Киир

Киир

Ааспыт үйэ 30-с сылларыгар Сэбиэскэй Сойууска оҕо төрөөһүнүн үрдэтэргэ араас миэрэни ылаллара. Холобур, “мини-роддомнары” тэрийэ сылдьыбыттар. Ол курдук, 1937 сыллаахха үчүгэй дохуоттаах холкуостарга 10 куойкалаах төрүүр дьиэлэри (роддомнары) аһарга көҥүллээбиттэр.

Онон ССРС Доруобуйатын наркомата “нэһилиэнньэни 100% хабар төрүүр дьиэлэри тэрийэр” туһунан уурааҕын толорон, Саха АССР Доруобуйатын наркомата эмиэ оннук быһаарбыта. Роддомнар ат көлөнөн, сыарҕанан, отунан, оттук маһынан, уунан, аһынан-үөлүнэн, үлэһиттэргэ төлөнөр хамнаһынан хааччыллыахтаахтара. Тэрийээччи холкуос ону бэйэтэ уйунуохтааҕа. 2–3 холкуос кыттыһан роддом тэриниэхтэрин сөбө.

Дойду оччолорго өссө да дьадаҥы этэ. Холкуостар бэйэлэрэ бэйэлэрин хааччыналлара, сири оҥоруу сайда илигэ, өлгөм үүнүү да суоҕа. Сороҕор үүнүү барыта айылҕа кубулҕатыттан тутулуктанара. Ол да буоллар төрүүр дьиэлэри холкуостар бэркэ хааччыйан, “тыытыллыбат саппаастарыттан” үп-харчы көрөн тэрийбиттэрэ.

 “Оройуонтан быраас аҕала сатыыр наадата суох буолуо, оттон ыал аҕалара үлэлэриттэн аралдьыйыахтара суоҕа” диэн көдьүүһүн көрөн, төрүүр дьиэлэри тэрийбиттэрэ. Биллэн турар, оччолорго, араас социальнай ыарыы, тымныйан, сыыстаран өлүү элбэх кэмигэр, тыа үлэһит дьахталларыгар ол төһөлөөх абырал буолбутун билигин сэрэйиэххэ эрэ сөп.

Холкуостар роддомнарыгар ыстаатынан быраас көрүллүбэт этэ, ол оннугар уопуттаах, ыстаастаах акушер-биэлсэрдэр, үчүгэй бэлэми ааспыт саньытааркалар үлэлииллэрэ. Ити кэмҥэ биһиги роддомнарбыт Германияны да кытта тэҥнэспиттэрэ диэн суруйаллар: онно быраастар аармыйаҕа барбыттарын түмүгэр роддомнары уопуттаах мэдсиэстэрэлэр салайбыттар эбит.  Оттон Германия усулуобуйата Саха сирин киэнинээҕэр ордук буоллаҕа.  

Бу төрүүр дьиэлэргэ эт-сиин өттүнэн кыанар, үчүгэй бэлэмнээх үлэһиттэри ылаллара. Биир сүрүн ирдэбилэ – сатаан харбыыр, аты миинэр, сүүрүүгэ, хайыһарга ГТО нуорматын толорбут. Ыксаллаах быһыы-майгы буоллаҕына, биэлсэр эбэтэр акушер төрүүр дьахтары быыһыы, ыраах буоллун, чугас буоллун, силлиэни-хахсааты аахсыбакка ыстаннарарга бэлэм буолуохтааҕа. Оччолорго массыына эҥин диэн хантан кэлиэй. Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар бэйэтин кыанар эрэ киһи ол соругу толоруон сөбө.

Тулагы Киллэм: биир да дьахтар, оҕо өлбөтөх!

Холобур, 1938–1940 сс. Тулагы Киллэм төрүүр дьиэтигэр барыта 156 дьахтары, дьиэҕэ 25 дьахтары төрөппүттэрин суруйбуттар. Киһи сөҕөрө: онно биир да дьахтар, саҥа төрөөбүт оҕо да өлүүтүн, ону кытта туруктара уустугуруутун таһаарбатахтар. Оччолорго, баҕар, дьахталлар, оҕолор билиҥҥитээҕэр ордук чэгиэннэрэ буолуо эрээри, бу оннооҕор билиҥҥинэн чаҕылхай көрдөрүү.

Бу төрүүр дьиэлэргэ ыарыыны чэпчэтэр эмтэри туттары боболлор эбит. Ол дэриэбинэ дьахтара ордук тулуурдааҕыттан буолбакка, биэлсэр-акушер билиитин, таһымын итэҕэйбэттэн этэ. Дьупулуомнаах быраас буолбатах диэн.

