Киир

Киир

Кытайдар “уларыйыы кэмигэр эрэ олорботох ханнык” диэн таба көрөн эппиттэр дииргэ тиийэбит. Биһиги көлүөнэ “ССРС сууллубутун кэннэ өссө атын туох үлүгэригэр түбэһэр үһүбүт?” дии саныырбыт. Онтубут баара, түһээн да баттаппатах ыарахан тургутуулар, уларыйыылар тоһуйан турбут эбиттэр. Айдаан үөһэ айдаан, туох баар барыта тохтообут, ыараабыт, аан дойду экэниэмикэтэ таҥнары курулаабыт кэмигэр Дьокуускайбыт олоҕун бу сыла, омос санаатахха, дьахтар нарын санна уйбат үлүгэригэр, хайдах ааһан эрэрин туһунан мээр С.В. Авксентьеваны кытта кэпсэтэбит.

– Сардаана Владимировна, эн куораты салайбыт икки сылыҥ ити кытайдар өс хоһоонноругар этиллэр кэмҥэ ааста диир сыыһа буолбата чахчы. Хамсыгы куораппыт хайдах туораан эрэрий?

– Иллэрээ сыл Арассыыйа үрдүнэн айдааннаах бөх реформата саҕаламмытыгар “маннык ыарахан реформаҕа хайдах түбэһэн хааллым?” диэн ыарырҕата-ыарырҕата, дьоммунуун үлэбитин саҕалаабыппыт. Онтон бу кыһалҕаттан арыый сааһыланыах буолан эрдэхпитинэ, аны быйыл тохсунньу 1 күнүттэн “Дьиэ кыылларын көрүү эппиэтинэһин туһунан” диэн сокуон киирдэ. Оо, дьэ, аны ыттар кыһалҕаларыгар түрүлүөн бөҕө буоллубут. Кырдьык, Саҥа дьылы “иннибитигэр өссө аан дойдуну аймыыр алдьархайдаах иэдээн кэлиэ” диэн сэрэйбэккэ да көрсүбүппүт. Кулун тутар 17 күнүгэр коронавирустан ыалдьыбыт маҥнайгы киһи көстөн, билбэтэх иэдээммит саҕаламмыта. Бүгүҥҥү туругунан ыарыһах ахсаана аҕыйаан иһэр, иккис охсуута ааһан эрэр дии саныыбыт. Баҕар, тымныыбыт да көмөлөһөрө буолуо. Мээнэ күүлэйдиирбит аҕыйыыр, дьон алтыһыыта кыччыыр. Төһөнөн тымныйар да, дьаҥ-дьаһах, кириип аҕыйыырын бары билэбит. Уопсайынан, хамсыгы утары үлэ Арассыыйа, Саха сирин үрдүнэн сөпкө баран иһэр. Саха сирэ эрэгийиэннэр ортолоругар олус инники түспэккэ, соһуллан да хаалбакка, этэҥҥэ баран иһэр. Дьиҥэр, ити ыарыы наһаалыан сөбө. Тымныы дойдуга олорор буолан, биһиэхэ тыынар уорган, тыҥа ыарыыта уруккуттан сүрдээх элбэх. Балар коронавирус ыарыытын өссө дириҥэтэр, охсуутун улаатыннарар кыахтаахтар. Аны вирус олус сыстыганнаах. Дьокуускай Уһук Илин куораттарыттан туох уратылааҕый? Дьиэлэрбит бары олус ыкса тутуллан тураллар. Кыараҕас сиргэ элбэх киһи мустан олорорунан, ыарыы олох күүскэ тарҕанар кутталлааҕа. Сорохтор “хоту олорор дьоммут, тымныыга хатарыллыбыппыт, алмаас курдук бөҕөбүт” дииллэрэ буолуо да, дьиҥинэн, оннук буолбатах. Хата, атын куораттарга холоотоххо, биһиги олохтоохторбут үөрэхтээх, өйдөөх дьон буолан, саньытаарыйа-гигийиэнэ быраабылатын күүскэ тутуһан, иккис охсуутун аһаран эрэбит.

