Киир

Киир

Аҕыс сыллааҕыта Арассыыйа Уһук Илинин хас биирдии олохтооҕор босхо гектары ылан туһанарга көҥүл биэрбиттэрэ. Үгүс киһи “нэһилиэктэн тэйиччи” диэн матыыптаан туһамматаҕа, таах хаалларбыта. Сорох дьон сонно тута үөрэ-көтө сир көрдөөн барбыттара. “Биэс сыл иһигэр тугу даҕаны туттубатаххына, былдьанар” диэн услуобуйалааҕа. Онтуларын бэрт аҕыйах киһи туһаҕа таһаарда быһыылаах.

Майа сэлиэнньэтин элбэх оҕолоох ыала Саргылаана, Никон Поповтар судаарыстыба бэлэҕин бэркэ дьаһанан, туһаҕа таһааран олороллор эбит. Кинилэр Майа кэрэ айылҕалаах миэстэтигэр “гостевой дьиэ” туттан, бу сайыҥҥыттан үлэлэрин саҕалаатылар. “Босхо бэриллэр гектар сиргэ хайдах олохтоох туризмы тэриммиттэрин туһунан хаһаайкаттан ыйыталаһабыт.

– Саргылаана, бастаан “Кыым” хаһыат ааҕааччыларыгар бэйэҕитин билиһиннэриэххит буолаарай, тугу үлэлииргитин, ханна олороргутун, хас оҕолооххутун.

– Биһиги Никон Петрович уонна Саргылаана Ивановна Поповтар диэн дьиэ кэргэммит. Түөрт оҕолоохпут, үс сиэннээхпит. Майа сэлиэнньэтин олохтоохторобут. Кэргэним Никон ДьУоХХ тэрилтэтигэр эпэрээтэринэн үлэлиир. Оттон мин оҕону чөлүгэр түһэрэр социальнай кииҥҥэ асчыппын.

– Уһук Илиннээҕи гектары ылар туһунан быһаарыныы аан бастаан кимиэхэ киирбитэй? Кистэл буолбатах, үгүс киһи нэһилиэктэн тэйиччи диэн сөбүлээбэт этэ. Майаттан тэйиччи диэн салла санаабатаххыт дуо?

– 2017 сыллаахха улууспутугар Дмитрий Тихонов салалталаах нэһилиэнньэҕэ “Уһук Илиннээҕи гектары ылан туһаныҥ” диэн күүс­тээх аҕытаассыйа саҕаламмыта. Иһитиннэриини биһиги да­ҕаны ээр-сэмээр ин­тэ­риэһиргээн барбыппыт. Сыта-тура толкуйдаан баран, 2022 сыллаахха биир гаалаах сири докумуоннаһан, баҕалаах сирбитин ылбыппыт. Сирбитин көрөөт да сөбүлээбиппит. Харахпытыгар тута наһаа кырасыабай дьиэ көстүбүтэ. Кэлиилээх-барыылаах, сүпсүлгэннээх олохтон сынньанарга арыычча тэйиччитэ өссө үчүгэй буоллаҕа.

WhatsApp Image 2024 10 08 at 15.16.57 1 1

– Хара бастакыттан “дьиэ-уот туттан, олохтоох туризмынан дьарыгырыахпыт” диэн ыра санаа баар этэ дуу, эбэтэр даача гынар санаалаах этигит дуу?

