Киир

Киир

Былырыын доруобуйа харыстабылын ситимигэр ыстааты сарбыйыы, учаастак балыыһаларын сытар куойкаларын сабаттаан, олору быраас амбылатыарыйатыгар кубулутуу үүнэ-тэһиинэ суох ыытыллыан, уопсастыбаннас, дьокутааттар, тыа сирин нэһилиэнньэтэ айдааран, тохтоло суох бырачыастаан, сурук суруйан, арыый даҕаны охсуута сымнаабыта...

Мэдиссиинэ өҥөтүн тупсараары...

whatsapp image 2020 02 11 at 13.14.18

Үрдүкү салалтабыт, хаһан да буоларын курдук, дьону-сэргэни ити уларытыылары “олус үчүгэй сыал-сорук туһугар ыытыллар” диэн итэҕэтэ сатаабыта. Ол эрээри “доруобуйа харыстабылын ситимин бэрээдэктиир, дьоҥҥо чугаһатар, түмүгэр эмтээһин хаачыстыбатын тупсарар инниттэн куойкалар суох оҥоһуллаллар, ыстааттар сарбыллаллар” диэни ким итэҕэйиэй?

СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Е.Борисованы, бу эйгэни иилиир-саҕалыыр бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы О.Балабкинаны дьон-сэргэ “норуоту эһээри кэлбит аналлаах хотуттар” диэн, дэлэҕэ “килиэйдиэхтэрэ” дуо?

Ил Түмэн хонтуруолугар

Регламент ирдииринэн, Ил Түмэн Уурааҕа хонтуруолга сылдьарынан, бу тиэмэ 2020 сыл алтынньы 10 күнүгэр бырабыыталыстыба чааһыгар көрүлүннэ. Мантан салгыы туох диэн кэпсэтии буолбутун, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ туох үлэни ыытан кэлбитин, дьокутааттар ону хайдах сыаналаабыттарын, туох түмүккэ кэлбиттэрин быһа тардан тиэрдэбит.

Барыта сокуон-нуорма иитинэн

Мэдиссиинэҕэ тэрээһин боппуруостарын ыытарга туох баар сүрүн докумуоннар бааллар диэн бэлиэтээн эттилэр. Ол курдук, “Улахан нэһилиэнньэҕэ бастакы сүһүөх мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу туһунан” диэн РФ Доруобуйа харыстабылын 2012 сыллааҕы 15.05 күнүнээҕи 543№-дээх бирикээһигэр, “Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай систиэмэҕэ мэдиссиинэ тэрилтэлэрин нэһилиэнньэ ирдэбилиттэн көрөн, эрэгийиэн уратыларын учуоттаан тэрийии туһунан” РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин 2016 сыллааҕы 132н№-дээх бирикээһигэр сигэннилэр, ону кытта федеральнай ыстандаартары, СӨ доруобуйа харыстабылын систиэмэтин анаалыстаан уонна былааннаан тэрийиигэ сыһыаннаах докумуоннары эттилэр. Быһата, юрист О.В. Балабкина барыта сокуон-нуорма ирдииринэн буоларын кыраҕы хараҕынан көрөн-манаан олорор.

“Варягтар” буруйдара дуо?

Биһиги мэдиссиинэ тэрилтэлэрин уларытан тэрийии билигин Камчатка күбүрүнээтэрин э.т. В.А. Солодов “дьыалата” диир этибит. Ону баара, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин отчуотугар сурулла сылдьар “Мэдиссиинэ ситимин тэрилтэлэрин бэрээдэктиир үлэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын 2018 сылынааҕы балаҕан ыйын 28 күнүнээҕи Дьаһалынан саҕаламмыта. Ол дьаһал аата “2019-2021 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүн дохуотун улаатыннарарга, ороскуотун оптимизациялыырга, судаарыстыбаннай иэһин бэлиитикэтин тупсарыыга туһуламмыт анал тэрээһиннэр былааннара“ диэн.

Хамсыгы "көрсө", сарбыллан?

Дьэ, онон ковид19 курдук улахан хамсыгы "көрсө" Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын ситимэ төһө көдьүүстээх уларытыылары оҥорон, үлэтин тупсарар үлэни ыытан кэллэ диэххэ сөбүй? Ил Түмэҥҥэ төгүрүк остуолга тахсыбыт кэпсэтии ити курдук хайысхалаах ааста. Сорох дьокутааттар, мунньах төһө да ВКС нөҥүө буоллар, уордайдылар ахан. Саамай сөп. Туораттан да көрөн олордоххо, салаа миниистирэ эппиэттиэхтээх үгүс боппуруоһугар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта О.Балабкина хоруйдуу олороро соччо өйдөммөт.