Кырдьык, Дьокуускай Арассыыйаҕа 10 саамай үчүгэй үөрэхтээх, билиилээх куораттар истэригэр киирэр. Оннук ситиһиибитигэр устудьуоннарбыт элбэхтэрэ да көмөлөһөрө буолуо. Атын куораттарга “ковид-диссиденнэр” диэн ыарыы суох, сымыйа диэн нэһилиэнньэни бутуйар дьон элбэх буоллахтарына, биһиэхэ суохтар. Сүрдээх ыарахан сыл быраастарбыт барахсаттарга буолла. Олус дьоһуннаахтык, бэриниилээхтик үлэлии сылдьаллар. Кыра быраатым быраас буолан, “кыһыл зонаҕа” хайдах үлэлииллэрин билэбин. Учууталларга эмиэ олох ыарахан сыл ааһан эрэр. Сорох ыалга интэриниэт да суох, сороххо көмпүүтэр, ноутбук сүгүн үлэлээбэт, суох да буолар. Учууталлар барахсаттар маннык ыарахан усулуобуйаҕа оҕолору хайдах үөрэтэн билии биэрэллэрин, үөрэхтэн хаалбат гына ситиһэллэрин сөҕөҕүн этэ. Оҕолорго үчүгэй билиини иҥэрбэтэххэ, базалара мөлтөөн, инники үөрэхтэригэр охсууланыан сөп. Куорат учууталлара ыарахан усулуобуйаҕа ааспыт үөрэх дьылын этэҥҥэ түмүктээн, саҥа үөрэх дьылыгар кыһамньылаахтык үлэлии сылдьалларын иһин махтанабын. 40-чалыы оҕону интэриниэтинэн көмпүүтэр иннигэр тутан олорон үөрэтии, билиини биэрии олус ыарахана өйдөнөр. Оннооҕор кылааска да олорор итиччэ оҕону тутар ыарахан. Киэҥ куйаарынан үөрэх матырыйаалын ыраах олорор оҕолор өйдүүллэрин курдук гына тиэрдии ыараханын этэ да барбаккын. Төрөппүттэр эмиэ ньиэрбинэйдииллэр, кинилэргэ эмиэ охсуулаах. Урбаанньыттарга сүрдээх ыарахан сыл ааһан эрэр. Элбэх эбийиэк сабыллан, дохуоттарын сүтэрдилэр. Куорат дьаһалтата күүспүт тиийэринэн, туох баарынан күүс-көмө буола сатаатыбыт.

web b 80976e67bd89

– Куорат олоҕун уруккуттан баар атын кыһалҕалара хамсыкка хаххаланан хаалбатахтара биллэр. Манна тугу этиэҥ этэй?

– Кыһалҕа ханна барыай, урут да баара, кэлэр да өттүгэр баар буолуо, ол эрээри үлэбит онтон син биир тохтообот. Сылы сылынан, урут А.С. Николаев саҕаттан, билигин мин туруорсар биир сүрүн боппуруоспут – Дьокуускай, өрөспүүбүүлүкэ киин куората буоларын быһыытынан, үбүлээһинэ тиийбэтин элбэтии. Киин куорат ыстаатыһын туһунан сокуон ылылларын саҕана үбүлээһин саамай намыһах кээписиэнэ хайдах көрүллүбүтэ да, ол уларыйбакка турар. Оттон нэһилиэнньэбит сыл аайы элбээн иһэр. Дьон тыаттан тоҕо кэлэрин бары өйдүүбүт. Куоракка оҕолорун үөрэттэрээри, арыый үчүгэй усулуобуйаҕа олороору тардыһаллар. Төһөнөн киһи элбиир да, соччонон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн куорат үбүлээһинэ улаатыахтаах этэ буоллаҕа. Ол эрээри биһиэхэ кээписиэммит хамсаабакка турар. Дьокуускай Арассыыйа үрдүнэн түргэнник үүнэр саамай үрдүк көрдөрүүлээх куораттарыгар киирэр. 10 сыл иһигэр 100 тыһ. киһи эбилиннэ. Билигин официальнай ыстатыыстыканы көрдөххө, куоракка 340 тыһ. кэриҥэ киһи баар диэн ааҕыллар. Оттон дьиҥнээҕинэн 400 тыһ. чугаһаатыбыт дииллэр. Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 35%-на олорор. Дьиҥэр, 40% да буоллахпыт буолуо. Инньэ гынан куоракка инфраструктураҕа, суолга да буоллун, канализацияҕа, ууга, хочуолунайдарга да буоллун, ордук тырааныспарга, оптуобус сырыытыгар үп тиийбэтиттэн сүрдээх улахан ноҕурууска үөскээтэ.

Оскуола, дьыссаат кыһалҕата ханна да барбата, өссө уустугуран иһэр. Куорат кытыы оскуолалара ыктарыыта суох буоллахтарына, ордук куорат киинигэр оскуола тиийбэт. Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, оҕолору барыларын биир симиэнэҕэ көһөрөн үөрэтиҥ диэбит сорудахтара билигин хайдах да туолар кыаҕа суох. Куорат киинигэр кырата 25 саҥа оскуола тутулуннаҕына биирдэ ону быһаарыахпытын сөп. Аны, куорат киинигэр оскуола тутар сирбит суох. Оскуола тутулларыгар ирдэбилэ элбэх: этээһэ үстэн ордук буолуо суохтаах, спортивнай былаһаакка көрүллүөхтээх, суол аттыгар, кутталлаах эбийиэктэр аттыларыгар туруо суохтаах. Ил Дархан А.С. Николаев кэпсэтэн, элбэх оскуоланы тутар биир сүрдээх үчүгэй бырайыак баарынан Арассыыйа бырабыыталыстыбатын кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Федеральнай көмөнөн уонна инвестор киирдэҕинэ, эһиилгиттэн 12 оскуола тутуутун саҕалаатахпытына, балаһыанньа улаханнык чэпчиэ этэ дии саныыбыт. Ол туһунан бакаа улаханнык саҥарбаппыт.