***

Аны ас-үөл өттүнэн ылар буоллахха, Дьокуускай 50 куойкалаах роддомугар төрүүр дьахтарга быһа холоон ыйга 5 киилэ эт биэрэр буоллахтарына, холкуос роддомугар  25 киилэ эти биэрэллэрэ. Күннээҕи рациоҥҥа булгуччу үрүҥ ас, сүөгэй, иэдьэгэй көрүллэрэ. “Үчүгэйдик аһыыр дьахтар оҕото доруобай буолар” диэн бириинсип баара.

***

1941 с. Саха сиригэр барыта 18 холкуос роддома үлэлиирэ: Өлүөхүмэҕэ – “Комбайн”, “Искра” холкуостарга, биир – Амма оройуонугар, биир Мухтуйаҕа (онтон Ленскэй роддома үүнэн тахсыбыта), Мэҥэ Хаҥаласка түөрт холкуоска, Ньурбаҕа биир, Орджоникидзевскай оройуоҥҥа Чкалов аатынан, Тааттаҕа “Уолба” холкуоска, Чурапчыга – “Сайдыы” холкуоска уонна Сылаҥ нэһилиэгэр. Дьокуускайга Тулагы Киллэмнээҕи роддому сэргэ Каландаришвили аатынан холкуоска. Бу дьиэлэр үстүү куойкалаахтара, онтон холобур, Краснодар холкуостара уоннуу куойкалаах төрүүр дьиэлээхтэрэ.

***

Бу төрүүр дьиэлэр биэс сыл устата бэрт үчүгэйдик үлэлээн кэлбиттэрэ. Ити сылларга төрөөһүн да улааппыт. Хомойуох иһин, сэрии кэмигэр холкуостарга сүрдээх улахан түһээн, нолуок сүктэриллэн, онтуларын даҕаны толордохторуна махтал буолан, төрүүр дьиэлэр сабыллыбыттар. Биэлсэрдэр сэриигэ барбыттар.

Дьэ, ити курдук дьон туһугар кыһаллар кэмнэр бааллара.

scale 720 2

90-ча сыл кэннэ, билигин...

Биир өттүнэн, дьону “демографическай туругу тупсарыҥ, элбэх оҕолонуҥ”, “харса суох төрөөҥ” диэн ыҥырабыт, онуоха судаарыстыба араас чэпчэтиини көрөр, социальнай төлөбүрдэри оҥорор. Оттон онно сөптөөх усулуобуйа тэриллэр дуо? Тыа дьахталлара төрөтүү тула баар кыһалҕаны бассаапка кэпсэппиттэриттэн аҕалабыт.

***

Билигин оҕо төрөтөр да уустугурда. Оройуоҥҥа төрөтүү аҕыйах. Дьахтар доруобуйатыгар кыра туох эмэ баар буолла да (оҕоҥ ыйааһына улахан эбэтэр кыра “отёктаах” буоллаххына) куоракка  Перинатальнай кииҥҥэ ыытан иһэллэр. Оннук дьаһал баар үһү. Дьэ, бу тугуй? Төрүүрүҥ чугаһаан, улахан баҕайы истээх айан бөҕөнү айаннаан кэл да. Онтон этэҥҥэ быыһаннаххына, аны кыһыл оҕолоох төттөрү айаннаа да. Суол сабылларыттан эҥин иҥниэҥ дуо? Дьиэҕэр, оҕолоргор ыксаан “Ирбиһинэн” да туоруургун кэрэйбэккин. Төттөрүтүн, маннык айаҥҥа-сырыыга куттал суоһуура биллэр буоллаҕа. Оҕобунуун тымныйбаппыт дуо? Арай, суолга туох эрэ буоллун? Киһи саныан да куттанар. Нууччалыы эттэххэ, “где логика?”

Дьиэлээх-уоттаах, оҕолордоох ийэлэргэ бу олус уустук буоларын, ама, өйдөөбөт баҕайылар дуу? Дьиҥэр, оройуоммутугар улахан оҕолорбутун төрөөн-төрөөн кэллэхпит дии. Бу маннык быһыыны-майгыны, бэрээдэги олох улахан кыһалҕа курдук көрөбүн. Перинатальнай киин тэриллибитэ, биллэн турар, олус үчүгэй, олус наадалаах. Ол эрээри “бу Саха сирин ийэлэрин барыларын манна аҕалан төрөтөр хайдаҕа буолла?” диэн ыйытыах баара. Манна кэлэн оҕолонуу киритиэрийэ арыый чэпчиирэ буоллар.

Биллэн турар, ол оройуоннарга төрүүр усулуобуйаны тупсаралларыттан эмиэ тутулуктааҕа өйдөнөр. Оччоҕуна оройуон балыыһаларыгар исписэлиистэр тиийбэттэр дуо? Аны сибидиэтэлистибэҕэ төрөөбүт сирэ диэҥҥэ Дьокуускай диэн ыйыллар. Куоракка төрөөбүт оҕону олорор сиринэн тыаҕа регистрациялыыллар этэ. Билигин ол хайдаҕа эбитэ буолла?