– Бастаан бэйэбит тахсан сынньанарбытыгар даача эрэ курдук туттар былааннаах этибит. Онтон дьиэни сыччах даача эрэ курдук туттуу, бу үлүгэрдээх сири мээнэ туһаныы мин дууһабар соччо тохтооботоҕо. Бэйэбит уһанар, ону-маны айан оҥорор буоламмыт, интэриниэти хасыһан барбыппыт. Куйаар ситимигэр баар араас тупсаҕай тутуулаах дьиэлэр харахпытыгар хатаммыттара. “Афрейм, барнхаус” аныгылыы тутуулаах дьиэлэри көрөн-үөрэтэн барбыппыт. “Ити ыра санаабытын олоххо киллэрбит киһи” диэн санаа киирбитэ. Итинник дьиэлэри биһиэхэ Саха сиригэр туталларын ыйыталаспыппыт. "Тутстрой“ диэн тутуу хампаанньата удамыр сыанаҕа тутарын туһунан үөрэ истибиппит. Кинилэри кытта дуогабардаһан, илии тутуһан биир сылынан барнхаус туттарбыппыт. Ол туттарыахпыт иннинэ бастаан Майаҕа дьон-сэргэ төһө сынньалаҥҥа наадыйарын, атын гостевой дьиэлэр үлэлэрин үөрэппиппит. Майаҕа бэйэтигэр биир-икки итинник хайысханан үлэлиир дьиэлэр баалларын билэбит. Билигин дьон үксэ айылҕаҕа тардыһар, сибиэһэй салгыны тыыныан баҕарар. Ол иһин кэрэ айылҕалаах сиргэ-уокка дьон үөрэ-көтө кэлиэн сынньаныахтара диэн, “гостевой дьиэ” буоллун диэбиппит. Майаттан кыратык тэйиччи да буоллар, массыына тиийэригэр суол баар. Ыраах диэн саллыбатахпыт. Саамай сүрүнэ, киһи хараҕын сынньатар айылҕата, сибиэһэй салгына, мэччийэ сылдьар сүөһүлэри, сылгылары көрөн үөрэриҥ. Сайынын тула чыычаах саҥата буолар. Ама, маннык кэрэ көстүүгэ дьон астына-дуоһуйа сынньаммат буолуо дуо?!

WhatsApp Image 2024 10 08 at 15.16.58 1

– Оннук ээ... Билигин сир аайы дьону сынньатар гостевой дьиэлэр элбэхтэр. Кэнэҕэһин бу хайысханан кэҥээн үлэлиир былааннааххыт дуо?

– Биһиги баара-суоҕа бу сайыҥ­ҥыттан эрэ үлэлээн эрэбит. Сыыйа-баайа оҥостон иһиэхпит диэн эрэнэбит. “Гостевой дьиэҕэ” аҥаардас улахан дьон хампаанньанан, үлэлэринэн эрэ кэлэн сынньанан барбата өйдөнөр. Дьиэ кэргэннэрин кытта эмиэ кэлэн сынньаныахтарын сөп буоллаҕа. Ол иһин бастаан таһырдьа оҕо оонньуур былаһааккатын оҥорор санаа киирбитэ. Онтон күнүһүн оҕолор кэлэн баралларын курдук, инникитин турбаза буоллун диэн санааҕа кэлбиппит. Кэнэҕэс кыра “верёвочный парк”, оҕо былаһаакката, кыылы-сүөлү тутар-хабар дьоҕус зоопарка баар буолуо диэн былаанныыбыт. Саҥа саҕалаан эрдэхпит дии, кэнэҕэһин сыыйа-баайа сайдан иһиэхпит. Уһанар, сатабыллаах дьон илиибитинэн арааһы оҥорон, дьоҥҥо аҕыйах хонуктаах лааҕыр үлэлэтэн маастар-кылаастары тэрийиэхпит. Лааҕыр дьонугар Мэҥэбит биллэр-көстөр сирдэринэн күүлэйдэтиэхпит, сир астатыахпыт, балыктатыахпыт.

– Дьиэҕитин туттаргытыгар ханнык судаарыстыбаннай бырагы­раамаҕа киирсибиккитий?

– Аны дьиэбитин саҥа туттаран бүппүппүт кэннэ, хантан үп булан дьиэ иһин (миэбэлин, бытовой тиэхиньикэтин), таһын (олбуорун, сарайын тутуута), уот-күөс хайдах оҥоробут диэн мунаахсыйа сылдьыбыппыт. Хата, биһиги дьол­бутугар, "Бизнес-инкубатор" диэн тэрилтэ урбаанньыттары өйүүр куонкурус биллэрбитэ. “Индивидуальнай предприниматель” быһыытынан докумуоннаһан бииси­нэс-былаан суруйбуппут. Онтубутун көмүскээн 500 000 солк. ылан, дьиэбитигэр туох наадалаа­ҕын барытын ылыммыппыт. Түгэни туһанан, Зоя Константиновнаҕа, Ольга Филипповнаҕа уонна туох баар хамыыһыйаҕа махталбыт муҥура суох. Билигин дьиэбитигэр сылаас киирэн кыһын­нары үлэлэтэр былааннаахпыт.

WhatsApp Image 2024 10 08 at 15.16.57 2

– Саҥардыы үлэлээн эрдэххит дии, нэһилиэнньэ син ылынар эбит дии санаатыгыт дуо?

– Билигин дьиэбитигэр уонча киһи таах хонор. Сүүрбэ киһи батар бы­раа­һынньыга буолар. Холобур, бу соторутааҕыта 26 оскуола оҕото “шведскэй” остуол курдук оҥорон сынньанан аастылар. Уопсайынан, үлэттэн, дьиэттэн сынньаныан, хампаанньанан көрсүһүөн баҕалаахтар, бырааһынньык тэрийээччилэр “гостевой дьиэбитин” ыйыталаһаллар, сэҥээрэллэр. Нэһилиэнньэ, хата, үөрэ-көтө ылынна. “Айылҕаҕа сынньанар гостевой дьиэҕэ наһаа баҕарар этибит”, – дииллэр. "Айылҕаҕа астына сынньанныбыт", "Бырааһынньык үчүгэйдик ааста", – диэн тыллары истэр саҥа саҕалаан эрэр киһини, биллэн турар, үөрдэр, кынаттыыр.

– Тэринэргитигэр, дьиэҕитин туттаргытыгар туох уустугу көрүстүгүт?

– Кэргэним Никоны “көмүс илиилээх киһи” диэххэ сөп. Сантехниканы, элиэктирикэни, маһынан уһаныыны барытын сатыыр. Олус сүрэхтээх, киһини өйүүр. Биһиги дьиэ кэргэн тапталлаах аҕабыт, кинини киэн туттабыт. Кэргэним тэлгэһэбитигэр кулуһун уотун тула олорор, сынньанар “костровой зона” кириэһилэтин, ыскамыайкатын оҥорбута. Интэриниэттэн көрөн “тарзанка”, хачыал иилбиппит. Дьиэни биригээдэни кытта эмиэ тутуспута, уотун, ититиитин бэйэтэ оҥорбута. Уолум Айан эмиэ илии-атах буолан, көмө буола сырытта. Бары өрө турунуулаах буоламмыт, ыарахаттары ааһан иһэр курдукпут. Ыра санаа туолуута элбэх үлэттэн таҕыстаҕа дии. Дьиэбит бэйэтэ эрэ турбатын диэн, тэлгэһэбитигэр үүнээйи арааһын, мастары, сибэккилэри олордубуппут. Сынньана кэлэр дьонтон элбэх үтүө тылы истибиппит. Сылын аайы итинник сайыннаран иһиэхпит.

WhatsApp Image 2024 10 08 at 15.16.58

– Инникитин эбии туох уратыны, сонуну киллэрэр былааннааххытый?

– Турбазаҕа айылҕаттан бэйэтиттэн кэлэр уу баар буолуон баҕарабыт. “Ытарҕалаах” үрэх тоҕо эрэ түргэн баҕайытык уолан хаалар. Ону оҥорбут киһи диэн баҕа санаалаахпыт. Турбазаҕа биир дьиэ эрэ буолбакка, өссө хас даҕаны аныгылыы эбии тутуулар баар буолуохтарын баҕарабыт. Бэйэм асчыт идэлээх киһи буоларым быһыытынан өссө инниктин “гастро-тур” оҥорорго гриль-кафе оҥорбут киһи диэн баҕа санаалаахпыт.

– Бачча турунуулаах, сыаллаах-соруктаах дьон ыра санааҕыт олоххо киириэ диэн бүк эрэнэбин. Майа эрэ олохтоохторо буолбакка, чугас нэһилиэктэртэн, улуустартан, куораттан ыалдьыттар тиийэн астына-дуоһуйа сынньаныахтара турдаҕа.

Кэпсэттэ Туйаара СИККИЭР.