– Билигин, Саха сирин бүддьүөтүгэр үп тиийбэт кэмигэр, куораты үбүлээһини элбэтии кыаллыа дуо?

– Бүддьүөт үбүн тыырыы Арассыыйа үрдүнэн сүрдээх уустук. Билиҥҥи федеральнай, өрөспүүбүлүкэ, куорат, муниципальнай бүддьүөттэр кыһалҕалара элбээн, бүддьүөт боппуруоһа саҥаттан көрүллээри турар быһыылаах. Сэбиэскэй саҕанааҕы курдук кииннээһиҥҥэ киирээри сылдьабыт. Ити, баҕар, биир өттүнэн, сөп буолуо, биирдии киһиэхэ тиксэринэн (подушевое финансирование) этэр буоллахха. ССРС саҕана биһиэхэ бүддьүөппүтүн хотугу кээписиэни эбэ-эбэ олордохторо, оттон билигин олох атыннык бара турар. Ырааппакка куорат туһунан эттэххэ, бүддьүөт үбүн тиксиитин кээмэйинэн, улахан куораттар испииһэктэригэр аллараттан иккис сылдьабыт. Сылга куоракка биир киһиэхэ инфраструктураҕа, оскуолаҕа, дьыссаакка, ууга, уокка, канализацияҕа да буоллун, баара-суоҕа 22 тыһ. солк. көрүллэрэ олус кыра.

Хата, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара киирэн, балаһыанньабытын чэпчэтэн абыраатылар. Докумуону үчүгэйдик бэлэмнээн, национальнай бырайыактарга киирсэн, көмүскээн, элбэх үп көрүллэн суолбут тутуута аһара күүскэ барарын көрөҕүт. Хаачыстыбатыгар эҥин боппуруос баар, ол эрээри былааннаныыга, бырайыактаныыга уо.д.а. сүрдээх улахан үлэ барда. Холобур, суол тутуутун ыллахха, кыттыгас үбүлээһин: федеральнай киин – 496, өрөспүүбүлүкэ 500 мөл. солк. биэрэллэр, онон харахпытын быһа симэн туран, куораппыт быыкаайык харчытыттан кэмчилээн, быһан 500 мөл. солк уган киирдибит. Хайыахпытый, бу түгэни мүччү туттахпытына, суолбутун хаһан оҥоруохпутуй?

– Харчы тиийбэтин хайдах быһаараҕытый?

