Киир

Киир

Госдуумаҕа Сардаана Авксентьеваттан интервью ыла киирбитим мобилизацияҕа эрэгийиэннэртэн төһөлүү дьону ыҥырбыттарын табылыысса оҥорон тэҥнии олороро. Ол ааҕан, «Саха сириттэн атыттартан элбэх дьону ыҥырбыттар дуу?» диэн санаатын телеграм-ханаалыгар таһаарбыта. Ити киэһэ кини Ил Дархан Айсен Николаев 3000 киһи диэбит информациятыгар тирэҕирэн, интэриниэккэ инники тарҕаммыт 4750 киһи хомуллар диэн сыыппара сымыйатын туһунан эбии быһаарыы биэрбитэ.

Бу түгэн тугу этэрий? Дойдуга гражданскай уопсастыба күүскэ сайдан иһэрин кэрэһилиир. Иккиһинэн, Сардаана Владимировна Госдуума судаарыстыбаны тутууга уонна сокуону оҥорууга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы быһыытынан элбэх ноҕуруускалаах да буоллар, төрөөбүт Сахатын сирин туһугар ис сүрэҕиттэн кыһалларын көрдөрөр.

– Сардаана Владимировна, Госдуумаҕа үлэҥ туһунан “Кыым” ааҕааччыларыгар билиһиннэр эрэ.

– Төбөм сарсыардаттан атыҥҥа киирэн олорор (мобилизация испииһэгин тэйитэр). Ол эрээри, үлэбитин кэпсээтэххэ, бастакытынан, баартыйабытынан саамай күүскэ туруорсар боппуруоспут урбаанньыттары өйөөһүн буолар. Элбэх этиини киллэрдибит. Арҕаа дойдулар Арассыыйаны утары сааҥсыйалары ылбыт кэмнэригэр, биһиги бэлэм буоламмыт, 70-тан тахса этиини киллэрбиппит үксэ олоххо киирэн эрэр. Холобур, 30-гар диэри саастаах эдэр дьону үлэҕэ ыллахтарына, ол урбаан тэрилтэтэ судаарыстыбаттан субсидия ылыахтаах. IT, криптовалюта туһунан этиилэрбит эмиэ аастылар. Бырамыысыланнай ипотеканы туруорсуубут олоххо киирэн эрэр, дьон туһаныан сөп. Административнай ыгыыны-түүрүүнү тохтотууну иккис сылын туруорсан, былааннамматах араас бэрэбиэркэ тохтотулунна. Итини ситиһии курдук кэпсээбэппин, күннээҕи үлэбитин көрдөрүү быһыытынан этэбин. Иккиһинэн, эдэр урбаанньыттары үөрэтиигэ баартыйабыт “Мин дьыалаҕа баарбын” диэн бырайыактаах. Үгүс эрэгийиэҥҥэ үлэлии турар.