Куоракка төрөөбүт оҕо төрөөһүн ыстатыыстыкатыгар төрөппүттэрин олорор сиринэн ааҕыллар дуу, Перинатальнай нөҥүө куоракка эмиэ ааҕыллар дуу? Икки төгүл хос ааҕыы суоҕа буолуо дуо?

***

Дьэ, ити баар – биир улахан кыһалҕа. Кирэдьиит ыла-ыла ким элбэхтик төрүөй? Кыһалҕа үөһэ кыһалҕа дии.

Дьахталлар да дьиэни-уоту, оҕону-урууну быраҕан туран, булгу куоракка баран төрүүртэн саллаллар. Дьэ уонна хантан элбэх оҕону төрөтүөхтэрэй? Сорохтор “аныгы дьахтар аһара үөрэхтэнэн, сайдан элбэх оҕону төрөппөт” дииллэр. Дьиҥэ, ити кыһалҕа төрүөтэ элбэх.  Онтон биирдэстэрэ – дьахтары булгу куоракка эрэ төрөтүү. Ол төрөөһүн аҕыйыырыгар эмиэ биир сүрүн төрүөт буолуон сөп. Улуус киинигэр төрөтүүнү сөргүтэр тоҕо сатаммат? Туруорсуохха ээ.

Аан дойдуну да ыллахха, тыа сиригэр эрэ элбэх оҕолоноллор. Хайа да бэйэлээх доруобай дьахтар куоракка олорон элбэх оҕоломмот. Онон тыа сиригэр оҕолонорго үчүгэй усулуобуйа тэриллиэхтээх.

***

Билиҥҥитэ Арктика улуустарын дьахталлара кытта куоракка кэлэн төрүүллэр. Кирэдьиит ыла-ыла. Бу тугуй? Саатар, оннуктарга социальнай, төлөбүрэ суох гостиница тэрийиэхтэрин сөп этэ буолбатах дуо? Перинатальнай кииҥҥэ бэйэтигэр да буоллун ээ. Босхо хонор, олорор сир эрэ буоллун. Астарын баҕас бэйэлэрэ дьаһаныа этилэр. Киһи барыта куоракка көҥүл түһэр истиҥ ыаллаах буолбат. Баарыгар эрэ баар.

***

Унньуктаах уһун ардах-хаар түһэн, айан суолун, пуорду  алдьатан, барыыны-кэлиини тохтотто. Улахан кыыспыт бэһис оҕотун Дьокуускайга оҕолонон баран,  куораттан кэлиэхтээҕэ. Оҕолорунуун, кэргэниниин кыра иномарка массыынанан Дьокуускай–Ньурба айан суолунан, хаар-самыыр аннынан алтынньы 2 күнүгэр айаҥҥа туруммуттар. Киэһэ Бүлүүгэ кэлэн бииргэ төрөөбүтүм, түҥүр, ходоҕой дьонугар Мотрёна Герасимовналаахха хонон, сынньанан баран, сарсыарда Ньурба хайысханан салгыы айаннаабыттар. Түгэни туһанан, Бүлүү олохтоохторугар, амарах, аһыныгас санаалаах Сэмэҥҥэ уонна Мотрёнаҕа, барҕа махталбын этэбин. Үөһээ Бүлүүгэ паромун этэҥҥэ туораан, Хороҕо тиийбэккэ, суол алдьаммытыгар түбэһэн, 4 чаас кэриҥэ олорбуттар.

Хата, дьолго, сунтаардаан иһэр Аркадий диэн эдэр киһи кэргэниниин, амарах, аһыныгас үтүө санаалаах  буолан, обургу массыыналарыгар кыра оҕолоох кыыспытын олордон илдьэ кэлбиттэр. Инньэ гынан эдэр ыалларга, Аркадийдаахха (кэргэнин аатын, саатар, ыйыппатахпын), сиртэн киҥкиниир киэҥ халлааҥҥа диэри махтал буоллун! Эһиги дьиэ кэргэҥҥэ этэҥҥэ буолууну, табыллыыны баҕарабыт. Баҕа да бадараанныыр олус ыарахан суолугар аҕалан баран, бэл, төлөбүр ылбатахтар. Үтүө санааҕытын Тойон Таҥара уон оччонон төлөөтүн!

Бары үчүгэйи кытта, Ньурба Антоновкатыттан Софроновтар.

***

Билигин улууска дьахтары төрөтөр бырааптара суох. “Төрөтөр лиссиэнсийэ” диэн баар буолуохтаах үһү, оннуга суох көҥүллэммэт. Ыксаллаах/экстреннэй түгэҥҥэ эрэ улуус балыыһатын роддомугар төрөтүөхтэрин сөп. Дьэ уонна быыгабарданыахтарын эҥин сөп: “Эрдэттэн өйдөтүү үлэтин ыытан, куоракка төрөтө ыыппатаххыт”, – диэн.