– Куорат бүгүҥҥү бүддьүөтэ үс улахан ороскуоттаах. Бастакыта – хомунаалынай: оскуоланы, дьыссааты хааччыйыы. Энерготарыып барыта үрдүү турар. Өйдөнөр, ити ороскуот билигин барыта улаатан иһэр, итиннэ кэмчилээбэккин. Иккиһинэн, В.Путин ыам ыйынааҕы уурааҕынан хамнаһы бүддьүөт үлэһиттэригэр үрдэтиэхтээхпит да сабаас, толоруохтаахпыт. Инньэ гынан бүддьүөттэн улахан суума онно барар. Үсүһүнэн, судаарыстыбаннай ипотека курдук тутуллубут 12 эбийиэк төлөбүрүн кэмэ миигин кытта тэҥҥэ саппай уопсан кэллэ. Бастакы сыл – 800, быйыл 600 мөл. солк. тахсаны төлөөтүбүт. Өрөспүүбүлүкэ эмиэ төлөһөр, ол эрээри сүрүн суума куораттан барар. Ити 2 млрд курдук улахан ороскуот куорат бүддьүөтүгэр ыйанар. Ити ороскуоттар охсууларын хантан ылан кыччатыахпын сөбүй? Сир, баай-дуол нолуогун улаатыннарар, урбаанньыттары атахтыыр нолуогу киллэрии – сыыһа. Инньэ гынан кытаанах кэмчилээһиҥҥэ киирэргэ тиийэбит. Бастакытынан, биир муниципальнай сулууспалаахха көрүллэр үбү сарбыйдыбыт. 2019 сылтан ороскуоппутун аччатан, бэйэбитин бэйэбит хонтуруоллана олоробут. Итиннэ олохтоох бэйэни салайыы уорганнарын үлэлэрин көдьүүһүн сыаналыыр көрдөрүүлэргэ тирэҕирэбит. Онно хас биирдиии муниципалитет үлэһитэ суоттанар. Дьокуускайга муниципалитет 1 үлэһитигэр тиксэр бүддьүөт ороскуотун нуормата 2018 с. - 1711 солк. буоллаҕына, 2019 с. 1194 солк. тиксэр гына аҕыйаттыбыт. Быйылгыны ааҕа олоробут, өссө кыччаабыт буолуохтаах. Чунуобунньугу хамнастыырга, үлэтин хааччыйыыга кэмчилээтибит, сөп. Эппит курдук, хомунаалынайбыт бигэргэммит, оттон хамнас – көмүскэммит ороскуот. Көмүскэммэтэх ДьУОХХ (ЖКХ) хаалар. Инньэ гынан хайыахпытый? Толкуйдаан-толкуйдаан, кэтэхпитин тарбанан, харахпытын быһа симэн баран ДьУОХХ-путун быстыбыт. Кылгаттыбыт эрээри, хомуллар, ыраастанар иэнэ улаатта. Сарбыйааппытын кытта, аны уубут-хаарбыт наһаа элбээн, кыһалҕаны дириҥэттэ. Синоптиктартан ылан көрбүппүт, тиһэх 10 сылга саамай элбэх сөҥүү ааспыт кыһын түспүт. Быйыл эмиэ хаар халыҥ. Мин ону чааһынай дьиэҕэ олорорбунан көрөбүн. Хаары куоракка төһө да ыраастаабытыҥ иһин, син биир түһэн, үллүктээн иһэр. Инньэ гынан дьон мөҕөрө элбээтэ, сөп даҕаны курдук. Ол эрээри Арассыыйа атын куораттарыгар хаарга сыһыаннара, киһи соһуйуох, биһигиннээҕэр олох атын, холку. Холобур, былырыын Новосибирскайга сылдьыбытым. Куоракка киһини курданарынан хаар. Ким да онно “куорат мээрэ тоҕо хомуйбат” диэн айдаарбат, кыһаллыбат. Казаҥҥа, таптаан холобур оҥостор Татарстаммытыгар, мээрийэ аттыгар икки киһи нэһиилэ аасыһар ыллыгын эрэ оҥороллор, уоннааҕыта барыта хаарынан бүрүллэн сытар. Оттон биһиэхэ аҕыйах хонук хомуйбатыҥ да айдаан, ыйыы-кэрдии, өйдөөҕүмсүйүү бөҕө буола түһэллэр.

002

– Куораты тупсарыыга, дьон олороругар табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ быйыл туох үлэ ыытылынна?

– Быйыл куорат кытыытын бөһүөлэктэригэр аспаал суолу оҥоро сатаатыбыт. Уот киллэриитигэр сүрдээх күүскэ түһүнэн Хатаска үлэлээтибит. Совхозная киһи кыбыстар уулуссата этэ. Сахалыы тыыннаах үчүгэй баҕайы нэһилиэк, аһынабын, олохторо тупсуон олус баҕарабын. Хатаска да, Тулагыга да тиийдэхпинэ, сынньанабын аҕай, тыаҕа сылдьар курдук сананабын. Хатаска сэттэ кыбартаалга уот тартыбыт, уулуссаларын аспааллаатыбыт. Дьон сүрдээҕин үөрдүлэр. Ити сылдьан “Прасковья Петровна баара буоллар, хайгыа эбитэ дуу, эбэтэр тугу эрэ ситэрбэтэххин диэн мөҕүө эбитэ дуу” диэн санаан ааһабын. Эдьиийбит барахсан үлэҕэ кытаанах этэ. Сорохтор “аспаал оҥорон баран тротуар, сырдатыы уотун остуолбатын тоҕо оҥорботугут?” диэн ыйыталлар. Өрөмүөн, реконструкция, саҥаны оҥоруу үбүлээһиннэрэ атын-атын бырайыактар. Реконструкция уонна саҥа оҥоруу диэн барбыппыт буоллар, кимиэхэ да, туох да тиийбэккэ хаалыа этэ. Ону эмиэ толкуйдаан, сүбэлэһэн баран, куораппыт кытыы бөһүөлэктэрэ, саатар, аспаал суолланныннар диэбиппит. Онтон кэлин хантан эмэ харчы ордорон тротуар оҥоруохпут. Олох суола суох олорбут олохтоохтор итини өйдүүллэр. Дьон кыраттан да үөрэр, суолтан ордук бөһүөлэк олоҕо тупсар. Саҥа Табаҕаҕа суол тута бара сырыттым. Киэһэ тиийбитим, аспаал суоллара, омуннаан эттэххэ, дьон мустар бульвара буолбут. Оҕолор самокатынан сылдьаллар. Эр дьон бэлисипиэттииллэр, дьахталлар күүлэйдии, дьаарбайа тахсаллар эбит. Бөһүөлэк олоҕо итинник тупса түһэр.