Уопсайынан, мэдиссиинэ эйгэтигэр туох да сыһыана, өйдөбүлэ суох киһи Хамсыгы утары охсуһуу өрөспүүбүлүкэтээҕи Оперативнай штабы салайа олороро төһө сөбө эбитэ буолла.

Хамсык өрөспүүбүлү-кэбитигэр туох да кыайбатын-хаайбатын курдук тарҕанан эрэрэ ону кытта сибээһэ суоҕа буолуо дуо?

optimizaciya 800x429 6b4

Балыыһалар уларыйдылар

2019 сыл устата мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр уларытыы бөҕөтө барда диэн буолла. Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин мэдиссиинэтин ситимигэр “барыта 189 бастакы сүһүөх структурнай подразделение уларыйда” диэн буолла. Ол курдук: 5 – куорат балыыһата, 140 – учаастак балыыһата, 17 – быраас амбылатыарыйата, 27 – биэлсэр-окусуор пууна (ФАПтар).

2020 сылга бастакы сүһүөх мэдиссиинэ көмөтүн 54 мэдиссиинэ тэрилтэтэ оҥорбут диэн этилиннэ: ол иһигэр 34 – кииннэммит оройуон балыыһата, 4 – судаарыстыбаннай балыыһа, 1 – поликлиника, 1 – стоматология поликлиниката, 1 – өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа поликлиниката, 1 – мэдиссиинэ сэрэтэр үлэтин киинэ (профилактика киинэ), 4 – федеральнай мэдиссиинэ тэрилтэтэ, 8 – чааһынай мэдиссиинэ тэрилтэтэ.

Ыстааты сарбыйыы

Биһиги доруобуйабытын төһө үлэһит көмүскүүр, харыстыыр? Онуоха “ыстаат эдьинииссэтэ” уонна “үлэһит” диэн тус-туспа өйдөбүллэр буолаллара сорохторго дьэ тиийэн эрэр быһыылаах. Барыта СӨ Доруобуйатын харыстабылын ситимигэр 30 803, 75 ыст. эдь. үлэлиир. Онтон бырааһа – 6 239,75 ыст. эдь., орто персонал – 12 657,50 ыст. эдь., алын мэдиссиинэ персонала –3 990,25 ыст. эдь., сулууспалаахтар – 2 592,75 ыст.эдь., араас атын персонал – 4 917,00 ыст. эдь.

Онтон бу салааҕа үлэлиир киһи уопсай ахсаана – 27 445 киһи, онтон бырааһа – 5008, орто персонал – 11124, алын персонал – 4047, атын персонал – 7089 киһи. Саха сирин бастакы сүһүөх мэдиссиинэтигэр барыта 2613 быраас үлэлиир. Ол иһигэр, Суһал көмө 78 бырааһа. Кииннэммит оройуон балыыһаларыгар уонна оройуон балыыһаларыгар 1382 киһи, орто уонна алын персонал 4500 киһи, суһал көмөнү оҥорор мэдиссиинэ персонала 525 киһи, оройуон балыыһаларыгар уонна кииннэммит оройуон балыыһаларыгар үлэлиир орто медперсонал – 3082 киһи.

Уурайбыт дьон ханна бардылар?

“Оптимизация ыытабыт” диэн ааттаан, 2020 сыл алтынньы 5 күнүнээҕи туругунан, доруобуйа харыстабылын ситимиттэн 1 731,50 ыст. эдь. Босхолообуттар, ол эбэтэр, 542 киһини үлэтиттэн уураппыттар.

Онтон бырааһа – 61, 75 ыст. эдь. (14 киһи); орто мэдиссиинэ персонала – 530, 50 ыст. эдь. (135 киһи); алын мэдиссиинэ персонала – 639,75 ыст. эдь. (186 киһи); атын персонал – 251,50 ыст. эдь. (207 киһи).

Барыта үлэтиттэн тохтотуллубут дьонтон 339 киһи (62 %) биэнсийэ саастаах. 71 киһи (13 %) биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаах.

Дьарыктаах буолуу киинин дириэктэрэ С.Москвитин иһитиннэрбитинэн, кииҥҥэ учуокка 539 киһи турбут. Олортон 430 киһи “атын персонал” диэн бөлөххө киирсэр. Ити дьонтон 6 киһи социальнай адаптаассыйаны бара сылдьар, 2 киһи атын идэҕэ үөрэнэргэ сөбүлэҥин биэрбит, 5 киһи психолог көмөтүгэр наадыйарын биллэрбит.

Атын хайысхаҕа үөрэнэргэ 15 киһи, атын сиргэ көһөн үлэлииргэ – 12 киһи сөбүлэҥин биэрбит. Өссө 3 киһи босхолоноору сылдьар эбит. СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кэмитиэтин кытта тэрээһин былаанын (“дорожнай каартаны”) оҥорбут. Ол быһыытынан, 2020 сылга доруобуйа харыстабылын ситимигэр босхолонор каадырдары үлэнэн хааччыйыы боппуруоһа булгуччу быһаарыллыахтаах.

