“Кыым” алтынньы 22 күнүнээҕи нүөмэригэр “Ытыс соттуу” диэн матырыйаал бэчээттэммитэ. Ол матырыйаалга Наро-Фоминскай куоракка ыытыллыбыт Арассыыйа көҥүл тустууга чөмпүйэнээтин түмүктэрэ эридьиэстэммиттэрэ. Ааҕааччылар тэҥнээн көрдүннэр диэн статистика дааннайдара, табылыысса бэриллибитэ.
Ол матырыйаал: “Кэлэр нүөмэрдэргэ тустуу исписэлиистэрин кытта кэпсэтиилэр бэчээттэниэхтэрэ. Кинилэр санааларын хайаан да истиэхпит. Быһаччы дьарыктыы сылдьар дьон чопчу санаалары этиэхтэрэ диэн эрэнэбит”, – диэн тылларынан түмүктэммитэ.
Ол эрэннэриибитин толоробут. “Кыым” бүгүҥҥү ыалдьыта – көҥүл тустууга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэньэрэ Александр Оконешников.
Успуорка, бэл, 45-50 саастаах тириэньэрдэр эдэр исписэлиистэринэн ааҕыллааччылар. Оттон Александр Савельевич 38 саастаах. Кини былырыын, от ыйыгар, сүүмэрдэммит хамаанда сүрүн тириэньэринэн анаммыта. Кини иннинэ сүрүн тириэньэринэн (2013 сылтан) Владимир Кириллин үлэлээбитэ.
Александр Оконешников – көҥүл тустууга Арассыыйа успуордун маастара, хапсаҕайга СӨ маастара. Кини элбэхтик араас таһымнаах турнирдар, күрэхтэһиилэр кыайыылаахтарынан, призердарынан буолбута. Ол гынан баран кини биир күрэхтэһиигэ өрөгөйдөөх кыайыыта өйгө-санааҕа бигэтик хатана сылдьар.
2007 сыл сэтинньитигэр Дьокуускай “Кыайыы 50 сыла” успуорка дыбарыаһыгар – Арассыыйа тустууга федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ Михаил Эверстов бирииһигэр Бүтүн Арассыйатааҕы турнир ыытыллыбыта. Саамай тиһэххэ – хапсаҕайга муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһии тэриллибитэ. Бириис – УАЗ массыына! Онон бэрт элбэх бөҕөс суруйтарбыта. Саамай эрэллэрбит Николай уонна Ньургун Чукровтар Красноярскай бухатыыра Иннокентий Зыковка кыайтарбыттара.
74 киилэҕэ тустубут Александр Оконешников финал аҥаарыгар Дагестан бухатыыра Арсланбек Алиевы (96 кг) бүдүрүппүтэ. Ити кэнниттэн Арсланбек Алиев Арассыыйа чөмпүйэнээттэригэр үс төгүл призердаан турар (биир үрүҥ көмүс уонна икки боруонса мэтээллэри ситиспитэ).
Онтон быһаарыылаах хапсыһыыга Александры утары 120 киилэлээх Иннокентий Зыков тахсыбыта. Кинитээҕэр икки бүк чэпчэки ыйааһыннаах Александр утарылаһааччытыттан иҥнэн-толлон турбатаҕа, атахха ыстаммыта. Зыков саха бөҕөһүн ыйааһынынан хам баттаан көрөн баран, эрийэ тэбэргэ санаммыта. Ол гынан баран Александр утарылаһааччытын кимиилээх хамсаныытын хапсаҕай ньыматынан “салайа” туппута. Зыков көбүөргэ лис гына сууллан түспүтэ. Тобус-толору саала өрөгөйдүүр ыһыыта-хаһыыта кулгаахпар бу баар. Өрөгөй силигин ситэрэн Александр ийэлээх аҕата көбүөргэ сүүрэн тахсыбыттара.
Александр Оконешников өссө Леонид Спиридонов Олимпиадаҕа бэлэмнэнэригэр спарринг-партнер буола сылдьыбытын, бэл аатырбыт-сураҕырбыт Бувайсар Сайтиев кинини кытта эрчиллэрин сөбүлүүрүн эҥин туһунан суруйуохха баара да... Чэ, ити өссө тоҕоостоох күн көстүөр дылы хаалан эрдин. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэньэрэ Александр Савельевиһы кытта көҥүл тустуу кыһалҕаларын тула кэпсэтиэхпит.