Быйыл өссө Тулагыга, Хаҥаласка суол оҥордубут. Эһиилгиттэн аспааллыыр улахан үлэ Мархаҕа ыытыллыаҕа. Мархаларым ытаһа олороллор, мөҕүү бөҕө “манна кэл, суолбутун оҥор, барытын Хатаска илтигит, харчыны куоракка эрэ кутаҕыт” диэн ыҥыраллар. Дьон кыһалҕатын өйдүүбүн, 20-чэ сыл туох да оҥоһуллубакка турдаҕа. Кыһыйаллар, хомойоллор, атаҕастаммыт курдук сананаллар. Арааһы суруйаллар. Оттон Марха – бүгүн 30 тыһ. тахса нэһилиэнньэлээх, үксэ чааһынай дьиэлэрдээх улахан бөһүөлэк. Куорат 10 %-на олордоҕо.

– Тыый, сүрдээҕин улааппыт эбит дии...

– Оннук, Марханы тумнан ааспаккын. Эһиилгиттэн икки сыл улахан суолларын оҥоруохпут. Уокка эмиэ үлэлиэхпит. “Горсветтар” тахсан уот туругун көрүөхтээхтэр.

Кэлэр үс сылы куоракка Тупсарыныы сылларын биллэрээри олоробут. Ол чэрчитинэн, төһө да харчыбыт аҕыйаҕын иһин, онтон-мантан быһан-отон хомуйан эбэтэр хаһыытаппытынан былдьаан, эбии 200-түү мөл. солк. көрөммүт кыбартаалларбыт истэрин тупсарыыга киириэхпит. Куорат киин уулуссаларынан сырыттахха, суолбут аспааллаах. Аҕыйах миэтэрэ кыбартаал иһигэр киирдиҥ да, барыта буор, олдьу-солдьу суол, барыта дьаама, чалбах. Бэл, куорат киинигэр оннук, кытыы сиргэ хайдаҕын кэпсии да барбаккын. Гетто курдук түөлбэлэр бааллар.

– Куорат улахан кыһалҕата быыл, ордук чааһынай дьиэлээх дьон сайын аайы эрэй бөҕөнү көрөбүт. Быыл кыһалҕатын хайдах быһаарыахпытый?  

– Быыл сүрүн биричиинэтэ – уулуссаларбыт аспаала суохтара. Сайсарыттан, ГРЭС-тэн да буоллун, көлүөһэбитигэр ытыран аспаал суолга тахсан, куоракка буору киллэрэбит. Иккиһинэн, тутуу сүрдээх элбэх. Онтон үөрэбит. Ол гынан баран куораты тупсарыы быраабылатын кэһэн, кирдээх массыыналар буор бөҕө буолан, куорат ыраас аспаал суолугар биирдэ баар буола түһэллэр. Үсүһүнэн, газоннарбыт, бары суолтан үрдүктэр, буордара суолга киирэ турар. Оттон куораты киртитэр саамай улахан кыһалҕабыт былыргы өрүс түгэҕэр турарбытынан хаппыт былыык быыл буолан көтөр. Эһиилгиттэн үс сыллаах Ленин бэрэспиэгин реконструкцията буолаары турар. Ити салгыны ырааһырдыыга улахан оруолланыа. Дьокуускай усулуобуйатыгар газону олордуу олус ороскуоттаах, онон газонтан тэйэммит, улахан мастары уонна талахтары олордууга көһүөхпүт. Оччотугар быыла аҕыйыа. Быылтан быыһанар суолбут: аспааллааһын, кыбартаал иһинээҕи суолу-ииһи оҥоруу, газоннартан тэйии уонна тутууну куораты тупсарыы быраабылатын тутуһуннарыы буолаллар.

– Элбэх оҕолоохтор сирдэрэ хайдах быһаарыллан эрэрий?