Ыстаат уонна үлэһит

Тыа сиригэр, оройуоннарга сарбыллыбыт ыстаат эдьинииссилэрэ уонна үлэһиттэр ханна барбыттарын туһунан үгүс дьокутаат ыйытта. Холобур, саамай элбэх нэһилиэнньэ билигин киин куоракка түмсүбүтүнэн, ону хааччыйар быраас ахсаана куоракка тиийэр дуо? Барыта 5008 быраастан төһөтө куоракка үлэлиирий?

Миниистир Е.А. Борисова Дьокуускай куоракка 3278 быраас үлэлиир диэтэ. Онтон, холобур, Национальнай мэдиссиинэ киинигэр 2 тыһыынча кэриҥэ быраас баар буоллаҕына, муниципальнай балыыһаларга 1,5 тыһыынча быраас үлэлиир эбит.

Учаастак бырааһа тиийбэт!

Онуоха С.Н. Давыдова, СӨ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ, 3 №-дээх куорат балыыһатын дириэктэрэ, бэлиэтээбитэ сиэрдээх буолан тахсар: “Бу коронавирус уонна сезоннай ОРВИ сатыылаан турар кэмигэр күҥҥэ 3-4 тыһыынча ыҥырыы киирэр, ол барыта 100-чэ учаастак бырааһын санныгар түбэһэр! Оттон Национальнай мэдиссиинэ киинигэр 2 тыһыынчаттан тахса быраас тугу гына олороруй? Бастатан туран, биһиги дьон туһунан саныыр буоллахпытына, бастакы сүһүөх мэдиссиинэни өйүөхпүтүн, ону бөҕөргөтүөхпүтүн наада! Туох баар ити ыҥырыктары барытын аҕыйах учаастак бырааһа толоро, онтон атыттар былаан быһыытынан үлэлии олордохторуна, сотору кинилэргэ ыарыһахтар тиийбэт даҕаны буолуохтара!”

Миниистир ону ыстаат араспысаанньата уларыйбатаҕа олох ырааппытынан быһаарда. Оттон бастакы сүһүөх мэдиссиинэ көмөтүн уларытыы саамай болҕомто киинигэр сылдьарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. “Ыстааттар ханна да мээнэ барбаттар, син биир көмөнү оҥорууга ыыта олоробут”, – диэн буолла.

Е.Х. Голомарева, хамсык кэмигэр учаастак быраастарын ахсаанын элбэтэр кыаллыа дуо, “Ньыгыл Арассыыйа” приёмнайыгар дьон үҥсүүтэ олус элбэх диэтэ. Ону эмиэ чуолкай харда этиллибэтэ эрээри, психоневрология эҥин салаатыттан күүһүрдэн биэриэхпит диэн эрэннэрдилэр. О.Балабкина эмчиттэр Гиппократ андаҕарын биэрбиттэрин, эппиэтинэстэрин эмиэ өйдүөхтээхтэрин туһунан санатта. Виктор Брызжуха: “Оптимизацияны уонча сыл тохтотон баран ыытыахха диэн этии киллэрбиппит. Ол эрээри сарбыйыы 2019 сылтан билигин бара турар. Салгыы даҕаны былааҥҥа баар дииллэр. Оттон ити ыстаат эдьинииссэтин сарбыйан кэбиспиккит, сорох хотугу улууска оннук эбии эдьинииссэтэ суох ханнык да эмчит барыан баҕарбат” диэтэ, “совместительство” өйдөбүлүн болҕойор наада диэтэ.

Оксана Михайлова, дьокутаат: “Мэдиссиинэ сорох тэрилтэтэ үлэһит суоҕунан сабыллар диэтилэр. Онно каадыр боппуруоһун быһаарар курдук туох эмэ үлэ мэхэньиисимин тобуллугут дуо?” – диэн ыйыта сатаата даҕаны, ити курдук ыйытыылар барыта “кумахха түһэрдии”, сүтэн-оһон истилэр, чопчу харда суох, барыта “болҕомто киинигэр сылдьар” диэн харда. Онкология, кардиология кииннэрэ арыллаары туралларынан, онно каадыры бэлэмниибит диэн буолла, онкологтары, бэл, Японияҕа, Кореяҕа ыытан үөрэттэрбиттэр.

