Киир

Киир

“Иирэлээх-ньиэп” урут «АЛРОСА» хампаанньа бас билиитэ этэ. АЛРОСА бэйэтэ оҥорон таһаарар уматыктаах буоларга дьулуспута өйдөнөр.

Ол курдук, маннык бөдөҥ тэрилтэ уматыгы «материктан» тиэйиигэ ортотунан 2 млрд солк. ороскуоттуур. Олус улахан сыыппара. Атын сирдэртэн диисэл уматыга, сиикэй ньиэп, бэнсиин тиэммэккэ бэйэтин хааччынар былаана хас эмэ сыллар усталарыгар араас мунньахтар бэбиэскэлэригэр турбута. Ол эрэн, ньиэп сүүрдэргэ аналлаах собуот ол тухары олус эрэйдээхтик, улахан ороскуоттаахтык тутуллан иhэн тохтоон хаалбыт. 1994 сыллаахха атыылаhыллыбыт американскай тэриэбэлээх, 200 тыhыынча туонна кыамталаах собуот аанньа үлэлээбэтэх. Эбэн эттэххэ, бу собуот үлэтэ скважиналара үүттэнэн (2,5 биэрэстэ усталаах) инфраструктурата сүнньүн буларын туhугар, элбэх үп-харчы ороскуоттаммыта. Кэлин, собуот инвестицията суох, үүттэммит скважиналарын пуондата тутахсыйан, аат эрэ харата үлэлээбитэ буола олордо. Бу сыллар тухары ыhа-тоҕо сатаан, лиcсиэнсийэлэрэ былдьаммыта ырааппыт да буолуохтаах этэ. 2009-2012 сс. тохтуу-тохтуу да буоллар, ньиэп нэhиилэ «сыыгынаан» хостоно турбута. Сатала суохтук.

zavod Irelyux Neft

Ньиэби уматыыттан сылтаан, тулалыыр эйгэҕэ хоромньу бөҕө оҥоһуллубута. Хас да сыллааҕыта тобох ньиэби уматан буруолаппыттарыгар, «Верхнэй» микрооройуон олохтоохторо амырыын сыттан тумнастаары ыксаан, айдаан бөҕө түhэрбиттэрэ, түннүктэрин үлүгэр куйааска кытта лигиччи саптан олорбуттара.

Оттон ньиэби туhанааччыларга тууhуттан ыраастамматах бородууксуйа тиэллибитигэр эмиэ улаханнык айдаарбыттара. Нуорма-быраап сиэрин умнан туран, кэккэ кэhиилэрдээх, саарбах хаачыстыбалаах бородууксуйаны хостообуттара элбэх. Ол курдук, уматыгы сатала суох хостооhун түмүгэр ньиэптээх учаастак уунан туолан хаалааччы. Ол холохойдоох уу диэлийэн ханна барарый? Инньэ гынан, маннык ыарахан бырайыагы салгыы уйунар кыахтара суоҕа. Ол иһин собуоту хайдах кыалларынан бигэ хаhаайыттарга батарыы боппуруоhа тирээбитэ.

Ити курдук, «Профильнайа суох актыыптары» «АЛРОСА» хампаанньаттан таhаарыы бырагырааматын иитинэн туспа ыытыллыбыта. «Роснефть» «Иирэлээх-ньиэби» бэркэ диэн сэргээн, ымсыырдан баран, бэйэтигэр туох эрэ биричиинэнэн ылбатах. Оттон «Сургутнефтегаз» мындыр толкуйдаах менеджердэрэ сэргии да барбатахтара.

Кэлин Ленскэй сиригэр «Сила Сибири» «Газпром» сүрүннүүр бырайыага тэнийэн, сайдан, “Иирэлээх-ньиэпкэ” бэлэм собуокка интэриэс дьэ күүһүрбүтэ. Бэрт элбэх мучумаан кэнниттэн, аукцион сиэринэн атыыга баран «Иирэлээх-ньиэп» «НГДУ Восточная Сибирь» диэн буолла. Бэттэх кэлиэхчэ буолбуттар. Ньиэби бырайыактаах хостооhун былааннанар. Дьэ хайаhаллар?!

Билигин «Илин Сибиир» (НГДУ) ньиэп хостуурга толору бэлэм. «Сила Сибири» уматыгы хачайдыыр учаастак диэки холбоммут утумнаах.

Irelyux

Балачча тиэхиньикэлээх, базалаах, авто-пааркалаах тэрилтэ.

Дьэ бу «Илин Сибиир» (НГДУ) тэрилтэ үлэhиттэргэ наадыйар эбит.

Манна силиэсэрдэр уонна оператордар ирдэнэллэр. Онон оройуон тэрилтэлэригэр, бэйэлэригэр табыгастаах үлэ булбатах дьон, бука диэн, маны сэргииллэрэ буоллар.

Санатан эттэххэ, бу тэрилтэ собуота Мииринэйтэн чугас, 12 биэрэстэ тэйиччи сиргэ сытар. Куораттан сылдьан үлэлииллэр. Баахтаттан ордуга диэн ол буолар.

Станислав Алексеев, Мииринэй куорат.