Быйыл Саха сирин тылларын сайдыытыгар төһүү буолбут, тыын суолталаах “Саха Өрөспүүбүлүкэтин тылларын туһунан” сокуоммут олоххо киирбитэ 30 сыла. Өрөспүүбүлүкэ 100 сылын кытта дьүөрэлэспит бэлиэ күнү Ил Дархан Айсен НИКОЛАЕВ өйөбүлүнэн уонна Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр ЖИРКОВ тус кыһамньытынан, көҕүлээһининэн, салайыытынан дорҕоонноохтук бэлиэтиир дьоллоохпут.
Сэтинньи 22–24 күннэригэр Дьокуускайга Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһэ киэҥ далааһыннаахтык бара турар. Санатар буоллахха, I сийиэс 2017 сыллаахха ыытыллыбыта.
Быйылгы сийиэс хас да күн устата ыытылларынан, кыттааччытын ахсаана уонна былаһаакката элбэҕинэн, дьокутааттар уонна баһылыктар өттүлэриттэн дэлэгээттэргэ ураты болҕомто ууруллубутунан сөхтөрөр. Александр Николаевич сийиэскэ бэлэмнэнии мунньахтарыгар хас биирдии дэлэгээт санаатын, кыһалҕатын аһаҕастык этэн, былаһааккаларга кыттан барарыгар хааччах суох буолуохтааҕын эрдэттэн эппитэ.
Сийиэс саҕаланыан иннинэ, сэтинньи 21 күнүгэр, “СӨ тылларын туһунан” сокуон олоххо киирбитэ 30 сылыгар аналлаах Тыл бэлиитикэтин сүбэтин мунньаҕа буолла. Мунньаҕы Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтэ салайан ыыппыта үрдүкү салалта өттүттэн тыл кыһалҕатыгар болҕомто күүһүрбүтүн туоһулаата.
Манна «СӨ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ суолталаах тылларын харыстааһын уонна сайыннарыы» бырагыраамата олоххо киириитин дьүүллэстилэр. Сүрүн дакылааттары, этиилэри истии кэннэ Айсен Сергеевич бырагырааманы үбүлээһини 56 мөлүйүөнтэн 100 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыннарарга сорудахтаата. Маны сэргэ төрөппүттэри кытта үлэни күүһүрдэр, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар төрүт тылынан иитэр-үөрэтэр каадыры бэлэмнээһин боппуруостарын чопчулуур, аныгы кэмҥэ сөп түбэһэр үөрэх бырагыраамаларын, учуобунньуктары оҥорон таһаарар уонна ураты этнокультурнай ис хоһоонноох контены элбэтэр соруктары туруорда.
Ити курдук, быйылгы сийиэс үлэтэ үөрүүлээх сонунтан саҕаланна.
Сэтинньи 22 күнүгэр Ил Түмэн салалтата, сис кэмитиэт бэрэссэдээтэллэрэ уонна бар дьон дьокутааттара сийиэс дэлэгээттэрин кытта көрсүһүүлэрэ буолла. Көрсүһүүнү Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков салайан ыытта:
– Ытыктабыллаах дэлэгээттэр, бүгүн манна норуот дьокутааттара уонна улуус баһылыктара, үөрэх управлениетын салайааччылара кэлэн олороллор. Кинилэр сахалыы иитиигэ-үөрэтиигэ туох кыһалҕа баарын билиэхтээхтэр, эһиги санааҕытын, тылгытын-өскүтүн болҕойон истиэхтээхтэр.
Анаммыт күннэри мүччү туппакка, тэрээһиҥҥэ барытыгар көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын. Сийиэс Ил Дархан дьаһалынан тэрилиннэ. Онон түмүктээх буолуохтаах. Кыһалҕа олус элбэх, ону бары өйдүүбүт. Ол гынан баран, аһара “ытаспакка”, салгыы хайдах үлэлиирбитин тобуларбыт ордук буолуо. Барыта боротокуолланар уонна түмүк докумуоҥҥа киирэр, – диэн Александр Николаевич киирии тылын саҕалаата.