Ситим урусхалланна

Вице-спикер В.Н. Губарев: “Билигин оптимизация туохха тиэртэ, ону сыаналыырга хамыыһыйа тэрийэр наада. Оннооҕор В.В. Путин бастакы сүһүөх мэдиссиинэ оптимизациятын сыыһалардаах барда диэн билиммитэ. Биһиги үлэ хайдах баран эрэрин сыаналыыр хамыыһыйа тэрийиэхпитин наада. Оттон биһиги бастакы сүһүөх мэдиссиинэбит урусхалланна!” – диэн быһаччы бэлиэтээтэ. О.В. Балабкина ону сөбүлээминэ: “Биһиги бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин э.т. бу үлэбитин отчуоттаабыппытыгар хайҕаабыта”, – диэтэ. Тугу да билбэт кэлии киһи хайҕаамына!

Аны туран, О.В. Балабкина “биһиги мэдиссиинэ ситимигэр бэрээдэктээһини ыыппатахпыт буоллар, ковиды хайдах көрсөрбүт биллибэт этэ” диэх курдук эттэ. Ол эбэтэр, сарбыллыы буолан, үп-харчы экэниэмийэтэ, бастатан туран, эбии инфекционнай куойкалары арыйыыга тахсыбыт. Уопсайынан, ковид19 кытта охсуһууга барбыт диэн өйдөннө. Онон, сарбыйыы барбатаҕа буоллар, “биһиги ковиды кытта маннык ситиһиилээхтик охсуһуо суох этибит” диэн өйдөннө. Оттон Саха сирин көрдөрүүтэ аһара баран, атын эрэгийиэннэри куоһаран эрэринэн ыллахха, улахан ситиһиибит суох да курдук. Ол үбү-харчыны экэниэмийэлээн тугу ситистибит, оччотугар?

Р.В. Солнышкина, Алдан дьокутаата, санавиация туһунан ыйытта, ковид турбутугар 500 км тэйиччи сытар Кутана нэһилиэгэр эмчиттэри санавиациянан эрэ тиэрдиэххэ сөп этэ, онон оройуон кииниттэн ыраах сытар кыра нэһилиэктэргэ көмөнү оҥорор санавиация боппуруоһун быһаарар наада диэтэ. Балабкина онуоха “хантан ыҥырыы кэллэ даҕаны, барытыгар санавиация эриэйсэтэ көтө олорор” диэн хардарда. Оттон бу сайын бииргэ үлэлиир кэллиэгэбит дьонугар улууска санавиацияны хайдах курдук онон-манан эргийэн ыҥыртарбыттарын Балабкина тугунан быһаарар?

Ил Түмэн спикерэ Петр Гоголев бүгүҥҥү кэпсэтии доруобуйа харыстабылыгар сүрдээх улахан интэриэс баарын көрдөрдө диэтэ. Салгыы: “Биһиги бырабыыталыстыба туох былааннааҕын билбэт эрдэхпитинэ, “совместительство кээписиэнэ” диэн өйдөбүлү эҥин билбэт этибит. Билигин онно чопчу сыыппаралары иһиттибит. Холобур, 62 ыстаат эдьинииссэтэ ууратыллыбыт, ол үлэһит киһитинэн аахтахха, 14 киһи буолар. Ол аата, бу – “бакаансыйа” эбит. Бырабыыталыстыба итини көрөн, баҕар, оптимизацияны ыытара сөп буолуо? Төһөтүн да иһин, биһиги итини барытын көрөн, үөрэтиэхпитин, быһаарыы ылыныахпытын наада.

Салгыы – уларыйбыт доруобуйа харыстабылын ситимигэр, быраастаах амбылатыарыйаларга, ФАПтарга кимнээх үлэлии кэлэллэрий – ол туһунан толкуйдуурбут наада. Аны, Антонина Григорьева эбии индикатор туһунан этиитин кытта сөбүлэһэбин. Биһиги доруобуйа харыстабылыгар олох уһуна, өлүү эҥин курдук урукку эрэ көрдөрүүлэринэн буолбакка, атын эрэгийиэннэр туһана, тутта олорор, холобур, “оҕо аһылыга” эҥин диэн индикатордары эмиэ киллэриэхпитин наада, онно үлэ ыытыахпытын наада. Быһата, үлэ олус элбэх.

Аны, эмчиттэр бэйэлэрэ да этэллэринэн, бастакы сүһүөх мэдиссиинэ эйгэтигэр олус элбэх кыһалҕа мунньулунна. Биһиги биэдэмистибэлэрдээҕи оробуочай бөлөх тэрийэн, үлэлиэхпитин наада. Ол түмүгэр, бырабыыталыстыба уонна парламент биир түмүккэ кэлэн, биир сүбэнэн өрөспүүбүлүкэ кыһалҕатын федеральнай таһымҥа туруоруохпутун сөп буолуоҕа”, – диэтэ. Онон доруобуйа харыстабылын эйгэтэ мэлдьи болҕомто киинигэр сылдьыаҕа диэн өйдүүрбүт наада.

 

Нина ГЕРАСИМОВА.

Бүтэһик сонуннар