Чурапчы, Өймөкөөн, Уус Алдан
– Александр, кэпсэтиибитин сахалыы сиэринэн саҕалыахха. Кимтэн кииннээххиний, хантан хааннааххыный?
– Чурапчы Чакырыгар төрөөбүтүм, ол гынан баран оҕо сааһым Өймөкөөҥҥө ааспыта. Онтон Уус Алдаҥҥа успуорт оскуолатыгар үөрэммитим, онно тустууга уһуйуллубутум. Олимпийскай эрэллэр училищеларын, успуорт институтун бүтэрбитим. Онон оҕо эрдэхпиттэн наар успуорт эйгэтигэр сылдьабын.
– Саха сиригэр көҥүл тустуу, биллэрин курдук, бастакы нүөмэрдээх успуорт көрүҥэ. Онон сүүмэрдэммит хамаанда сүрүн тириэньэрэ болҕомто киинигэр сылдьар. Кини мэлдьи исписэлиистэр да, ыалдьааччылар да саҥаларын-иҥэлэрин, кириитикэлэрин ортотугар сылдьар. Бу дуоһунаска тута сөбүлэспитиҥ дуу?
– Этии киирбитигэр – толкуйдаан, ыараҥнатан көрөн баран сөбүлэспитим. Олоххо чэпчэки суол диэн ханна да суох. Эдэр дьон ыарахаттартан толло, куота көтө сырыттахпытына үүнүү-сайдыы барбат буоллаҕа.
Араас киһи баарын, араас саҥа-иҥэ тахсарын бэркэ өйдүүбүн. Оруннаах кириитикэни ылынабын, оттон мээнэ үрдүттэн көрөн саҥарыыны хайдах ылыныаххыный.
Оскуола, түһүмэх, систиэмэ
– Көҥүл тустуу диэн бүтүн систиэмэ буоллаҕа: уончалаах оҕоттон саҕалаан үрдүк таһымнаах бөҕөскө тиийэ. Манна саҥа сүрүн тириэньэр тугу уларытыан сөбүй?
– Улуу тириэньэрбит Дмитрий Петрович үлэтин-хамнаһын ырытан, үөрэтэн көрбүтүм. Оччоттон баччааҥҥа дылы үлэлээн кэлбит систиэмэни мин куһаҕан диэбэппин. Сөптөөх систиэмэ. Успуорт кыһатын бүтэрбит оҕо тустуута “туруоруллубут”, тустар истиилэ чопчуламмыт бөҕөс. Кини салгыы – эдэрдэр, онтон улахан дьон күрэхтэһиилэригэр буһар-хатар. Онон оҕо успуорка оскуолатын тириэньэрэ иитиллээччитин ити түһүмэхтэри сөптөөхтүк ааһарга бэлэмниир.
Онтон сүүмэрдэммит хамаанда тириэньэрин үлэтэ уратылардаах. Биһиги бөҕөстөр чопчу күрэхтэһиилэргэ үчүгэй бэлэмнээх тиийэллэрин туһугар былааннаах, хас да түһүмэхтээх үлэни ыытабыт. Оттон сүүмэрдэммит хамаандаҕа араас таһымнаах, бэлэмнээх бөҕөстөр кэлэллэрэ туһунан боппуруос.
Сүүмэрдэммит хамаандаҕа чопчу “оскуоланы” ааспыт бөҕөстөр кэлэллэр. Онон, кинилэр уларыйа, сыыһаларын-халтыларын ылбычча көннөрө, тустар истииллэрин уларыта охсоллоро уустуктардаах. Итини урукку өттүгэр сүүмэрдэммит хамаандаҕа үлэлии сылдьыбыт тириэньэрдэр, успуорт бэтэрээннэрэ бэркэ билэллэр. Тириэньэр үлэтин хайысхата элбэх. Холобур, биһиги, бастатан туран, бөҕөстөр успуорт эрэсиимин тутуһалларын ирдиибит. Дьарыктары көтүппэт буолуу, систиэмэлээхтик дьарыктаныы, эрэсиими халбаҥнаабакка тутуһуу – ситиһии төрдө.