Маны таһынан кини Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин оҥорууга үлэ бара турарын, ону сэтинньи 24 күнүгэр дьүүллэһиэхтэрин санатта. Салгыы тылы саала баһыгар олорор бас-көс дьон ыллылар.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей ЕРЕМЕЕВ:
– Сийиэһи тэрийэн ыытыыны көҕүлээччи Александр Николаевич Жирков буолар. Киниэхэ махтаныаҕыҥ. Тыл туһунан сокуон 30 сылынан бу сайыҥҥыттан кими да сүгүн олордубат да, туруорбат да. Онон сийиэс ала-чуо 2023 сылга уонна 2024-25 сс. бүддьүөтү көрөөрү олордохпутуна ыытыллыбытыттан тус бэйэм астынабын. Элбэхтэн аҕыйах түгэҥҥэ тохтоон ааһыам.
Биир курдук, тыллары сайыннарыыга көрүллэр үбү биһиги 56 мөлүйүөнтэн 76 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыннарбыппыт. Бэҕэһээ Ил Дархан ити сууманы 100 мөлүйүөҥҥэ диэри тиэрдэргэ сорудахтаабытын бары үөрэ иһиттибит. Ол эрээри тыллары сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бачча эрэ үп көрүллэр диэн сыыһа өйдөөмөҥ. Үп чопчу хайысханан тыырыллар. Ол курдук, уопсай үөрэхтээһиҥҥэ, тэлэбиидэнньэ, бэчээт эйгэлэрин үлэлэригэр, хамнастарыгар уонна да атыҥҥа өрөспүүбүлүкэттэн элбэх үп барар.
Тылбыт кыһалҕаларын Ил Түмэҥҥэ күүскэ үөрэттибит. Былырыыҥҥыттан сахалыы үөрэтэр оскуолаларбытыгар элбэхтик сырыттыбыт. Кистэл буолбатах, онно үлэлиир учууталлар этэллэринэн, урут оскуолаҕа сахалыы кыайан саҥарбат оҕо киириитэ 10-20 % эбит буоллаҕына, билигин 50 %-ҥа тиийэр буолбут. Онуоха биһиги учууталлартан: “Оскуолаҕа киирэр оҕолору “тылы билэр, билбэт” диэн араартыыгыт дуу, суох дуу?” – диэн ыйытабыт. Ол эрээри “араартаабаппыт” диэн хоруйу ылабыт. Дьиҥэр, сахалыы өйдүүр уонна өйдөөбөт оҕолору тус-туһунан ньыманан үөрэтиллиэхтээҕэ өйдөнөр ээ. Үөрэтии ньыматыгар эмиэ хаалан иһэр эбиппит. Баччааҥҥа диэри урукку, 90-c сыллардааҕы, ньымаларга олоҕуран үөрэтэллэр эбит. Ол кэмтэн балаһыанньа лаппа уларыйдаҕа дии.
Салгыы Алексей Ильич үөрэтии ньымаларын тобулууга, учуобунньуктары оҥорууга үлэ хайдах барыахтааҕын үөрэппиттэрин кэпсээтэ. Тылы үөрэтии ньымаларынан дьарыктана сылдьыбыт Төрүт оскуолалар институттара федеральнай киин бас билиитигэр барбытынан, билигин бу кыһалҕаҕа чопчу биир да тэрилтэ дьарыктаммата биллибит. Научнай эйгэҕэ элбэх дьонноох курдукпут да, оҕолорго чопчу саха тылын мэтиэдьикэтин оҥорор тэрилтэбит суох буолан биэрбит.
Сөптөөх быһаарыыны СӨ Билимин акадьыамыйатыгар тиийэн булбуттар. Манна ыстаат уонна үп көрүллэр түгэнигэр күттүөннээх үлэ тахсыах чинчилэммит. Онон Ил Дархаҥҥа: “Төрүт оскуола института өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр кыайан төннүбэт буоллаҕына, саатар, бэйэбит Билим акадьыамыйатыгар Кииннэ тэрийиэҕиҥ уонна харчытын көрүөҕүҥ”, – диэн этии киллэрбиттэр. Айсен Сергеевич бу этиини сонно ылынан, Киини тэрийэр буолбуттар. Кэлэр сылга манна үп көрүллэн, исписэлиистэри тардан, үлэлэтэн барыахтара.