Урбаанньыт буолуу – ураты эйгэ. Элбэх киһи уопута суох, бэлэмэ, үөрэҕэ суох киирэн “умайар” холобура балачча.  Атахтарыгар турбут дьону иһиттэххэ, табыллыбакка, ыарахаттары көрүстэллэр да, санаалара тостубатаҕына ситиһиилэнэллэр. Эдэр ыччат урбааҥҥа бэйэтэ көхтөөх буолуохтаах. Биһиги чааһынай көҕүлээһини өйүүрү бэйэбит сүрүн сорукпутунан ааҕабыт. Үһүс сүрүн хайысхабыт – экология. Билигин бырамыысыланнаска күүспүтүн, болҕомтобутун уурдарбыт даҕаны, айылҕабытын, экологиябытын умнуо суохтаахпыт. Бүгүҥҥү уустук быһыы-майгы хаһан эмэ ааһыа, оттон Сахабыт сирин айылҕата хайдах буолуой диэн дьон долгуйар. Мин манна учуонайдары ыҥыран кэпсэтэбин. Кинилэр баһаар кэннэ ойуур эһиэхэ 100 сыл чөлүгэр түһэр дииллэр. Итини учуонайдар Сибииргэ маһа кэрдиллибит ойуур чөлүгэр түһүүтүн кэтииллэригэр көрөллөр эбит. Арассыыйа Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин кытта күүскэ үлэлэһэммит, өйдөһөммүт, билигин Экология кодексын суруйа сылдьабыт. Бу биир сылынан бүппэт улахан үлэ. Дьокутааттыыр кэммит устата бүтэрбит киһи диэн баҕалаахпыт. Биһигиттэн эрэ тутулуга суох. Бырабыыталыстыба, тустаах министиэристибэлэр бары үлэлэһиэхтэрин наада. Төрдүһүнэн, бэйэм үлэлии сылдьыбыт уопуппунан, олохтоох бэйэни салайыныы реформатыгар үлэлэһэбин. Быйыл ити реформаны киллэрэри сыыһа дии саныыбын. Баартыйам  быһаарыытынан, мин Госдуума судаарыстыбаны тутууга уонна сокуону оҥорууга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлии сылдьабын. Бэрэссэдээтэл П.Крашенинниковы кытта быһа кэпсэтэбин. Инньэ гынан, бэйэм этиилэрбин, санааларбын барытын тиэрдибитим. Бу кэлэр сиэссийэҕэ салгыы туруорсар былааннаахпын. Былаас дьоҥҥо төһө кыалларынан чугас буолуохтаах. Оттон биһиэхэ олох ыраах дэриэбинэлэргэ учаскыабай бэлииссийэ да суох, балыыһалара эмиэ суох. Билигин дьаһалталарын суох гыннахтарына, дьон бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэн хаалар курдуктар. Итини утарабын. Дьон олоҕор быһаччы дьайыылаах итинник сокуоннар ылыллалларыгар биһиги тымныы, тыйыс усулуобуйалаах олохтоохпутун биллэриэхтээхпит. Нэһилиэнньэлээх пууннарбыт икки ардылара хастыы эмэ сүүс биэрэстэ. Уопсастыбаннай тырааныспар сылдьыбат. Интэриниэт сүгүн үлэлээбэт. Итинник усулуобуйаҕа дьону хайдах да көрүүтэ-истиитэ суох хаалларан кэбиһэр табыллыбат, сыыһа буоллаҕа. Билигин анал байыаннай эпэрээссийэнэн, ити сокуон тохтуур ини, ол туһунан санаабын тиэрдибитим.

– Атын эрэгийиэннэр Клишас-Крашенинников сокуонугар сыһыаннара хайдаҕый?

– Мин элбэх муниципалитеты, кинилэр дьокутааттарын кытта көрсөбүн. Телеграм-ханаалым сурутааччылара билэллэрин курдук, Арассыыйа устун сүрдээх элбэхтик эрэгийиэннэргэ сылдьан, дьону кытта кэпсэтэбин. Бэйэбэр да дьону кытта көрсөрүм улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, мин Дьокуускай куораттан ырааппатах киһибин. Бэйэм билиибинэн, дьон үтүө санаатынан сылдьыбытым.  Билигин атын эрэгийиэннэртэн тугунан ордуктаахпытый, тугунан итэҕэстээхпитий диэн тэҥнээн көрөбүн. Куораттарынан айанныы сылдьан дьону кытта кэпсэтэн, хомунаалынай хаһаайыстыбаларын, олохторун көрөн тиһиктээх сыыһаларын, кыһалҕаларын көрөҕүн. Инньэ гынан, элбэҕи билэн, сыыһаны-халтыны барытын түмэн, уопсай хартыына оҥорон, Арассыыйа таһымыгар таһааран дойду олоҕо тупсарын улахан түрүбүүнэттэн, ыстатыыстыканан бигэргэтэн, тыл этэн туруорсабын. 

– Атын баартыйалары кытта сыһыаҥҥыт хайдаҕый, эһиги этиигитин ылыналлар дуу?

– Госдуумаҕа ылыллыбыт быһаарыылары, омос көрдөххө, биһиги тылбытын соччо ылыммат курдуктар. Ол гынан баран, кэпсэттэххэ, син дьон буоллахтара, өйдүүллэр. Кинилэр бартыыйынай дьиссипилиинэлэрэ кытаанах, ону тутуһан сылдьаллар. Ол эрээри нуучча “Хааппыла уу тааһы дьөлөр” диэн өһүн хоһоонун курдук, син биир эппиппитин этэ турабыт. Холобур, былырыын, хамсык саамай үгэннээн турдаҕына, мин куар-код доруобуйа харыстабылыгар сыһыана суох, онон туохха да наадата суох диэн, тохтотор туһунан этэн турардаахпын. Онно бары “бу дьахтар хайдах буоларый?” диэн хаһыытаһа түспүттэрэ. Аҕыйах ый ааста, бары “куар-код наадата суох эбит” диэн өйдөөтүлэр. Хаста да ипотека усулуобуйатын уларытыыны көрүөҕүҥ диэн эппитим. Араас этии бөҕөтүн киллэрбитим, олор телеграм-ханаалбар бааллар. Бастаан ылымматтар, аҕыйах ыйынан көрбүтүҥ – ылыллыбыт буолан иһэр. Мин ону оҥорбутум, ситиспитим диэн эппэппин, Кырдьыгынан көрүү (здравый смысл) диэн баар буоллаҕа. Ол иһин анаалыстаан көрөммүт, эппит санаабытын этэ сылдьабыт, уларыппаппыт, санаабыт кытаанах. Биһигини дьон этиҥ диэн талан таһаардахтара дии, ону толоробут. 

– Өрөспүүбүлүкэҕэ “Саҥа дьон” баартыйалара быйылгы быыбарга тоҕо кыттыбата? Эһиил улахан быыбардарга кыттар санаалааххыт дуу?

– Саҥа баартыйа буолан, мин каадыр боппуруоһугар олус сэрэнэбин. Тоҕо диэтэххэ, атын баартыйаттан өһүргэнэн дуу, хайаан дуу кэлбит эбэтэр сыл аайы баартыйаларын уларыта сылдьар дьон кэлиэхтэрин сөп. Биһиги былааска, бэлиитикэҕэ саҥалыы толкуйдаах эдэр дьон кэлиэхтээх диэн баҕа санаалаахпыт. Туох да диэбит иһин, мин сааспынан аҕа көлүөнэҕэ киирэбин. Онон, иннибитин-кэннибитин көрүнэн, биһиги көлүөнэ кэннибититтэн ким хаалан өрөспүүбүүлүкэбитин иннин диэки илдьэ бара туруой, сайыннарыай диэн толкуйдуубут. Билигин эдэр дьону өйөөн таһаарбатахха, кинилэри дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрбөтөхпүтүнэ, батыһыннара сылдьан үөрэппэтэхпитинэ, биэс, уон сылынан ханнык дьон кэлиэхтэрэй? Ол иһин, түгэни туһанан, эһиги хаһыаккыт көмөтүнэн эдэр дьону ыҥыраары гынабын. Ким дойдутун, өрөспүүбүлүкэтин туһугар үлэлиир кыахтаах, бэйэтэ туспа санаалаах, туох эрэ уопуттаах, аныгылыы эттэххэ, кейстээх дьону биһиги баартыйабытыгар ыҥырабыт, ааммыт өрүү аһаҕас, кэпсэтиэххэйиҥ. Кэлэр дьылга Ил Түмэн быыбарыгар күүскэ кыттар былааннаахпыт. Саха сирэ булкаастаах систиэмэни: дьокутааттары баартыйа испииһэгинэн уонна биир мандааттаах уокуруктарынан талыыны тутуһан олорор. Бу, мин санаабар, өрөспүүбүлүкэ салалтатын саамай сөптөөх быһаарыныыта. Элбэх эрэгийиэҥҥэ баартыйа испииһэгиттэн аккаастанан, биир мандааттааах эрэ уокуруктары хаалларан эрэллэр.