– Бэриллибит сир инфраструктурата суох. Онон уота, гааһа суох ыраас хонууга олороохтууллар. Гаастааһыны үбүлээһини быһаарыыга куораттан талыллыбыт Ил Түмэн дьокутааттара күүскэ ылсан үлэлии сылдьаллар. Өр сыллар усталарыгар ылыллыбатах бырагырааманы бэлэмнээммит, гааһынан хааччыйыы исхиэмэтин оҥорторо сылдьабыт, бастакы түһүмэҕин аастыбыт. Бастакы уочарат Покровскайдыыр аартыкка уонна Мархаҕа олорор чааһынай дьиэлээх дьоҥҥо гаас киириэҕэ. Билэргит курдук, Д.Медведев федеральнай бас билииттэн куорат бас билиитигэр үс учаастагы көһөрүҥ диэн уураахха илии баттаабыта. Баччааҥҥа диэри ол сир куоракка бэриллибэккэ турар. Реестри көннөрөллөр, өссө тугу эрэ гыналлар, онон куорат хааһынатыгар киирэрэ уһаата. Ол иһин түҥэппэккэ олоробут. Урут түҥэтиэхпит иннинэ инфраструктураны барытын тардан баран биэриэхпит диэн кэпсэтиилээх этибит. Оттон дьоммут ыксаллара сүрдээх. Тугу эрэ албынната сылдьар курдук, эрэйдээхтэр “олох аҕалыҥ да сабаас” диэн айдаан бөҕөтө. Инньэ гынан инфраструктура манан барыаҕа диэн баран, эмиэ биэрэр былааннаахпыт. Куорат бас билиитигэр киирдэ да, түҥэппитинэн барыахпыт. Сир бэриллэригэр бастакы уочарат куоракка дьиэҕэ наадыйааччылар испииһэктэригэр турар дьоҥҥо бэриллиэҕэ. Элбэх оҕолоох эрээри, холобур, куоракка дьиэлээх буоллаххына, биэрбэттэр. Ханна эрэ куортамнаан дуу, аймахтарын кытта ыга симиллэн олорор дуу дьоҥҥо сир бастаан бэриллэр. Ити быраабыла, мин санаабар, сөп.

334ff2a1 dc2f 4dbb 9ee6 dcb05104da7c

– Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү хайдах баран иһэрий?

– Национальнай бырайыакка көрүллэр федеральнай үбүлээһин көмөтүнэн көһөрүү тэтимин бэркэ түргэтэттибит. 2018 с. – 108, 2019 с. – 197, 2020 с. – 211 дьиэ хаарбаҕынан биллэрилиннэ.

Иккис түһүмэххэ 166 эрэ дьиэ киирбитэ. Бу куорат кээмэйигэр олох аҕыйах. Инньэ гынан мөлтөх дьиэлэри барыларын хаарбах диэн биллэрэн баран, үһүс түһүмэххэ киллэрэр соруктаахпын. Оччоҕо федеральнай харчы көмөтүнэн хаарбах дьиэни барытын суох гыныа этибит. Алданнар маладьыастаатылар. Иккис түһүмэххэ күүскэ киирсэн, Алдан аҥаарын көтүрдүлэр. Жатайдар урукку баһылыктара Кистенев эмиэ маладьыастаабыт: Жатайга биир да хаарбах дьиэ хаалбата. Биһиги, куораттар, 2012-2017 сс. бытаарбыппыт.

– Куорат улахана бэрт, үһүс түһүмэххэ ситиһэр инибит?

– Билигин 2017 с. тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбаҕынан биллэриллибит дьиэлэртэн көһө тураллар. Дьон өйдөөбөттөр ээ, барахсаттар сибилигин көһөөрү гыналлар. 2025-27 сылга көһүөххүт диэтэххэ, олох күлүү гыннарбыт курдук өһүргэнэллэр. Өйдүүбүн кинилэри, олох ыарахан усулуобуйаҕа олорор дьон бааллар. Муниципальнай дьиэҕэ хаатыҥкалаах утуйаллар.

– Ыт боппуруоһугар төннүбэтэххэ сатаныа суохпут. Таһырдьа наһаа элбээн, киһи да сылдьара кутталланна дииллэрин, бэл, каннибаллыыр түбэлтэлэрэ тахсарын элбэхтик истэбит. Бу хаһан эмэ бэрээдэктэнэр дуу, суох дуу?