Ол баҕас биллэр. Оттон тыа дьахталларын тоҕо булгу куоракка төрөтүөхтээхтэрий? Ол тустаахха кыһалҕа бөҕөнү оҥорор ээ.

***

Быраастар куотуналлара элбэх, дьахтарга барытыгар да “отек”, дабылыанньа, бүөр, сүһүөх ыарыыта баар, ону була-була “патология” дии-дии, ыыта олороллор. Дьиҥэ, былыр биһиги ийэлэрбит да муус доруобай буолбатахтара чахчы... Сэбиэт саҕана диэххэ, олох улахан ыарыһаҕы эрэ куоракка ыыталлара. Учаастактааҕы балыыһаҕа, бэл, ФАП-ка кытта, төрөтөллөрө. Дьиҥэ, улуус балыыһатын лиссиэнсийэҕэ эппиэттиир гына өрө тардар сатаммат үһү дуо! Билигин улуус да балыыһатыгар араас уустук эпэрээссийэни оҥорор буоллулар. Ол тэҥэ буолуохтаах.

***

Эпэрээссийэ оҥоһулуннаҕына, бырааска эбии хамнас төлөнөр. Онтон “кесаревтаммыт” дьахтар элбэх оҕону төрөтөр кыаҕа суох.

***

Ол аата, олохтоох дьон элбииригэр интэриэс суоҕун туоһута буолбатах дуо? Урут нэһилиэк аайы акушер баар буолара.

Мин түөрт уолбуттан иккитэ дэриэбинэҕэ күн сирин көрбүттэрэ. Билигин этэҥҥэ доруобай сылдьаллар

Онон дьахтар дэриэбинэ балыыһатыгар төрүүр кыахтаах. Сокуон, хааччах барыта дьахтары төрөппөт туһугар ылыллар курдук.

***

Дьэ, кырдьык, төрдүттэн сыыһа дьаһал.

Холобур, Сунтаар курдук улахан улууска биир эрэ акушер-гинеколог баар дииллэр. Ону даҕаны поликлиникаҕа приёмҥа олорор үһү. Урут улахан ыарыһах ийэни эрэ куоракка ыыталлара. Кесаревы да оҥорор бэртээхэй хирурдар бааллара. Билигин барыларын аҥаар кырыытыттан куоракка  ыыта олороллор үһү.

***

Улууска биир быраастаахпыт, барахсаны алаадьы курдук эргитэ сылдьабыт, сынньанары да билбэтэҕэ ыраатта.

Төрүүр дьахталлар син бааллар да, куоракка ыыта олороллор.

***

Баҕар, оҕо аҕыйах төрүүр диэн, килэйбит-халайбыт Перинатальнай киини ноҕуруускатын толоро сатыыллара буолаарай? Таах куойката туолбакка үлэлии туруо дуо, ол кэриэтэ улуус балыыһаларыгар куойкалар сабылынныннар дииллэрэ буолуо. Оттон дьоҥҥо табыгастаах эрэ, суох эрэ – ол кими да долгуппат.

***

Ил Түмэн биир эмэ дьокутаата тоҕо туруорсубат? Куоракка барбыт дьахталлары барыларын кесаревынан төрөтөллөр уонна хантан саха элбиэй?!

***

Мин бырабыыталыстыба мунньаҕар ыйыппытым, ону “Дьокуускайга дьахтар төрүүр анал балыыһата тутуллубута, онно баран төрүүллэр” диэн быһаарбыттара.

***

Саха сирин курдук киэҥ сиргэ биир эрэ сиргэ мунньан төрөтөр хайдаҕый? Хайа “улуу өйдөөх” киһи дьаһайбытай?

Оҕо да, саҥа төрөөбүт дьахтар да сыыстарыах курдук дии. Төрүүр баҕаны да чаҕытыах дьаһал.

***

Биһиги мэлдьи ыйытабыт да, ол көтүмэх эппиэтинэн муҥурданан хаалаллар. Дьиҥэ, “Матери России” эҥин диэн уопсастыбаннай түмсүү баар, олор туруорсуохтаахтар этэ да...

***

Бу дьон санаата, кинилэр долгуйар ыйытыылара. Онно СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ сөптөөх хоруйдары биэриэ дии саныыбыт.

Балаһаны бэлэмнээтэ Нина ГЕРАСИМОВА.
“Эхо столицы”, 2014 с. 02.09., “Мини-роддома в Якутии”, “Якутскому роддому 95 лет” ыстатыйалар, социальнай ситимнэр матырыйааллара туһанылынна.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар