о.д.а. Холобур, электроэнэргиэтикэ реформатын түмүгэр, икки структура хаалбытын – генерация (эниэргийэни оҥоруу) уонна ситимнэр (тиэрдии) туһунан генеральнай дириэктэр А.Стручков аҕынна. Батарыы – “сбыт” кинилэртэн барда. Сотору, “генерация” да барара буолуо. “Ситимнэр” хаалаллар дуу, суох дуу – биллибэт.
Ол эбэтэр, Арассыыйа электроэнэргиэтикэтин федеральнай сокуонугар олоҕуран, энэргиэтикэни бытарытыы бара турар (2000 сс. ылыныллыбыта). Арассыыйа ЕЭС хампаанньатын Чубайс реформата бүтэһиктээхтик урусхаллаата. Чубайс бэйэтэ ити реформаны оҥорон баран, “куйбарыс” гынна, билигин эппиэттиир ким да суох. Нэһилиэнньэҕэ бу реформалар түмүктэрэ тиийбэтэ. Онтон ити алдьатыылаах дьыала салҕанан бара турар.
“Якутскэнерго”бытарыйара сыыһа!
– Итинэн тугу этээри гынабыный? Холобур, эниэргийэни оҥорууга (генерация) күөн күрэстэһии (конкуренция) баар буолуохтаах. Бүгүҥҥү туругунан оннук суох. Э/эниэргийэни оҥорор, ситимнэри көрөр тэрилтэ нэһилиэнньэ муҥур ыраахтааҕытын курдук. Аны, араас структура бөҕө тэрилиннэ. Бу хампаанньалар экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэри сырсан исписэлиис-энэргиэтик оннугар менеджердэринэн, экэнэмиистэринэн туоллулар. Тэрилтэлэри профессионаллар буолбакка, онтон ыраах дьон салайар. “Салайар хампаанньалартан ирдэһэр кыаллыбат” диибит эрээри, сотору “Якутскэнерго” эмиэ оннук буолуоҕа...
Биһиги урукку алҕастарбытын хатылаан эрэбит. ДьУоХХ ГУП ылыахха: 2000 сс. саҕаланыыларыгар хомунаалынай хаһаайыстыба бытарыйан, тэрилтэлэр бэйэлэрэ билэллэринэн салайан, дьаһанан, хааччынан олорбуттара. Онтон ДьУоХХ-ны киинниир туһунан стратегическай быһаарыы ылыллыбыта. Билигин “Якутскэнерго” хампаанньаны бытарытыы баран эрэр. Ол адьас сыыһа.
Биир тарыып туһунан
– РФ энэргиэтикэтин реформатын ылыахха – бу тоҕо биһигини ыарыылаахтык хаарыйарый? Тоҕо диэтэххэ, биһиги Уһук Илиҥҥэ олоробут. Биһиэхэ “Арассыыйа нэһилиэнньэтигэр – биир тарыып” диэн бириинсип киириэхтээх. Ол саҥаны арыйыы буолбатах, урут оннук баара. Санааҥ эрэ, 1 к/вт-чаас 2 кэппиэйкэ этэ. Кыаллыан сөп да, “экэниэмикэ ыарахаттара” эҥин диэн утарсаллар. Чукоткаҕа олорор киһи киин уобаласка олорор киһиттэн уот иһин тоҕо икки төгүл элбэҕи төлүөхтээҕий? Ити сыыһа. Биир тарыып социальнай өттүнэн да ыллахха, Арассыыйаҕа дьадайыыны утары охсуһар көдьүүстээх ньыма. Ити илиибитин уунан-уунан ылбыт субсидиябытын аат харата “быраҕан” биэрэллэр, ол син биир “энэргиэтикэ олигархтарыгар” төннөр...
Мин бу боппуруоһунан РФ Энэргиэтикэ министиэристибэтигэр, антимонопольнай сулууспаҕа тахса сылдьыбытым, ону “олоххо киллэриэххэ сөп да, эрэгийиэннэр бэйэҕит дуогабардаһыаххытын наада”, Уһук Илиҥҥэ Иркутскай уобалаһы кытта этиитэ көтөх диэбиттэрэ. Электроэнэргиэтикэ бэртикээл тутуллаах тэрилтэ быһыытынан хаалыахтаах, бытарыйыа суохтаах. Киин Арассыыйаҕа сөптөөх реформалар Уһук Илиҥҥэ сөп түбэспэттэр. Онон дойдубут энэргиэтикэтигэр сыһыаны уларытар уолдьаста.
Гаас конвекторын туһаныахха
СӨ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Сергей Анисимов чааһынай дьиэлэргэ кирпииччэ оһох туһунан этиигэ сыһыаннаан, “онно эбии гаас конвектордарын тоҕо туттубаппыт?” диэтэ. “Олор намыһах дабылыанньаҕа электроэниэргийэтэ да суох үлэлииллэр. Конвекторы гарааска, дьиэҕэ эмиэ туруоруохха сөп. Камин иһигэр туруоран баран, гаас ситимигэр эбэтэр улахан боллуоҥҥа холбоотоххо, төһө баҕарар туттаҕын. Онон норматив базатын көрөн, дьон туһанарын ситиһиэххэ”, – диэтэ.
Сылы эргиччи сылдьар суол
Уруккута улууһу салайбыт Сергей Сүүлүскэй: “Урут баһылык эрдэхпинэ Саҥа дьыл түүн уһугуннаран “Улахан Чыыстай тоҥон эрэр” дииллэрэ. Онон түүн онно барарыҥ. Таһаҕаһы тиэйии хас биирдии нэһилиэккэ саппааһы учуоттаан оҥоһуллар буолуоҕуттан оннук тахсыбат буолбута, Саҥа дьылы да этэҥҥэ аһарабыт. Ол эрээри билигин глобальнай сылыйыы бара турар. Бүгүн, төһө да тоһуттар тымныы турдар, сыл аайы орто тэмпэрэтиирэ сылыйан иһэр. Онон кыһыҥҥы суол болдьоҕо кылгаата. Урут ахсынньыттан саҕалыырбыт, билигин – тохсунньу ортотуттан. Оччотугар биһиги сылы быһа эргиччи үлэлиир суол-иис туһунан саныахтаахпыт. “Лена”, “Бүлүү” эрэ туһунан буолбакка, өрүстэри кыйа атын суоллар туһунан”, – диэн саамай сөпкө эттэ.
Дьон тугу да билбэт
Артыыс, режиссёр, блогер Анатолий Кириллин ититэр систиэмэни эмиэ туруорар. Ыалларга ититиини киллэрэ сылдьан кэтээн көрбүтүн кэпсээтэ: “Дьон 30%-на саахал тахсар түбэлтэтигэр тугу гынарын билбэт. “Систиэмэҕит тоҕо манныгый?” диэн ыйыттахха, “маннык оҥорбуттара, билигин эрэйи көрө сылдьабыт” эрэ дииллэр. Саахал түбэлтэтигэр ыҥырар сулууспа нүөмэрин билбэттэр, ордук саастаах өттө ханна барарын-кэлэрин билбэт. Бу иһитиннэрии таһыма, ону кэмигэр тиэрдии мөлтөҕүн туоһута.
Биир кутталлааҕа, чааһынайдарга уоту тардыбыт дьон тэхиниичэскэй өттүнэн билиитэ олус намыһаҕа көһүннэ. Ол курдук, барытын өрө-таҥнары тутан оҥорбуттарын көннөрөр ыарахан буолара буолуо. Бэйэлэригэр судургу гынаары уустугурдубуттар диэх айылаах. Дьон омук хочуолун туруоруммуттар, кинилэргэ “көннөрү циркуляция наадата суох” диэбиттэр. Бүгүн “оһоххо, судургу циркуляцияҕа төннүҥ” диэтилэр дии. Тиэхиньикэ хаһан баҕарар алдьанар адьынаттаах, биһиги тыйыс дойдубутугар тугу да үйэлээҕи мэктиэлиир кыаллыбат. Онон дьон куттала суох буолуутун бэйэтэ эмиэ толкуйдуохтаах. Этиллибитин курдук, конвектор-оһоҕу туруоран эбэтэр саппаас хочуол булунан. Дьон билиитэ суох, онон элбэхтик быһаарар, өйдөтөр наада эбит дии саныыгын. Оччотугар эрэ ити буолбут курдук түгэни этэҥҥэ аһарыахпыт, оннук хатыланыа суох этэ”, – диэтэ.
Түмүккэ Наталья Сивцева, Уопсастыбаннай палаата эспиэрэ: “Ааспыт кэпсэтиигэ кыһалҕа бары өрүтэ хаарылынна. Уопсастыбанньыктары профессиональнай түмсүүгэ ыҥырабыт. Бу бары таһымҥа – былаас да, профессионаллар да, уопсастыбаннас да бииргэ ырытар боппуруостара буолаллар. Онон барыгытын бииргэ түмсэн быһаарыыны көрдүүргэ, дьүүллэһэргэ ыҥырабыт”, – диэтэ.
Дьэ саҕаланаары турар...
ДьУоХХ ГУП урукку үлэһитэ Алексей С. санаатын үллэстэргэ көрдөспүппэр: “Мин ити эйгэҕэ 30-тан тахса сыл үлэлээтим. Элбэх саахалы туоратыыга, хочуолунайдары киллэриигэ быһаччы сылдьыбытым. Сылдьыбатах нэһилиэгим да суоҕа буолуо. Мин санаабар, бу барыта профессионал буолбатах дьон салалтаҕа кэлбиттэриттэн быһаччы тутулуктаах. Урукку салайааччылар аллараа сүһүөхтэн тахсыбыт, уопуттаах буолан, билиилэрэ-көрүүлэрэ да таһыччы этэ. Саахалы таһаарбат туһугар тугу гынары кытаанахтык ирдииллэрэ. Оттон саахал таҕыстаҕына, үлэһиттэри кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьаллара. Хайа, “ГУП ЖКХ” урут Шутемьев диэн силиэсэртэн үүнэн тахсыбыт салайааччы миигин кытта саахалга сылдьара дии.
Билиҥҥи салайааччылары үлэһиттэрэ көрөн да билбэттэр. Тугу гынары, хайдах үлэни тэрийэри билбэттэр, саахалга да тиийэн тугу гыныахтарай? Таах офиска олорон бииртэн биир сылаас дуоһунаска көтөн испит дьон? Билигин идэлээх үлэһит хаачыстыбатынан буолбакка, истигэн өттө кыайар. Төһөлөөх уопуттаах исписэлиис “удобнайа суох” буолан ууратыллыбыта буолуой. Куттала суох буолууну хааччыйар эппиэттээх тэрилтэлэргэ дьиҥ уопуттаах, билиилээх идэлээхтэр үлэлиэхтээхтэр этэ да, хомойуох иһин, оннук кэм ааспыт. Ол тухары саахал куттала син биир туруо. Ити “человеческий фактор” диэҥҥэ эбии туох баар систиэмэ эргэрбитин-эмэҕирбитин эбэн кэбис... барыта дьэ саҕаланаары турар”, – диэтэ...
Нина ГЕРАСИМОВА.