Үөрэх министиэристибэтин миниистирин солбуйааччытын дакылаатын кэннэ дэлэгээттэри истии саҕаланна. Биллэн турар, иитээччилэр уонна учууталлар кыһалҕалара биир үксүн майгыннаһар. Бары кэриэтэ саха тылын учуобунньуктара олус уустуктарын, научнай хабааннаахтарын, ис хоһоонун оннооҕор эһэлэр, эбэлэр өйдөөбөттөрүн ыйдылар. Холобура, “Айыы Кыһата” гимназия саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Рустам КАЖЕНКИН “учуобунньуктарбыт оҕоҕо буолбакка, судаарыстыбаҕа анаан оҥоһуллубут курдуктар” диэтэ. Онон учуобунньугу оҥорууга, чуолаан ис хоһоонугар, эрэгийиэн тутуһар хайысхатын киллэрэ сатыахтаах, туруорсуохтаах” диэн санаалаах. Бэйэтэ суруйааччы буоларын быһыытынан, Рустам Каженкин оҕолор ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыыга биир олус үчүгэй этиини киллэрдэ. Кини дойду үрдүнэн киэҥник туттуллар “Пушкинскай” хаартаны тыа сирин оҕолоро туттубаттар диэн ыйан туран, бу хаартанан оҕо сурунаалын сурутар, кинигэ атыылаһар кыаҕы киллэрэргэ ыҥырда.
Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэх управлениетын начаалынньыга Спиридон БОРБУЕВ дьокутааттарга көрдөһүүлээх кэлбит.
– Биһиэхэ быйылгы үөрэх дьылыгар маҥнайгы уонна бэһис кылаастарга эмиэ ФГОС саҥа ирдэбилэ киирдэ. Эһиилгиттэн сыыйа-баайа иккис уонна тохсус кылаастарга диэри киириэхтээх.
Ол түмүгэр былырыын саха тылыгар, литэрэтиирэтигэр, ааҕыыга уонна суруйууга биэс чаастаах буоллахпытына, быйыл үс эрэ чаастаахпыт. Икки чааһы сүтэрдибит. Онуоха дьокутааттарбыт туруорсаннар, Үөрэх министиэристибэтиттэн икки чааһы ВУД (уруок таһынан) чааһыттан биэриҥ диэн ыйыы-кэрдии кэлбитэ. Ол эбэтэр, “үөрэх кэнниттэн куруһуок курдук ыытыҥ” диэн.
Онуоха оҕолор саха тылын үөрэтиэхпит этэ диэн, үөрэх кэнниттэн оскуолаҕа кэлиэхтэрэ дуо? Дириэктэр ол икки чааһы чопчу саха тылыгар биэриэ дуо? Баҕар, бүгүҥҥү долгуҥҥа оҕустаран, быйыл биэриэ, онтон эһиил суох гыныа. Тоҕо диэтэххэ, саҥа ирдэбилинэн биһиги саамбаны, НВП-ны, устуоруйаны дириҥэтэн үөрэтиини уонна да атыны киллэриэхтээхпит. Ол барыта хантан ылылларый – хайа эрэ биридимиэт чааһыттан.
Биһиги ааспыт үөрэх дьылыгар саха тылыгар бастакы кылаастан уон биирис кылааска диэри 49 чааһы толору биэрэн олоробут. Саҥа ФГОС олоххо киирэн бардаҕына, саха тылын үөрэтиигэ 31 эрэ чаас буолар. Манна үс: ФГОС, НСОТ уонна үөрэтэр тылы талыы моһолун ааспыт саха тылын учууталлара кэлэн олороҕут. Эһиэхэ уруй-айхал! Онон Ил Түмэн дьокутааттарыттан оскуолаҕа саха тылын үөрэтии чааһыгар аналлаах туспа кэпсэтиини тэрийиҥ диэн көрдөһөбүн. Оччоҕо оскуолаларга төһө чааһы биэрэн олорорбут илэ көстөн кэлиэх этэ. Уонна эбии бэриллэр икки чаас чопчу саха тылыгар барарын сокуоҥҥа киллэрэргит буоллар. Тоҕо диэтэххэ, оскуолаҕа тылы аанньа ахтыбат дириэктэр кэллэҕинэ, ити икки чаас саха тылыгар бэриллибэт.