“Көҥүл тустуу диэн бүтүн систиэмэ буоллаҕа”, -- диэбиккин кытта толору сөбүлэһэбин. Мин оҕо успуорка бастакы хардыыларыттан саҕалаан сөптөөх тиһик олохтонуон баҕарарбын. Ити мин сүрүн баҕа санаам. Бөҕөс үрдүк таһымҥа тахсан тустуор диэри хас да түһүмэхтэри ааһар (оҕолор, уолаттар, эдэрдэр, улахан дьон). Ити түһүмэхтэр аайы кинилэри кытта үлэлиир баай үөрүйэхтээх тириэньэрдэрдээх, эппиэттээх дьонноох буолуохтаахпыт. Онон систиэмэ санаа хоту үлэлээтэҕинэ – сүүмэрдэммит хамаандаҕа туһааннаах ирдэбиллэри, ноҕуруускалары толорор, тулуйар кыахтаах бөҕөстөр кэлиэ этилэр.
“Иван Ярыгин” уонна “Арассыыйа”
– Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ Николай Волковтан: “Урут ситэ-хото өйдөөбөт өрүттэргин сааһыран баран бигэтик өйдөөбүт түгэннэрдээх буолуоҥ?”, – диэн ыйыппыттаахпын. “Баар бөҕө буоллаҕа, – диэни кини хоруйдаабыта. – Бөҕөстөрү үөрэтиигэ-эрчийиигэ билим суолтатын ситэн-хотон өйдөөбөт этибит. Ону билиниэххэ наада. Аныгы тириэньэрдэр ити суолтатын дьэҥкэтик өйдүүллэр”.
– Биһиги сыалбыт-сорукпут: бөҕөс чопчу күрэхтэһиигэ толору бэлэмнээх буоларын хааччыйыы. Бөҕөһү туһааннаах кэмҥэ, нууччалыы эттэххэ “на пик физической формы” тиэрдиэхтээхпит. Ити сыал тула билим үлэһиттэрин кытта бииргэ түмсэн үлэлиибит.
Сылга икки улахан күрэхтэһиилээхпит. Ол – “Иван Ярыгин” уонна Арассыыйа чөмпүйэнээтэ. Бастакы күрэхтэһии түмүгүнэн бөҕөстөр – Европа, оттон иккис күрэхтэһии түмүгүнэн – аан дойду чөмпүйэнээттэригэр сүүмэрдэнэллэр. Үөрэтэр-эрчийэр тэрээһиннэр түһүмэхтэрин кэмигэр – быраастарбытын кытта уолаттар туруктарын кэтээн көрөбүт. Бөҕөс уйулҕатын (психологията) туруга хайдаҕа эмиэ кырата суох оруоллаах. Онон психологтарбыт эмиэ туһааннаах үлэни ыыталлар.
Быраастарбыт араас хайысханан үлэлииллэр. Холобур, сүрэхтэрэ хайдах үлэлиирин хонтуруоллааһын хайаан да ыытыллар. “Омега-3” диэн аан дойду барыта ылыммыт комплекса баар (байытыллыбатах сыа, арыы кислоталара). Ити үрдүк ноҕуруускаҕа сылдьар спортсмен сүрэҕин үлэтигэр туһалаах комплекс.
Сарсыарда аайы тымыр тэбиитэ (пульс) бэрэбиэркэлэнэр. Итинник кэтээн көрүүлэр бөҕөстөр хайдах турукка сылдьалларын билэрбитигэр көмөлөһөллөр.
Урукку өттүгэр тыа сирин оҕолоро элбэхтик үлэлииллэрэ. Мас хайыталлара, муус киллэрэллэрэ, сайынын оттууллара. Оттон билигин элбэх ыал сүөһүтэ суох, элбэх нэһилиэктэргэ гаас утаҕа тардылынна. Ол да буоллар билигин да оҕону үлэҕэ үөрэтиэххэ наада. Оччотугар тустуу да дьарыктарыгар түргэнник үөрэниэхтэрэ. Дьарык эмиэ үлэ.