– Куорат мээринэн үлэлии олордоххуна ылбыт интервьюбар ыты уодьуганныыры биир саамай уустук боппуруос диэбитиҥ. Бу хаһан, хайдах киһилии быһаарыллыах курдугуй?

– Ыт боппуруоһа сүрдээх уустук. Манна лоббита улахана бэрт. Ону бакаа кыайбакка сылдьабыт. Холобур, “зоозащита” диэн бэйэтэ туспа биисинэс эбит. Москуба курдук улахан субъектарга элбэх мөлүйүөннээх куонкурустарга кыайан, приют тутаннар, ыт аһын биисинэс оҥостон, элбэх дьон иитиллэн, байан олороллор. Бэл, кулгаахтарыгар иилэр чиптэригэр тиийэ барыта тус-туһунан  харчы интэриэһэ. Инньэ гынан, сүрдээх “интэриэһинэй дьыала” эбит. Госдуумаҕа бэйдиэ сылдьар ыттары өрүү көмүскүүр уонна ахсааннарын аҕыйатары утарар Бурматов диэн Саха сирин дьоно бары бэркэ билэр киһилэрин аҕата чааһынай бэтэринээринэй килииньикэлээх. Төһө да күүстээх лобби баар буоллар, ыт боппуруоһун ытыран баран ыыппакка, син биир быһаартара, туруорса сылдьабын.

Кулун тутар ыйга Арассыыйа Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ ыкка сыһыаннаах саҥа сокуон барылын дьүүлгэ таһаарда. Ол сокуон “ыкка үчүгэйдик сыһыаннаһыахха” диэн сүрүн өйдөбүллээх, биһиги ону утарбаппыт ээ. Саха киһитэ, былыр-былыргыттан ыта баар буолан, бултаан-алтаан баччаҕа кэллэҕэ. Ыт биһиэхэ өссө соҕуруу дойдутааҕар ордук улаханнык сыаналанар. Мин эһэм булчут этэ, ойуурга ыттарын кытта бииргэ хоноро. Онон тугу да билбэт “зоокөмүскээччилэр” биһигини “хаанымсахтар”, “өлөрүөхсүттэр” диэн олоҕо суох ыыстыылларын олус абааһы көрөбүн, утарсабын. Эппит сокуонум саҥа бырайыагын быһаарар суругар министиэристибэ бэйэтэ, олоххо инники киирбит исхиэмэ “носит не последовательный, весьма затратный и в целом не эффективный характер” диэн бэлиэтээн суруйбут. Билиммиттэр, үчүгэй. Аны дьэллик ыт (безнадзорное животное) диэн өйдөбүлү киэҥник арыйыахха (расшифровать) дииллэр. Муокаһа элбэх, холобур, хаһаайына суох күүлэйдии сылдьар ыт дуу, хаһаайыннаах эрээри бэйэтэ босхо сылдьар дуу диэн курдук, чуолкайдыыр элбэх быһаарыылаах буолуохтаах диэбиттэр. Ыты иитиини итинник “куоттарар, салгыы аһатар” албастар бааллар.

“Норма ограничения” диэн ахсаанын хонтуруоллуур өйдөбүл оннугар “норма предписания” диэн сымнатар,  ыйар-кэрдэр курдук этии киирбит. Сокуон, дьиҥинэн, барытын чуолкайдык быһаарыахтаах буоллаҕа. Ол оннугар сокуонтан куотар албастардаах гына оҥорон таһаараллар. Аны туран, “смешение различных способов воздействия безнадзорных животных не эффективны, если работают оба метода” дэммит. Ол аата, билигин баар исхиэмэ “хоруупсуйа үөскүүр төрүттэрдээх” дэммит.

Бу – сүрдээх интэриэһинэй докумуон. Ол иһигэр ыт ахсаанын хонтуруоллааһыны эрэгийиэннэр быһаарыыларыгар биэрэргэ диэн этиллэр. Дьэ, ити саамай сөп. Эрэгийиэннэргэ усулуобуйалара тус-туспа. Холобур, мин Дьокуускайга кэллиэгэбин, биир баартыйалаахпын, Госдуума экологияҕа, айылҕаны харыстааһыҥҥа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Араповы быгыһын аҕала сылдьыбытым. Киниэхэ Дьокуускайга бэйдиэ сылдьар ыттары көрдөрдүм. Туман быыһынан көрөн туран, “ити ньирэйдэр сылдьаллар дуо?” диэн ыйытан соһутта. Онуоха этэбин: “Ити сокуонунан бэйэтин эйгэтигэр олоруохтаахтар дэнэр бэйдиэ сылдьар ыттар”. “Оччоҕо тугун баҕас улахаттарай?!” – диэн, дьиктиргээн саҥа аллайда. “Саха сирин тымныытыгар саамай бөдөҥ, күүстээх кыыл тыыннаах хаалар” диибин. Георгий өйдүүр, үчүгэй киһи. Оттон манна, дойду соҕуруу өттүгэр олорор дьон Саха сиригэр, сүрүннээн, кинилэр иитэр тэллэх ыттарын атаҕастыыр курдук саныыллар. Оттон биһиэхэ -50, -60 кыраадыска бөрө буолбут ыттар эрэ тыыннаах хаалар буоллахтара. Аны быйыл күһүн эрэ быраҕыллыбыт ыттар буолбатахтар. Хас да көлүөнэ көҥүл, бэйдиэ сылдьыбыт, кыыллыйбыт ыттар. Биһиги баартыйабыт “люди важнее” диэн дэбиистээх. Мин ону тутуһабын.

– Эр дьон учууталлыыртан дьиксинэн эрэллэр. Быйыл сайын икки учууталы педофилияҕа уорбалаан сууттаатылар. Ити төрдө ювенальнай быраап күүһүрүүтэ буолар. Уопсайынан, оскуолаҕа учуутал бырааба суох харамай буолан иһэр курдук. Ювенальнай быраап – арҕаалар, өстөөхтөр бырааптара, ити Арассыыйаҕа киирэрин тохтотуохха наада. Эн туох санаалааххын?

– Итинник боппуруоска соруйан уган биэрии (оговор) суох буолбатах. Оттон ювенальнай быраап туһунан эттэххэ, биһиэхэ киирэ илик эрээри, сүрүн бириинсиптэрэ сокуоҥҥа хайыы үйэҕэ киирбиттэр. Мин университеты бүтэрэн баран, сааһын ситэ илик оҕолор хамыыһыйаларыгар үлэлээбитим. Араас ыалга сылдьыбытым, кыһалҕалаах олохтоох, ыарахан дьылҕалаах  ыаллары, оҕолору, төрөппүттэри көрбүтүм. Уопсайынан, ювенальнай быраабы утарабын. Ыал хайдах баҕарар олохтоох буолуон сөп, дьадаҥы да буолуон сөп, баҕар, оҕо күн аайы сакалаат сиэбэтэ, аныгы ноутбуга суох буолуо. Ол оҕо быраабын кэһии дуо? Оттон бу оҕо дьиэ кэргэҥҥэ төрөппүттэрин тапталларыгар иитиллэн улаатара ордук улахан суолталаах буолбатах дуо? Туга эрэ тиийбэт диэн, оҕону былдьыыр олох сыыһа. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕоҕо сыһыан араас буолааччы. Ону дириҥэтэн, бэйэбит олорон кэлбит уопуппутугар, омукпут үйэлээх үгэстэригэр тирэҕирэн көрүөххэ наада. Мин санаабар, уопсастыбаҕа учуутал престиһин, оруолун урукку курдук үрдэтиэххэ, өрө таһаарыахха  наада.

– Сэбиэскэй кэм курдук. Ол саҕана учууталы улаханнык ытыктыыллара...

– Тыый, биһиги учууталбытын туох эрэ диэн утары саҥарарга дуу, дьоммутугар үҥсэргэ дуу үөрэммэтэх дьоммут. Бастатан туран, учуутал оруолун үрдэтэргэ уопсастыбаны кытта үлэлиэххэ наада. Иккиһинэн, биһиги баартыйабыт учууталга базовай федеральнай акылааты олохтууру туруорсар. Учуутал кыра дэриэбинэ оскуолатыгар эбэтэр Москубаҕа үлэлиир да буоллун, киниэхэ 75 тыһ. солк. федеральнай акылаат төлөнүөхтээх. Дьэ, ити суумаҕа  оройуон кээписиэнэ, атын эбии төлөбүрдэрэ эбиллэн иһиэхтээх.   Бүгүҥҥү туругунан, чиэһинэйдик этиэххэ, хамнас өттүнэн бэрэсидьиэн ыам ыйынааҕы ыйаахтара туолбакка тураллар. Ол туһунан Госдуума түрүбүүнэтиттэн аһаҕастык этэн турабын. Онуоха “сымыйа, ыйаахтар туолаллар” диэн хаһыытаспыттара. Ол эрээри, хас биирдии учууталы кытта кэпсэттэххэ, мин тылбын бигэргэтэллэр. Ноҕурууска, элбэх чаас, элбэх оҕо буолан, нуорматтан аһара баран, хамнаспыт үрдээбит курдук көстөр дииллэр. Дьиҥэр, элбэх чаас, ноҕурууска туспа төлөнүөхтээхтэр. Ыйаах тахсарыгар ситэ этиллибэтэх, ону туһанан, албаһыран, ыйаах туоларын курдук көрдөрөллөрө букатын сыыһа дии саныыбын.

– Саха сирин ситиһиилэрин, уратытын туһунан иһитиннэрии-көрдөрүү элбээтэ. Биһигини киин сиргэ төһө билэр буолбуттарый, сыһыаннара хайдах дии санаатыҥ?

– Арассыыйаҕа ханна да тиийдэхпинэ, манна, Москубаҕа, улахан кэбиниэттэргэ да киирдэхпинэ, наар дойдум туһунан, хантан сылдьарбын, ханнык норуот кыыһа буоларбын кэпсииртэн саҕалыыбын. Мин наар литэрэтиирэбит туһунан, уруккубутун-аныгыбытын, абыычайдарбытын, сиэрбитин-туоммутун кэпсиибин. Биһиги туох ситиһиилээхпитин, култуурабыт туһунан кылгастык хайаан да билиһиннэрэбин. Ким эрэ билэр, ким эрэ билбэт, саҥа истэр. Сөҕөрүм уонна махтанарым диэн, араас куоракка элбэх киһи сахалар тустарынан билэр эбит. Биһиэхэ убаастабыллаах сыһыаннаахтар эбит диэммин, норуоппунан киэн туттабын. Аны Госдуума түрүбүүнэтигэр хас таҕыстаҕым аайы, дойдубун-дьоммун түһэн биэримээри, күүскэ бэлэмнэнэбин, долгуйабын, хас биирдии тылбын ыйааһынныыбын, бэрэбиэркэлиибин. Саха норуотун кыыһа буоларбынан, сүрдээх улахан эппиэтинэстээхпин диэн сананабын. Биһиги, Саха сириттэн талыллыбыт Госдуума дьокутааттара, бэйэ-бэйэбитин кытта олус үчүгэй сыһыаннаахпыт, баартыйанан араарсыбаппыт. Бэйэбит туспа бассаап бөлөхтөөхпүт, мээнэ бөх информацияны ыытыспаппыт, дьыаланы-куолуну үчүгэйдик быһаарсабыт, кэпсэтэбит.

– Билигин үөскээбит балаһыанньанан экэниэмикэбит хайдах буолуох курдугуй? Тоҕус ыйдаах тымныылаах дьон хайдах кыстыыбыт диэн сэрэнэрбит-сэрбэнэрбит баар буоллаҕа.