Баатаҕай сахалара саха тылын симэлитэн эрэллэр
Ил Түмэҥҥэ сийиэс дэлэгээттэрин кытта көрсүһүүгэ Дьааҥы улууһун Баатаҕай орто оскуолатын үрдүкү категориялаах алын сүһүөх учуутала Анна СТРУЧКОВА кылгас иһитиннэриитэ мустан олорооччулары улаханнык долгутта. Кини улууска түөрт улахан уһуйаан баарын тухары биир даҕаны сахалыы бөлөх суоҕун, оскуолаларга саха кылаастарын саба туралларын, саха тылын учууталлара үлэтэ суох хаалалларын эттэ. Ол курдук, Анна Николаевна сахалыы үөрэтэр маҥнайгы кылааһыгар 8 эрэ оҕо киирбит буоллаҕына, нууччалыы үөрэтэр кылааска 30 оҕо киирбит. Бу – төһө эмэ бары кэриэтэ саха буолалларын үрдүнэн. Хамнас оҕо ахсаанынан төлөнөр буолан, саха кылааһын учуутала нуучча кылааһын учууталынааҕар үс төгүл намыһах хамнаһы ылар эбит.
– Мин педагогтаабыт ыстааһым – 33 сыл. Ол тухары оҕолору сахалыы иитэн-үөрэтэн кэллим. Улуус киинигэр сахабыт тылын сахалар бэйэбит илиибитинэн суох гынан эрэрбититтэн олус хараастабын. Сааһырбыт учууталлар кэннилэриттэн эдэр учууталлар кэлиэхтэрэ. Кинилэр биһиги курдук саха тылын үөрэтэ сатыахтара дуо, кыра хамнаска үлэлиэхтэрэ дуо? Суох буолуо дии саныыбын. Нэһилиэктэртэн улуус киинигэр саха дьоно көһөн кэлиилэрэ элбии турар. Ол үрдүнэн сахалыы кылаастары тэрийбэттэр. Миэхэ сахалыы үөрэнэ киирбит аҕыс оҕоттон биир таджик уонна нуучча оҕото бааллар. Бэл, атын омук дьоно саха тылын үөрэтэ сатыыллар. Оттон нууччалыы үөрэтэр кылааска – бары кэриэтэ сахалар.
Ол да буоллар санаам кытаанах. Хамнас туһа диэммин, сахалыы үөрэтиибин тохтотор санаам суох. Сахалыы үөрэнэргэ баҕалаах биир оҕо да хааллаҕына, батыныам суоҕа дии саныыбын, – диэн үлэтигэр, төрөөбүт тылыгар бэриниилээх учуутал долгуйуутун, хомолтотун биллэрэр.
Бу кыһалҕаны Анна Николаевна Дьааҥы улууһун дьаһалтатыгар, үөрэх управлениетыгар элбэхтик этэ сылдьыбыт даҕаны, балаһыанньа, төттөрүтүн, мөлтөөн иһэр. Арай быйыл күһүн улууска саҥа баһылык талыллан, туох эрэ тыас тахсыах курдук. Кини өйөбүлүнэн Дьааҥы улууһуттан сийиэскэ 7 дэлэгээт кэлбит. Онон дэлэгээттэр Владислав Михайлович Ивановка махтаналларын уонна кинини эрэнэллэрин эттилэр.
Биһиги СӨ Үөрэх министиэристибэтэ бу кыһалҕаны хонтуруолга ыларыгар, оттон үөрэх управлениетын салайааччыта балаһыанньаны дьаалатынан ыытан сылдьыбакка, суһаллык кэккэ миэрэни, дьаһалы ыларыгар көрдөһөбүт.