Хотугу Кавказ бөҕөстөрө
– Арассыыйа көҥүл тустууга чөмпүйэнээтин кыайыылаахтарын уонна призердарын баһыйар үгүстэрэ – Хотугу Кавказ өрөспүүбүлүкэлэриттэн. Онон бөҕөстөрбүтүн кириитикэлиирбитигэр кинилэри холобур туттабыт. Кинилэр – “итии хааннаахтар”, кытаанах, дьулурҕа майгылаахтар, силир курдук быччыҥнаахтар, куппут курдук эттээхтэр-сииннээхтэр. Кавказ уолаттара, бастатан туран, биир дойдулаахтара сэтэриир саҥаларыттан-иҥэлэриттэн уот курдук куттаналлар. Онон кыраттан “дэлби барыахтарын”, сутуруктарынан түһүөхтэрин сөп. Хайа уонна Хотугу Кавказка тустуу араас көрүҥнэригэр холобур оҥостор “сулустара” элбэҕэ.
– Хас биирдии омукка дойдутун айылҕатын уратыта дьайар. Төрүт култуура, итэҕэл туһунан этэ да барбаккын. Биһиги, сахалар, холку, наҕыл майгылаахпыт. Олохпут да хаамыыта оннук.
Хотугу Кавказ омуктарыгар ийэ-аҕа уустарын дьайыыта олус күүстээх. Бэйэ-бэйэлэрин сүрдээҕин өйөһөллөр. Холобур, тустууга дьоҕурдаах уолчааҥҥа “тейпэлэр” эҥин сүрдээҕин көмөлөһөллөр. Кинилэр биир төрүттээх буоллахтарына ыраах-чугас аймахтарга арахсыбаттар, бары түмсэллэр.
Биһиги кинилэр олохторун-дьаһахтарын, хайдах дьарыктаналларын элбэхтик көрбүппүт. Успуорт саалата сарсыарда аҕыстан киэһэ аҕыска дылы олох тобус-толору. Оҕолор бэйэ-бэйэлэриттэн көҕүһэн дьарыктанар саалаҕа кэлэ тураллар. Ону, тириэньэрдэр, бэл, буойа, тохтото сатыыллар. Ону син биир кэлэ тураллар.
Онон кинилэргэ маассабас да элбэх, успуорт оскуолата да элбэх. Оттон биһиэхэ уруккуга холоотоххо олох атын хартыына. Маассабас биллэ намтаата. Оҕолор көҥүл тустуунан дьарыктаммат нэһилиэктэрэ элбээтэр элбээн иһэр.
“Дэлби ыстаныы”
– Успуорт суруналыыһа буоларым быһыытынан тириэньэрдэр суруйууларын сэргээн ааҕааччыбын. Сорохтор: “Тулууру (выносливость) дьарыктар көмөлөрүнэн күүһүрдүөххэ сөп, оттон түргэн-тарҕан туттунуу оҕоҕо айылҕаттан баар эбэтэр суох”, – дииллэр эбит.
– Нууччалыы эттэххэ “взрывная сила” диэн өйдөбүл баар. Ол – чыпчылыйыах түгэнэ кэмҥэ “дэлби ыстаныы”, түллэн ылыы. Билим өйдөбүлүнэн быччыҥнар эмискэ “тардан” ылыылара (сокращение мышц). Ити хаачыстыба бөҕөскө төрүөҕүттэн, ол аата айылҕаттан баар буоллаҕына – олус үчүгэй.
Онтон дьарыктар көмөлөрүнэн ити хаачыстыбаны сайыннарыы “айылҕа бэлэҕин” таһымыгар тиийбэтэ буолуо диэн тус бэйэм саныыбын. Биллэн турар, дьарык аата дьарык, систиэмэлээхтик дьарыктанар киһи биллэ эбиллэр, сайдар. Онтон айылҕаттан түргэн-тарҕан бөҕөс хамсаныыларын, тустар истиилин өссө чочуйан биэриэхтээххин.
“Либо есть, либо нет...”
– ССРС классическай тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэньэринэн үлэлии сылдьыбыт билим дуоктара Виктор Игуменов биир интервьютугар: “Воля либо есть, либо нет. Я как тренер не видел борца, который закалил бы свою волю”, – диэбит этэ.
– Кырдьык, киһи майгытын “акылаата” оҕо эрдэҕинэ түстэнэр. Итиннэ кини хайдах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибитэ, хайдах эйгэҕэ улааппыта улахан оруоллаах. Соҕотох ийэ оҕолоро эбэтэр төгүрүк тулаайах атын көрүүлээхтэрэ, олоҕу атыннык ылыналлара баар суол. Аргыһыт эҥин төрөппүттэрдээх оҕолор тустарынан этэ да барбаккын.