- Бастаан саҥа сокуон былаастартан тугу ирдиирин өйдөнөр гына быһаарыым. 2020 сылтан дьэллик ыттары укуолунан “утутар” бобуллубута. Дьаалатынан өлүөхтээх эбэтэр бэтэринээрдэр хамыыһыйаҕа “бу ыт ыарыһах, ыалдьан эрэйи көрөр” диэн быһаардахтарына эрэ укуолланар. Саҥа сокуонунан ыты төрөөбөт-ууһаабат гына оҥорон, ыарыыттан прививка, вакцинация ылан баран босхо ыытыллыахтаах. Ыты Тулагыттан туппут буоллаххына, ыытаргар эмиэ Тулагыга илдьиэхтээххин. Ол барыта видеоҕа уһуллар, бэрэбиэркэ кэллэҕинэ, отчуокка көрдөрөргө уурулла сытыахтаах. Саҥа сокуон итинник кытаанаҕын олохтоохтор өйдөөбөттөр, “ыттары киэр гыныҥ да, киэр гыныҥ” дииллэр. Ханна гыныахпытый? Эһиил, онтон эһиил өссө элбээн, куоракка 6-8 тыһ. ыт бэйдиэ сылдьар буолуохтарын сөп. Саҥа сокуонунан тутуллубут ыты ас тобоҕунан аһаппаккын. “Доруобуйаҕа туһалаах” диэн сэртипикээттээх аһынан аһатыахтааххын. Иһэрдэр ууҥ саньытаарыйа-гигийиэнэ нуорматыгар эппиэттиэхтээх. Тутан баран массыынаҕа үс чаастан ордук тиэйэр түбэлтэҕэр ыт иһэр уулаах буолуохтаах. Ыты тутар дьиэҕэ итииргээтэҕинэ, сөрүүкэтэр, тоҥноҕуна сылытар анал тэриллээх буолуохтаах. СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕар ыты тутар сир төһө сылаас буолуохтааҕа ыйылла сылдьар. Арассыыйа атын куораттарын баһылыктарын кытта кэпсэтээччибин. Бары ити ыт туһунан саҥа сокуонтан олох бастарын быһа илгистэллэр. “Дьоммут да, оҕолорбут да аһылыктарын, оскуолалары, дьыссааттары хааччыйбакка сылдьан, барытын быраҕан туран ыттары көмүскүү, хааччыйа сүүрүөхтээх үһүбүт” дииллэр. Онон биири этиэхпин баҕарабын: чааһынай сиэктэрбит наһаа элбэх. Элбэх ыт быраҕыллар. Онон ыты иитэ ылар киһи эппиэтинэһин өйдүөхтээх. Дьэллик ыт элбээбэтигэр олохтоохтор бэйэбит кыһаллыахтаахпыт.

– Куорат сахалыы ураты көстүүлээх архитектуралаах буоларыгар тугу киллэрэн эрэҕит?

– СӨ Бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн кинилэр сакаастаан, харчы төлөөн, куорат көстүүтүн дизайн-кода оҥоһулунна. Мин баҕарбытым курдук, сахалыы оһуордаах буолан, син колорита көстүөхтээх диэн үөрэ-көтө көрүстүбүт. Ол дизайн-кодунан эһиилгиттэн Ленин бэрэспиэгиттэн саҕалаан киэргэтиэхтээхпит. Ол иннинэ бэрэспиэккэ турар дьиэлэр фасадтарын барытын өрөмүөннээтэхпитинэ сатанар. Хайдах итинник самнайан турар, тас сыбахтара түспүт дьиэлэр үрдүлэригэр сахалыы оһуору ойуулуохпутуй, уотунан сырдатар сүрэ бэрт, дьон күлүүтүгэр барыахпыт. Инньэ гынан хапытаалынай өрөмүөн пуондатын кытта федеральнай үбүлээһини кэпсэтиэхтээхпит.

– Куоракка үөскээбит кыыскын диэтэххэ, саха тылын баайын, дэгэтин толору туһанан саҥараҕын. Билигин даҕаны куоракка оҕо сахалыы үөрэнэр кыһалҕата аҕыйаабат, өссө дириҥээн иһэр. Бу кыһалҕаны хайдах быһаарыахха сөп дии саныыгыный?

– Куорат 52 оскуолатыгар 48478 оҕо 1733 кылааһынан үөрэнэр. Итинтэн 49 оскуолаҕа 38033 оҕо 1374 кылааска нуучча тылынан үөрэнэр. 23 оскуолаҕа 359 кылааска 10445 оҕо саха тылынан үөрэнэр. Ону таһынан, 10 оскуолаҕа 4169 оҕо саха тылын туспа биридимиэт быһыытынан үөрэтэр. Отчуокка көрдөххө, сылтан сыл аайы саха тыллаах кылаастар элбээн иһэллэр. Ол гынан баран оҕону сахалыы саҥардар сүрүн кыһалҕаны быһаарбаттар, кылаас диэн кылаас. Төрөппүттэри, учууталлары кытта көрсөн кэпсэтиигэ сэттис кылаастан үөһэ саха тылынан үөрэтэр учуобунньук суох дииллэр. Начаалынай кылаастар син үөрэнээхтииллэр. Үрдүкү кылаастарга быстан хаалаллар. Инньэ гынан, факультатив быһыытынан, эбэтэр атын ньыманы булан үөрэтэ сатыыллар. Мин санаабар, биир сүрүн кыһалҕа итиннэ сытар. Иккис сүрүн кыһалҕа – оскуолабыт тиийбэтэ. Онон хайдах да саха тыллаах оскуоланы арыйарбыт табыллыбат: үөрэнэр оҕо барыта оскуолаҕа, сокуон этэринэн, бэрэпиискэтинэн кэлэн киирэр. Миэстэ тиийбэккэ, оҕолору нууччалыы-сахалыы үөрэтии диэн араарар кыах суох. Бу икки кыһалҕа быһаарылыннаҕына, мин санаабар, саха тылынан үөрэнэр кылаастар геометрическай прогрессиянан элбиэ этилэр.