– Сабаҕам сыыһа буоллар, туолбатар диэхпин баҕарабын. Барыта үчүгэй буолуо диэхпин тылым тахсыбат. Арассыыйа Ааҕар-суоттуур палаатата атырдьах ыйыгар “эрэгийиэннэр дохуоттара аҕыйыыр, ороскуот улаатан иһэр” диэн турардаах. Аны туран, мобилизацияҕа нэһилиэнньэ экэнэмиичэскэй өттүнэн актыыбынай, үлэни кыайар, үлэлии, нолуогу төлүү сылдьыбыт дьоно барар буоллахтара. Хас пиэрмэр, урбаанньыт барыаҕай? Ити хайдах охсууланан тахсыан сөбүн ким да суоттаабакка олорор буолуохтаах. Кыайан суоттаммат даҕаны. Холобур, бүгүн миэхэ биир быыбардааччым: “Урбаанньыппытын мобилизацияҕа ыллылар, биһиги 50 үлэһиттэрэ олорон хааллыбыт”, – диэн  суруйар. Урбаанньыттар үлэһиттэрин хамнастаан, кинилэр дьиэ кэргэттэрин аһата-таҥыннара олордохторо. Дьоҕус тэрилтэҕэ салайааччылара, бэчээтэ суох суох сатаан үлэлээбэттэр. Аны урбаанньыт кирэдьииттээҕэ буолуо, нолуок төлүүр, отчуот туттарар кэмэ кэлиэ. Ити – улахан кыһалҕа. Эн кэлиэҥ эрэ иннинэ ити боппуруостарга РФ экэнэмиичэскэй сайдыытын миниистирэ Максим Решетниковтыын кэпсэттим, туруорустум. Этиитэ киллэр диэтэ.

– Аармыйаҕа ыҥырал-ларыгар Уһук Илин, Саха сирэ килиимэтэ кытаанаҕынан, 3 оҕолоохтору ыҥыралларын тохтотор гына туруорсуохха сөп дуо? Билиҥҥи сокуону арыый сымнатар кыаллыа дуо? Мобилизация чахчы квоталанар дуо?

– Квотаны ким да түһэрбэт быһыылаах, билигин аһаҕас информация суох. Госдуума дьокутаата, оборуона кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, кэллиэгэм генерал-полковник А.В. Картаполов этэринэн, мобилизация эрэгийиэннэргэ олорор дьон ахсааныгар тирэҕирэн барар диир. Ону сыыппаранан бэрэбиэркэлээн көрдөххө, кини этэрин курдук тахсыбат. Мин бүгүн Ил Түмэн дьокутаата Е.Х. Голомареваны, биллиилээх уопсастыбаннай диэйэтэл У.А. Винокурованы кытта суругунан билсэ олоробун. “Аҕыйах ахсааннаах омуктары аармыйаҕа ылан эрэллэр, ити хайдаҕый?” дииллэр. Боппуруос элбэх. Мин санаабар, итинник боппуруостарга син биир территория уратыта, олох укулаата, олох олоруу усулуобуйата учуоттаныахтаах. Ол туһунан бырабыыталыстыбаҕа этии киллэрдим. Биһиги эр дьоммут бардахтарына, кинилэри солбуйа ким да кэлбэт буоллаҕа. Саха сирин курдук тымныы дойдуга эр киһитэ суох олорор ыарахан. Улахан салалта итинник санааҕа кэлиэ диэн эрэнэ саныыбын. Мин син биир уратыбытын учуоттуулларын курдук туруорсуом.

– Дьоҥҥор-сэргэҕэр тугу этиэҥ этэй?

– Санааҕытын түһэримэҥ. Биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит, аҕаларбыт, ийэлэрбит  билиҥҥитээҕэр быдан ыарахан усулуобуйаҕа олорон кэлбиттэрэ. Биһиэнэ да барыта этэҥҥэ табыллыа, кыһалҕалаах кэм ааһыаҕа. Олох уустуктарын тулуйарга, туоруурга бары бииргэ түмсүүлээх буолуохтаахпыт. Биһиги курдук ураты тымныы килиимэттээх дойдуга бэйэ-бэйэбитин өйөстөхпүтүнэ эрэ, табыллар. Урут да оннук гынан, норуоппут тыыннаах хаалбытын умнуо суохтаахпыт.

Владимир Степанов. Дьокуускай-Москуба-Дьокуускай.

Бүтэһик сонуннар