Систиэмэлээх үлэ барыахтаах. Оҕолор кырата биир-икки чаас устата албас хамсаныытын чочуйуохтаахтар. Оҕо эрэ барыта итинниги тулуйбат. Бэл сүүмэрдэммит хамаандаҕа итинник ирдэбили сүгүн-саҕын толорбот бөҕөстөр бааллар.
Урут “убайдар” тиэхиньикэ, таактыка өттүгэр үчүгэй бэлэмнээхтэрэ тута харахха быраҕыллара. Кинилэр үчүгэй оскуоланы ааспыттара тута көстөрө. Албастары, ньымалары элбэхтик хатылаатахха, чочуйдахха – бөҕөс тоҕоостоох түгэннэргэ – нууччалыы эттэххэ “на автомате” оҥоруохтаах. Итинник “акылаат” оҕо эрдэҕинэ түстэнэр. Ситэ ылымматах, өйдөөбөтөх бөҕөһү билигин кэлэн үөрэтэ сатыырыҥ ыарахаттардаах.
Икки мэтээлгэ суоттаныы
– “Наро-Фоминскайга ыытыллыбыт Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр икки мэтээлгэ суоттаммыппыт”, – диэн суруналыыстарга эппит этиҥ. Леонид Спиридонов “Матч ТВ” кэмэнтээтэрэ Владимир Иваницкайга алын ыйааһыннарга эрэл баарын туһунан кэпсээбитэ. Ол аата чөмпүйэнээккэ эрэх-турах санаалаах тиийдэххит дии?
– Оннук, эрэх-турах санаа баара. Холобур, Петя Константинов “Иван Ярыгин” турнирыгар бэһис миэстэлэммитэ. Билигин да үһүс миэстэ иһин киирсибитэ дии. Сыл икки улахан түһүлгэтигэр бэһис миэстэлэммит бөҕөс – мэтээлгэ биир хардыы тиийбэккэ сылдьар киһи буоллаҕа. Онон мин киниэхэ суоттаммытым.
Уонна 61 киилэҕэ тустубут Ньургун Александровка. Кини ситэн-хотон, Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр үчүгэй түмүгү көрдөрөр кэмэ кэллэҕэ дии. Онон икки мэтээли ситиһэр кыахтаах этибит.
– Арассыыйа чөмпүйэнээттэригэр үс төгүл призердаабыт, сүүмэрдэммит хамаанда хапытаана Арыйаан Тютрин “хоруона хамсыгынан ыарыйда” диэн иһитиннэрии олус соһуччу этэ.
– Дьон араас быһыылаахтык ыалдьар ыарыылара быһыылаах. “Киһи олох сэниэтэ суох буолан хаалар эбит, саҥа бэттэх кэлэн эрэбин”, – диэбитэ Арыйаан. Уолаттарбыт чөмпүйэнээт аҕай иннинэ ыалдьыбыттара. Кинилэри быраастарбыт кэтээн көрүөхтэрэ.
– Чөмпүйэнээт түмүктэрин, сыыһалары-халтылары ырытыы ыытылыннаҕа?
– Тириэньэрдэр, биллэн турар, чөмпүйэнээт түмүктэрин ырыппыппыт. Спортсменнары да кытта кэпсэтиилэр ыытыллыбыттара. Бастатан туран, бөҕөстөр бэйэлэригэр чопчу сыаллары-соруктары туруорунуохтарын наада. Тириэньэрдэр, биллэн турар, былаанныыллар, сыал-сорук туруораллар. Итини таһынан спортсмен дьарыкка сыһыана эмиэ тосту уларыйыахтаах. Бөҕөс бэйэтигэр күүстээх ирдэбиллээх, чопчу сыаллаах-соруктаах буолара үчүгэй.
Бу чөмпүйэнээт ыытыллар болдьоҕо хас да төгүл көһөн биэриитэ бэлэмнэнии хаамыытыгар оҕуста. Бастааҥҥы былаан быһыытынан Арассыыйа чөмпүйэнээтэ саас Улан-Удэҕэ ыытыллыахтааҕа. Наро-Фоминскайга да ыытыллыахтаах күрэхтэһии бастаан биллэриллибит болдьохтон сыҕарытыллыбыта.