– Бөх боппуруоһа өссө ыараан иһэр курдук. Кэлин өссө “Якутскэкосети” тэрилтэҕэ холуобунай дьыала тэриллибит диэн сурулунна. Залог олохтоохторуттан бөх таспакка эрэ иккис хос харчы төлөтө сатыылларын утаран борокуратуураҕа үҥүстүбүт. Бөхтөн көмүс манньыат тохтор барыстаах биисинэс тахсыбата, хайдах буолабыт?

– “Якутскэкосетилэр” монополист буола сатаан, улахан барыска ымсыыран, бөх таһыытын эйгэтигэр үлэлээбит кыра урбаанньыттары үүртэлээн, барытын бэйэлэригэр ыла сатаан сүрдээх улахан айдааны тоҕо тартылар. Дьиҥинэн, тиэхиньикэлэрэ да тиийбэт. Мин санаабар, бэйэлэрэ кыайбаттарын билэр эрээри, кыра тэрилтэлэри кытта үлэлэһэн хабар эйгэлэрин кэҥэтиэ этилэр.

– Бүлүү суолун 25 км саҥа полигон тутуллуохтааҕа ханна тиийдэ?

– 90-с сыллардаахха сабыллыахтаах эрээри, билигин да үлэлии турар Бүлүү суолун сыбаалкатын сытыттан-сымарыттан куорат эрэй бөҕөнү көрөрүн бары билэбит. Ол саҥа полигон тутуута саҕалана да илик. Айылҕа харыстабылын уонна ДьУоХХ министиэристибэлэрэ ити бырайыагы федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэн, федеральнай харчынан тутаары гыналлар, ол үлэтэ бара турар. Хаһан быһаарылларын чопчу этэр кыах суох. Билиҥҥи сокуонунан бөх боппуруоһа – өрөспүүбүлүкэ боломуочуйата. Ону дьон өйдөөбөт, “бу кыыс, Сардаана, “миэнэ буолбатах” диэн бөх кыһалҕатын бэйэтиттэн тэйитэ, аккаастана олорор” дииллэр. Дьиҥинэн, сокуон быһыытынан, ким тугу гыныахтааҕа боломуочуйаларынан “эн харчыгын онно эрэ туттуохтааххын” диэн тыырылла сылдьар. Онон мин, ити бөх таһыытын, ол эбэтэр куорат боломуочуйатыгар киирбэт үлэни, оҥоруо суохтаахпын.

– Саҥа дьылбыт бу кэллэ, дьоҥҥор-сэргэҕэр тугу этиэҥ этэй?

– Саҥа дьылбытын олох санаабытын түһэрбэккэ, үчүгэй настарыанньалаах, эрчимнээх, инники олоххо эрэллээх көрсүөххэйиҥ! Биһиги, сахалар, сүрдээх тулуурдаах, мындыр өйдөөх дьоммут. Хайдах баҕарар ыарахан балаһыанньаттан тахсар кыахтаахпыт. Билиҥҥи ыарахан кэми, саамай кылаабынайа, бары иллээх, эйэлээх, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөн туоруохтаахпыт. Билигин “миэнэ буолбатах, мин онно сыһыаным суох” диэн туора турбакка, киһи киһиэхэ көмөлөһүөхтээх кэмэ кэллэ.

2022 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сыла туолар өрөгөйүн бэлиэтиэхпит. Хас биирдиибит өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын хайдах көрсөбүтүй, дойдум туһугар тугу оҥордум, сайдыытыгар туох кылааты киллэрдим диэн санаан, үлэлээн-хамсаан тиийиэхтээхпит. Сайдыыбыт инники кэскилин арыйарбытын өйдүөхтээхпит, оннук санаанан кынаттанан сылдьыахха. Бука барыгытыгар бөҕө доруобуйаны, дьолу-соргуну, ситиһиини баҕарабын! Кытаатан харыстана сылдьыҥ! Саҥа дьылынан!

– Сардаана Владимировна, куорат олоҕун туһунан бэрт интэриэһинэй, өйдөнөр гына быһаарбыт аһаҕас кэпсээниҥ иһин хаһыат ааҕааччыларын аатыттан махталбытын биллэрэбит. Төһө да ыарахан кэмнэр буолбуттарын иһин, эппитиҥ курдук, бары өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын үрдүк ситиһиилэрдээх көрсөргө үлэлиэҕиҥ!

Владимир Степанов.