“Буоллар” диэн тылы туттарбын сөбүлээбэтэрбин да: “Хамаандабыт хапытаана, лиидэрэ Арыйаан Тютрин тустубута буоллар биир мэтээл кэлиэхтээх этэ”, – диибин. Былырыыҥҥы Арассыыйа чөмпүйэнээтин боруонса призера Миша Иванов бастакы эргииргэ туораабыта. Утарылаһааччыта эмиэ былырыыҥҥы чөмпүйэнээт боруонса призера.
Биһиэхэ “дьарык кээмэйэ” (объем тренировок) диэн өйдөбүл баар. Миша Ивановка, холобур, “дьарык кээмэйэ” тиийбэтэ. Бөҕөстөр от ыйыттан саҕалаан икки аҥаар ый дьаҥ хааччаҕар хаайтаран сыппыттара. Дьиэ усулуобуйатыгар дьарыктанарга сорудахтары биэрбиппит да – ол туолуутун кыайан толору хонтуруоллаабат буоллахпыт.
Виктор Рассадин бэйэтин саҥа ыйааһыҥҥа тургутан көрдө. Кини саас Новосибирскайга классическай тустууга Олимпиада икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Роман Власовы кытта дьарыктаммыта. Сүрдээх хаачыстыбалаах дьарыктар ыытыллыбыттара да, дьаҥ мэһэйдээн Арассыыйа чөмпүйэнээтэ ыытыллыбатаҕа.
Тириэньэрдэр ыстааптара
– Сүүмэрдэммит хамаанда тириэньэрдэрин санаалара ханнык эрэ түгэҥҥэ хайдара буолуо?
– Уопсай үлэ хаамыытыгар бары биир өйгө-санааҕа сылдьар, биир сыаллаах-соруктаах дьон буоллахпыт. Сороҕор сүүмэрдэммит хамаанда састаабыгар ким киирэригэр, күрэхтэһиилэргэ барар састаап тула эҥин санаа хайдыһыыта барааччы. Оннук буолуохтаах да буоллаҕа. Итинник түгэннэргэ бары өрүттэри ыараҥнатан көрөн баран биирдэ быһаарынылары ылынабыт.
Ыйааһыннар аайы эппиэттээх тириэньэрдэр бааллар. Дьарык хаамыыларыгар, араас салааларыгар эмиэ эппиэттээх дьоннордоохпут. Холобур: тиэхиньикэ, таактыка чааһыгар – Герман Контоев; “физподготовка” чааһыгар – Алексей Некрасов...
Алексей Некрасов анал бырагырааманан үлэлиир. Үөрэтэр-эрчийэр тэрээһин иннигэр бөҕөстөр анал тест туттараллар. Ол тест барыта 12 көрүҥнээх. Ол түмүгүнэн спортсмен ханнык быччыҥнара мөлтөх соҕустара көстөр. Онон дьарык ити тест түмүктэрин учуоттаан ыытыллар.
– Александр, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтал!
Федор РАХЛЕЕВ.
Александр Оконешников “визитката”
Көҥүл тустууга Арассыыйа успуордун маастара. Устудьуоннарга Арассыыйа чөмпүйүөнэ (2007), Арассыыйа Куубагын үрүҥ көмүс призера (2008), Бурятия бэрэсидьиэнин бирииһигэр аан дойдутааҕы турнир кыайыылааҕа (2001), Дмитрий Коркин кэриэһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир икки төгүллээх үрүҥ көмүс призера (2006, 2007), Уһук Илин биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ (2004, 2005, 2006, 2007, 2008), Николай Тарскай кэриэһигэр Саха сирин чөмпүйэнээтин үс төгүллээх кыайыылааҕа (2003, 2005, 2006).
2011 сыллаахха Өймөкөөн Томторун успуорка оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитэ. Онтон 2013-2014 сылларга – Өймөкөөн улууһун успуорка управлениетын начаалынньыга. 2014-2017 сылларга Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо успуордун управлениетыгар успуорт резервэтин бэлэмниир салаа начаалынньыга. Үрдүк үөрэх икки кыһатын бүтэрбитэ – ХИФУ успуорка институтун уонна Үп-экэниэмикэ институтун. Өссө Арассыыйа бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир Судаарыстыбаннай сулууспа Академиятыгар үөрэммитэ. Кэргэннээх, түөрт оҕолоох.